В парламенте
Александр Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлиир
Саха сирин олохтоохторо! Эһигини барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла туолар кэрэ-бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин.
Бэйэ судаарыстыбаннастаах, өрөспүүбүлүкэлээх буолуута биһиги норуоппут үтүмэн үгүс сылларга дьулуһуута, баҕата, ыра санаата этэ. Ол ыра санаа туолуута норуоппут историятыгар, омук быһыытынан олохпут усталаах-туоратыгар буолбатах улахан бэлиэ, дьоһуннаах ситиһии буолбута. Биһигини кытта судаарыстыбаннаһы ыаллыы олорор хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар эмиэ ылбыттара. Оччолорго Саха сирин бастаан Иркутскай уобалас иһинэн көннөрү оройуон, онтон өрөспүүбүлүкэ буолбакка, уобалас оҥорорго холоно сылдьыбыттарын В.В. Никифоров–Күлүмнүүр, М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.И. Барахов уонна да атын чулуу дьоммут туруулаһан, автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылары ситиспиттэрэ.
Судаарыстыбаннастаах буолуу саха норуотун биир сомоҕо түмпүтэ, төрүт үгэстэрбитин, тылбытын-өспүтүн сүтэрбэккэ, харыстыырбытыгар, сайыннарарбытыгар, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатынарбытыгар, атын норуоттартан хаалсыбакка, саҥа үйэ ситиһиилэрин бииргэ туһанан, тэҥҥэ барарбытыгар, сайдарбытыгар кыаҕы үөскэппитэ.
Судаарыстыбаннаһы харыстааһын, бөҕөргөтө, сайыннара сатааһын тохтообот, тохтуо да суох тустаах. Билигин иккис үйэбитигэр киирдибит. Бу үйэ хайдах буолар? Киһи аймахха? Саха норуотугар? Барыта буолбатах гынан баран, биһиги инникибит бүгүҥҥү дьонтон бэйэбититтэн уонна кэнэҕэски ыччаппыт кыаҕыттан, кини билиитин, өйүн-санаатын күүһүттэн, дьулурууттан улахан тутулуктаах буолуоҕа.
Күндү биир дойдулаахтарым!
Сахабыт сирэ сайда-чэчирии турдун.
Сахабыт өрөспүүбүлэкэтэ баар буоллун, тупсан, кыаҕыран иһиэхтин.
Саха норуота элбээн, кэҥээн истин, олоҕун уйгута тупса турдун!
Өрөспүүбүлэкэбит 100 сылынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н. Жирков
Источник: сайт Госсобрания - https://www.iltumen.ru/news/21939
2022-04-27 07:14:26 Всего просмотров: 140 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-10-13 06:12:57 - Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн 2024-10-10 19:34:10 - Александр Кошуков: "Собаки не должны быть хозяевами городов!" 2024-10-01 08:54:56 - Глава Якутии Айсен Николаев встретился с Президентом Республики Беларусь Александром Лукашенко 2024-09-14 01:32:46 - Александр Жирков: Ийэ дойдуга таптал төрүт түөлбэттэн саҕаланар 2024-09-12 00:56:53 - Александр Жирков: Тимири уһаарыы, тимири уһаныы бу тыйыс сиргэ саханы саха оҥорбута 2024-09-10 07:38:14 - Александр Сусоев о депутатской деятельности 2024-08-24 06:09:02 - Выступление Александра Жиркова на пленарном заседании Августовского совещания работников образования Республики Саха (Якутия) «Воспитание личности в едином образовательном пространстве» 2024-08-23 07:20:14 - АРТЕМ АЛЕКСАНДРОВ ПРИНЯЛ УЧАСТИЕ В ПРЕДУБОРОЧНОМ СОВЕЩАНИИ РЕГИОНОВ ДФО В УЛАН-УДЭ 2024-08-23 04:16:33 - Так есть вакцина от оспы обезьян или нет? Академик Александр Гинцбург, спасавший человечество от ковида, дает в "РГ" точный ответ 2024-08-02 03:14:30 - Александр Подголов поздравил сотрудников с 85-летием Службы специальной связи России |