Сахалыы сыhыарыы
Орджоникидзе болуоссатын Ойуунускай аатыгар уларытыаҕыҥ
Марианна ТЫРТЫКОВА
«Сомоҕолоһуу» хамсааһын хос бэрэссэдээтэлэ Валерий Луковцев көҕүлээһининэн, ХИФУ библиотекатын научнай саалатыгар 2013с. бэс ыйын 14 күнүгэр «Сомоҕолоһуу» общественнай хамсааһын салайааччылара А.В. Егоров, А.В. Жураковскай көлүөнэ көрсүһүүтэ диэн санаанан салайтаран, билиҥҥи эдэр ыччат лидердэрин: «Одун», «Сайдыс», «Түмэн», «Киберсаха» общественнай хамсааһын, КПРФ баартыйа эдэр чилиэннэрин кытта көрүстүлэр.
90-ус, 2000 сс. устудьуоннар ортолоругар, сэргэх Сэргэлээххэ тутуу этэрээттэрин, үлэ биржатын тэрийэн үлэлэппит дьон саҥа үйэ ыччатын кытта бүгүҥҥү сытыы боппуруостарга санааларын үллэһиннилэр. Холобур, болуоссаттарбыт ааттара ааспыт үйэҕэ, өрөбөлүүссүйэ саҕана Дьокуускайга аҕыйах ый, сыл үлэлээн-хамсаан, олорон ааспыт, эбэтэр Саха сиригэр олох да сылдьыбатах, сыһыаннара суох дьон ааттарын сүгэр. Бэйэбит чулуу дьоммутунаа±ар ордук ірі тутан кµн бµгµІІэ диэри µйэтитэн, куораппыт саамай килбэйэр киинигэр, хабайар хаба ортотугар Орджоникидзе болуоссаттаахпыт, чекист Дзержинскэй, террорист Халтурин, Орджоникидзе уулуссалаахпыт, тоҕо эрэ, күннээх Кавказка саха дьонун аатынан киин болуоссат, уулусса баара биллибэт.
90-ус сыллартан саҕалаан, айар, научнай интеллигенция, ыччат түмсүүлэрэ саха бастыҥ дьонун аатын үйэтитиэҕиҥ диэн этиилэри куорат салалтатыгар киллэрбиттэрэ. «Оржанкаҕа» уопсастыбаннас туруорсуутунан Ойуунускайга пааматынньык туппуттара, быйыл Ойуунускай тіріібµтэ 120 сыла бэлиэтэнэринэн Орджоникидзе болуоссатын эмиэ итинник ааттаах улахан уулусса баарынан сибээстээн, аатын уларытан, саха дьонугар улахан өҥөлөөх Былатыан убайбыт аатын иҥэриэҕиҥ диэн этиини мустубут дьон араастык ылыннылар. Ону таґынан іріспµµбµлµкэ 100 сылын кірсі Ленин болуоссатын аатын пааматынньык турар іттµгэр хаалларан баран, Ленин проспегын утарыта іттµн Јріспµµбµлµкэ болуоссата диэн ааттыырга µлэлиэ±иІ, 203 микрооройуону Аан Дархан микрооройуона диэн ааттыырбыт судаарыстыбаннаґы бі±іргітір хардыыбытынан буолар диэн СЈ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Валерий Луковцев салгыы этии киллэрдэ. Туймаада туоната киэҥ, болуоссат аатын атын киһиттэн былдьаан ылбакка, Ойуунускайы ытыктаан, улуу киһиэхэ туһунан болуоссат тутуохха наада диэн Ил Тµмэн депутата, хомуньуус В.Куличкин санаатын эттэ. Эдэр ыччат Оржанка оннугар Ойуунускай болуоссатын өйүүбүт дэстилэр, ким эрэ сир-дойду аатын уларытан, норуот олоҕун тупсарбаккын дэстилэр.
Холобур быһыытынан эттэххэ, билигин тыа сиригэр ынах-сүөһү көрүүтүнэн ортотунан 65 саастаах дьон дьарыктаналлар. Эдэр ыччат бары куоракка талаһаллар. Аны аҕыйах сылынан 65-тээх дьон өссө кырыйдахтарына, тыа сиригэр саха төрүт үгэһинэн дьарыктанар дьоммут суох буолуохтара, оччоҕо куорат олохтоохторун ким сибиэһэй этинэн-үүтүнэн хааччыйар? Куорат сахатын улахан аҥаара бары тыа сириттэн төрүттээх дьон ийэлэрин-аҕаларын, эбэлэрин-эһэлэрин дьарыгын салҕыахтарын баҕарбаттар, ким да хотоҥҥо тахсан, ынах көрүөн баҕарбат. Ынах-сүөһү көрүүтүгэр көлүөнэ сатаан солбуллубат кутталга киирдэ. Тыа сиригэр үлэтэ суох дьон тимир суол тилигирээн кэллэҕинэ кэлии омуктарга кэппиэйкэҕэ аһыыр эрэ туһугар сирдэрин атыылыахтара, дьэ, оччоҕо, аны аҕыйах сылынан саха киһитэ омуктарга баһыйтардаҕына, төрөөбүт дойдутугар атарахсытыллар, көйгөтүллэр кутталга киириэн сөп. Бу сытыы кыһалҕа билигин былаас болҕомтотугар киириэн наада диэн эттилэр.
Кэм-кэрдии устара түргэн, быґыы-майгы уларыйан иґэр. Дьокуускайга баар Ленин болуоссатын пааматынньык өртүн Ленин скверэ, Бырабыытылыстыба дьиэтин өртүн Өрөспүүбүлүкэ болуоссата диэн СР Духуобунаһын Академията урут киллэрбит этиилэрин өйүөххэйиҥ, саҥа 203 Дархан микрооройуон диэн ааттыаххайыҥ диэн этиини µгµстэр ійіітµлэр.
Тыа сиригэр ынах-сүөһү тутабыт даҕаны, куоракка ыраах Бразилияттан, Аргентинаттан хас да муораны, сүүрбэттэн тахса дойду кыраныыссатын туораан кэлбит эти, бороһуок үүтү чэпчэки сыанаҕа атыылаан, дьон доруобуйатын кэбирэтэллэр. Итиччэ ыраахтан буортуйбакка кэлэр эккэ омуктар бэйэлэрэ сиэбэт буолан, тугу-тугу буккуйалларын ким да билбэт, сыаната чэпчэки диэн, куорат сахалара, хата үөрэ-көтө атыылаһарбытын билэбит. Маны болҕомтоҕо ылан, бэйэбит дойдубут ынаҕын этин, µµтµн өрө тутан, нэһилиэнньэни экологическай өртүнэн ыраас олохтоох бородууксуйанан толору хааччыйары ситиһиэххэ наада диэн Валерий Луковцев тоһоҕолоон эттэ.
Ыччат, эдэр дьон аҥардас көрүнэн-нарынан, кҕрүнньµк тэрээһиннэринэнүлүһүйбэккэ, дьон-сэргэ, ордук тыа сирин кыһалҕатыгар кыттыһан, омук кэскилин туһугар үлэлиирэ, кыһаллара наада. Урукку тутар этэрээттэр, ыччаттар, студеннар үлэлэрин биржатын уопутугар тирэҕирэн үлэни-хамнаһы күүһүрдүөххэ, Ыччат министерствота ону көҕүлүҕхтээх диэн 90-нус сылларга «Эдэр сааһы», оперативнай этэрээти, волонтерскай хамсааһыны, үлэ биржатын тэрийбит Александр Жураковскай этии киллэрдэ. Төрүт итэҕэлбитигэр сөптөөх болҕомтону ууран, киин куораппытыгар баар атын итэҕэл дьиэлэриттэн итэҕэһэ суох Айыы итэҕэлин дьиэтин тутарга бары бүттүүн турунуоҕуҥ диэн.
Ити курдук, 90-ус, 2000, 2010сс көлүөнэ дьоно биир сиргэ түмсэн, санаабытын атастаһар буолуоххайыҥ диэн бары бу көрсүһүүттэн астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Источник: aartyk.ru
2013-06-24 06:26:23 Всего просмотров: 1705 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2023-11-13 02:36:58 - Төгүрүк остуолга Былатыан Ойуунускай айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ суолтатын ырыттылар 2021-07-17 06:51:04 - Главе Якутии представлен проект реконструкции площади Орджоникидзе 2014-06-28 10:15:29 - На площади Орджоникидзе зацвела живая цветочная стена 2014-05-10 08:58:02 - Сгорел жилой дом по ул. Орджоникидзе, жильцы подозревают поджог 2013-06-24 06:26:23 - Орджоникидзе болуоссатын Ойуунускай аатыгар уларытыаҕыҥ
2013-03-21 17:59:01 - Утвержден проект реконструкции площади Орджоникидзе 2012-07-13 13:55:44 - Сегодня супершоу газеты «Жизнь Якутска» на площади Орджоникидзе 2012-04-07 09:55:23 - СЕГОДНЯ С 12 ЧАСОВ НА ПЛОЩАДИ ОРДЖОНИКИДЗЕ СОСТОИТСЯ МИТИНГ ПРОТИВ ПРОИЗВОЛА И КОРРУПЦИИ В ПРАВООХРАНИТЕЛЬНЫХ ОРГАНАХ 2011-05-12 01:36:07 - Ленин болуоссатыгар тахсыбыт миитин 2010-06-14 21:19:30 - ДАЕШЬ «ГРАНД-СИТИ» НА ПЛОЩАДИ ОРДЖОНИКИДЗЕ! (Послесловие к материалу про грозящий снос ТЦ «Московский»)
|