|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная ЖКХ, энергетика В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице ЖКХ, энергетика |
Сахалыы сыhыарыы Анатолий Кырджагасов: «Дьокуускай куорат дьаһалтата аҥардастыы политиканан үлүһүйбүтэ туохха тиэрдибитин көрдүбүт» Мээр быыбарыгар кыттар баҕалааҕын биир бастакынан дьон-сэргэ истиитигэр дорҕоонноохтук эппит киһинэн -- «Губинскай ОДьКХ» Салайар Хампаанньа (СХ) генеральнай дириэктэрэ, Дьокуускайдааҕы Куорат Думатын дьокутаата, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа чилиэнэ Анатолий Кырджагасов буолар.
Анатолий Андреевич бу иннинээҕи, 2007 сыллааҕы мээр быыбарыгар, кыттан күүһүн-уоҕун холонон көрбүттээх. Бэркэ табыллан баран иһэн, быыбар ортотугар кандидатуратын Василий Филиппов туһатыгар устунан кэбиспитэ. Онон Василий Васильевичка элбэх куолаһы тэбэн биэрэн, хата аатырбыт «адмресурс» кандидатын – Юрий Заболевы ыксаталыы сылдьыбыта.
«Куолас хайытар» кэмнэригэр, Кырджагасов төттөрүтүн саха электоратын сомоҕолоон биэрбитин, үгүс киһи сыаналаабыта. Тус политическай амбицияны «уопсай копилкаҕа» ууран биэрии бэлиитикэҕэ - улахан дьыала.
Эһиил сааскы быыбарга мээр быыбарыгар Василий Филиппов даҕаны, Анатолий Кырджагасов даҕаны кыттар санаалаахтар. Бу сырыыга быыбар биэтэгин, дьэ, ким хайдах-туох түмүктүүр соруктааҕый?
- Бу сырыыга чопчу мээр буолар сыаллаах-соруктаах киирсээри сылдьабын, - диэн Анатолий Кырджагасов этэр. - Билиҥҥитэ Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа кандидат быһыытынан регистрациялана, сайабылыанньа түһэрэ иликпин. Ол гынан баран, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйатын салалтатыттан, бэлиэр, сөбүлэҥ, өйөбүл ылан олоробун.
- Анатолий Андреевич, бэйэҥ буолбакка, баартыйа аатыттан тоҕо киирсэҕин?
- Соҕотоҕун киирсэрим «ноолоох». Регистрация кэмигэр «уһулан» да кэбистэхтэринэ көҥүлэ. Инньэ диэн аһаҕастык сэрэппит да дьон баар. Ол иһин, атааннаһыы, бурайсыы буолар түгэнигэр, баартыйа миигин өйүөҕэ, көмүскүөҕэ диэн баартыйа кандидата буоларга быһаарынным.
- 2007 сыллааҕы мээр быыбарыгар бэйэҥ ааккыттан киирсибитиҥ буолбат дуо?
- Оччолорго мин кыахпын ситэ сыаналаабакка быыбарга киллэрэн «алдьаммыттара». «Ким да билбэт киһитэ, политикаҕа саҥа киһи, онон куттала суох» диэн аахайбатахтара. Элбэх куолаһы ылыа дии санаабатахтара чуолкай.
- Анатолий Андреевич, Дьокуускайга дьиҥнээх хаһаайын тоҕо кэлбэтэ бэрдэй?
- Куорат баһылыктара өрүү политиканан үлүһүйэн тахсаллар. Туох баар сыраларын баартыйанан атааннаһыыга, бэлитиическэй көрүүлэринэн утарыта турсууга барыыллар. Ол содулуттан дьиҥнээх тус эбээһинэс иккис былааҥҥа хаалан, куорат олохтооҕун кыһалҕата быһаарыллыбакка кур бэйэтэ курсуйан, хаар чөмөҕүнүү мунньуллан, эбиллэн иһэр. Ким эмэ, тугу эмэ туруорсаары гыннаҕына харда биир - «Харчы суох!..»
- Кырдьык суох дуо?
- …Уорбаттара эбитэ буоллар баар буолуох этэ… Хомойуох иһин, хоруупсуйа былаас систиэмэтигэр бигэтик киирдэ.
- Холобур?
- Холобурга диэн эттэххэ - сарайы өрөмүөннүүргэ 1,700 мөл. солк. оҥороллор... Биһиги уокурукпут оннук матырыйаалынан, оччо үлэни, оннук кэмҥэ, оччо хаачыстыбалаахтык -- 800 тыһ. солк. оҥорон биэрэр. Коммунальшик киһи дьиҥ сыана хайдаҕын билэр буоллаҕым дии. Уонна саамайа диэн, ханнык баҕарар өрөмүөн, тупсарыы үлэтигэр дьиэ олохтоохторун бэйэлэрин быһаччы тендер хамыыһыйатыгар кытыннарабыт: «Эһиги дьиэҕит – хонтуруоллааҥ!» -- диэн.
- Бэйи эрэ, сарайбытыгар төнүннэххэ… 900 тыһ. солкуобай ким эрэ сиэбигэр иҥэн иһэр?
- …Ити биир сарайтан киирэр чунуобунньук «барыһа», онтон куоракка элбэх дьиэ сарайа «оҥоһуллар»…
- Хомолтолоох... Анатолий Андреевич, оттон коммунальщик киһи эт эрэ, коммунальнайбыт тарыыба тоҕо наһаа үрдүгүй?
- ОДьКХ-ҕа судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэ ханнык эмэ да буоллар харчыны син көрөр. Оттон муниципалитет манна букатын кыттыспатын кэриэтэ. 10-ча сыллааҕыта, капитальнай өрөмүөҥҥэ сылга ортотунан 200-чэкэ мөл. солк. көрүллэрэ.
- Оттон билигин?
- 21 мөл. Биллэн турар, ити харчы тиийбэт. Урут биир турбабыт сыаната 30 тыһ. этэ. Билигин -- 42-45 тыһ. Коммунальнай эйгэҕэ харчы көрбөккө гынан баран, наар буруйдаах СХ-ны көрдүүрүнэн дьарыктаналлар. Дьиҥинэн, куорат коммунальнай туругун тупсарарга, мин ааҕыыбынан, 6 млрд солк. ирдэнэр. Дьиэни барытын сөргүтэн, оҥорон баран чааһынай коммунальнай тэрилтэлэргэ, баһаалыста, туттардыннар. Дьэ, уонна ирдээтиннэр! Билигин буоллаҕына, аҥаардас нэһилиэнньэ төлүүр харчытыгар барытын бары оҥотторо-көрдөрө сатыыллар, биллэн турар, ол кыаллыбат.
Уопсайынан, биһиги курдук тыйыс усулуобуйалаах сиргэ коммунальнай эйгэ судаарыстыбаннай бас билиигэ баар буолуохтаах. Коммунальнай эйгэ туругуттан быһаччы киһи олоҕо тутулуктааҕын умнумуохха наада. Куорат бюджетыттан ОДьКХ-ҕа харчы көрүллүөхтээх, дьаһалта нэһилиэнньэтэ хайдах усулуобуйаҕа олороругар кыһаллыахтаах.
- Оттон «Губинскай ОдьКХ» салайар хампаанньа үлэтэ-хамнаһа хайдаҕый? Ититиигитин кэмигэр биэрбиккит дуо?
- Дьокуускайга ититиини саамай инники биһиги уокурукпут биэрбитэ. Былырыыҥҥы дьылы биир да саахала суох туораабыппыт. Коммунальнай өҥөҕө сыл түмүгүнэн, куруук перерасчет оҥоробут. Сорох атын уокуруктар олохтоохторуттан ыйытаар эрэ, перерасчет оҥоһуллуохтааҕын билэллэр дуу, суох дуу (күлэр). Подъезд түннүктэригэр стеклопакет олордуталыы сылдьабыт. Ууну, уоту, ититиини учуоттуур тэрили барытын туруоран бүттүбүт. Ууну, уоту биэрэр тэрилтэлэрбитигэр иэспит-күүспүт суох. Өссө аһара баран ахсынньытааҕыбытын кытары сабан эрэбит.
- Дьаһалта партиянан атааннаһыынан дьарыктанар диигин. Оттон эн бэйэҥ атын баартыйалаахтарга төһө бэркэ сыһыаннаһаҕын?
- Мин салайар тэрлитэбэр араас баартыйа да, омук да бэрэстэбиитэллэрэ үлэлииллэр. Миэхэ – бу киһи дьыалатын, тус эбээһинэһин үчүгэйдик толороро эрэ наада. Ол салайааччы быһыытынан мин ирдэбилим. Оттон иллэҥ кэмигэр хайдах да «дьүһүннээх» баартыйаҕа киирдин, ханнык да таҥараҕа үҥтүн, мин онно эрэ кыһаллыбаппын. Киһи ханнык итэҕэли, бэлиитикэни талара - Төрүт Сокуонунан мэктиэлэммит көҥүлэ.
- Мээргэ «ньыгыллар» кандидаттаахтар, «сиэрдээхтэр», «лдпрдар» кандидаттаахтар… оттон хомуньуустар?
- Хомуньуустар бэйэлэрэ да билинэллэр, куорат мээригэр туруох айылаах кандидаттара суох. «Ньыгыллар» мээрдэннэхтэринэ, син биир бэлиитикэҕэ умса-төннө түһүөхтэрэ сэрэйиллэр. Бэлиитик мээрдэртэн дьон хал буолла. Ол иһин, куорат баһылыга тус үлэтинэн дьарыктанарын наадатыгар, оппозиция баартыйалара бары кыттыһан биир киһини өйүөхтэрин наада.
- Эйигин?
- Мин бэлиитикэнэн буолбакка, куорат туһугар үлэлиэм диэн быһаччы эрэннэрэбин. Болдьохпор үлэлиэм, онтон барыам. Куорат олохтоохторо мээр дуоһунаһыгар үлэһит хаачыстыбатынан көрөн киһини талыахтаахтар.
- Президент бу иннинэ хаста да, куорат салалтатын, дьокутааттарын кытары көрсөн, Дьокуускай кыһалҕатын биирдиилээн ойуччу талан буолбакка, систиэмэлээхтик көрөн быһаарар механизмна толкуйдааҥ диэн этэ сатаабыта. Эн, итиннэ, туох этиилээххин? Дьокутааттаабытыҥ да син балайда буоллаҕа?
- 2009 сыллаахтан дьокутааттыыбын. Бюджет харчытын хамсааһына кэпиэйкэтигэр тиийэ ханна-туохха ыытыллыбыта көстүөхтээх. Сорох отчуоттары, бэл, дьокутаат да киһи мунаарар курдук оҥороллор. Боростуой дьон ону хайдах өйдүөҕэй? Дьаһалта үлэтин аһаҕас оҥорор биир сүрүн ньыма – прессэни туох –баар информацияҕа барытыгар киллэрии.
- Заболев мээр буолаат, бастакы дьаһалынан, планеркаҕа суруналыыстары киллэрэри боппута.
- Информация ылар хаарчаҕы суох оҥоруохха наада. Иккиһинэн, отделлар икки ардыларыгар үлэни судургутутуохха сөбө. Биир дьыала быһаарыллыар диэри сэттэ уон сэттэ кабинеты кэрийиэхтээх. Үсүһүнэн, куорат дьаһалтата өрөспүүбүлүкэ да, федеральнай да былаас салалтатын кытары быстар мөлтөхтүк үлэлиир. Холобур, Саха сирин оскуола саастаах оҕотуттан 30-чча %-на Дьокуускайга олорор. Оттон өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан үөрэхтээһиҥҥэ көрүллэр үптэн, киин куорат оскуолаларыгар, дуона суох көрүллэр. Дьиҥинэн, 30%-тан итэҕэһэ суох суума көрүллүөхтээх эбээт. Дьокуускай күн-түүн улаата, кэҥии турар. Тыаттан куоракка көһөн киирии сөҕүрүөхтээҕэр эбиллэ турар. Гордума дьокутааттара Ил Түмэҥҥэ ити да өттүттэн көрөн үбүлээһин улаатарын туруорсуохтаахтар.
- Иһэр уубут хаачыстыбата олус мөлтөх. Онуоха туох санаалааххын?
- Саҥа водозабор тутарга 3,2 млрд наада. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйата ыытар «Ыраас уу» программатыгар, Дьокуускай иһэр уутун тупсарыытыгар көмө харчы көрүллүөхтээх дэнэр. Ол гынан баран, «Водоканал» туруорсуутун син биир харчыны «сууйааһын» курдук өйдүөххэ сөп.
- Ол аата?
- Кинилэр водозабор тутуутугар баантан кредит ылыахха диэн этэллэр. Онно өрөспүүбүлүкэ мэктиэ буолуохтаах. Бааннар – чааһынайдар. Бырыһыаннара улахан. Бырыһыанын бюджет уйунуохтаах...
- …Бюджеттан төлөнөр бырыһыан суотугар ким эрэ байыахтаах?
- Оннук буолан тахсар.
- Эн ону хайдах быһаарыахха диигин?
- Куорат сылга 20 млрд итэҕэһэ суох нолуогу хааһынаҕа киллэрэр. Итинтэн 7 млрд курдуга куоракка бэйэтигэр хаалар. Сылын аайы 1 млрд солк. водозабор тутуутугар ыытан иһиэххэ наада.
- 1 млрд сылын аайы ууга ыыттахпытына, улахан тутуулар тохтуулларыгар тиийэллэр дии?
- Улахан объектар тутууларыгар кырата 2 млрд. солк. орускуоттанар, кэлин ол уораҕай көрүүтүгэр-истиитигэр бюджеттан 4 млрд. баранар. Уу – доруобуйа. Доруобуйаҕа кэмчилиир бюджекка кэлин өссө охсуулаах буолуоҕа. Киһи килиэбэ суох сырыттаҕына, деликатес халбаһыы туохха нааданый? Эбэтэр оҕом үөрэнэр сирэ суох сырыттаҕына, сыаналаах «крутой» теннистиир корт тутарым төһө сиэрдээҕий?
- «Оҕо» диэбиккэ дылы… Оскуолабыт, дьыссааппыт улахан кыһалҕалаах, ити биллэр. Оттон эбии дьарыктыыр, сайыннарар үлэ диэн эмиэ ыытыллыахтааҕа буолуо.
- Билигин босхо дьарыктыыр куруһуоктар, секциялар суохтарын да кэриэтэ. Хамнаммытыҥ барыта харчы. Кыра хамнастаах киһи оҕотун чуут оскуолаҕа эрэ үөрэттэрэр кыахтаах. Ол иһин, булгуччу, оҕо босхо дьарыктанар куруоһуоктарын, секцияларын ситимин олохтуохха баара.
- Анатолий Андреевич, куорат олохтоохторугар туһаайан тугу этиэҥ этэй?
- Куорат олохтоохторо түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах, туруорсуулаах, дьаныардаах буолуохтарын наада. Куорат мунньуллубут кыһалҕатын быһаарарга хаһаайыстыбанньык салайааччы кэлиэх тустаах. Дьокуускайга кураанах куолуһут буолбакка -- дьиҥнээх үлэһит наада.
Уонна, түгэнинэн туһанан, ытык-мааны Туймаада олохтоохторун кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Дьолу-соргуну, истиҥи-иһирэҕи баҕарабын. Этэҥҥэ буолуҥ!
(Хаhыат версията - "Кыым" - 29.12.11) (Электроннай версията - "Аартык.ру" - 29.12.11)
2011-12-29 22:43:08 Всего просмотров: 2810 Ссылки по ключевым словам:
2024-12-20 09:30:22 - Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России 2024-10-19 10:05:38 - Анатолий Семенов встретился с участниками специальной военной операции 2024-05-07 04:03:30 - Анатолий Семенов поздравляет с днем радио и связи 2022-12-09 09:44:27 - Киин куораты бэйэ чэгиэн аһынан хааччыйар урбаанньыт-бааһынай
2022-07-15 05:29:17 - Народные депутаты республики приняли участие в благотворительной акции в поддержку Анатолия Чомчоева 2022-05-12 13:12:02 - Напавшие на Анатолия Чомчоева задержаны 2022-03-11 11:46:48 - СУНТААР УЛУУҺУН БАҺЫЛЫГА АНАТОЛИЙ ГРИГОРЬЕВ БИЛИҤҤИ ТЫЫН СУОЛТАЛААХ БОППУРУОСТАРГА САНААТА 2021-12-18 15:58:09 - ВИДЕО-ИНТЕРВЬЮ ГЛАВЫ СУНТАРСКОГО УЛУСА АНАТОЛИЯ ГРИГОРЬЕВА. (15.12.2021, с.Сунтар) 2021-12-15 11:09:25 - АНАТОЛИЙ ГРИГОРЬЕВ - О ПОСЛАНИИ ГЛАВЫ ЯКУТИИ 2021-07-22 02:10:29 - АНАТОЛИЙ ГРИГОРЬЕВ: "МЫ ЯВЛЯЕМСЯ СЕЛЬСКОХОЗЯЙСТВЕННЫМ УЛУСОМ, И ДИВИДЕНДЫ АЛРОСА ИМЕЮТ ОГРОМНОЕ ЗНАЧЕНИЕ В НАШЕМ БЮДЖЕТЕ" |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|