Сахалыы сыhыарыы
Ил Түмэн вице-спикерэ: «Еремеев бириигэбэрэ сиэрэ суох кытаанах»
Ыччат ыһыаҕынан сибээстээн суруналыыстар Бүлүү эҥээр сытар улуустар кииннэрин: Бэрдьигэстээҕи, Үөһээ Бүлүүнү, Бүлүүнү, Ньурбаны уонна Сунтаары кэрийэн кэллибит. Ыһыах ыһыаҕынан, луоһун луоһунунан, оттон дьиҥ олоххо ыччаттар социальнай өттүгэр төһө көмүскэллээхтэрин көрө-истэ. Биэс күн толору хартыынаны биэрэр диир сатаммат эрээри, син, саба быраҕан туох ханнык үлэ ыытыллара көһүннэ. Ити туһунан сиһилии аныгыс нэдиэлэҕэ суруйуохпут. Арай, айан быыһыгар ким, хайа киһини көрсүбүппүтүттэн быһа тардыылары биэрэбит.
Сунтаарга айаннаары, Олоҥхо ыһыаҕар Мииринэйдээн иһэр Ил Түмэн вице-спикерин Александр Жиркову көрсөн кэпсэттибит. Александр Николаевич Ньурбаҕа ыытылла турар Ыччат ыһыаҕынан эдэр дьону эҕэрдэлээтэ. «Төрүт тылы, үгэһи билэргэ маннык улахан таһымнаах, өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин түмэр ыһыахтар ыытыллаллара хайаан да наада. Суол-аат, чыын-хаан эрэ туһугар түмсүбэт, дьиҥнээх дойдуларын, норуоттарын туһугар түмсэр ыччат бэйэ-бэйэлэрин булустаҕына, кэнэҕэс олохпут-дьаһахпыт тупсуо», -- диэн эрэннэ. Ону таһынан, ыччат социальнай көмүскэлигэр Ил Түмэн улахан суолта биэрэрин, ити хайысхаҕа үлэлиирин эттэ.
- Ыччат политикатыгар министиэристибэ ыыппыт эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйар программа, дьиҥинэн, улахан суолталаах дьаһал этэ. Кими эрэ сууттаабыттарын туһуттан бу программа тохтоон хаалара табыллыбат... Бу дьыаланы (урукку ыччат миниистирэ А.И.Еремеев холуобунай дьыалата – аапт.) өссө Үрдүкү суут көрүөхтээх. Үрдүкү суут атын бириигэбэри таһаарыа диэн эрэнэбин. Дьон-сэргэ даҕаны бастакы суут быһаарыытын ылыммата.
Суут систиэмэтэ бэйэтэ туспа сокуоннаах, быраабылалаах. Буруй дьиҥнээх, олохтоох түбэлтэтигэр ханнык баҕарар тыйыс уурааҕы, бириигэбэри уопсастыбаннас хайдах баарынан ылынар үгэстээх. Оттон бу суут уурааҕын (А.Еремеев уонна П.Семенов дьыалаларыгар – аапт.), мин саныахпар, дьон-норуот ылыммата. Тус бэйэм Алексей Еремеевы коррупционер, хааһына харчытын ыскайдааччы курдук көрбөппүн.
Оттон ыччат социальнай көмүскэллээх буоларын туһугар санаам диэн: билигин үлэлиир араас дьиэнэн хааччыйыы программаларыгар («Пилотнай» бырайыак да буоллун), чуолаан, тыа сирин ыччата киирсэрин курдук, ирдэбили арыый сымнатыахха наада.
(Кыым.ру - 02.07.11) 2011-07-04 09:39:35 Всего просмотров: 2422 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-08-18 00:25:05 - В Нюрбе состоялось официальное открытие II Республиканского молодежного фестиваля «Түмэр түгэн» 2024-01-27 12:58:54 - Алексей Еремеев встретился с вице-спикерами Совета Федерации по вопросу строительства республиканской клинической инфекционной больницы 2023-01-21 14:02:47 - Алексей Еремеев Нам улууһун 2022 сыллааҕы түмүгүн таһаарыытыгар кытынна 2022-11-22 06:20:18 - Аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолалар дьылҕаларын Ил Түмэн бэйэтин көрүүтүгэр ылла 2022-09-06 07:52:27 - Алексей Еремеев встретился с вице-спикером парламента Башкортостан Тамарой Тансыккужиной 2022-04-19 14:08:09 - Глава Якутии Айсен Николаев провел рабочую встречу с вице-спикером Совета Федерации по вопросам развития Арктики 2022-04-11 14:17:11 - Вице-спикер Ил Тумэна Антонина Григорьева встретилась с избирателями в Нюрбинском районе 2022-03-18 12:38:55 - Вице-спикер Ил Тумэна Антонина Григорьева встретилась с избирателями в Нюрбинском районе 2022-02-12 16:26:50 - «Бу Дьокуускай» биэриигэ: Саха сирин ойуурун түмэлигэр (11.02.22) 2021-10-10 14:52:44 - ВИЦЕ-СПИКЕР ИЛ ТУМЭН ГРИГОРЬЕВА ВЫСОКО ОЦЕНИЛА КАЧЕСТВО И ТЕМПЫ ВОССТАНОВЛЕНИЯ СЕЛА БЯСЬ-КЮЕЛЬ |