Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

Сахалыы сыhыарыы

Тиэрэ топпут тойоттор...

Туйаара НУТЧИНА

- Биһиги дьоммут кыратык үрдээтилэр, харчыланнылар да тоҕо ааттарын билбэт буола киэбирэн туралларый?

ТОҔО?

Софрон ДАНИЛОВ "Санаам туймуулара" диэн ахтыы кинигэтигэр "топпут саха" туһунан кэлэйэн суруйбуттаах. "Ычата кыра" диэн этии баар. "Тыһа кылгас" диэн эмиэ баар. Үчүгэй баҕайытык үлэлээн-хамсаан, тутан-булан, үүнэн тахсаллар... онтон ааттарын-суолларын, дуоһунастарын, саппыйаларын уйбакка төттөрү кэхтэн хаалаллар. Тоҕо манныгый? Историческай өйдөбүл диэн баар эбит буоллаҕына, баҕар сахалар Тыгын Дархантан саҕалаан чулуу дьоммут саҥа күөгэйэр күннэригэр тахсан истэхтэринэ бары кыргыллан хаалан, бу тумус туттуохтаах дьоммут хайдах дьоһуннук сааһырыахтаахтарын, кырдьыахтаахтарын, дьоҥҥо сыһыаннаһыахтаахтарын - норуот геннай өйүгэр ситэри арыллыбытах, ааҕыллыбатах лиис буолан - билиҥҥи ситиһиилээх сахаларбыт ситэр-хотор саастарыгар тиийэн кими үтүктүөхтэрин билбэккэ тиэрэ майгыланан хаалаллар дуо?.. "Геннай памятпытыгар суох - холобур оҥостуох сиэрбит суруллубатах", "хааммыт өйдөөбөт" диэн баран хаһааҥҥа диэри ыһыктына сылдьабытый? Киһи киһиттэн, норуот норуоттан үөрэниэхтээх этэ буоллаҕа.

***

Аныгы киһи ааҕара-көрөрө киэҥ, сырыыта-ыыра далааһыннаах. Ол гынан баран толкуйбут сырыыбытынааҕар кыараҕаһа сөхтөрөр.

Түҥ тайҕа быыһыгар саспыт быыкаай алаадьы алааска олорон өбүгэбит аан дойдуну анаарар кыахтааҕа, куйаары курдат көрөн сүүһүнэн сылларга туох буолуохтааҕын тобулу көрөрө. Оттон биһиги? Хомойуох иһин, үгүс дьокутааттарбыт, салайааччыларбыт Ленин болуоссатын икки дьиэтин икки ардыгар мунан хааллылар - ычалара ырааппата, ыырдара кэҥээбэтэ. Дьокуускайы Москубаны кытары ситимниир толкуйу тобулбакка олорон, "аан дойду оҥоһуутун" икки дьиэ икки ардыгар оҥороору буһуу-хатыы, дьүһүн-бодо...

1917 сыллаахха 20-чэлээх эрэ уолаттар аан дойду уларыйыытыгар кыттыһан, ону муоһулаан, киирсэн-кимэн норуоттарын туһугар өлө-тиллэ охсуспуттара. 20-ччэлээх уолаттарга государственнай мышление - толкуй баара! Оттон билигин бытыктарын быһа үктүөхтэригэр диэри кимниин-ханна, хайдах буолуохтарын даҕаны кыайан аттарар дьоҕура суох тойооску тойоттордоох олоробут. Күннэҕинэн олоруу, бу күн иһи тоторуу, тотон баран ааты умнуу, дьону-норуоту үрдүнэн көтүү... Хаһааҥҥа диэри? Бу маннык дьон туохха сирдиэхтэрэй, туохха угуйуохтарай? Кинилэри ким батыһыаҕай?!

***

Элбэх киһи Ил Дархан кириэһилэтин кээмэйдиир баҕалаах. Элбэх. Ол гынан баран ону уйар дьон элбэх дуо? Бу салыбырыы-илибирии, буола турар күннээҕи көрүнньүккэ илэмэ-салама сүүрэ сылдьар киһини Ил Дархан гынан өйгүтүгэр оҥорон көрөҕүт дуо? Ил Дархан бу дуоһунас эрэ буолбатах - бу НОРУОТУ батыһыннарар күүстээх, ылыннарар ыллыктаах санаалаах киһи буолуохтаах. Ирдэбил да аарымата, эппиэтинэс да сүдүтэ. Ону кыайыахха наада! Атын омуктар балысхан баайдарыттан - кэппиэйкэлэрин эрэ дьаһайарга анаан туруоруллубут эрээри, "барыта миэнэ эрэ" диэн түөһүн тиҥиргэтэ сылдьар киһи көҥү охсунуон сөп. Төһө өр доргутунара да биллибэт, анарааҥҥылар хаһан баҕарар "бара тат!" диэхтэрин сөп. Оччотугар бу киһи тугу гынар?

***

Мандат туһугар киирсиллиэхтээх. Ол өйдөнөр. Ол гынан баран киирсии даҕаны сиэрдээх, дьоһуннаах буолуохтаах. Сахалартан промышленность эйгэтигэр салайааччынан үлэлиир дьокутаат, Ил Түмэн мунньаҕар ойон тура-тура, күүһүнэн кыайбат киһитин кыйа-кыйа, күрүө намыһахтыы - маҥан баттахтаах оҕонньотторго кыыртыы саба түһэрэ - киирсии буолбатах. Ыраатан баран дьон кэтэҕиттэн "очко" ааҕынаары сарылыы-хаһыытыы олороро - киирсии буолбатах. Туора улууска тиийэн сири тиҥилэхтии-тиҥилэхтии баһылыктары "уураталыам!" диирэ - киирсии буолбатах. Баһылыктары кини аныыр да, ууратар да бырааба суох. Хаһан да харахтаабатах хандьытааттарын иннилэригэр илдьэн үҥүлүтэн баран - талбатаххытына таһы-быһа сатаммаккыт диэн сааныы - эмиэ киирсии буолбатах. Оннооҕор президент биир дьаһалы - докумуоҥҥа илии баттаабакка эрэ, ыйаах-уураах кумааҕыга таһаарбакка эрэ дьаһайар кыаҕа суох. Уон сылы быһа депутат аатын ылбыт улууһугар махтаныан оннугар, эбиитин кини сөмүйэтэ чолоҥолоотоҕун аайы суута-сокуона суох булгуччу толоруллан иһиэхтээх диэн быраабыланы кини тоҕо олохтуохтааҕый?! Президентэн үрдүктүк санаммыт дуо?!

..."Бааһынай" улуус дьоно "генерал" балыыҥкатыгар биир-биэс тыла суох бас бэринэллэрин төрүөтэ туохханый? Бу дьон хаһыаты, интернети аахпаттар, телевизоры көрбөттөр. Дойдуга, республикаҕа туох буола турарын билбэттэр. Кинилэргэ ким тыастаахтык үктэнэн киирбит, хаһыытыы-хаһыытыы остуолу сырбаппыт ол - БЫЛААС, ол - МУҤУР ТОЙОН. Оннук майгыларын уһаты-туора туһанан, бэйэлэрин түөлбэлэригэр миэстэҕэ тиксибэтэхтэр 20-ччэ сылы быһа 26,5 тыһыынча нэһилиэнньэлээх улууһу талбыттарынан булкуйа сырыттахтара. Туора дьону дьиэҕэ киллэрэн айбардатары атын саха улуустара абааһы көрөллөр. Оттон "бааһынайдарга" туттуохха-хаптыахха, барыларын ууратарынан куттуохха эрэ наада - ким баҕарар тиийэн көҥүл күөлэһийиэн сөп...

***

Киһи, салайааччы буоларга талаһар киһи - дьоһуннаах, нүһэр буолуохтаах. Тылы мээнэ ыһыктыбат, ыһыктыбыт да буоллаҕына сарсыныгар тиийэн сөһүргэстии түһэ сытан мэлдьэһиэ суохтаах. Дьону ытыктыахтаах, кырдьарын саныахтаах, сааһын билиниэхтээх, сарсыҥҥытын саныахтаах, уһуну-киэҥи толкуйдуохтаах.

...Көрүнньүккэ эрэ наадыйар буоллаҕына, баттаҕын өрө тараана-тараана таас өстүөкүлэ кэннигэр айаҕын аппакка олоруохтаах.

***

http://aartyk.ru/obshestvo/item/2942-tiere-topput-toyottor

2013-04-30 17:09:42

Всего просмотров: 2193

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2013-04-30 17:09:42 - Тиэрэ топпут тойоттор...

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании