Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в мероприятиях, посвященных 200-летию Нюрбинского района

 

Сахалыы сыhыарыы

Дьокуускай куорат хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыны күүтэр

“Аартык.ру” интернет-хаһыат редакциятыгар Дьокуускай куорат Хонтуруоллуур-ааҕар палататын коллегиятын мунньаҕын боротокуола киирдэ. Коллегия мунньаҕа бу дьыл ахсынньы 6 күнүгэр тэриллибит. Көрүллүбүт боппуруостара:

1. “Дьокуускай куорат” Куораттааҕы уокурук муниципальнай баайын-дуолун бэрээдэгин учуоттуур бэрэбиэркэ түмүгэ. (Хонтуруоллуур-ааҕар палата аудитора Михайлова Н.Е. иһитиннэрэр).

2. Куорат бюджетыттан “Строительнай уокурук” управатыгар 2010-2011 сс. тыырыллыбыт үп уонна сүктэриллибит үлэ төһө көдьүүстээхтик туттуллубутун, барбытын бэрэбиэркэлиир түмүк. (Хонтуруоллуур-ааҕар палата инспектора Алексеев И.В. иһитиннэрэр).

3. 2010-2011 сс. кыбаарталлары тупсарарга бюджеттан тыырыллыбыт үп төһө оруннааҕын бэрэбиэркэлээбит түмүк. (Хонутруоллуур-ааҕар палата аудитора Мохначевскай иһитиннэрэр).

Аудитордар уонна инспектордар отчуоттарын түмүгэр, Дьокуускай куорат бюджетыттан көрдөрөн туран хас да мөлүйүөн таах “хаҥас халыйа” турара көстөр. Дьокуускай хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыҥҥа хаһан тиксэн оннун-туойун булара буолла...

***

Бастатан туран, бастакы боппуруоска – куорат баайыгар-дуолугар букатын даҕаны киһи иилэн ылбат балаһыанньата баарын аудитордар туоһулаатылар.

Куорат хаһаайыстыбата туох да учуота суох буолан уҥа-хаҥас айбарданарын эрдэ да сэрэйэр этибит. Ол гынан баран, аудитор хараҕынан көрдөххө, балаһыанньабыт өссө ордук “киһи булан ылан буккуйбат, буһаран сиэбэт” хааһытыгар-саламаатыгар тиийбитин көрөбүт. Маннык буккуурдаах күрүөтэ суох хаһааҕа, учуота суох далга ааһан иһэр сүүлүктэр көҥүл көччүйэллэрин эбээһинэстэринэн ааҕыналлара өйдөнөр. Бу иннинэ олорбут мээрдэрбит ыһыллыбыт-тоҕуллубут хаһаайыстыбаны сааһылаабакка "политиканан" эрэ үлүһүйбүттэрин түмүгэр, билигин муниципалитет төһө-хачча баайдааҕа да чопчу биллибэт буолбут.

***

2012 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Дьокуускай куорат Хонтуруоллуур-ааҕар палататын председателэ Баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларыгар департамен муниципалитет баайын төһө кырдьыктаахтык учуоттаан иһэрин бэрэбиэркэлиир дьаһал таһаарар.

Бэрэбиэркэһиттэр бэркиһиэхтэрин иһин, Департамент баайы-дуолу хайдах учуоттууру да билбэккэ олорор эбит. 2009 сыл муус устар 28 күнүгэр, баайы-дуолу учуоттуур бэрээдэги чуолкайдыылларыгар сорудахтаан Дума депутаттара балаһыанньа бигэргэппиттэр. Ол кэнниттэн 3 сыл ааста да, чиновниктар учуоттуур бэрээдэги олохтуохтааҕар оҥорботохтор даҕаны. Түмүк уһугар, муниципалитет баайа-дуола ханна хамсыырын ким да чопчу кыайан эппэт балаһыанньата үөскээбит.

Аудитордар уонна инспектордар: куорат дьиэтин-уотун, техникатын тэрилтэлэр бэйэ икки ардыдларыгар бэрсэллэрин-ылсалларын “тоҕо эрэ” докумуоннаабаттарын булбуттар.

Дьаһал бөҕөтө ылыллар да, олор эмиэ докумуоннаммакка таах халлааҥҥа хаһыы курдук халтай хаалан иһэллэр эбит. Дьаһалта үлэһитэ элбии-үксүү турар диибит. Оччотугар, тустаах үлэлэринэн дьарыктаммат специалист үөһээ специалист туохха нааданый диэн ыйытыы үөскүүр. Дьаһал докумуоннаммат буоллаҕына - олоххо киирбэт. Олоххо киирбэт дьаһал олоҕу тупсарбат.

***

Минфин куораттааҕы управлениетын отчуотунан, 2011 сылга муниципалитет 13 муниципальнай унитарнай тэрилтэлэргэ сыһыарбыт баайын-дуолун 885 471,32 тыһ. солкуобай сууммаҕа сыаналаммыт. Бу 13 МУТтан билигин 2 тэрилтэ моҥкурууттуур туруктаах: “Комфорт” МУТ Салайар хампаанньа уонна “Сир сулууспата” МУТ. Өссө биир тэрилтэ - “Мичээр” МУТ ыһыллан эрэр. Бу муниципальнай тэрилтэлэргэ бэриллибит 99 дьиэ-уот Департамент реестрыгар бастааҥҥы, билиҥҥи сыаната олох да ыйыллыбакка сылдьар. Өскөтүн бу сыаната биллибэт объектар тэрилтэ моҥукурууттуур, эстэр түбэлтэтигэр хайдах быһыылаахтык сыаналанан иэс суотугар атыыланыахтара биллибэт. Итини таһынан дьиэни-уоту приватизациялааһыҥҥа, “сыаната ыйыллыбатах” дьиэни ким баҕарар ханнык баҕарар “уруһуйдаммыт” сыанаҕа атыылаһар балаһыанньата үөскүүр.

Холобур, мэрия ДИОта “Глобус” ХЭТ чааһынай тэрилтэҕэ Каландарашвили 45 аадырыска турар 156,7 кв.м иэннээх дьиэни

1 кв. м

- 4,48 тыһ.солк. атыылаабыт (атыы-тутуу дуогабара №РОС-49-10 25.10.2007 с.). Дьиэ сыанатын “Профоценка” ХЭТ хантан ылан быспытын (№98-05 08.05.2007 с.) аудитордар өйдөөбөтөхтөр: тоҕо диэтэххэ, бу дьиэ хайдах туруктааҕа да биллибэт эбит, дьиҥнээх сыаната хаһан да докумуоҥҥа киллэриллибэтэх буолан, төһө-хачча барыстаахтык батарыллыбыта эмиэ биллибэт.

***

Департамент реестрыгар 127 бюджет, 36 казеннай, 3 автономнай учреждениелэр бааллар диэн испииһэктэммиттэр. Ол иһигэр былыр үйэҕэ эстибит тэрилтэ – “Столица” спортивнай-техническэй кулууп” МАУ эмиэ ахтыллыбыт.

Аны, олорор дьиэ фондатын сыанатын олус улаатыннаран сурулла сылдьарын булбуттар: квартира, хос приватизацияланна да, кэтэх бас билии буолбутунан сиэттэрэн муниципальнай баайтан-дуолтан таһаарыллыахтаах. Итинэн сибээстээн муниципальнай олорор дьиэ фондатын сыаната аччатыллыахтаах этэ да, ол оҥоһуллубутах.

***

Муниципальнай баай-дуол арендаланар харчыта бюджеккэ киириэхтээх. Этэ. Ону баара Департамент сорох арендаланар тэрилтэлэри реестргэ киллэрбэтэҕин түмүгэр, аренда харчыта ханна барара биллибэт буолан хаалбыт. Холобур, ИП “Литвинцева В.В.” Ленин проспегын 10-гар турар муниципальнай дьиэҕэ арендалаабыт. Литвинцева босхо куортамныыра дуу, бас быстар сыанаҕа дуу муниципалитет дьиэтин уларсара биллибэт.

Дьокуускайга офис куортамын сыаната 1 кв.м – 100 тыһ. саҕаланарын учуоттаатахха, быһыыта, баһаам харчы бюджеты таһынан куоттарыллар эбит.

Тэҥнээн көрүҥ – 2010 сыллаахха арендаттан киирэр үп – 159 598,7 тыһ. солк. эбит, онтон ***

2011 сылга, бу сыана эбиллэ турар кэмигэр, төттөрү 1 мөлүйүөнүнэн итээн – 158 443,6 тыһ.солк. буолбута өйдөммөт.

***

МУТ-лэр барыстарыттан куорат бюджетыгар төлүүр нолуоктара эмиэ улаатыахтааҕар 49,9 бырыһыан түспүт (2010 сыллаахха 1 056,2 тыһ. солк., 2011 с. 527,9 тыһ. солк.). Итини таһынан, аудитордар арендаҕа бэриллибит дьиэ бастааҥҥы, билиҥҥи сыаната ыйыллыбатын булбуттар. Оччотугар ким, хайдах, төһөҕө, төһө барыстаахтык дуу, чэпчэкитик дуу дьиэни-уоту арендалыыра эмиэ биллибэт.

Сорох-сорохтор аата эрэ арендалыыллар эбит. Холобур, ИП “Мамлеев Игорь Заурбекович” арендатын сыанатын төлөөбөтөҕө - 3 327,92 тыһ.солк. диэри мунньуллубут итиннэ эбии пенитэ – 3 200,38 тыһ.солк. диэн ааҕыллыбыт. Мөлүйүөнүнэн иэстээх куортамнаһааччы куорат бюджетыгар наада дуо?

***

Куортамнаһааччылар уопсайа Дьокуускай бюджетыгар – 57 192,10 тыһ. солк. (пеня – 38 739,67 тыһ.солк.) иэстээхтэр эбит (өссө бу реестргэ киирбит эрэ тэрилтэлэри аахтахха, төһө куортамнаһааччы арыыланан “умнуллан” хаалбытын аахпакка туран). Бу харчыга төһө-хачча дьыссаат, оскуола тутуллуоҕа хаалбытый?

***

Сир учуота хайдах оҥоһулларын, куорат олохтоохторо эттэринэн-хааннарынан билэллэр: ылар да уустук, сол курдук докумуоннатар да ыарахан. Итини сэргэ аудитордар сир ыларга уочаракка турар дьон ахсаана чуолкайа суоҕун ыйаллар. “Электроннай” диэн ааттаах уочаракка биир киһи, тэрилтэ хаста да киллэриллэ сылдьарын булаттаабыттар. “Уочараттара кэллэҕин ахсын” сир ылар дьон күлүктэригэр имнэнэн эрдэхтэрэ. Оттон уочарата сыҕарыйбат киһиэхэ ити сыанана аҕаабата биллэр.

***

Куорат хаһаайыстыбата оннун буллаҕына, сааһыланнаҕына эрэ куорат олохтоохторо арыый да инникибитин-кэнникибитин ситэн былааннаныахпыт, олохпут туруга халбаҥныа суоҕа.

“Иирбит аҕабыыт кумааҕытын” курдук докумуоннаах хаһаайыстыбаҕа ким баҕарар, хаһан баҕарар киирэн уорар-уччутар кыахтааҕын ааспыт сыллар ырылхайдык туоһулууллар.

***

Бу күннэргэ “Главстрой” Муниципальнай казеннай тэрилтэ салайааччыта О.М.НЕКРАСОВ бюджет харчытын ыскайдааһыҥҥа уорбаланан тутуллубутун иһиттибит.

Манна улахан төрүөтүнэн, Дьокуускайдааҕы Хонтуруоллуур-ааҕар палата бэрэбиэркэтэ буолбута саарбахтаммат. Бу мунньах 2, 3 пууннарын туһунан “Аартык.ру” аныгыс суруйуутугар сиһилии билиһиннэриэҕэ.

***

http://aartyk.ru/sakha/item/2163-dokuuskay-kuorat-ha%D2%BBaayystybata-da%D2%BBaltalaah-ha%D2%BBaayyny-k%D2%AF%D2%AFter

2012-12-15 09:49:38

Всего просмотров: 2260

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-10-13 06:12:57 - Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн

2024-05-29 04:03:14 - Бааһынай хаһаайыстыбалар биир идэлээхтэригэр санааларын уураллар

2023-07-30 16:17:51 - Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн бэриллэр судаарыстыба өйөбүлэ тыа сирин дьиҥнээх үлэһит дьонугар тиийбэт - эксперт

2022-12-09 09:44:27 - Киин куораты бэйэ чэгиэн аһынан хааччыйар урбаанньыт-бааһынай

2022-02-12 16:26:50 - «Бу Дьокуускай» биэриигэ: Саха сирин ойуурун түмэлигэр (11.02.22)

2020-04-14 16:12:19 - ОФИЦИАЛЬНОЕ СООБЩЕНИЕ ПО ПОВОДУ СТАТЬИ В ГАЗЕТЕ «КИИН КУОРАТ»

2018-12-20 09:51:29 - Александр АТЛАСОВ: “Сири сөпкө туһаннахха — тыа хаһаайыстыбата сайдар кыахтаах”

2017-11-18 07:03:39 - Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар төһүү буолуоҕа

2016-01-26 14:23:04 - Ил Дархан Егор БОРИСОВ тыа хаһаайыстыбатын туһунан саҥа сокуону дьүүллэһэргэ ыҥырыытын Госдума депутата Федот ТУМУСОВ өйөөтө

2014-09-30 10:37:34 - Муниципальным газетам «Эхо столицы» и «Киин куорат» - 15 лет!

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании