В парламенте
Александр Жирков: Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ оскуола суолтатын атын ханнык да тэрилтэ, тэрээһин кыайан солбуйуо суоҕа
Дьокуускайга ЮНЕСКО «Информация для всех» бырагырааматын уонна СӨ Бырабыытылыстыбатын тэрийиитинэн ыытыллыбыт Россия Федерациятын төрүт норуоттарын тылларын харыстыырга аналлаах «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтэ: төрүт омуктар үгэс буолбут билиилэрин харыстааһын» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференцияҕа Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Россия Федерациятын бүттүүнүн үрдүнэн төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга үлэ бүгүҥҥү түмүктэригэр тохтоото.
«Бүгүҥҥү конференция «Информация для всех» диэн ЮНЕСКО бырагырааматын Арассыыйатааҕы кэмитиэтин үйэ чиэппэрин кэриҥэ салайбыт, биллэр гуманист, үтүөкэн киһи Евгений Иванович Кузьмин сырдык кэриэһигэр ананар. Бүгүн кини төрүт тыллары харыстааһыҥҥа туһуламмыт сүрүн санаатын эһиэхэ тиэрдиэхпин баҕарабын. Кини Российскай Федерация норуоттарын төрүт (миноритарнай) тылларын илдьэ сылдьааччылар ахсааннара көҕүрээн иһэрин, уонна ол көҕүрээһин Россияҕа тыллары харыстыырга аналлаах дьаһаллар ситэтэ суохтарыттан тахсарын туһунан этэрэ. Ити санааны кытта сөбүлэһиэх тустаахпыт», – диэтэ Александр Николаевич.
Россияҕа күн бүгүн олохтоох омуктар төрөөбүт тылларын сүтэрбэттэрин хааччыйыы үс сүрүн тосхолго тирэҕирэн ыытыллар: судаарыстыба өйөбүлэ, общественнай тэрилтэлэр, тэрээһиннэр көмөлөрө уонна дьиэ кэргэн, төрөппүт кыһаллыыта. Бу үс сүрүн тосхолтон биирдэстэрэ эмит мөлтөөн биэрдэҕинэ үлэ барыта атахтанар. Итини этэн туран Александр Жирков кэнники кэмҥэ төрөөбүт тылы үөрэтиигэ эбии ыарахаттар үөскээбиттэрин анаан бэлиэтээтэ. Ол ыарахаттар сүрүн төрүөттэринэн Александр Жирков олохтоох омуктар төрөөбүт тылларын үөрэтии, харыстааһын соруга кэнники кэмҥэ улам-улам судаарыстыба санныттан общественнай институттарга, дьиэ кэргэнҥэ сигэниинэн солбуллан эрэрин ааттаата. Ол курдук, саҥардыллыбыт Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартыгар салайтаран оскуолаларга төрөөбүт тылы үөрэтиигэ көрүллэр чаастары аҕыйатыы баран эрэр. Бу төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, харыстааһыҥҥа улахан харгыс буолуоҕа. «Оҕо тылы саамай ылынар сааһыгар ийэ тылынан ситэ саҥардыбат, харгыстыыр буоллахпытына, кэлин ханныктаах да атын үтүө тэрээһининэн ону солбуйар, оҕо ис эйгэтин, уйулҕатын толорор кыахпыт суох буолуоҕа. Оскуолаҕа төрөөбүт тылы олохтоохтук үөрэтиини, иҥэриини ханнык да үчүгэй тэрээһин, ханнык да уопсастыбаннай түмсүү солбуйар кыахтара суох», - диэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ чиҥэтэн бэлиэтээтэ.
Александр Николаевич холобур быһыытынан Сахалин нивхтэрин туһунан эттэ. «Аатырбыт суруйааччы Владимир Санги дойдутугар - Сахалин арыытыгар булдунан, балыгынан ииттинэн олорор нивх норуотун Ноглики бөһүөлэгэр сылдьыбытым. Владимир Михайлович төрөөбүт бөһүөлэгин оскуолатыгар саҥалыы үөрэтии стандартыгар көспүттэрин кэнниттэн нивх тылын үөрэтиини факультатив, кылаас таһынан дьарык таһымыгар көһөрөн кэбиспиттэр. Маннык дьаһаныы сүтэн эрэр тылы букатыннаахтык симэлитиигэ эрэ тиэрдиэн сөп. Итинник көстүү биһиги Сахабыт сиригэр олорор омуктарга эмиэ чугас. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын тилиннэрии, үөрэтии, харыстааһын нивх омук тылын дьылҕатын хатылыа суохтаах».
Түмүгэр Александр Жирков олохтоох омуктары төрөөбүт тылларын үөрэтэр чаастарын аччаппат, чөлүгэр түһэрэр туһунан Россия Правительствотыгар, Россия үөрэҕин министерствотыгар ЮНЕСКО тэрээһиннээх конференция кыттыылаахтарын аатыттан этии оҥорорго уонна ол этиини конференция түмүк резолюциятыгар киллэрэргэ эттэ. «Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох омуктар тылларын харыстыыр уонна оскуолаҕа төрөөбүт тылы сүрүн программаҕа киллэрэн, үөрэтэр чаастарын элбэтэр, төрүт тылларынан саҥарар дьону өйүүр чопчу дьаһаллары сүрүннүүр этиини хайаан да оҥоруох тустаахпыт»,- диэн Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерэ этиитин түмүктээтэ.
Ит Түмэн пресс-сулууспата
2023-06-27 09:00:13 Всего просмотров: 138 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-10-10 19:34:10 - Александр Кошуков: "Собаки не должны быть хозяевами городов!" 2024-10-01 08:54:56 - Глава Якутии Айсен Николаев встретился с Президентом Республики Беларусь Александром Лукашенко 2024-09-14 01:32:46 - Александр Жирков: Ийэ дойдуга таптал төрүт түөлбэттэн саҕаланар 2024-09-12 00:56:53 - Александр Жирков: Тимири уһаарыы, тимири уһаныы бу тыйыс сиргэ саханы саха оҥорбута 2024-09-10 07:38:14 - Александр Сусоев о депутатской деятельности 2024-08-24 06:09:02 - Выступление Александра Жиркова на пленарном заседании Августовского совещания работников образования Республики Саха (Якутия) «Воспитание личности в едином образовательном пространстве» 2024-08-23 07:20:14 - АРТЕМ АЛЕКСАНДРОВ ПРИНЯЛ УЧАСТИЕ В ПРЕДУБОРОЧНОМ СОВЕЩАНИИ РЕГИОНОВ ДФО В УЛАН-УДЭ 2024-08-23 04:16:33 - Так есть вакцина от оспы обезьян или нет? Академик Александр Гинцбург, спасавший человечество от ковида, дает в "РГ" точный ответ 2024-08-02 03:14:30 - Александр Подголов поздравил сотрудников с 85-летием Службы специальной связи России 2024-07-04 07:23:59 - Александр Жирков: Саха литературатын үтүө аатын турууласпыта |