Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

Сахалыы сыhыарыы

Алексей Еремеев: Дьокуускай тулатынааҕы бөһүөлэктэр кыһалҕалара – бүтүн республика көрсөр кыһалҕалара

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Олунньу 11 күнүгэр Ил Түмэн Государственнай тутууга уонна сокуоннаска бастайааннай кэмитиэтин председателэ Алексей Еремеев баһылыктаах кэмитиэттэр председателлэрин бөлөҕө киин куорат кытыы бөһүөлэктэрин сытыы боппуруостарыгар аналлаах бастакы сүбэ мунньаҕы Тулагыга ыытта.

Бөлөх састаабыгар Бюджекка, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар кэмитиэт председателэ Юрий Николаев, Тутууга уонна ОДЬКХ-ҕа кэмитиэт председателэ Александр Романов, Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ кэмитиэт председателэ Александр Корякин, Тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа кэмитиэт председателэ Дмитрий Саввин, Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа кэмитиэт председателэ Владимир Прокопьев, Наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, культураҕа, сонуннары киэҥник тарҕатар средстволарга уонна общественнай тэрилтэлэр дьыалаларыгар кэмитиэт председателэ Антонина Григорьева, Дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат, физическэй культура, спорт дьыалаларыгар кэмитиэт председателэ Юрий Баишев, киин куорат дьаһалтатын баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар, эргиэҥҥэ, предпринимательствоҕа солбуйааччыта Петр Ефремов, куорат Думатын депутаттара, Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна аграрнай политикаҕа кэмитиэт председателэ Алевтина Эверстова, Олохтоох салайыныыга кэмитиэт председателэ Николай Васильев сылдьаннар, Тулагы уонна Киллэм бөһүөлэктэригэр баар тэрилтэлэр үлэлэрин, олохторун-дьаһахтарын уонна бара турар тутууларын туругун билистилэр.

Ол кэннэ депутаттар Тулагыга Сынньалаҥ киинигэр Дьокуускай куорат кытыы бөһүөлэктэрин уонна мэрия тутаах управлениеларын, департаменнарын бэрэстэбиитэллэрэ, куорат архитектуратын салалтата, куорат Думатын депутаттара кыттыылаах бөһүөлэктэр уопсай кыһалҕаларын туоратыыга, инники сайдар кэскиллэрин торумнааһыҥҥа аналлаах сүбэ мунньаҕы ыыттылар. Мунньахха кэпсэтиилэри Ил Түмэн Государственнай тутууга уонна сокуоннаска бастайааннай кэмитиэтин председателэ Алексей Еремеев иилээтэ-саҕалаата. Кини куорат тулатынааҕы бөһүөлэктэр сайдыыларын атахтыыр мэһэйдэри туоратыыга, инники былааннарын олоххо киллэриигэ сокуон өттүнэн туох көмө наадатын тула кэпсэтии барыахтааҕын, Ил Түмэн аҕыс кэмитиэтэ бу боппуруоска аан бастаан анаан-минээн тахсыбытын бэлиэтээтэ. “Бүгүн кэпсэтэр боппуруостарбыт Дьокуускай куорат муниципальнай тэриллиитин састаабыгар олорор чопчу биир бөһүөлэк эрэ кыһалҕалара буолбатахтар. Бу – бүтүн республика көрсөр кыһалҕалара. Тоҕо диэтэххэ, республика нэһилиэнньэтин улахан аҥаара бу Туймаада хочотугар уонна Дьокуускай куорат муниципальнай тэриллиитигэр мустан олорор”, -- диэтэ Алексей Еремеев.

Кэпсэтии тута Тулагы, Киллэм, Капитоновка, Хатас, Маҕан, Жатай, Хаҥалас, Пригороднай, Табаҕа бөһүөлэктэрин баһылыктара бөһүөлэктэр көрсөр кыһалҕаларын итиэннэ инникигэ былааннарын билиһиннэрэр тыл этиилэриттэн саҕаланна. Ол курдук Алевтина Эверстова Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин председателлэрэ корат кытыытын бөһүөлэктэрин проблемаларыгар болҕомтолорун уурбуттара кэскиллээҕин бэлиэтээн туран, киин куорат кытыытынааҕы бөһүөлэктэри сайыннарыы тус сыаллаах программатын олоххо киллэриини өйүүллэригэр эрэлин биллэрэн, бу хайысхаҕа бииргэ үлэлиир наадатыгар тохтоото.

Тулагы бөһүөлэгин баһылыга Виктория Шаринова биэс бөһүөлэк олохтоохторо бары биир балыыһаҕа сыһыарыллан көрдөрөллөрө эрэйдээҕин, элбэх оҕолоох ыалларга туох да инфраструктурата оҥоһуллубатах, ыраас хонууга сир учаастактара бэриллэрэ сөбө суоҕун ыйан туран, инфраструктураны оҥоруу боппуруоһун федеральнай программаҕа киллэриигэ үлэни ыытарга эттэ. Баһылык бөһүөлэк олохтооҕо сир учаастагын ыларыгар киин куорат уопсай уочаратыгар тураллара ханан да табыгаһа суоҕар тохтоото. Ыал буолан олохсуйуон баҕарар ыччат уочарата хаһан кэлэрин отучча сыл кэтэһэригэр тиийэр диэтэ кини. Сир учаастагын ылыыга уопсай уочаракка билигин 23 тыһыынча киһи турар. Онон бу боппуруоһу баһылыктар миэстэтигэр быһаарыыга биэрэр табыгастааҕын ыйдылар. Депутат Владимир Прокопьев куорат архитектуратын итиэннэ сир сулууспатын салалталарыгар туһаайан, бу үөскээбит проблеманы туһааннаах специалистары түмэн олорон быһаарар сөптөөҕүн туһунан эттэ. Тулагыга 5 тыһыынча киһи олорор бөһүөлэгэр саҥа балыыһа, иккис оскуола, ситиһиилээхтик үлэлии олорор агро-оскуолаҕа оҕуруот аһын уурар ыскылаат тутуллуутун, Агротехнопарканы тэрийиигэ өйөбүлү көрүү, специалистар олорор дьиэлэрин тутуу, иһэр уунан хааччыйыы, халаан уутуттан көмүскүүр даамбаны өрөмүөннээһин уо.д.а. курдук сытыы боппуруостар быһаарыллалларын туруорсаллар.

Пригороднай бөһүөлэктэн тыл эппит Ольга Александрова куорат аттынааҕы бөһүөлэктэр олохторун укулаатынан тыа сириттэн уратыта суох эрээри, тыа сиригэр көрүллэр чэпчэтиилэринэн туһамматтара сөбө суоҕун туһунан кэпсэттэ. Ити бөһүөлэк баһылыгын солбуйааччы Светлана Кармадонова элбэх үлэни толорор пуун сабыллан турарын, саҥа итинник киини тутар уолдьаспытын, бөһүөлэккэ сайыҥҥы да уу турбата суоҕун ыйда. Хаҥалас бөһүөлэгиттэн кэлбит бэрэстэбиитэллэр итиниэхэ майгынныыр кыһалҕалары таһынан автозаправкаттан причалга диэри суолу оҥорууга өйөбүл эрэйиллэрин туһунан кэпсэттилэр. Капитоновкаҕа тиийэр суолга баар муостаны саас аайы уу илдьэ барара ахтылынна. Ити курдук куорат тулатынааҕы бөһүөлэктэргэ быһаарыыны эрэйэр майгыннаһар араас кыһалҕа элбэх.

Владимир Прокопьев куорат уонна бөһүөлэк олохтоохторугар сир учаастактарын биэриигэ, чааһынай олорор дьиэлэри тутууга архитектура уонна сир сулууспаларын өттүлэриттэн чуолкай былааннааһын, куорат сайдыытын генеральнай былааныгар ити ымпыгын-чымпыгын учуоттуур туһунан боппуруоска санаатын үллэһиннэ.

Дмитрий Саввин сир боппуруостарыгар бөһүөлэктэр дьаһалталара туох да бырааба суох үлэлии олороллорун, бу боппуруоска быраап барыта мэрияҕа бэриллибитин ыйда итиэннэ Тулагыга 200 төбөҕө тутуллан иһэн, үбэ-харчыта тиийбэккэ ситэ бүппэтэх хотону көрүү кэнниттэн туох санаҕа кэлбитин үллэһиннэ. Саҥа хотону тутууга 140 мөл. солкуобай үбүлээһин көрүллүбүт эрээри, үбэ тиийбэтэх, өссө да тутулла илигэ элбэх. Саҥа хотоҥҥо Алтайтан боруода ынахтары аҕалан туруорар былааннаахтар эбит да, билиҥҥитэ сүөһү аһылыгынан хааччыллыы өттө кэккэ боппуруостардааҕа көһүннэ.

Дмитрий Саввин 200 мөлүйүөн солкуобайга дириҥ акылааттаах, барыта миэбэллэммит, толору хааччыллыбыт таас оскуолалар тутуллалларын холобурдаан туран, итиччэ суумаҕа тимир каркастаах, дириҥ акылаата суох хотон хайдах ситэри тутуллубакка, үбэ бүппүтүн, “хотону тутуу саамай мөкү холобурунан” ааттаата. “Бүгүҥҥү кэпсэтиилэр билсиһэр ис хоһоонноохтор. Онон баһылыктары, дьаһалталары кытта биирдиилээн олорон ырытыһар, быһаарсар наада буолсу. Баһылыктар бөһүөлэккит инники кэскилин туһунан толкуйдуохтааххыт. Онон бу үлэни салгыы сүрүннүөххэ”, -- диэн этиитин мунньах кыттыылаахтара биһирээтилэр.

Антонина Григорьева Тулагы агро-сокуолатын ситиһиилээх үлэтин-хамнаһын уруккуттан билэр буолан, оскуола инники сайдыытыгар суолталаах туруорсууларын өйүүр. Депутат ааспыт сылтан ыла СР Агро-оскуолаларын союһун президенинэн талыллан үлэлии сылдьар. Оскуола сүрүннээн Агротехнопаарканы тэрийэри, хортуоппуйу, оҕуруот аһын уурар овощехранилище тутуутун туруорсар. Педагогическай коллектив ыччаты агротехнологическай өттүнэн үөрэтиигэ-иитиигэ айымньылаахтык үлэлииргэ эрчимнээхтик ылсыбыта көстөр.

Юрий Николаев Инвестиционнай программаҕа үбүлээһин кыратын, бюджет кырыымчыгын ахтан туран, капитальнай тутууларга сылтан сыл үбүлээһин сарбыллан иһэрин ыйда. Александр Корякин Тулагыга балыыһа тутуутун туруорсууга тохтууругар, депутат 2016 сылга диэри тутуулары үбүлээһин былаана оҥоһуллан турарын санатта уонна бу күннэргэ кэмитиэт Атыы-эргиэн палататын кытта республикаҕа чааһынай медицинаны сайыннарыы тематыгар ыытыллаары турар форумҥа балыыһалары тутууга чааһынай үбү тардыы боппуруоһа эмиэ үөрэтиллиэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Александр Романов тыа сиригэр толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэри тутуу баран эрэрин, киин куорат бөһүөлэктэригэр тутууну ыытыыга этиилэри кэмитиэт аатыгар суругунан киллэрии тустарынан мунньах кыттыылаахтарын кытта кэпсэттэ. Юрий Баишев киин куорат дьаһалтатыгар түөрт сыл баһылыгы солбуйааччынан үлэлээбит кэмнэригэр кытыы бөһүөлэктэр олохторун-дьаһахтарын, туруорар боппуруостарын үчүгэйдик билсибитин этэн туран, бөһүөлэктэр ис боппуруостарын быһаарыыга бырааптара кыратын кэҥэтэр боппуруоһу көтөҕөллөрө сөптөөҕүн, ыраахтан олорон, бөһүөлэк иһинээҕи кыһалҕалары быһаарар куһаҕанын бэлиэтээтэ. Депутат этэринэн, бу боппуруоска юристары кытыннарар көдьүүстээх буолуон сөп, Тулагы агро-оскуолатын үчүгэй уопутун республикаҕа тарҕатар наадалаах.

Алексей Еремеев түмүк тылыгар эппитинэн, муниципальнай тэриллиилэр тустарынан федеральнай сокуоннар үлэлии туралларын быһыытынан, киин куорат састаабыгар киирэр бөһүөлэктэр бырааптарын туһунан туруорсар кэм мүччү тутуллубут. Быраабы биэрии боппуруоһа бөһүөлэктэр бэйэлэрин дьаһанан олорууларын хаачыналларын, нолуоктан уонна бэйэ дохуотуттан үбү-харчыны киллэриниилэрин, нолуогу төлүүр кыахтаах буолууларын кэккэ боппуруостарын таарыйар. Парламент сис кэмитиэттэрэ туһааннаах хайысхаларынан бюджеты толорууну, үбү-харчыны тус аналынан көдьүүстээхтик туһаныыны, миэстэтигэр сокуоннар төһө көдьүүстээхтик үлэлииллэрин хонтуруолга туталлар.

Итини сэргэ Алексей Еремеев Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин депутаттара киин куорат кытыы бөһүөлэктэрэ туруорар боппуруостарын билсибиттэрин, бу хайысхаларынан хардарыта бииргэ үлэлээһин салҕаныаҕын туһунан иһитиннэрэн туран, куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар инники сайдыыларын туһунан сүбэ мунньаҕы түмүктээтэ.

2014-02-14 07:05:58

Всего просмотров: 2367

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-12-22 07:23:13 - Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

2024-12-11 08:29:27 - Студенческие отряды Республики Беларусь будут работать на объектах инфраструктуры АО «АК «ЖДЯ»

2024-12-08 13:17:59 - Алексей Еремеев провел выездное совещание в с. Черкех

2024-12-04 05:11:48 - На круглом столе обсудили вопрос об охране и рациональном использовании водных объектов республики

2024-12-01 18:12:48 - В Якутске открылся I республиканский фестиваль национальных культур «Якутия многонациональная»

2024-11-30 05:42:49 - Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем хомуса

2024-11-29 20:18:49 - Якутия укрепляет сотрудничество с Киргизской Республикой

2024-11-28 08:33:56 - О временном ограничении движения транспортных средств в период проведения республиканского фестиваля «Зима начинается с Якутии - 2024»

2024-11-28 08:29:21 - Комментарий Алексея Еремеева по итогам X пленарного заседания Ил Тумэн

2024-11-28 08:26:42 - Народными депутатами принят закон о государственном бюджете Республики Саха (Якутия) на 2025 год и плановый период 2026 и 2027 годов

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании