Сахалыы сыhыарыы
Дьон үчүгэйгэ талаһар эрээри...
...наар харчы суоҕуттан иҥнэр. Россия икки иэдээниттэн биирин бэҕэһээ Сайсары Парковай уулуссатын олохтоохторо быһаара сатаатылар.
Дьокуускай уулуссаларын туруга уос номоҕор киирэр. Кэлбит-барбыт ыалдьыттар куораппыт кирин-хоҕун, быылын-бадараанын сиилээн кэпсэл оҥостоллор.
Суолбут-ииспит бэтэрээ киһи уккуйбат туруктааҕын, өссө киин куорат кытыы кыбаарталларын олохтоохторо эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Саас-күһүн дьиэлэрэ ууга-хаарга баран, наар түүнүктээх салгынынан тыынан доруобуйаларыгар улаханнык оҕустараллар. Чалбах чаалыйар кэмигэр кыаммата-түгэммэтэ самнархай дьиэлэриттэн кыайан тахсыбат да кыһалҕаналлар.
Автобус тохтобулугар диэри хас да килэмиэтир бырыыны-бадарааны туораан барыахха диэтэххэ эрэһиинэ саппыкыттан ураты сэниэ эмиэ наада.
Сайсарыга киһи үөйбэтэх-ахтыбатах ааттаах уулуссалара кытары бааллар: 1-кы Академическай, 2-с, 3-с Академическай, Притузов, Кочнев, Сосновай, Парковой... Бары кэриэтэ кэтэх дьиэлэринэн кыстанан тураллар. Кэтэх хаһаайыстыба уруккуттан көйгөтүллэр буолан, кинилэр түөлбэлээн олорор уулуссаларыгар наар былаас илиитэ да, харчыта да тиийбэт.
Арай, быйыл Сосновай уулуссаны баһыттан атаҕар диэри кыһыл кумаҕынан кутан дэхсилээн кэбиспиттэр! Атын кытыы уулуссалар олохтоохторо хаһан да буолбатах быһыыны көрөн соһуйбуттар уонна ымсыырбыттар: "Биһиги туох куһаҕаннаахпытый?!" - диэн турбуттар. Управаларыгар барбыттар, айдаан тардыбыттар. Управалар "сосновайдарга" хайдах дьол тосхойбутун кэпсээбиттэр, "айдаан төрүөтэ дьокутааттан тахсыбытын" ыйбыттар.
Куорат Думатын дьокутаата Алексей ПЕТРОВКА Сосновай уулусса олохтоохторо тахсан уулуссабытын кулу диэн көрдөспүттэригэр, дьокутаат сүүрэн-көтөн кыһыл кумаҕынан куттарбыт.
Бэҕэһээҥҥи Парковой уулусса олохтоохторун көрсүһүүтүгэр Управа салалтата, коммунальнай өҥөнү көрөр тэрилтэлэр, Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа (СЭГХ) бэрэстэбиитэллэрэ уонна дьокутаат муһуннулар. Кырдьык, уулусса аанньа ахтыллыбатаҕа быданнаабыт.
Олохтоохтор тимирэн хаалбыт суолларыгар бэйэлэрэ харчы бырахсан, биир сиргэ кумах кутан дьогдьоппуттар. "Управа тугу оҥоруой, наар харчы суох аатырар" диэн кырдьаҕас эмээхсин сапсыйан кэбиһэр.
Дьон бастаан кыһыытын-абатын ыһыытаан-хаһыытаан таһаарда. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс дьокутааттарын кытары биир тыл булан, уулусса баһыгар-атаҕар ууну хачайдыыр мотуордаах носуос туруоруохха диэн сүбэлэстилэр.
Саамай куһаҕан учаастакка Алексей ПЕТРОВ бэйэтин күүһүнэн 4 массыына кумах куттарыам диэбитин үөрэ иһиттилэр. ПЕТРОВ тылыттан "ОДьКХ реформатын туһугар" общественнай хамсааһын тэриллэн эрэрин сэргии иһиттилэр. Хас да киһи онно киирэбит диэн туруннулар.
Хайыахпытый, коммунальнай кыһалҕа тыйыс дойдуга хас да бүк сүрүн суолталааҕын эппитинэн-хааммытынан билбит дьон буоллахпыт. Онон дьон бэйэтинэн быһаччы кыттыстаҕына эрэ ОДьКХ кыһалҕата быһаарыллыаҕын дьэҥкэ өйдөөн эрэр.
***
http://aartyk.ru/sobitiya/item/1519-don-үchүgeyge-talaһar-ereeri 2012-08-16 20:12:52 Всего просмотров: 1746 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2012-08-16 20:12:52 - Дьон үчүгэйгэ талаһар эрээри... 2012-07-17 23:25:52 - Роман ПРИХОДЬКО: "ДСКаны утарбаппын эрээри..." |