|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице ЖКХ, энергетика В парламенте |
В парламенте Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа Наталья ПОПОВА 2022 сыл тохсунньу 25 күнүгэр Госдумаҕа «Публичнай былаас ситимигэр олохтоох бэйэни салайыныы уопсай бириинсиптэрин туһунан» федеральнай сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааспыта. Бу кэнниттэн сокуон барыла Арассыыйа эрэгийиэннэригэр икки сыл кэриҥэ үгүс дьүүллэһиини, ырытыылары ааста. Бу кэм устата субъектар сокуон барылыгар бэйэлэрин этиилэрин, уларытыыларын киллэрдилэр. Бу туһунан биһиги СӨ Ил Түмэнин судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьевы кытта көрсөн кэпсэттибит.
Владимир Михайлович олохтоох бэйэни салайыныы ситимигэр улуус баһылыгынан үлэлээбитэ. Ол иннинэ Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутааттыыр кэмигэр олохтоох бэйэни салайыныы 17 сокуонун ылыныыга тус бэйэтинэн үлэлэспитэ. СӨ баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларын миниистирин бастакы солбуйааччытынан үлэлии олорон баайы-дуолу олохтоох бэйэни салайыныыга бэриллиитин үлэтин сүрүннэспитэ. Онон кини олохтоох бэйэни салайыныы сокуонун ис тутулун бастакыттан үөрэппит, оҥорсубут уонна оройуон баһылыгынан үлэлии олорон бу сокуон олоххо киириитигэр чопчу үлэлэспит уопуттаах дьокутаат буоларын быһыытынан биһиги киниттэн дьоҥҥо быһааран биэрэригэр көрдөстүбүт.
– Владимир Михайлович, олохтоох бэйэни салайыныы биир тиһиктээх былаас ситимигэр көһөр реформатынан сибээстээн улуустар, нэһилиэктэр таһымнарыгар уларыйыылар киирээри тураллар. Манна дьон дьиксинэрэ, мунаарара элбэх
– Бу сокуон уопсай сүнньэ диэн 2020 сыллаахха Россия Конституциятыгар биир тиһиктээх былаас ситимэ дойдуга баар буолуохтаах диэн уларыйыы киирбитинэн сибээстээн 2021 сыллаахха Россия таһымыгар 414№-ээх субъектар былаастарын ситимин туһунан сокуон ылыллыбыта буолар. Онтон билигин олохтоох бэйэни салайыныы уопсай бириинсиптэрин туһунан сокуон ылыллан эрэр.
Соторутааҕыта – 2024 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Госдума судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуоннарга кэмитиэтэ тэрийбит оробуочай бөлөҕүн мунньаҕын Павел Крашенинников салайан ыытта. Манна ФС федеративнай тутулга, региональнай бэлиитикэҕэ уонна олохтоох бэйэни салайыныыга Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченко уонна РФ Госдуматын эрэгийиэннээҕи бэлиитикэтин уонна олохтоох салайыныыга Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Диденко кыттыыны ыллылар. Маны таһынан быһаччы бу сокуон барылыгар үлэлии сылдьар дьон кытыннылар. Бу мунньахха ыҥырыллыбыт субъектартан – Московскай уобалас, Крым, Татарстан, Свердловскай уобалас, Пермскай кыраай уонна Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылбыттара. Манна сүрүннээн ааптардар араас аналитиканы уонна сокуон ис барылын билиһиннэрдилэр уонна субъектар этиилэрин, боппуруостарын иһиттилэр. Ол иһигэр мин эмиэ бу дьүүллэһиигэ кыттыыны ыллым, кэккэ боппуруостарга ыйытыктары биэрдим, этиилэри киллэрдим.
Ол курдук, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кииннээһиҥҥэ, уокуруктар тэриллиилэрин механизмын туһунан, олохтоох бэйэни салайыныы боломуочуйатын туһунан, сири-уоту бас билии боппуруостарыгар уонна бюджет, налуок сокуонугар туох уларыйыы киирэрин чопчуластым. Тоҕо диэтэххэ, бу реформа биир сүрүнэ диэн күн бүгүн Россия үрдүнэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара дьиҥнээхтик боломуочуйаларын толороллоругар үптэрэ-харчылара тиийбэтин быһаарыы буолуохтаах. Саамай сүнньэ итиннэ сытар, хас да таһымнаах буоллун, саамай сүрүнэ – үпкэ-харчыга сытар. Ол иһин биһиги бу реформаттан саамай кэтэһэрбит диэн бюджет уонна нолуок законодательствота уларыйан олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара сөптөөх үптээх-харчылаах буолуохтаахтар, оччоҕо сайдыы барар диэн биһиги боппуруоһу туруорсабыт. Манна туһааннаах бэйэбит этиилэрбитин биһиги сокуон барылын дьүүллэһиитэ саҕаланыытыгар оҥорон киллэрбиппит. Бу мунньахха тыл этэрбэр бастакы ааҕыы кэнниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламена 9 этиини Госдумаҕа киллэрбитин аҕынным. Сүрүннээн биһиги этиилэрбит боломуочуйаны кытта сибээстээхтэр: субъект федеральнай таһымҥа тугу быһаарыахтааҕын, муниципалитет тугу быһаарыахтааҕын. Онно биһиги этиибитигэр үгүс боппуруостар субъект таһымыгар быһаарыллыахтаахтар диэн чопчулаан киллэрбиппит.
– Сокуон барылыгар киирбит ханнык көннөрүүлэри оробуочай бөлөх ылынна?
– Күн бүгүҥҥү туругунан бастакы ааҕыы кэнниттэн бэлэмнэммит сокуон барылыгар биһиги этиилэрбит улахан аҥардара – 5-6 көннөрүү учуоттанан ылыллан тураллар. Онно үс сүрүн түһүмэххэ көннөрүүлэри киллэрбиппит. Бастатан туран, тэриллиэхтээх уокурук организационнай, функциональнай, территориальнай чааһыгар киирбит этиилэр. Ол курдук, муниципальнай тэриллии кыраныыссаларын уонна кинилэр уларыйыыларын-тэлэрийиилэрин быһаарыы – олохтоох бэйэни салайыныы уонна субъект бэйэтэ эрэ быһаарар буолуохтаах диэн биһиги чопчу этии киллэрбиппит. Онон манна федеральнай уорганнар кыттыыларын сотуохха диэн. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын быһаарыы, хайдах структуралаах буолуохтааҕа эмиэ субъект таһымынан чопчуланыахтаах диэн этии киллэрбиппит. Аны туран, олохтоох бэйэни салайыныыга кэккэ уратылар бааллар, холобур, нэһилиэнньэ мунньаҕынан быһаарыллар боппуруостар бааллар, киэҥ иһитиннэриигэ тахсар (публичные слушания) боппуруостара бааллар. Онно күн бүгүн бэрт аҕыйах тиһик (перечень) киирэн турар, үс эрэ боппуруостаах, ону биһиги кэҥэтиэххэ наада диэн этэбит. Холобур, публичнай слушаниеҕа атын боппуруостар эмиэ дьүүллэһиллиэхтээхтэр – олохтоох бэйэни салайыныы кыраныыссатын боппуруоһа, муниципальнай тэриллии стратегиятын дьүүллэһии, баайы-дуолу дьаһайыы концепциятын дьүүллэһии боппуруостара.
Өссө биир улахан принципиальнай боппуруос баар – федеральнай сокуон быһыытынан 12 түгэннэргэ федеральнай таһымҥа эрэ ити уратылар быһаарыллыахтаахтар диэн сурулла сылдьар. Ити түгэҥҥэ биһиги сөбүлэспэппитин биллэрдибит. Тоҕо диэтэххэ, бу саҥа нуормаҕа суруйбуттарын быһыытынан быһаччы федеральнай сокуоҥҥа эрэ бу уратылар олохтонуохтарын сөп диэн. Федеральнай территорияларга, федеральнай суолталаах куораттарга, субъектар столицаларыгар, сабыылаах территорияларга, наукаградтарга, кыраныысса аттынааҕы территорияларга, Сколковаҕа, урутааан сайдар территорияларга. Онно биһиэхэ быһаччы сыһыаннааҕа – Арктика зонатыгар сытар муниципалитеттар уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх сирдэр (территории с низкой плотностью сельского населения). Ол аата биһиги 36 муниципальнай тэриллиилэээхпититтэн 29 маннык критерийгэ сөп түбэһэллэр. Ол эбэтэр бу сокуонунан эрэ буолбакка, атын да федеральнай сокуонунан эмиэ сүрүннэниэн сөп диэн өйдөбүл тахсан кэлэр. Ол иһин, биһиги бу пууну күүскэ утардыбыт, биитэр Арктическай зонаны уонна кыра нэһилиэнньэлээх сирдэри диэни сотон кэбиһиҥ, эбэтэр манна эбэһээт субъегы кытта сүбэлэһэн, сөбүлэһэн оҥоһуллуохтаах диэн эттибит. Муниципальнай тэриллии сокуон концепциятын быһыытынан булгуччу биир таһымнаах буоларынан, нэһилиэктэр таһымнарыгар депутатскай корпус диэн көрүллүбэтинэн сибээстээн общественнай, коллегиальнай уорган хайаан да баар буолуохтаах диэн туруорсабыт. Бу коллегиальнай уорган бэйэтэ туһунан боломуочуйалаах буолуохтаах. Холобур, бюджет кээмэйин, сметаны дьүүллэһэр, стратегияҕа этии киллэрэр, генеральнай былааны, сир боппуруостарын дьүүллэһэр уонна территориальнай уорган салайааччытын кандидатуратын киллэрэр курдук боломуочуйалаах буолуохтаах диибит. Ону эмиэ этии быһыытынан киллэрдибит. Бу сокуон барыла ахсынньы ыйга иккис ааҕыыга ылыллара сабаҕаланар.
Манна эбии этиэххэ наада, биһиги биир правовой государствоҕа олорорбут быһыытынан сүрүн боппуруостарбыт федеральнай таһымнаах сокуоннарынан сүрүннэнэллэр. Өссө төгүл этэбин, өрөспүүбүлүкэ парламена бу боппуруоһу элбэхтик дьүүллэһэн, элбэх этиилэри ырытан өссө 2022 сыл олунньутугар бэйэбит көннөрүүлэрбитин Госдумаҕа ыытан турабыт. Ол кэнниттэн билигин болдьоҕун икки төгүл уһаппыттарыгар хаттаан этиилэрбитин киллэрэн олоробут. Саамай сүрүн туруорсуубут – биһиги субъект элбэх боломуочуйаны бэйэтигэр ылан сүрүн боппуруостары бэйэтэ быһаарарын курдук бырааптанарын туруорсабыт. Иккиһинэн, биһиги этиилэрбитин иһиттилэр дии саныыбын. Олохтоох бэйэни салайыныы уоргана бэйэтэ чуолкай боломуочуйалаах эрэ буолбакка, кини үптээх-харчылаах буолуохтаах. Судаарыстыбаттан бэриллэр боломуочуйа эмиэ үбүлэниэхтээх диэн туруорсабыт, оччоҕуна эрэ саҥа сокуон толору үлэлиир кыахтаах. Манна сорох дьон нэһилиэктэр бюджета суох хаалаллар диэн дьону буккуйаллар. Күн бүгүн өрөспүүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрэ ортотунан 90 тахса бырыһыан дотацияҕа олороллор. Ол иһин биһиги сүрүн туоурсуубут – нормативтар уларыйыахтаахтар, налоговай, бюджетнай кодекс уларыйыахтаах, муниципалитет бэйэтэ дохуоттаах буолуохтаах диэн.
– Сокуон субъектарга биэрэр боломуочуйалара кэҥээбитэ туох көдьүүһү биэриэҕэй?
– Биллэн турар, дьон долгуйар боппуруостара элбэхтэр. Онно араас барыйаан баар, манна биһиги үчүгэйдик сүбэлэһэн баран бэйэбит ылынар сокуоннарбытыгар ону учуоттуохпутун наада. Биир үчүгэйэ диэн, сокуон киирэр быыһык кэмин (переходной период) уларытан биэрдилэр – 2035 сылга диэри. Ол кэмигэр ханнык дьайыылар барыахтаахтара болдьохтоох буолуоҕа. Бу сокуон үлэҕэ киириитэ 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн диэн. Ол иһигэр 2027 сыл олунньутуттан эмиэ кэккэ боломуочуйалар үлэҕэ киириилэрэ күүтүллэр. Итини биһиги өссө үчүгэйдик үөрэтиэхпит, ырытыахпыт уонна өрөспүүбүлүкэ туһатыгар хайдах ордугун быһаарсыахпыт.
Биири бэлиэтиэм этэ, биһиги бу сокуоннарбытын ылынарбытыгар сокуон балайда киэҥ боломуочуйаны субъектарга биэрэн эрэр, онон биһиги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр хайдах дьаһанарбытын туһааннаах салайааччылары, бэрэстэбиитэллээх уорганнар, муниципалитеттар дьокутааттарын, баһылыктары, общественнай тэрээһиннэри, уопуттаах бэтэрээннэри кытта сүбэлэһэн өрөспүүбүлүкэ, дьоммут-сэргэбит интэриэстэрин учуоттаан тураммыт олохтоох сокуоннары ылыныахпыт. Онон билигин МТ реформатын дириҥник толкуйдаан олоххо киллэриэхпит дии саныыбын. Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара тоҕо ити боппуруоска уһуннук толкуйдаан ылыммыттарай диэтэххэ, атын регионнар урутаан элбэх сыыһаны-халтыны таһаарбыттара. Ол түмүгэр үгүс эрэгийиэннэргэ, Арассыыйаҕа даҕаны оскуолалар, балыыһалар сабыллан нэһилиэктэр эстибиттэрэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит итиннэ бэрт мындырдык сыһыаннаһан, боломуочуйатын сааһылаан, сөптөөх сокуоннары ылынан, сирин-уотун харыстыыр сокуоннары бириэмэтигэр ылынан, оскуолаларын, кыра нэһилиэктэрин саптарбакка дьаһанан олохтоох бэйэни салайыныы сүүрбэттэн тахса сыл устата үлэлээн кэллэ. Нэһилиэктэргэ аныгы көстүүлээх кулууптар, успуорт саалалара, саҥа оскуолалар тутуллан син сайдыы хаамыытынан тэҥҥэ барсан иһэбит.
Онон урут да уларытыылар киирэллэрэ, олох хаамыытын сиэринэн син биир сокуоннар уларыйыахтаахтар. Саҥа сокуон син биир ылыллыаҕа. Биһиги боломуочуйабыт кэҥээбитин сөптөөхтүк туһанан, бэйэбит сокуоннарбытыгар эрэгийиэн уратытын киллэрэн, араас мэхэниисимнэри туһанан сыыйа-баайа киирэн иһиэхпит. Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы биир ситимигэр киирэригэр урукку уопутун тутуһан, бастатан туран нэһилиэнньэтин, дьонун-сэргэтин интэриэһин учуоттаан туран бэйэтин сокуоннарын ылыныаҕа.
Бу сокуон концепцията биир таһымнаах олохтоох бэйэ салайыныытыгар киирии, ону уларытыы кыаллыбатын өйдүү-өйдүү дьону буккуйуу табыллыбат. Биир судаарыстыба иһигэр олорорбутун умнумуохха. Сүрүнэ – биһиги бу балаһыанньаҕа тугу гыныахтаахпытый, хайдах дьаһанаыахтаахпытый диэн үчүгэйдик толкуйдаан сыыйа киирэн иһиэхпит. Нэһилиэк бэйэтэ административнай единица быһыытынан хаалыа, хас нэһилиэк ахсын территориальнай уорган тэриллиэ, нэһилиэк дьаһалтатын салайааччыта, специалистара хаалыахтара, нэһилиэккэ тиийэр үп-харчы билиҥҥиттэн итэҕэһэ суох бэриллиэҕэ, социальнай объектары – оскуолалары, оҕо уһуйааннарын, балыыһалары, культурнай-спортивнай дьиэлэри, суолу-ииһи, уоту, гааһы өрөспүүбүлүкэ бэйэтин үбүн суотугар былаан быһыытынан тутуоҕа.
Баһылыктар, салайааччылар эппиэтинэстэрэ үрдүө, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһунан дьарыктананалларыгар эбии кыах үөскүө. Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр үлэлээбит сорох мэхэниисимнэр киирэллэр – ол барыта куһаҕан буолбатаҕа.
Ил Түмэн пресс-сулууспата - https://iltumen.ru/news/26078 2024-11-30 06:46:18 Всего просмотров: 48 Ссылки по ключевым словам:
2024-12-18 06:26:29 - Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным 2024-12-10 09:12:19 - Владимир Прокопьев: Переход на единую систему публичной власти будет проходить поэтапно 2024-11-30 06:46:18 - Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа 2024-11-30 05:41:22 - Афанасий Владимиров: Цель НПК - передать молодым наследие хангаласских родов через время и пространство 2024-11-01 10:09:38 - Афанасий Владимиров встретился с участниками II Николаевского форума в Якутии 2024-10-17 11:46:04 - В Якутии состоялся открытый разговор с депутатом ГосДумы Владимиром Бурматовым 2024-10-14 11:21:40 - Ученые ЯНИИСХ ФИЦ "ЯНЦ СО РАН" получили высокую оценку на "Золотой осени" 2024-10-13 00:25:28 - ПОЗДРАВЛЕНИЕ ВЛАДИМИРА ПУТИНА С ДНЕМ РАБОТНИКА СЕЛЬСКОГО ХОЗЯЙСТВА И ПЕРЕРАБАТЫВАЮЩЕЙ ПРОМЫШЛЕННОСТИ 2024-10-10 09:37:27 - Афанасий Владимиров провел заседание постоянного комитета по государственному строительству и законодательству 2024-09-27 07:47:49 - В Якутске почтили память Владимира Ларионова |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|