Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

В парламенте

Төгүрүк остуолга Былатыан Ойуунускай айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ суолтатын ырыттылар

@Саха литературын төрүттээбит улуу суруйааччы, саха норуотун духуобунай сирдьитэ, Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл, лингвист-учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бара тураллар.

Сэтинньи 11 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр «Саха омук салбырҕастаах санаатын, саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ» диэн төгүрүк остуол тула дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии буолан ааста.

Тэрээһиҥҥэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччылара Сергей Местников, Анатолий Семенов, норуот дьокутааттара, Таатта улууһун дэлэгээссийэтэ, учуонайдар, суруйааччылар, суруналыыстар, архыып үлэһиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ общественноһа кыттыыны ыллылар.

Төгүрүк остуолу тула кэпсэтиини Таааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин салайан ыытта.

Алексей Еремеев Саха Автономиятын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха чулуу уола П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолбутунан мустубут дьону ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ. Кини бэйэтин этиитигэр Былатыан Ойуунускай дойдубут инники сайдыытыгар общественнай, политическай, историческай оруолун, сүдү суолтатын арыйан кэпсээтэ.

«Кини чугас доҕоро М.К. Аммосовтыын оччотооҕу кимиилээх-киирсиилээх уустук быһыыга-майгыга Саха сирин судаарыстыбаннаһын туруулаһан туран туруорсубуттара. Кистэл буолбатах, автономия буолбакка уобалас буолуохтаах диэн хамыыһыйа чилиэннэрин ортотугар утарылаһар дьон балайда бааллар этэ. Ону П.А. Ойуунскай Автономнай өрөспүүбүлүкэ буолуохтаах, билигин буолбатаҕына уонна хаһан диэн эппит. Ону доҕоро М.К. Аммосов хаба тардан ылан биһиги Иркутскай уобалаһыттан тахсаммыт, Якутскай Автономнай өрөспүүбүлүкэ буолуохтаахпыт диэн күүскэ туруорсаннар саха судаарыстыбаннаһын олохтообуттара. Ол кытаанах киирсиилээх кэмнэргэ М.К.Аммосов Москваҕа баран автономияны туруорса сырыттаҕына саамай эркин курдук эрэнэр киһитэ уонна киниэхэ докумуоннарын, сийиэс уураахтарын ханан да халбаҥнаабат гына үрдүк таһымнаахтык оҥорон, бэлэмнээн ыытар уонна эркин курдук эрэнэр киһитинэн П.А. Ойуунускай этэ. Билигин анааран көрдөххө, Саха сирин судаарыстыбаннаһын хорсуннук туруорсар кэмнэригэр Платон Ойуунускай 29-х, оттон Максим Аммосов 25 эрэ саастаахтара! Кинилэр доҕордоһуулара номоххо киирбит доҕордоһуу буолар. Онон Намнар уонна Таатталар Сэбиэскэй былаас саҕаттан ыкса алтыһан, доҕордоһон, араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри бииргэ ыытан күн бүгүҥҥэ диэри ситимнэрин сүтэрбэккэ кэллилэр.

Платон Алексеевич Ойуунускайы биһиги автономияны төрүттэспит, салайбыт бастакы салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка, биһиги кинини сахалартан бастакы учуонай-лингвист, саха литературатын төрүттээбит, саха бастакы суруйааччыларын норуокка киэҥник таһаарбыт диэйэтэл быһыытынан билэбит. Кэлин кини наука кыһата, үөрэхтээһин норуот быһыытынан сайдыыбытыгар улахан суолталааҕын өйдөөн тылы, литератураны үөрэтэр, чинчийэр, харыстыыр институт тэрийбитэ. Ол институт кэлин улаатан, бөдөҥөөн тылбытын, литературабытын, олоҥхобутун, историябытын чинчийэр, үөрэтэр, тарҕатар улахан институт буола үүммүтэ. Санатан эттэххэ, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ саха норуотун баара-суоҕа 4 эрэ бырыһыана ааҕар-суруйар кыахтаах этэ.

Бу саас биһиги Тааттаҕа Чөркөөххө тахса сылдьан П.А.Ойуунускай аатын сүгэр Судаарыстыбаннас түмэлигэр сылдьыбыппыт. Хомойуох иһин мусуой туруга соччото суох, эргэрбит, ону чөлүгэр түһэриигэ, сэргэхситиигэ былаан оҥорбуппут. Ол үлэ билигин бара турар. Ороскуотун сметата оҥоһуллан бүттэҕинэ Хатырыкка баар М.К. Аммосов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин курдук саҥардыллан, техническай өттүнэн мультимедийнай тэрил туруоран салгыы улахан үлэ барыаҕа диэн мэктиэлиибин», - диэн спикер эттэ.

Маны таһынан, Алексей Ильич бастакы Президент М.Е. Николаев 1993 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сааһын туолуутун бэлиэтээһини ЮНЕСКО халандаарыгар киллэттэрэн, бу түгэни аан дойду таһымыгар таһаарары ситиспитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу кэрдиис кэмтэн судаарыстыбаннаһы олохтообут чулуу уолаттарбытын улахан таһымҥа чиэстээһин, кинилэр үтүө ааттарын тилиннэриигэ, үйэтитиигэ өрөспүүлүкэ салалтатын өттүттэн күүстээх үлэ саҕаламмыта уонна ол үлэ салҕанан барар. Кини Былатыан Ойуунускай 100 сылыгар анаммыт Тааттаҕа буолбут ыһыахха Россия Президенэ Борис Ельцины ыалдьыттаппыта өрөспүүбүлүкэ политическай олоҕор улахан суолталаах түгэн буолбута диэн эттэ.

Бу иннинэ 1990 сыллаахха М.Е. Николаев Б.Н. Ельцинныын бастакы көрсүһүүтүгэр Саха сирэ Декларация ылынан государственнай суверенитеты олохтооһуна историческай да өттүнэн Россия уонна Саха сирэ сыһыаннаһыыларыгар сөптөөх быһаарыныы буолар диэн биир санааҕа кэлбиттэрэ. «Саха сирэ уонна да атын субъектар Декларация ылынан Россия күүһүн-уоҕун намтаппакка, төттөрүтүн сайдыылаах субъектартан тирэхтэнэн модун Россия өссө кыаҕырыытыгар олук ууруоҕа», - диэн Борис Николаевич ол көрсүһүүгэ ылыннарыылаахтык эппитин санатта.

Алексей Еремеев бу историческай түгэннэри санатан туран, Былатыан Ойуунускай билигин даҕаны төрөөбүт норуотун, дойдутун салгыы сайдыыга сирдии уонна инникигэ туһаайа турара барыта дьикти ситимнээҕин уонна Ойуунускай ураты аналлааҕын көрдөрөр диэн бэлиэтээтэ.

Парламент спикера Былатыан Ойуунускай аатын үйэтитиигэ, кини хаалларбыт сүдү духуобунай нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ санааны түмэргэ, ыччаттарга хайдах тарҕатан көлүөнэлэри ситимнииргэ, дойдутугар Чөркөөххө өссө тугу оҥоруохпутун сөбүй диэн санааннан салайтаран кэпсэтиини салгыырга ыҥырда.

Салгыы СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников Былатыан Ойуунускайга анаммыт тэрээһиннэр тустарынан, ханнык кэскиллээх былааннар олоххо киирэллэрин сырдатта. Кини салгыы өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрээһиннэрэ Былатыан Ойуунускайы кытта ыкса ситимнээхтик бары хайысханы хабан хайдах барыахтаахтарын туһунан билиһиннэрдэ.

Былатыан Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былааны» билиҥҥи кэм сайдыытын сүүс сыл анараа өттүгэр өтө көрөн суруйбутун туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов кэпсээтэ. Кини олох тэтимнээх сайдыытын, көтөр аалбытын, тимир суол кэлиитин, экономика, тыа хаһаайыстыбата, технология сайдыытын, бэл киинэ баар буолуоҕа диэн ыралаабыта киһи-аймаҕы сөхтөрөр диэн эттэ. Кини Ойуунускай бу үлэтэ күннээҕинэн олорбокко, кэлэр кэмин былаанныырга билиҥҥи көлүөнэни туһаайарын холобур оҥостон «Столетний план развития» диэн бырайыак оҥорон үлэтэллэрин туһунан сырдатта. «Бу бырайыак чэрчитинэн улуустарга тахсан өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк инникитин хайдах көрөллөрүн, былаанныылларын туһунан дьон, ыччат санааларын истибиппит уонна биир докумуон оҥордубут. Сүрүн сыалбыт – төһө кыалларынан элбэх дьону тардан өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытын, кини ханнык хайысханнан сайдыахтааҕын туһунан стратегияны оҥоруу уонна үөрэтии буолар. Улуу Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былаана» манна олук буолла уонна көлүөнэлэр ситимнэрин салгыырга туһуланна» , - диэн кини кэпсээтэ.

Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев дириҥ ис хоһоонноох дакылаатыгар улуу суруйааччы аатын үйэтитиигэ кэккэ санааларын үллэһиннэ. Кини Орджоникидзе болуоссатыгар Ойуунускай аатын иҥэрэрии боппуруоһа быһаарыллар кэмэ кэллэ диэн бэлиэтээтэ.

Былатыан Ойуунускай тоҕо итинник ааттаммытын туһунан кини хаан-уруу аймаҕа, бэйиэт, прозаик Елена Слепцова-Куорсуннаах сырдатта. Кинилэр аҕа уустарыгар аар саарга аатырбыт ойууттар-удаҕаттар, олоҥхоһуттар, кэпсээнньиттэр, тойуксуттар уутуйан үөскүүллэрэ. Аҕа ууһун ойуун идэлээх киһи төрүттээбитин быһыытынан, «Ойуун ууһа» диэн ааттаабыттар диэн кэпсээтэ. Ийэтэ Дьэбдьиэкэй уонна эһэтэ Унаар Уйбаан кэрэ кэпсээнньит, остуоруйаһыт дьон этилэр. Эһэтигэр Дьүлэй нэһилиэгэр хоноһолуу сылдьан уолчаан улуу олоҥхоһуттары батыһа сылдьан истэрэ, кинилэргэ уһуллара. Бэйэлэрин улуу төрүттэринэн Таатта сирин иччилээбит Кээрэкээн кинээһи, Дьохсоҕон ойууну ааттыыллара. Бу Нойуоха Тураах Ойуун ыччаттарыгар биллэринэн хойукка диэри кыдьыктаах дьон төрүүллэрэ диэн кэпсээтэ.

Саха сирин суруйааччылларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал эрэдээктэрэ Гаврил Андросов Былатыан Ойуунускай уонна аныгы кэм туһунан санааларын үллэһиннэ. Билигин Ойуунускай холугар, таһымыгар тэҥнээтэххэ бэрт кыра боппуруос тирээн турар: кини мэҥэ өйдөбүнньүгэ уонна кини аатын сүгэр саха академическай тыйаатыра турар болуоссаттарыгар кини сырдык аатын иҥэрии туһунан диэн этиннэ.

Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат Былатыан Ойуунускай 1960-с сылларга тахсыбыт талыллыбыт айымньыларын саҥалыы таһаарыыны ситиһэргэ тыл эттэ.

Сахалартан маҥнайгы философ-учуонай А.Е. Мординов кыыһа, Платон Алексеевиһы тыыннааҕар көрбүт, ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ Галина Мординова ааспыт кэм кытаанах кэмнэрин туһунан кэпсээтэ.

«Мин аҕам А.Е. Мординов Ойуунускай бииргэ үлэлээбит чугас доҕоро этэ. Кини Ойуунускай Москубаҕа бардаҕына институт дириэктэрин үлэтин солбуйан хаалара. Биир киэһэ дьиэбэр кэлбитим икки кыра, хап-хатыҥыр кыргыттар оонньуу сылдьаллар этэ. Ким оҕолорой диэн ыйыппыппар төрөппүттэрим тугу да эппиэттээбэтэхтэрэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ биир сырдык мичээрдээх киһи кэлэн кыргыттарын ылан барбыта. Кэлин билбитим П.А.Ойуунускай кэлэн барбыт эбит. Төрөппүттэрим оччолорго репрессия суостаах сылларыгар Ойуунускай оҕолорун саһыаран кимиэхэ да эппэккэ сытыарбыттарын кэлин билбитим. Онтон Ойуунускайы тутан хаайбыттарын туһунан сурах кэнниттэн кини доҕорун, аҕабын А.Е. Мординовы үлэтиттэн устаннар түөрт оҕолоох киһини үлэтэ суох хааллараллар. Кэлин үлэһит буолан университекка үлэлии сылдьан биир быраас дьахтары кытта билсибитим. Кини Дьокуускайга кэлэн баран эдэркээн кыыс ас-таҥас кырыымчык кэмигэр Дзержинская уулуссаҕа баар хаайыыга дьиэ сууйааччынан үлэлии киирбит. Ол сылдьан хааллан олорор Былатыан Ойуунускайы кытта кэпсэтэр эбит. Кини кыыска хайаан да үөрэн диэн сүбэлээбит. Ойуунускай биирдэ туох эрэ кумааҕыларын бөх биэдэрэтигэр кистээн таһаар диэн көрдөспүтүн ылынан таһааран эрдэҕинэ ньиҥнийэн булан ылаллар. Сарсыныгар кэлбитэ Ойуунускай кырбанан, тииһэ көтүру охсуллан сытарын көрөн олус аһыммыт. Тоҕо баччааҥа диэри кимиэхэ да кэпсээбэккин ол туһунан диэн ыйыппыппар, кини мин тугу да кэпсиэ суох буолан араспыыска биэрбитим диэн эппиэттээбитэ. Дьэ итинник уустук кэмнэр кэлэн ааспыттара. Ону ыччат судаарыстыбаннаһы туруулаһыы хайдахтаах уустук кэмнэргэ ааспытын, норуоппут чулуу уолаттара олохторун толук ууран туран хайдах ону ситиспиттэрин, история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтэрин наада. Бу дойдубут сотуллубат историята, кэһиллибэт кэс тыла», - диэн Галина Авксентьевна Мординова уйадыйа кэпсээбитэ бүгүҥҥү кэпсэтии сүрүн сыалын ситэрэн биэрдэ.

Ил Түмэн пресс-сулууспата

2023-11-13 02:36:58

Всего просмотров: 144

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-01-31 17:59:04 - Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ экономикабыт туруга хайдаҕый?

2023-11-13 02:36:58 - Төгүрүк остуолга Былатыан Ойуунускай айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ суолтатын ырыттылар

2023-06-27 09:00:13 - Александр Жирков: Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ оскуола суолтатын атын ханнык да тэрилтэ, тэрээһин кыайан солбуйуо суоҕа

2016-05-08 04:07:06 - «Сири хайдах бас билэбит» төгүрүк остуол ыытылынна

2013-06-24 06:26:23 - Орджоникидзе болуоссатын Ойуунускай аатыгар уларытыаҕыҥ

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании