Поздравления
Ил Дархан Айсен Николаев Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүнэн эҕэрдэлиир
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүнэн эҕэрдэлиибин! Бу бэлиэ күнү 1993 сыллаахха Холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрэ олохтообута.
Дьиэ кэргэн хас биирдии киһиэхэ олоҕун биир сүрүн сыаннаһынан буолар. Дириҥ силистээх өлбөт-сүппэт төрүт үгэстэри иҥэриммит буолан, өбүгэлэрбитин кытта ситимниир, устуоруйаны ытыктыырга, аҕа көлүөнэ баай уопутугар, мындыр толкуйугар уһуйар-такайар. Саҥа киһи күн сирин көрдөҕүнэ, дьиэ кэргэн кэскили түстүүр, сарсыҥҥыга дьулуһар, саҥа саҕахтары арыйар, айар-тутар күүстэнэр.
Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн былыр-былыргыттан уопсастыба бөҕө тирэҕинэн, үтүө сиэри угуттуур уйатынан буолар. Дьиэ кэргэн дьоллоох, бэйэтин кыаҕар эрэллээх киһини, дойдуга дьоһун гражданины иитэн таһаарар үрдүк аналлаах.
Дьиэ кэргэн судаарыстыбаҕа стратегическай суолтатын биһиги дойдубутугар дириҥник өйдүүллэр. Дьиэ кэргэн институтун сайыннарыыга уонна бөҕөргөтүүгэ Россияҕа үгэс быһыытынан улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, ыал буолбут дьон чэпчэтиилээх ипотеканы, оҕо төрөөтөҕүнэ тус сыаллаах ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын туһанар кыахтаахтар, элбэх оҕолоох ыалларга уонна кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл оҥоһуллар. Бу ыйтан төрөппүттэргэ Россия Президенэ Владимир Путин этиитинэн 2022 сылга аан бастаан көрүллүбүт саҥа социальнай төлөбүрдэр киириэхтэрэ.
Федеральнай чэпчэтиилэри сэргэ дьиэ кэргэттэргэ өрөспүүбүлүкэ эбии социальнай өйөбүлү оҥорор. Ол курдук Саха сирин олохтоохторугар «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала, быйыл төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал бэриллэллэр, элбэх оҕолоох ыалларга кэлим өйөбүл оҥоһуллар.
Хас биирдии дьиэ кэргэн этэҥҥэ буолуута дойду уйгулаах олоҕун түстүүр диэн бигэ эрэллээхпин. Бүгүн биһиги судаарыстыбабыт өйүүр дьаһаллара дьиэ кэргэн олоҕор-дьаһаҕар үтүө сабыдыалын көрөбүт. Ол курдук, оҕо төрөөһүнүн ахсаана элбии турар, төрөппүттэр оҕолорун сайыннарыыга, талааннарын арыйыыга дьулуурдара күүһүрдэ, бизнестээх дьиэ кэргэн кэккэтэ кэҥээтэ, чааһынай дьиэни туттааччы үксээтэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Бу кэрэ-бэлиэ күн эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, чэгиэн доруобуйаны, хас биирдиигитигэр чугастык саныыр, таптыыр, мэлдьи күүтэр дьонноох буоларгытыгар, дьиэ кэргэҥҥит тапталы уонна үтүө санааны угуттуу турарыгар баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 2022-05-15 03:44:44 Всего просмотров: 823 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2026-11-25 06:12:51 - «Дыхание нашей земли»: Айсен Николаев поздравил якутян с Днём Олонхо 2026-11-22 05:26:58 - Новый выпуск передачи «Вместе с Айсеном Николаевым» выйдет на «Россия 24» 2026-11-13 23:42:29 - Вручены стипендии первого президента Якутии Михаила Николаева «Знанием победишь» 2026-11-08 07:21:13 - На «Россия 24» выйдет новый выпуск проекта «Вместе с Айсеном Николаевым» 2026-11-06 13:11:52 - Айсен Николаев предупредил глав муниципалитетов о персональной ответственности за подготовку к зиме 2026-11-04 13:59:42 - Айсен Николаев: «Наша сила – в сплоченности» 2026-10-29 15:31:53 - Айсен Николаев и Петр Шамаев обсудили предложения Якутии к федеральному бюджету 2026-10-27 09:17:47 - Айсен Николаев обозначил приоритеты работы органов власти Якутии 2026-10-19 09:02:46 - Бюджет, северный завоз и инфраструктура: Айсен Николаев поставил задачи правительству Якутии 2026-10-18 07:51:29 - Айсен Николаев поздравил с Днём работников дорожного хозяйства России |