Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В республике
Глава Якутии: в бюджете впервые за четыре года полностью предусмотрели расходы на зарплаты и ЖКХ

Транспорт
Глава Якутии сообщил о новых правилах доставки грузов в арктические районы

ЖКХ, энергетика
На поддержку коммунального комплекса Якутии направят до 5,3 миллиарда рублей

В парламенте
ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 26.11.2026 - 11.00-13.00 (материал обновлялся)
[0]

Промышленность
Коммуникации без границ: африканский проект Нордголд удостоен гран-при конкурса ИНТЕРКОММ 2026

Транспорт
Дан старт строительству международного транспортного коридора «Мохэ – Найба – Магадан»: На участке Сковородино – Рейново уложены первые звенья железнодорожного пути
[0]

В России
Владимир Путин поручил утвердить программу строительства центра обработки данных в Якутии и программу привлечения ученых и инженеров на Дальний Восток

В парламенте
Ил Тумэн принял государственный бюджет Якутии на 2027 год и плановый период 2028 и 2029 годов

Поздравления
«Дыхание нашей земли»: Айсен Николаев поздравил якутян с Днём Олонхо

Законодательство
Госдума приняла закон о бюджете на 2027-2029 годы

Законы, вступающие в силу в декабре

В парламенте
ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 25.11.2026 - c 10.00
[0]

Здравоохранение
Якутия получит пять передвижных педиатрических комплексов

Законодательство
Сардана Гурьева: «Обновление Конституции отвечает современным правовым реалиям»

Здравоохранение
100 операций за две недели провели мобильные хирурги в Ленской ЦРБ

В столице
Духовно-нравственным ценностям и патриотизму посвятили заседание круглого стола «Кустук»

В парламенте
Ил Тумэн 25–26 ноября рассмотрит бюджет Якутии и более 40 вопросов

Инвестпрограмма-2027: деньги направят на завершение начатых строек

ЖКХ, энергетика
Крупная авария на водоводе: Анатолий Кырджагасов дал большой комментарий

Здравоохранение
Карантин объявили в школах Якутска

Транспорт
Нужно ли менять масло в современном "автомате"? Эксперт все объяснил

Экономика
Что нужно знать о цифровом рубле

В столице
В Якутске обсудят реализацию мастер-планов 25 городов Дальнего Востока

ЖКХ, энергетика
Жителям Якутска сделают перерасчет за холодное водоснабжение в период 22–23 ноября

Образование, наука
В Якутии на развитие образования направят 232 млрд рублей за три года

Транспорт
Проект международного транспортного перехода «Джалинда– Мохэ» обсудили на встрече руководителей Якутии и Амурской области
[0]

В России
Новый выпуск передачи «Вместе с Айсеном Николаевым» выйдет на «Россия 24»

Здравоохранение
Более 4,6 млрд рублей выделят на лекарственное обеспечение в Якутии в 2027 году

Политика
Главные заявления Путина по итогам саммита с Трампом и Си Цзиньпином

Образование, наука
Научное наследие и преемственность: в АГУИККИ увековечили имя Ульяны Винокуровой

Сельское хозяйство и АПК
Финансирование сельского хозяйства Якутии ко второму чтению увеличили на 6,179 млрд рублей

Образование, наука
В Якутске откроют учебный центр ведущих российских ИТ-компаний

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖДЯ» принял участие в рабочей встрече Главы Республики Саха (Якутия) и генерального директора ОАО «РЖД»
[0]

АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком [0]

Промышленность
Алданские школьники проходят пиратский квест за здоровые зубы
[0]

Транспорт
Объем переработки грузов через станцию Нижний Бестях вырос на 6% за 10 месяцев 2026 года
[0]

В парламенте
64 депутатские поправки к социальному блоку бюджета‑2027

В столице
В Якутске полным ходом идет подготовка к фестивалю «Зима начинается с Якутии»

В парламенте
2 декабря в Ил Тумэне состоятся публичные слушания по проекту поправок в Конституцию Якутии
[0]

Транспорт
АО «АК «ЖДЯ»: За 10 месяцев текущего года перевезено свыше 420 тысяч пассажиров

 

Сахалыы сыhыарыы

Алексей Еремеев: Сокуон дьон туһугар үлэлиэхтээх

Сайаана ЛЬВОВА

@СӨ VII ыҥырыылаах Ил Түмэнин дьокутааттара сыл аҥаардааҕы үлэлэрэ түмүктэнэн, аны күһүҥҥэ диэри сынньалаҥҥа бардылар.

Ил Түмэн мунньаҕар ылыллыбыт быһаарыылар, ситиһиллибит түмүктэр тустарынан Бэрэссэдээтэл Алексей Еремееви кытары кэпсэттибит.

Быраап нуормалара

- Алексей Ильич, сааскы сиэссийэ түмүгүнэн быраабы нуормалыыр барыта хас аак, сокуон ылылынна?

- Быйылгы сиэссийэбитигэр уопсайа 166 нуорма-быраап аагын ылынныбыт, онтон 65-һэ – сокуон.

Бастатан туран, федеральнай сокуоннарга уларыйыы киирэр. Үгүс киһи тоҕо эрэ Арассыыйа сокуонугар уларыйыы киирдэҕинэ, биһиэхэ эмиэ киирэр диэн өйдөөбөт. Өрөспүүбүлүкэ сокуона дьон туттарыгар, өйдүүрүгэр сөп түбэстин диэн боломуочуйатын өттүгэр, биллэн турар, эмиэ көннөрүллэр. Ол эрэн, оннук көннөрүү сэдэх.

Арассыыйа сокуонун уопсай бириинсиптэригэр уларыйыы киирэр буоллаҕына, бэйэбит сокуоммутугар онно сөп түбэһиннэрэн эмиэ уларытыылары киллэрэбит. Дьон-сэргэ СӨ сокуонун ис хоһоонун толору өйдүүрүн уонна сокуону туттуу табыгастаах, көдьүүстээх буоларын туһугар маннык сөп түбэһиннэрии оҥоһуллар.

Эппитим курдук, 65 сокуоҥҥа, ол иһигэр 5 тирэх сокуоммутугар уларыйыы киирдэ, 101 уурааҕы ылынныбыт.

Ону таһынан, үс пленарнай мунньах ыыттыбыт. Пленарнай мунньах – Ил Түмэн сүрүн үлэлиир пуормата.

Бастаан сокуоҥҥа уларыйыы киирэригэр төгүрүк остуол ыытыллар. Дьүүллэһии түмүгүнэн сис кэмитиэттэр үлэлээн, бу этиилэринэн уларытыылары киллэрэбит дуу, суох дуу диэн чопчу быһааран, пленарнай мунньахха киллэрэллэр.

Итини таһынан биир публичнай уонна икки парламентскай истии буолан ааста. 14 бырабыыталыстыбаннай уонна биир муниципальнай чаас ыытылынна. Бырабыыталыстыба чааһыгар Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кэлэннэр дьокутааттары долгутар ыйытыыларга хоруйдууллар. Манна 14 бырабыыталыстыбаннай чааспытыттан иккитэ пленарнай мунньах кэмигэр буолбута. Кэпсэтиигэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ бэйэтэ кэлэн дакылааттаабыта.

Федеральнай таһымҥа үлэ

- Федеральнай таһымҥа Ил Түмэн туох ханнык этиилээх киирдэ, онно ыытыллыбыт үлэ туох ситиһиилэннэ?

- Билигин судаарыстыба, олохтоох салайыныы баайы-дуолу үллэстиитэ бара турар. Маны хааччахтыыр федеральнай сокуоҥҥа инициатива киллэрбиппит. Урукку кэмҥэ бары улуустар Дьокуускайга кэлэннэр илии баттаһаллар этэ. Билэргит курдук, сыыппаралааһын күүскэ бара турар, улуустарга эмиэ ол үчүгэйдик үлэлээн эрэр. Билигин дуоһунастаах дьоҥҥо сыыппаранан илии баттааһын диэн баар, онно сиэттэрэммит, судаарыстыбаттан муниципальнай бас билиигэ эбэтэр төттөрү электроннай сыыппаранан илии баттыыры киллэрэри көҕүлээбиппит. Ону Федерация Сэбиэтэ даҕаны, Госдума даҕаны өйөөннөр, сокуон буолан таҕыста.

Иккиһинэн, билэргит курдук, бэрэсидьиэн быһаччы сорудаҕынан, РФ нуучча тылын өйөөһүҥҥэ уонна харыстааһыҥҥа улахан бэлиитикэни ыытар.

Ол эрээри, сокуоннары уларытыыга көрдөххө, өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларын хааччахтааһын баар курдук этэ. Чуолаан, тылы туттуу эбээһинэс быһыытынан буолбакка, быраап эрэ курдук быһаарыллар этэ.

Тэрилтэлэр суруктарын-бичиктэрин нууччалыы тылы сэргэ, сахалыы суруйалларын эмиэ эбээһинэстиир курдук Ил Түмэн сокуоҥҥа көннөрүү киллэрбитэ. Ону Госдума ылынна, манна балачча үлэлэстибит. Өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин сокуоннарынан итини олохтоотохторуна, эбээһинэс быһыытынан толоруохтара. Иккис көннөрүү сахалыы тыллаах эрэкэлээмэ тиэкиһэ кириллицанан сурулларын ирдиир.

Ону таһынан федеральнай сокуоҥҥа «судебнай присутствие» диэн баар. Онно киллэрбит көҕүлээһиммит бастакы ааҕыыны ааспыта.

Мирнэй улууһун Айхал бөһүөлэгэр бүгүҥҥү туругунан, федеральнай суут присутствиета баар. Онтубут, олох көрдөрөрүнэн, билиҥҥи кэмҥэ улахан наадата суох курдук, тоҕо диэтэххэ, административнай, гражданскай уонна холуобунай дьыалаларынан олохтоохтор Мирнэй куоракка баран сууттаһаллар. Итинник быһыы үөскээбитин кэннэ, федеральнай сууту Мирнэй куоракка көһөрөр туһунан боппуруоһу көтөхпүппүт.

Итини таһынан уураахтарга бэйэбит көҕүлээһиннэрбитин үс ньыманан киллэрэбит: пленарнай мунньахха уураах ылынаммыт, 11 субъект киирэр Уһук Илин уонна Забайкалье парламеннарын ассоциациятын мунньаҕын нөҥүө, РФ Сокуону оҥорооччуларын сэбиэттэригэр көҕүлээһиммитин киллэрэн.

Арассыыйа Бырабыыталыстыбата олохтообут быраабылатынан хатыыһы, муксууну көҥүлэ суох балыктааһыҥҥа олус улахан ыстараап киирэн турар. Дьон-сэргэ биһиэхэ бу туһунан суруктарын, этиилэрин элбэҕи тиэрдэллэр. Онон ыстараап кэриҥин лаппа кыччатар туһунан туруорсабыт.

Соторутааҕыта Биробиджаҥҥа буолан ааспыт мунньахха «мунньунуу биэнсийэ» боппуруоһугар этиибитин киллэрдибит. 2004 сыллаахха пенсионнай реформа буолбута, онно дьон мунньуммут харчытын биэнсийэҕэ таҕыстаҕына ылар бырааптаах диэн баар. Ол эрээри 2024 сыллаахха Арассыыйаҕа биэнсийэлээх тиийинэн олоруутун орто кээмэйиттэн мунньуллубут харчы үрдүк, биэнсийэтэ эппиэттэспэт буоллаҕына, устар бырааба суох диэн уураах ылыммыта. Саха сиригэр тиийинэн олоруу орто кээмэйэ лаппа үрдүк буолан, дьоммут ол харчыны билигин бүтүннүү устар бырааптара суох. Кинилэр биэнсийэҕэ ый аайы 2000 солкуобайтан үрдээбэт эбии төлөбүр ылыахтарын эрэ сөп.

Биэнсийэлээх бу харчыны хайдах ыларын дьаһаммыт буоллаҕына, кини суох буолар түгэнигэр, бу мунньуммут харчытын оҕолоро ылар бырааптара суох. Бу дьоммут бырааптарын кэһии уонна интэриэстэрин саба баттааһын буолар.

Мунньунуу биэнсийэ кээмэйин Арассыыйа үрдүнэн буолбакка, РФ субъегар олохтоммут биэнсийэлээх тиийинэн олорор кээмэйигэр олоҕуран ааҕыллыахтаах диэн көҕүлээһини киллэрбиппит. Биһиги көҕүлээһиммитин 11 субъект өйөөбүтэ, онон билигин РФ Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр сылдьар.

Муус устарга Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт Сокуону оҥорооччулар сэбиэттэригэр Нолуок кодексыгар уларытыылары киллэрии туһунан этии киллэрбитим. Итиннэ атын субъектартан өйөбүл ылыахпытын баҕарабыт. Үрүҥ көмүһүнэн дьарыктанар ювилердар 60 мөлүйүөнү куоһарбат харчыны эргитэр буоллахтарына, билигин судургу тиһигинэн нолуоктарын төлүүр кыахтаахтар. Кинилэр кыһыл көмүһү эбэтэр күндү тааһы туттар буоллахтарына, судургу ньыматтан тахсан хаалаллар.

Итинтэн сылтаан үгүс көмүсчүт урбаанньыттарбыт дьоҕус биисинэстэн бараллар, бөдөҥ тэрилтэлэр эрэ хаалаллар. 60 мөлүйүөн солкуобайга диэри харчыны эргитэр урбаанньыттар бары судургу тиһиги туттар бырааптаналларын туруорсабыт.

Патриотическай иитии

- Патриотическай иитии эйгэтигэр биир кэлим судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэрии хаамыыта билиҥҥитэ хайдаҕый? Ил Түмэн, Крым уонна ДНР кыттыылаах «РФ гражданнарын дойдуга бэриниилээх буоларга иитии сүрүн тосхоллорун туһунан» федеральнай сокуон барыла оҥоһуллубута дии?

- Өссө 2004 сыллаахха патриотическай иитиигэ судаарыстыбаннай бырагыраама ылынан турабыт. Ол саҕана атын субъектарга маннык бырагыраама суоҕа.

Ол кэннэ 2022 сыллаахха «СӨ патриотическай иитии туһунан» сокуону ылыммыппыт. Федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай былаас уорганнара хардарыта дьайсалларын туһугар биир тирэх федеральнай сокуон наада этэ. Ол иһин «Об основах патриотического всопитания граждан РФ» сокуон барылын оҥорон, Госдума ыччат бэлиитикэтигэр кэмитиэтигэр киллэрбиппит, билигин дьүүллэһиллэ сылдьар.

Иккиһинэн, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, анал байыаннай дьайыыга саха уолаттара Арассыыйа биир саамай бэриниилээх патриоттарын быһыытынан сыаналаналлар. Ол иһин биһиги патриотическай иитиигэ инники күөҥҥэ сылдьыахтаахпыт диэн бэлиитикэни ыытабыт. Онно Крымы кыттыһыннарабыт. Кинилэр сокуон барылыгар хос ааптар быһыытынан киирэргэ үөрүүнэн сөбүлэспиттэрэ.

Саха сирэ, Крым уонна ДНР буолан күүспүтүн холбуурбут, мин санаабар, ураты суолталаах. Үс эрэгийиэн көҕүлээбит сокуона ылылыннаҕына, бу улахан кыайыыбыт буолуоҕа.

Бииргэ үлэлэһии

- Соторутааҕыта Татарстан, Крым сокуону оҥорор уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ Саха сиригэр кэлэн барбыттарын билэбит. Бу доҕордуу сыһыан олохтонуута өрөспүүбүлүкэҕэ туох суолталааҕый?

- Татарстаны кытта үлэлэспиппит ыраатта. 2012 сыллаахха анал сөбүлэһиини түһэрсибиппит. Быйыл саас Казаҥҥа бара сылдьыбытым, олохтоох салайыныы боппуруостарын үөрэтэн кэлбитим. Билэргит курдук, кинилэр икки таһымнаах систиэмэни хаалларыахха диэччилэртэн бастакылар. Боппуруоһу күүскэ туруораннар, федеральнай сокуонунан бигэргэннэ. Судаарыстыбаннай тутул уонна олохтоох салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Альберт Хабибуллин кэлэ сылдьыбыта. Ил Түмэн дьокутааттара, аппараатын үлэһиттэрэ кинилиин көрсүһэн кэпсэппиттэрэ, ыйытыыларын биэрбиттэрэ. Олохтоох салайыныы туһунан сокуону оҥоро сылдьар Ил Түмэн аппараатын үлэһиттэрэ кинилэр үлэлэрин туһунан элбэҕи биллилэр.

Оттон Крымныын 2024 сыллаахха сокуону оҥоруу боппуруостарыгар бэйэ-бэйэни өйүүр туһунан сөбүлэһии түһэрсибиппит. Саҥа субъектарга уруккуттан сокуону оҥорор баай уопуттаах субъектар көмөлөһүөхтээхпит. Кинилэр РФ састаабыгар соторутааҕыта киирэн, сокуоннарын оҥоро сылдьаллар. Онон көмөҕө олус наадыйаллар. Крымнааҕы кэллиэгэлэрбит уопуппутун сыаналыыллар, бииргэ үлэлэһэргэ дьулуһаллар.

Олохтоох салайыныы

- Сотору кэминэн олохтоох салайыныыга уларыйыылар киирээри тураллар, бу туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

- 33-с олохтоох салайыныы туһунан сокуон бастакы барыла 2022 сыллаахха киирбитэ. Онтон быйыл бэс ыйын 19 күнүттэн сүрүн нуормалара үлэҕэ киирдилэр. Сорох ыстатыйалара 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн толору үлэҕэ киириэхтэрэ.

Онно олохтоох салайыныы хас таһымнаах буолуохтааҕын, боломуочуйаларын тыырыыны, олохтоох салайыныы уорганнарын талыы бэрээдэгин бүтүннүүтүн өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сокуонунан быһаарар быраап бэриллэн турар. Биир халыыпка киллэрбэккэ, субъектар бэйэлэрэ быһааралларыгар кыах бэрилиннэ.

Билигин олохтоох салайыныы туһунан сокуон барыла ырытыллан оҥоһулла сылдьар. Балаҕан ыйын ортото бүтэн, дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыаҕа.

Ол кэннэ сэтинньи ыйга сокуон бастакы барылын ылынаары гынабыт. Ахсынньы 10 чыыһылатын диэки, муниципалитеттары барыларын мунньаммыт, СӨ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин ыҥыраары олоробут. Онно бастакы барылын ааспыт сокуоммутугар туох уларытыылары киллэриэххэ сөбүн дьоммутун мунньан дьүүллэһээри гынабыт. Сийиэс өйөөтөҕүнэ, киирбит этиилэри учуоттаан ахсынньы 20 чыыһылаларыгар иккис-үһүс ааҕыытын ылыныахтаахпыт диэн былаанныыбыт. Онтон 2027 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри биһиги муниципалитеттарбыт бэйэлэрин устааптарыгар уларытыылары киллэрэллэригэр биир сыллаах болдьох биэрэбит. Оччоҕуна 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биһиэхэ Федеральнай сокуоммут уларыйан, өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыныллан, туох баар нормативнай баазабыт бэлэм буолар.

Тыа сирин сайдыыта

- Тыа сирин сайдыытыгар саҥа сокуон киирбитэ. Ол чэрчитинэн туох уларыйыы таҕыста, үлэ ыытылынна?

- Былырыын күһүҥҥү пленарнай сиэссийэбитигэр тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйаларын кэҥэтэн биэрбиппит. Тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйата – судаарыстыба, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ боломуочуйата буолар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө үбү-харчыны ыыппакка, улуустарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн быһа тиийиэхтээх диэн сокуон ылыллан турар.

Урут улуустарынан харчыны тыырыы боппуруоһун Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ быһаарар эбит буоллаҕына, билигин бу боломуочуйа муниципалитеттарга бэрилиннэ. 14 көрүҥүнэн кэлэр судаарыстыбаннай субсидияны миэстэтигэр быһаарыахтаахтар диэн ити боломуочуйаны кэҥэтэн биэрбиппит. Билигин сорох улуустар бэйэлэрин дьоҕус инвестициялыыр бырайыактарынан ханнык нэһилиэккэ үбү ыытары бэйэлэрэ куонкурс быһыытынан быһаарар буоллулар.

Үлэни билсэ атын дьокутааттардыын хас да улууска сырыттыбыт. Олохтоохтор харчыны тыырыыны үөһэттэн ыйымаҥ, бэйэбит миэстэтигэр быһаарыахпыт дииллэр. Ити оруннаах этии. Ол эрэн, итиннэ бэрээдэк олохтоммотоҕуна, систиэмэ ыһыллыыта барыан сөп. Ол иһин улуустар сорох түгэҥҥэ үбү бэйэлэрэ хамсаталларыгар кыах биэрэр арыый киэҥ уонна имигэс механизмы олохтуохха наада.

Сыл аҥаардаах көрдөрүү түмүгэр үрүҥ аһы астааһын өрөспүүбүлүкэҕэ үрдээбит. Ол курдук, дьон сүөһүтүн хонууга ыытан кэбиспэккэ, үүтүн ыан дохуот киллэринэллэр. Биһиги бу боппуруоһу үөрэтэ сылдьабыт. Сыл түмүгүнэн, тыа хаһаайыстыбатын өйүүр, тыа сирин сайыннарар систиэмэни тупсарар этиилэри Бырабыыталыстыбаны кытта үлэлээн киллэриэхпит.

Бүддьүөтү оҥоруу

- Күһүҥҥү сиэссийэ бүддьүөтү көрүүттэн саҕаланара саарбахтаммат. Сүрүн болҕомто туохха ууруллуоҕа?

- Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин кыаҕынан дьаһаныахтаах. Бастатан туран, хамнаһы уонна социальнай төлөбүрү 100% толоруохтаахпыт. Бу судаарыстыба бастакы эбээһинэһэ буолар.

Тулаайах оҕолорбутугар, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоммутугар көмө, эминэн хааччыйыы, санавиация боппуруостара, о.д.а. – биһиги ону 100% толоруохтаахпыт.

Итини таһынан тыйыс усулуобуйалаах сиргэ олорор буоламмыт, дьиэлэри уонна инфраструктура эбийиэктэрин сылааһынан хааччыйыы – өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн эбээһинэһэ.

Сотору бүддьүөтү көрүү саҕаланыа, онно 2025 сыл балачча ыарахан диэн аһаҕастык этиэххэ наада. Биһиги маны барытын учуоттаан туран 2026 сылга киириэхтээхпит.

- Күһүҥҥү сиэссийэҕэ туохха ордук болҕомто ууруллуоҕай?

- Эппитим курдук, Конституция уонна олохтоох салайыныы систиэмэтин сайыннарыы боппуруостарыгар сүрүн болҕомто ууруллуоҕа. Олохтоох салайыныы туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун ылынан баран 30-тан тахса өрөспүүбүлүкэ сокуонугар уларытыылары киллэриэхтээхпит. Өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы бүддьүөтүн көннөрүү, 2026 сылга уонна 2027-2028 сыллардааҕы былааннанар кэмҥэ бүддьүөт туһунан сокуону ылыныы, нолуок, сир сокуоннарыгар уларытыы күүтүллэр. Льготаҕа хапсар нэһилиэнньэни эминэн хааччыйыы, анал байыаннай дьайыы кыттааччыларыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр социальнай өҥө, өйөбүл боппуруостара көрүллүөхтэрэ, патриотическай иитиигэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр коммунальнай эйгэ тэрилтэлэригэр субсидия бүддьүөттээҕи ороскуотун намтатыыга үлэ салҕанан бара туруоҕа. Биһиги элбэх боппуруоһу, ол иһигэр федеральнай сокуоннар барылларын көрөбүт. Холобур, «Судаарыстыбаннай биитэр муниципальнай бас билиигэ сылдьар уонна Арассыыйа Федерациятын Арктикатааҕы өттүгэр, Хоту дойду, Сибиир уонна Уһук Илин атын сиригэр-уотугар баар сир учаастактарын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан, итиэннэ Россия Федерациятын биирдиилээн сокуонун аактарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуон олоххо хайдах киирэн иһэрин көрүөхпүт. Арассыыйаҕа успуорт төрүт көрүҥнэрин сайыннарыы, ипотекалаах кирэдьииттээһин чааһыгар элбэх оҕолоох ыалларга оҥоһуллар өйөбүл уо.д.а. боппуруостарга үлэлэһиэхпит.

Ил Түмэн дьокутааттара Саха сирин олохтоохторун интэриэстэрин инникитин даҕаны көмүскүүргэ инникитин да күүскэ үлэлиэхтэрэ, өрөспүүбүлүкэ сайдарын, нэһилиэнньэ олоҕо тупсарын туһугар туруулаһыахтара.

- Алексей Ильич, кэпсээниҥ иһин махтанабын!

«Саха сирэ» хаһыаттан Сайаана Львова кэпсэттэ

Хаартыска Еврейскэй автономнай уобалас Сокуону Таһаарар Мунньаҕын пресс-сулууспатыттан

Ссылка: https://iltumen.ru/news/26910

2025-07-26 11:47:42

Всего просмотров: 432

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2026-11-19 07:42:03 - Алексей Еремеев: Расселение аварийного жилья в Якутске находится под особым контролем Совета Федерации и Ил Тумэна

2026-11-04 04:23:46 - Поздравление Алексея Еремеева с Днём народного единства

2026-11-03 04:33:54 - Алексей Колодезников рассказал об основных направлениях федерального и регионального бюджетов

2026-10-23 11:45:56 - Алексей Еремеев: бюджетный процесс продолжится до принятия закона во втором чтении

2026-10-18 08:11:52 - В Якутске встретили Героя России Александра Находкина

2026-10-06 09:25:57 - Алексей Еремеев работает в Совете Федерации: ключевая тема – бюджеты регионов

2026-10-05 06:05:17 - Алексей Колодезников высказал свою точку зрения о внесении изменений в Конституцию республики

2026-09-27 02:35:31 - Поздравление Алексея Еремеева с Днем государственности республики

2026-08-27 15:29:24 - Горняк по призванию: как Алексей Яковлев продолжает династию и ведёт «Полюс Алдан» к успеху

2026-08-07 08:41:08 - Александр Подголов: активная жизненная позиция ветеранов Жатая

Собственные материалы (последние 20)

2026-11-26 05:01:19 - ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 26.11.2026 - 11.00-13.00 (материал обновлялся)[0]

2026-11-25 11:40:11 - Дан старт строительству международного транспортного коридора «Мохэ – Найба – Магадан»: На участке Сковородино – Рейново уложены первые звенья железнодорожного пути [0]

2026-11-25 04:18:53 - ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 25.11.2026 - c 10.00 [0]

2026-11-22 07:26:01 - Проект международного транспортного перехода «Джалинда– Мохэ» обсудили на встрече руководителей Якутии и Амурской области [0]

2026-11-21 10:48:05 - Генеральный директор АО «АК «ЖДЯ» принял участие в рабочей встрече Главы Республики Саха (Якутия) и генерального директора ОАО «РЖД»[0]

2026-11-21 10:37:31 - АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком[0]

2026-11-21 10:00:35 - Алданские школьники проходят пиратский квест за здоровые зубы[0]

2026-11-21 09:47:27 - Объем переработки грузов через станцию Нижний Бестях вырос на 6% за 10 месяцев 2026 года [0]

2026-11-20 03:41:46 - 2 декабря в Ил Тумэне состоятся публичные слушания по проекту поправок в Конституцию Якутии[0]

2026-11-17 06:24:11 - Энергетики сообщают о срочных неотложных работах энергетиков 17 ноября в городе Якутске[0]

2026-11-17 06:00:03 - Стартует голосование за лучшую видеовизитку участников республиканского конкурса молодых специалистов здравоохранения «Открой для себя новое здравоохранение»![0]

2026-11-17 05:48:43 - Нордголд вышел в лидеры рейтинга работодателей РБК[0]

2026-11-12 07:56:06 - «Новогодняя фантазия»: на привокзальной площади Нижнего Бестяха создадут ледовые шедевры в честь 50‑летия прихода железной дороги в Якутию[0]

2026-11-10 10:32:58 - ИЕНГРА: ОБЩИНА «ОЛДОЁ» БЬЕТ ТРЕВОГУ. Бывший депутат Селин намерен «упаковать» угольный актив, чтобы продать китайцам? [0]

2026-11-10 09:47:46 - КАК НА КРУГЛОМ СТОЛЕ В ИЛ ТУМЭНЕ ОБСУДИЛИ ДОПОЛНИТЕЛЬНОЕ ФИНАНСИРОВАНИЕ НВК "САХА" (репортаж интернет-газеты "V Якутии.ру" от 10.11.2026 - 14.00-15.45)[0]

2026-11-05 04:59:07 - КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ [0]

2026-11-04 05:22:51 - ИСТОРИК - О ДНЕ НАРОДНОГО ЕДИНСТВА[0]

2026-11-03 12:07:51 - НАШЛИСЬ ЛИ АЛМАЗЫ В ЦЕНТРАЛЬНОЙ ЯКУТИИ? [0]

2026-11-03 04:38:39 - Как будут работать медучреждения в праздничный день 04.11.2026 [0]

2026-10-31 10:26:55 - График выездов мобильных медицинских бригад на ноябрь 2026 года [0]


Разделы

В парламенте

В промышленных районах

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

От редакции

Поздравления

Политика

Происшествия

Промышленность

Сахалыы сыhыарыы

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании