Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в мероприятиях, посвященных 200-летию Нюрбинского района

 

Сельское хозяйство и АПК

Александр АТЛАСОВ: “Сири сөпкө туһаннахха — тыа хаһаайыстыбата сайдар кыахтаах”

Дана СЕМЕНОВА

Саха омук быһыытынан уратыта, итэҕэлэ, аан дойдуну анаарыыта — тыа сириттэн тирэнэн тахсар. Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһаайан хаһан ыйаах-дьаһал ылыаҕын үгүс киһи кэтэспитэ.

Ахсынньы 11 күнүгэр 2024 сылга диэри үлэлиэхтээх тыа хаһаайыстыбатын сайдарыгар аналлаах Ил Дархан ыйааҕа таҕыста. Бэлиэр ыйааҕы ырытыы саҕаланна. “Аартык.ру” сэһэргэһээччитэ СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Павлович Атласов. Атласов миниистир дуоһунаһыгар бу сайын анаммыта, балаҕан ыйыгар бигэргэтиллибитэ.

-Александр Павлович, кэлэр биэс сылга тыа хаһаайыстыбатын сүрүн үлэтин хайысхата быһаарылынна. Саҥа тахсыбыт Ыйаах туһунан эн санааҥ?

— Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар аналлаах Ил Дархан Ыйааҕа, урут — 2013 сыллаахха ылыллыбыт Ыйааҕы салгыыр дьаһал буолар. Ону сэргэ иллэрээ сыллаахха, общественность ортотугар киэҥник дьүүллэһиллибит тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга анаммыт сокуону олоххо киллэрэргэ туһаайыллар.

Ахсынньы 11-гэр тахсыбыт саҥа Ыйаах сүрүн соруга — 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ оҥорбут аһынан-үөлүнэн хааччыныытын таһымын үрдэтиигэ аналлаах. Онно эт-үүт, оҕуруот аһа эрэ киирбэт, ас бары көрүҥэ дэлэйиэхтээх диэн этиллэр. Ыйаахха үс сүрүн суолга болҕомто ууруллар: сир-оҕуруот аһыгар, сүөһү иитиитигэр уонна переработкаҕа.

Маны быһаарарга кэккэ инвестиционнай өрүттээх дьаһал эмиэ баар. Холобур, мэччирэҥ, нүөлсүтүү, хоту сиргэ барсар үүнээйи сиэмэтин дэлэтии, техниканан хааччыйыы, хотон, сайылык, күрүө, сылгы базатын тутуу, сиилэс траншеятын, овощехранилищелары салгыы тутуу о.д.а. туһунан этиллэр. Ону сэргэ сүөһүнү искусственнайдык буоһутуу, саха сүөһүтүн элбэтии, сылгы собуоттарын ситимин улаатыннарыы уонна көтөр, сибиинньэни иитиитин өйөөһүн эмиэ киирэ сылдьар. Суол-иис, социальнай эбийиэктэр тутуулара, тыа сирин дьонун олоҕун таһыма үрдүүрүгэр, биллэн турар, кэлимсэ, ситимнээх үлэ эрэйиллэр. Ыйаахха көмөнү оройуоннар усулуобуйаларын учуоттаан туран онорууга болҕомто ууруллубут. Тыа хаһаайыстыбатын технологиятын тутуһуу, АПК производственнай эбийиэктэрин көдьүүстээхтик аттарыы, сири-уоту итиэннэ производство сүрүн көрдөрүүлэрин учуоттуурга цифровой технологияны киллэрэри Ыйаах ирдиир. Улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарыгар туһаайан мэччирэҥи уонна ходуһаны көдьүүстээхтик туһанарга болҕомто ууруллубута тоҕоостоох. Тоҕо диэтэххэ, сирбитин табыгастаахтык туһанар буоллахпытына эрэ, биһиги тыа хаһаайыстыбатын производствотын сайыннарар кыахтаахпыт. Бу Ыйаах — тыа хаһаайыстыбатын салаатын эрэ буолбакка, Саха сирин социальнай-экономическэй сайдыытын стратегиятын, инновационнай уонна цифровой сайдыытын, эрдэ тахсыбыт экологияҕа, үөрэхтээһиҥҥэ сыһыаннаах ыйаахтары сэргэ — бүтүн өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайдарыгар саҥа көҕүлээһини биэриэ диэн эрэнэбит.

-Сорох дьон “аһара баламат сыыппаралар” ыйаахха бааллар диэн этэллэр.

-Сыал-сорук хаһан баҕарар үрдүк буолуохтаах. Ол ону ситиһэргэ туох-ханнык дьаһал ирдэнэрэ Ыйаахха ыйылла сылдьар: сир оҥоруутуттан, сүөһү аһын иҥэмтэтин улаатыннарартан саҕалаан төһө техника наадата, ылыллыбыт бородууксуйаны харайар тутууларга тиийэ этиллэр.

-Үүтүнэн, үрүҥ аһынан өрөспүүбүлүкэ аны биэс сылынан 61% бэйэтин хааччыныахтаах диэн. Билигин хас бырыһыан хааччынабытый? -30%. 2024 сылга диэри этинэн, эт аһынан — 30, хортуоппуйунан — 66, оҕуруот аһынан – 51, сымыытынан 65%-ҥа диэри олохтоох бородууксуйанан хааччыллар таһымҥа тиийиэхтээхпит.

-Бу сылы хайдах түмүктээх көрсөөрү олороҕут? -РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары 35 хайысханан субсидия ыларга — 10, трансфертка — 1 сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Онтон 30 хайысхатыгар былааммытын толордубут. 5-э билигин анаалыстана сылдьар, тиһэх түмүгү тохсунньуга оҥоруохтаахпыт. -Ханнык салааҕа көрдөрүү намыһаҕый? — Таба, марал, коза, бараан төбөтүн ахсааныгар аччааһын баар.

-Табанан Госкомарктики дьарыктанар буолбатах этэ дуо? -Кинилэр боломуочуйалара буолан баран, үбүлээһинэ биһиги министиэристибэбитинэн барар, онон отчуотун эмиэ биһиги оҥоробут. Оттон коза, овца иитиитигэр, кэтэх хаһаайыстыбаларга ити кыыллар бааллар, онон федеральнай министиэристибэ син биир ити салааҕа эмиэ бэйэтин сыыппаратын-ирдэбилин түһэрэр.

-Сылгы ахсаана эмиэ түстэ?

-Ааспыт дьыл 2017-2018 сс. сылгыга хаһааҥҥытааҕар даҕаны ыараханнык ааспыта. Онон урут 35 тыһ. төбө эрдэ аһылыкка киирэр эбит буоллаҕына, былырыыҥҥы кыстыкка 85 тыһ. (2,5 төгүл элбэх) сылгы киирбитэ. Кулуннааһына элбэх этэ, онон төбө ахсаана эбиллибэтэҕэ.

-“Кыымҥа” саха сылгытын ахсаанын тэҥнээһин тахсыбыттааҕа, өрөбөлүүссүйэ иннигэр да уонна сэбиэскэй кэмҥэ да сылгы ахсаана биир кэм эбит диэн. Айылҕа баайа – айылҕа төһө биэрэриттэн тутулуктаах диэн түмүк оҥорбуттара баара.

-Сылгы, биллэн турар, айылҕаттан тутулуга улахан эрээри, киһи көрүүтүттэн-харайыытыттан эмиэ улаханнык тутулуктаах. Аһыыр сирэ, отун хаачыстыбата, эбии аһылыга – киһиттэн тутулуктааҕын барытын быһаарарга дьулуһуохтаахпыт. Быйыл 100-чэкэ сылгы базата тутулунна, ити үлэ салгыы барара былааннанар уонна 2024 сылга диэри эбии 200 база тутуллуохтаах. Мэччирэҥи таһынан, от үүнүүтүн үрдэтэргэ сири нүөлсүтүү, куурдуу – мелиорация үлэтэ күүскэ барыахтаах. 750 тыһ. га ходуһа сирдээхпититтэн 500-чэкэ тыһыынчатын эрэ туһанан олоробут. Элбэх сир дулҕа, лаҥха, талах буолла. Сорох сир ууга баран, бадараанныран турар.

-Ньурба Маалыкайыгар баар Ст.Васильев аатынан сылгы собуотун туруга хайдаҕый?

-Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ түөрт сылгы собуота баар. Ст. Васильев аатынан собуот — акционернай общество, билигин Ньурба улууһун дьаһалтата “казеннай” тэрилтэ оҥоруохха диэн туруорса сылдьар. Докумуоннарын, юридическай өттүн үөрэтэ сылдьабыт. Сылгы собуоттарыттан “Бөртө” хаһаайыстыба үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах. 1200-тэн тахса төбөлөөхтөр. Урут тэрийээччитинэн “Анаабыр алмаастара” АО этэ, билигин “Туймаада” ФАПК балансатыгар киирдэ. “Туймаада” ФАПК түөрт тэрилтэни ылла — “Бөртө” сылгы собуота, “Нөмүгү”, “Кладовая Олекмы” агрофирмалар уонна Хатастааҕы сибиинньэ комплексын.

-“Туймаада-Лизини” эмиэ ылбыт буолуохтаах? -“Туймаада-Лизинг” үбүн-харчытын балаһыанньата мөлтөх, “Туймаада” ФАПК хонтуруолугар уонна салайыытыгар киирдэ. Билигин балаһыанньатын көннөрөр үлэ бара турар.

-Ол аата ити тэрилтэлэргэ көрүллэр үп-харчы “Туймаада” ФАПКанан ааһар? -ФАПК – тэрийээччи, хонтуруоллааччы, оттон хаһаайыстыбалар урут үлэлээбиттэрин курдук, туох баар программаларга син биир министиэристибэни кытары быһаччы үлэлиэхтэрэ.

-“Нөмүгү” агрофирма дириэктэрин уларытар айдааны быһаардыгыт дуо? -Быһааран. Коллективы кытары сүбэлэһэн, олохтоох бэйэлэрин киһилэрин — Михайловы дириэктэринэн анаатыбыт.

-Оттон “сирбитин былдьаан атын урбаанньыттарга биэрэн эрэллэр” диэн үҥсүүлэрэ?

-Агрофирма улуус бас билэр сирин түүлэһэн үлэлии олорор. Муниципальнай бас билиигэ биһиги орооһор бырааппыт суох эрээри, Хаҥалас улууһун дьаһалтатын кытары анаан кэпсэтии барбыта. Билигин агрофирма да, улуус дьаһалтата да уоскуйан киһилии сиэринэн быһаарсан эрэллэр. Агрофирма бэйэтэ бас билэр эмиэ сирдээх.

-“Новай” совхозтан АЛРОСА аккаастанан эрэр дуо? -Кэпсэтии бара турар. Биһиги хааларыгар баҕарабыт. Уопсайынан, промышленнай хампаанньалары кытары тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар хаһаайыстыбалары кытары бииргэ үлэлиир ситими олохтуохпутун баҕарабыт. Холобур, “Анаабыр алмаастара” икки хаһаайыстыба бородууксуйатын барытын атыылаһан ылар. Бүлүү улуустарын хаһаайыстыбалара АЛРОСАны, “Сургутнефтегаһы”, “Транснефть”, “Газпром” хампаанньалары кытары үлэлииллэрин курдук кэпсэтии ыытабыт. Ил Дархаммыт хампаанньалар салайааччыларын кытары көрсөрүгэр ити боппуруоһу көтөҕөр. Инникитин бу кыаллыан сөп дии саныыбын.

-“Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныах этибит да сир суох” диэн этэр дьон бааллар. -Билигин хотон, сайылык, база тутуута да буоллун, модернизациялааһын да буоллун – сирдээх-уоттаах хаһаайыстыбыларга ыытыллар буолла. Бэйэлэрин кыахтарын хас да сыл дакаастаабыт хаһаайыстыбалары өйүүр ордук көдьүүстээҕэ көһүннэ. Кистэл буолбатах биирдиилээн чааһынай киһи табаар, бородууксуйа оҥороро, батарара уустук. Киһи кырдьан, сылайан сүөһүтүн эһэрэ эмиэ баар. Онон олохтоох бородууксуйа биир киһи туругуттан тутулуктамматын курдук, элбэх үлэһиттээх хаһаайыстыбалары сайыннарыахтаахпыт. Эһиилгиттэн дойду үрдүнэн тэриллиилээх хаһаайыстыбалары, кооперациялары өйүүр үлэ күүһүрээри турар.

-Аныгы “еврохотон” тутуутугар тохтоотоххо, балаһыанньа хайдаҕый? -Тутуллубут хотоннор бары үлэлии тураллар. Итэгэс-быһаҕас баар этэ, аһын-үөлүн, көрүүтүн-харайыытын улуус уонна нэһилиэк дьаһалтатын кытары бииргэ үлэлээн быһаардыбыт. Оттон бу соторутааҕыта үлэҕэ киирбит хотоннор астара-сирдэрэ баар хаһаайыстыбаларга тутулуннулар. Салгыы даҕаны итинник ирдэбилгэ олоҕуран хотон тутуллуоҕа. Сирэ, ото суох хаһаайыстыбаларга хотон тутарга субсидия аны бэриллибэт. Быйыл Мэҥэ Хаҥаласка уонна Бүлүүгэ “Туймаада” ФАПК бырайыагынан толору механизациялаах типовой хотон тутулунна. 120 миэстэлээх, тимир каркастаах, эркинэ — сэндвич-панель. Бу маннык хотон сыаната-хаачыстыбата биһиги усулуобуйабытыгар табыгастааҕа дакаастанна. Үчүгэйэ диэн сүөһүгүн элбэтэр буоллаҕына хаһаайыстыба бэйэтэ эбии самалык салҕаан иһиэҕин сөп. -Боруода сүөһүнү атыылаһан аҕалыы тохтоото быһыылаах?

-“Сахаагроплем” диэн племенной сүөһүнү дэлэтэр соруктаах саҥа судаарыстыбаннай тэрилтэ тэрилиннэ. Бу тэрилтэ урут искусственнай буоһатыыттан төрөөбүт ынах-сүөһү даннайдарын барытын компьютерга киллэрэн бүтэрдэ. Дьэ, ити кэнниттэн ол даннайдарга олоҕуран боруоданы тупсарыы үлэтэ барыахтаах. -Саха ынаҕын элбэтиэххэ диэн дьон туруорсар.

-Саха сүөһүтүн боруодата билигин 400-чэкэ төбөтө түөрт-биэс тирэх хаһаайыстыбаларга иитиллэн турар. Общественнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах саха ынаҕын элбээтиннэрэр туһунан программа суруйа сылдьабыт. Саха ынаҕа атын кэлии боруодалартан экономическай өттүнэн ыллахха барыстаах — икки төгүл аҕыйах оту сиир, аска талымаһа суох, үүтэ эмиэ икки төгүл хойуу, ыарыыга ылларбат ураты боруода. Бэйэбит айылаҕабыт оҥорон-чочуйан таһаарбыт боруодата буоллаҕа.

-Эдэр специалистары тыа сиригэр дьиэнэн хааччыйыы хайдах барарый?

-Программа үлэлии турар. Сылга ортотунан 400-500 специалист дьиэнэн хааччыллар. Ону таһынан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын уонна тыа хаһаайыстыбатын техникумун выпускниктара тыа сиригэр идэлэринэн үлэлии бардахтарына хамнастарыгар эбии төлөбүр көрөбүт. -Бюджеттан тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар 8 млрд көрүллэр этэ, эһиил хайдах буолуой?

-Былырыыҥҥы үбүлээһиммититтэн эһиилги бюджеппыт аччаабата. Ил Түмэҥҥэ бюджеппыт бастакы ааҕыытын ааһан аныгыс сессияҕа иккис ааҕыытыгар көрүллүөхтээх.

Источник: Аартык.ру - 17 декабря 2018 года: http://aartyk.ru/recommended/aleksandr-atlasov-siri-sopko-tuhannahha-tya-hahaajystybata-sajdar-kyahtaah/

СМ.ОРИГИНАЛ:

Александр АТЛАСОВ: “Сири сөпкө туһаннахха — тыа хаһаайыстыбата сайдар кыахтаах”

2018-12-20 09:51:29

Всего просмотров: 537

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-12-16 06:48:03 - Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

2024-12-13 14:06:16 - Алёна Атласова наградила победителей научного конкурса, посвящённого Году семьи в РФ

2024-10-13 06:12:57 - Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн

2024-10-10 19:34:10 - Александр Кошуков: "Собаки не должны быть хозяевами городов!"

2024-10-02 03:28:01 - Алёна Атласова приняла участие в работе круглого стола по теме «Реализация программы «Активного долголетия» – проблемы и пути решения»

2024-10-01 08:54:56 - Глава Якутии Айсен Николаев встретился с Президентом Республики Беларусь Александром Лукашенко

2024-09-14 01:32:46 - Александр Жирков: Ийэ дойдуга таптал төрүт түөлбэттэн саҕаланар

2024-09-12 00:56:53 - Александр Жирков: Тимири уһаарыы, тимири уһаныы бу тыйыс сиргэ саханы саха оҥорбута

2024-09-10 07:38:14 - Александр Сусоев о депутатской деятельности

2024-08-24 06:09:02 - Выступление Александра Жиркова на пленарном заседании Августовского совещания работников образования Республики Саха (Якутия) «Воспитание личности в едином образовательном пространстве»

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании