Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

Сельское хозяйство и АПК

Киин куораты бэйэ чэгиэн аһынан хааччыйар урбаанньыт-бааһынай

@Алексей Герасимов – Дьокуускай урбаанньыт-бааһынайа, “Фермер-Ас” дьоҕус тэрилтэ салайааччыта. Кини: “Биһиги киин куорат олохтоохторо киһи этигэр-хааныгар туох даҕаны буортулаах булкадаһыга суох, иҥэмтэлээх, дьиҥнээх бэйэ оҥоһуута астары атыылаһан аһаан, чэгиэн-чэбдик сылдьалларыгар кыһаллабыт”, – диэн киэн тутта этэр.

Биир-икки күнүнэн урбаанньыт буолбаккын, бүрүкүрээтийэ барахсаны хайдах даҕаны тумнубаккын.Алексей Петрович инньэ 2016 сылтан тэрилтэтин сурукка киллэртэрэригэр, сир быстаран докумуоннатарыгар, онтон база оҥосторугар элбэх күн-дьыл бараммыта. Эттэн астыыр сыах дьиэтин тутан, онно сөптөөх тэриллэри атыылаһан, бары силигин ситэрэн, бастакы бородууксуйатын 2019 с. таһаарбыта. Биллэн турар, үөһэттэн биир кэлтэгэй кэппиэйкэ көмөтө суох, барытын бэйэтин сиэбиттэн үп-харчы уган саҕалыыра ыарахан этэ. Үгүс ороскуоту көрсүбүтэ.

Кэлии, бэлэм бородууксуйаны, оҕуруот аһын, фруктаны атыылыыр эргиэмсиктэргэ куорат киинигэр миэстэ хайдах эрэ кэбэҕэс баҕайытык көстөр ээ. Өлөксөй эдэр эрдэҕиттэн көрдөһөрүн-ааттаһарын сөбүлээбэт, суҥхара сылдьыбат майгылаах. Кыра сааһыгар тулаайах хаалбыт киһи кимиэхэ даҕаны сигэммэккэ, бэйэтэ суол солонорун ордорбут буолуохтаах диэн бүтэйдии сэрэйэбин. Базатын олорор түөлбэтигэр, Гагарин уокуругар, тэриммитэ. Маҕаһыына, куорат кээмэйинэн, итинтэн чугас турар. Быйыл иккис маҕаһыынын туттан, бу күннэргэ арыйаары бэлэмнэнэр.

Сунтаар дьоно дьиэни-уоту тупсаҕайдык туталларынан сураҕыраллар. Өлөксөй эмиэ сүгэни-эрбиини илиитигэр ыллаҕына, уу тэстибэт гына ыпсардаҕына биирдэ астынар идэлээх. Сыахха киирдэххэ, ыал дьиэтин санатар эйгэлээх: аһыыр-сынньанар хостоох, уута-хаара барыта иһирдьэ баар. Үлэлиир усулуобуйа толору тэриллибит. Сыахха 6 киһи үлэлиир, ону тэҥэ маҕаһыыҥҥа 4 атыылааччылаах. Онон, дьоҕус тэрилтэ 10 киһини хамнастыыр. Илиилэригэр орто хамнаһы ылаллар.

Алексей Петрович үлэһиттэригэр: “Үлэлиир сиргит – эһиги дьиэҕит”, – диэн өйдөбүлү иҥэрбит. Сэбиэскэй саҕанааҕы курдук, кыһыл таҥаска үрүҥ кыраасканан суруллубут луоһуну манна эрэ көрүөххэ сөп. Холобур, “2022 сыл – тэрилтэбит үбүн-аһын кэмчилиир сыл” диэн. Баҕар-баҕарыма, ССКП XXVI сийиэһигэр генсек Л.И. Брежнев “Экэниэмикэ кэмчилээһиннээх буолуохтаах” диэбит этиитин санаан кэлэҕин. “Каадыр барытын быһаарар” диэн И.В. Сталин кынаттаах этиитин кытта иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, күн бүгүҥҥэ диэри биһигинниин аргыстаһа сылдьалларын итиэннэ бу өйдөбүллэринэн сирдэтинэр киһи ситиһиилэнэрин мэлдьэһэр сатаммат.

Саха киһитэ – этимсэх. Ол эрээри, ыал эрэ барыта күн аайы сыалаах этинэн эмсэхтэнэр кыаҕа суох. Чуолаан, бу сүөһүтэ-аһа суох куорат олохтоохторугар сыһыаннаах. Бииринэн, эт сыаната аһара ыараата. Иккиһинэн, куорат тэтимигэр үлэлии-хамныы сылдьар дьоҥҥо түргэнник буһарыллар ас олус абыраллаах буоллаҕа. “Фермер-Ас” онно сөп түбэһиннэрэн, эт полуфабрикаттары – бэлимиэннэри, кэтилиэттэри, тиэптэлилэри, варениктары, “розочкалары”, о.д.а. астаан таһаарар. Сылгы, убаһа этин ыыһыыллар. Убаһа этиттэн “Амтан ас”, “Гагариннааҕы” диэн халбаһылары астыыры баһылаабыттар.

Аска эти кытта бурдугу тутталларынан, мииҥҥэ кутуллар лапсаны уонна оруос бурдуктан галеттыҥы хаппыт, ол аата уһуннук дьүдэйбэккэ, түүнүгүрбэккэ сылдьар лэппиэскэни астыыллар. Саас-күһүн тыаҕа булка, балыкка барар дьон өйүөҕэ ылаллар, күнү быһа сиэпкэ укта сылдьан үссэнэргэ бэртээхэй ас үһү.

– Биһиги эрэкилээмэлэммэппит, – диир Алексей Петрович. – Ол оннугар дьон амтаһыйдаҕына, аспытын сөбүлээтэҕинэ күн, нэдиэлэ аайы атыылаһар усулуобуйаларын кыах баарынан тэрийэ-олохтуу сатыыбыт.

Бородууксуйабытын киин куоракка бэйэбит маҕаһыыммыт таһынан 200-тэн тахса эргиэн туочукатын кытта үлэлэһэн, атыыга таһаарабыт. Олор биһиги сыанабытыттан 30 бырыһыан үрдэтэллэр. Маҕаһыыннартан күннэтэ сайаапка киирэ турар. Күҥҥэ 250-350 киилэ араас көрүҥ оҥоһуктары астаан тарҕатабыт. Сыл устатыгар 47-50 туонна бородууксуйа оҥоһуллан тахсан, ыаллар остуолларыгар тиийэр, онон 12 тыһ. киһини хаачыстыбалаах аһылыгынан хааччыйабыт диэн ааҕынабыт.

Эт сыаната ыараатаҕына, сүрүн туттар сырьебут буоларынан, биһиэхэ тута биллэр. Охсор даҕаны. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эт сыаналааҕын ааһан, түргэнник бүтэр. Ол иһин сайын, күһүн эрдэ илин эҥээрдээҕи улуустартан атыылаһан хаһаанан баран, кыһыҥҥы өттүгэр Алтайтан, Новосибирскай диэкиттэн кууһунан ылабын. Сыалаах эттэн минньигэс ас тахсар. Бу сылларга булуутуттан-талыытыттан астааһыныгар, батарыытыгар тиийэ барытыгар бэйэм тус илиибинэн тутан-хабан, уопутуран, киһиргэһэ суох, эккэ үчүгэйдик быһаарсар буоллум.

Дьиҥнээх эт түргэнник хараарар, өлбөөрөр айылгылаах. Дьон биир үксүн билбэтиттэн бастакынан кытархай, тэтэркэй дьүһүннээх кэтилиэт үрдүгэр түһэр. Дьиҥэр, онтуҥ кырааскалаах, амтан-сыт тупсарардаах буолан, уһуннук кытаран-тэтэрэн сытар буоллаҕа. Ас-оҥоһук “үйэтин уһатаары” араас булкадаһыктары тутталлар. Элбэх булкаастаах оҥоһук сыаната чэпчэки буолара биллэр. Аска кэмчилээн баран, кэлин доруобуйалара айгыраатаҕына, эмкэ оннооҕор быдан элбэх харчыны ороскуотуруохтарын сорохтор санаабаттара хомолтолоох.

“Фермер-Ас” бааһынай хаһаайыстыба бородууксуйата “Бэйэ аһа” диэн суруктаах (логотиптаах) тахсар, тарҕанар. Тэрилтэ салайааччыта эппитин курдук, хайа күн үлэлиэхтэриттэн сөптөөхтүк аһааһын хайысхатын тутуһан кэллилэр уонна дьон албына-түөкэйэ суох астаммыт аһы аһаан, ыалдьыбакка-сүппэккэ, уһуннук уонна дьоллоохтук олороллоругар дьулуһаллар. “Ырыынакка ким чиэһинэйдик үлэлиир – ол тахсар”, – диир. Атастара-доҕотторо күөртээннэр, быйыл күһүн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийэр ас-үөл өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкатыгар бастакытын кытынна уонна “Үрдүк хаачыстыбалаах эт полуфабрикаттары астааһын иһин” номинация кыайыылааҕынан ааттанна.

Куонкуруска киирбит ас кимиэнэ буоларын тэрийээччилэр эрэ билэллэр. Лабораторияҕа анаалыстанарыгар уонна тутулуга суох экспертэртэн турар хамыыһыйа сыанабыл биэрэригэр нүөмэринэн кыттар. “Сүөһү этиттэн астаммыт “Дьиэтээҕи” диэн кэтилиэппит бастаата. Испэр, халбаһыларбар ордук эрэнэ саныыр этим”, – диэбитэ быыстапка кэнниттэн кэпсэтэрбитигэр. Тоҕо диэтэххэ, Гагарин түөлбэтин ааттатар халбаһытын 100 бырыһыан эттэн астыыллар.

Урбаанньыт-бааһынай: “Олохтоох асчыттар бэйэ-бэйэбитин күрэстэһээччи курдук көрбөккө, түмсэн-сомоҕолоһон, ким туохха үчүгэйинэн хардарыта маастар-кылаас бэрсэн, уопут атастаһыахпытын сөп этэ. Оччоҕуна эрэ бэйэбит аспыт кэлии эргиэмсиктэртэн көмүскэллээх буолуо ”, – диирэ оруннаах. Алексей Петрович дьыалатыгар докумуон-кумааҕы, суот-учуот өттүгэр улахан кыыһа Кристина уонна хаһаайыстыба күннээҕи түбүгэр уола Тускул үөрэҕиттэн быыс буллаҕына, көмөлөһөллөр. Онон, “Фермер-Ас” биисинэһэ дьиэ кэргэҥҥэ тирэҕирэр.

Подробнее: https://ulus.media/article/81979

2022-12-09 09:44:27

Всего просмотров: 231

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-05-29 04:03:14 - Бааһынай хаһаайыстыбалар биир идэлээхтэригэр санааларын уураллар

2023-12-02 04:58:05 - Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах Мэҥэҕэ тэрээһин

2023-07-17 15:02:27 - Нэһилиэнньэни сибиэһэй, хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйар

2022-12-09 09:44:27 - Киин куораты бэйэ чэгиэн аһынан хааччыйар урбаанньыт-бааһынай

2020-04-14 16:12:19 - ОФИЦИАЛЬНОЕ СООБЩЕНИЕ ПО ПОВОДУ СТАТЬИ В ГАЗЕТЕ «КИИН КУОРАТ»

2014-09-30 10:37:34 - Муниципальным газетам «Эхо столицы» и «Киин куорат» - 15 лет!

2013-04-29 17:12:50 - Куорат Думатын депутатыгар кандидаты таларга Айаал БУРЦЕВ кыайтарда

2012-12-15 09:49:38 - Дьокуускай куорат хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыны күүтэр

2012-07-31 13:41:26 - Айбардааһыннаах аныгы үйэ геройа – "Ваучер"

2012-02-28 14:54:05 - Киин куоратын сүтэрбит омук хотторор

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании