Сахалыы сыhыарыы
Иван КУЛЬБЕРТИНОВ аҕатыгар анаммыт памятник эскиһин сөбүлээбэтэх
Ыам ыйын 25 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр кыраҕы харахтаах бэргэн байыас быһыытынан суон сураҕырбыт Иван Кульбертиновка аналлаах памятник эскиһин күрэхтэһиитэ түмүктэннэ. Адаар муостаах табаны мииммит снайпер Кульбертинов уобараһа ордук буолсу диэн дьүүллүүр сүбэ быһаарбыт.
Куоҥкуруһу Саха Республикатын баһылыгын иһинэн тэриллибит архитектура уонна куораты тутуу салаата тэрийбит. Хотуннара Ирина Алексеева, уруккуттан куораты тупсарар аналлаах кылаабынай архитектор. Дьүүллүүр сүбэ сыанабылыгар сэттэ хамаандаттан 15 үлэ киирбит. Онтон саамай тупсаҕайдара «табалаах буойун» эскиһэ диэн быһаарбыттар. Ааптардара — Николай Чоччасов уонна Марина Рожина. Иккиэн ааттаах-суоллаах худуоһунньуктар. Чоччасов аата киһи кулгааҕар баар аат. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, бу памятник Кыайыы пааркатыгар (Өктөөп 50 сыла автострадаҕа) туруоруллуохтаах, паарка бу күһүн аһыллыахтаах.
Памятник буоллаҕына, «Формирование современной городской среды на территории РС» диэн судаарыстыбаннай программа быһыытынан үбүлэнэн тутуллуохтаах. Ол гынан баран аатырбыт снайпер уола — Иван Кульбертинов памятнига дуостал сирэр эбит.
Дьүүллүүр сүбэҕэ инньэ диэн сирэйдэригэр эппит. Ону анарааҥҥылара туох да диэн хардарбатахтар. Иван Иванович этэр: «Аан дойду сэриитигэр үтүмэн араас омук кыттыбыта. Аҕа дойду көмүскэлигэр сэбиэскэй норуот бүттүүн кыттыбыта. Дон хаһааҕыттан, узбегар, татаарыгар, нууччатыгар, эбэҥкитигэр, сахатыгар тиийэ. Тоҕо эрэ ол дьону барыларын төрүт көлөлөрүгэр кими да олордубатахтара эбээт. Дьоруой Поповы оҕуска олордубатахтара буолбат дуо? Бу «табалаах» эскизтэригэр амырыын уот сэриини ааһан, өлүүнү-сүтүүнү эҥэринэн тэлэн, кырыктаах өстөөҕү кыайан-хотон кэлбит киһи уобараһа суох. Табаһыттар слеттарыттан кыайан-хотон кэлбит дэлэгэй налыччы киһи курдук ойууламмыт. Кини уос номоҕор снайпер быһыытынан киирбитэ, оттон ити эскизкэ сатахха бэнтиэпкэтэ да суох. Эмиэ да национальнай таҥастаах, эмиэ да пилоткалаах… Олох атыҥыраатым, хайдах эрэ күлүү гыммыт курдук. Аҕыйах ахсааннаах норуот бэрэстэбиитэлэ диэн ала-чуо бэлиэтээри гыммыт буоллахтарына, ону ситиһэр атын да ньыма баар буоллаҕа. Үөрэхтээх дьон ону миигиннээҕэр үчүгэйдик билэллэрэ буолуо эбээт. Постаменыгар дьэ барельеф курдук табатын, булдун-алдын, айылҕатын киллэрдиннэр эбээт. Памятник — сэрии диэн иэдээн, өстөөх диэн адьырҕа, ол ону биһиги дьоммут олох тиһэх хааннарыгар диэри туруулаһан, туох баар кыахтарын тоҕо сүөкээн, санааларын түмэн кыайбыттара, ол ону ааспыт дьон бу тураллар диэн ыччакка көрдөрүөхтээҕэ», — диир. Онон, улууканнаах сэрииһит төрөппүт уола санаата итинник. Кырдьык да диэҕи баҕарыллар. Иван Иванович, өлүөхүмэлэр дьокутааттарыгар, биир хааннааҕар — Арсений Николаевка Aartyk нөҥүө накаас ыытар — памятник ис хоһоонун, суолтатын арыйарыгар бука турууластын диэн илдьиттиир.
Aartyk.Ru - http://aartyk.ru/istoriya/ivan-kulbertinov-agatygar-anammyt-pamyatnik-eskihin-sobyleebeteh/
Источник: Aartyk.ru 2020-05-27 08:18:46 Всего просмотров: 584 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-09-08 09:19:10 - В День города Якутска возложили цветы к памятнику Семену Дежневу и его семье 2023-08-24 10:02:34 - Памятник Ленину в Якутске вернут на центральную площадь в октябре 2023-04-25 10:57:10 - Ответственность за сохранность памятников культуры разделили между властями разных уровней 2022-12-10 05:48:04 - В Якутии открыли памятник видному государственному деятелю Семену Захаровичу Борисову 2022-06-06 01:13:01 - Николай Кульбертинов выиграл дополнительные выборы в парламент Якутии
2022-05-11 06:37:01 - Дети случайно подожгли памятник Воинам-Пеледуйцам, участникам Великой Отечественной войны 2022-05-07 13:21:39 - В Якутске возложили цветы к мемориалу «Солдат Туймаады» и памятнику якутскому снайперу 2022-04-27 07:06:14 - Глава Якутии возложил цветы к памятнику Платону Ойунскому 2022-04-21 06:55:46 - В Хангаласском улусе памятники героям Великой Отечественной оказались без собственников 2022-04-08 11:12:22 - Айсен Николаев возложил цветы к памятнику народным писателям Якутии Семёну и Софрону Даниловым |