Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

В парламенте

Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ экономикабыт туруга хайдаҕый?

Людмила НОГОВИЦЫНА

@Судаарыстыбалар күөнтэһиилэрэ сытыырхайбыт, экономикабытын санкциянан түөрэҥэлэтэ сатыыр чэпчэкитэ суох кэмнэригэр олоробут. Маннык кэмҥэ, быһыыга-майгыга региоммут экономикатын туруга үгүстэри интэриэһиргэтэр буолуохтаах.

Ону суолталаан, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, парламент бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Юрий Николаевы көрсөммүт өрөспүүбүлүкэбит экономикатын тула кэпсэтэ сырыттыбыт

Былааннамматах ороскуоттар баалларын үрдүнэн

— Юрий Михайлович, кэпсэтиибит саҕаланыытыгар кылгастык ааспыт 2023 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын туһунан ахтан ааһыахха. Маннык бары өттүнэн чэпчэкитэ суох кэмҥэ үп-харчы, экономика өттүгэр куһаҕана суох сыл ааста дии саныыбын

— Оннук, сөпкө бэлиэтиигин. Ааспыт 2023 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэбит бюджетын дохуотун 272,9 млрд солк. дохуоттаах ылыммыппыт. Сыл түмүгэр ити сыыппарабыт 360-тан тахса млрд, солк. (кэлиҥҥи сылларга бюджет дохуоттаах чааһыгар чыпчаал сыыппара) тиийдэ. Ити сыыппара өссө толору чуолкайдана илик. Дохуоппут элбээн, былааннаммыт ороскуоппутун барытын толордубут.

— Анал байыаннай эпэрээсийэ бара турарынан сибээстээн, биллэн турар, урукку өттүгэр суох, былааннамматах ороскуоттар элбээтэхтэрэ

— Ороскуот чааһыгар киирдэххэ, анал байыаннай эпэрээсийэ бара турарынан сибээстээн, былааннамматах ороскуоттар элбэхтэр. Биллэрин курдук, биһиги региоммут Донецкай уобалаһын Кировскай куоратын чөлүгэр түһэриэхтээхпит. Өрөспүүбүлүкэ Кировскайга хайыы үйэ оскуолалары, оҕо саадтарын, балыыһалары, суолу-ииһи киллэрэн туран, барыта 59 объегы чөлүгэр түһэрдэ. Үс сыл устата Кировскай куоракка 100-тэн тахса социальнай объекка өрөмүөн үлэтин ыытыахтаах. Онон манна ороскуот лаппа улахан.

Мобилизованнайдарга уонна хантараактаахтарга төлөнөр үп сууммата эмиэ кырата суох. Ити үрдүнэн өрөспүүбүлүкэ социальнай эбэһээтилистибэлэрин барытын толордо. Арай биир кыаллыбатах боппуруос диэххэ дуу, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр сир учаастактарын инфраструктуратыгар элбэх үп-харчы көрүллүөн наада. Онно ирдэнэр үбү барытын биирдэ ууран биэрэр кыахпыт суоҕун билинэбит. Ол эрээри хас сылын ахсын төһө кыалларынан, баар кыаҕы көрөн, итиннэ тыырыллар үп-харчы сууммата улаатан иһэр.

Маны таһынан тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыыга федеральнай киинтэн үбүлээһин сууммата кыайан улааппакка турар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата тустаах боппуруоһу туруорсубута ыраатта. Федерация Сэбиэтин спикерэ Валентина Матвиенко итини регион эрэ кыһалҕата буолбакка, бүтүн дойду проблемата диэн тустаах туруорсууну күүскэ өйүүр. Кини муҥ саатар бу ороскуокка федеральнай уонна регион бюджеттартан тэҥ үп-харчы тыырыллыахтааҕын, паритет баар буолуохтааҕын туһунан этэр. Атын субъектар тустаах боппуруоска федеральнай бюджеттан төһө үп көрүллэр да, оччо суумманы бюджеттарыгар көрөн олороллор. Биһиги ааспыт сыллааҕы бюджекка итиннэ 1 млрд. солк. тахса суумманы көрбүппүт. Төһө да итэҕэс баарын иһин, бу кыһалҕаны син быһааран кэллибит.

Эрэл — гааһы, неби хостуур тэрилтэлэргэ

— Юрий Михайлович, биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэбит бюджетыгар биир сүрүн дохуоту киллэрэр АЛРОСА хампаанньабыт санкцияҕа түбэстэ. Биһиги дойдубут үүнүүтүн-сайдыытын бары өттүттэн күөйэ-хаайа тута сатыыр кэмҥэ ылыллыбыт үүммүт 2024 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын туох диэн сыаналыаҥ этэй?

— Ааспыт 2023 сыллааҕы бюджеппытын ылынарбытыгар курдук, сыппаралары сэрэнэ соҕус билгэлээбиппит. Ол курдук, АЛРОСА хампаанньабыт санкцияҕа түбэстэ. Билигин тустаах тэрилтэттэн биһиги бюджеппытыгар 70-ча млрд. солк. киирэр. Санкциянан ити хампаанньа хостообут алмааһа, бриллиана атыыланыа суохтаахтар. Урукку өттүгэр сэрии бара турар Африка дойдуларыттан хостоммут алмаастары «Хааннаах алмаас» диэн ааттааннар атыылаппат этилэр. Ол курдук, балаһыанньаны олохтуу сатыыллар.

АЛРОСА ырыынакка батарар алмааһа 30 быр. ылар. Оттон ырыынак сокуонунан ыллыҥ да, хайдах даҕаны гынан ол 30 бырыһыаны тута туора сотон кэбиспэккин. Итиччэ алмааһы бэйэлэрэ кыайан хостооботтор. Манны экспертэр, бары билинэллэр. Онон АЛРОСА алмааһа син-биир атыыланыа, дохуот киириэ диэн эрэл баар.

Онон Арассыыйа, Бразилия, Кытай, Индия, Соҕуруу Африка, Холбоһуктаах Арабскай Эмираттар, Саудовскай Аравия, Иран, Египет уонна Эфиопия судаарыстыбалара киирэ сылдьар БРИКС холбоһук чэрчитинэн АЛРОСА хампаанньа хостуур алмааһа син-биир атыыланыа дии саныыбын.

Өрөспүүбүлүкэбит 2024 сыллааҕы бюджетын дохуоттаах чааһыгар АЛРОСА-тан киирэр дивидены сэрэнэн көрөн олоробут.

Оттон неби уонна гааһы хостуур тэрилтэлэрбит киллэриэхтээх дохуоттарыгар бигэ эрэллээхпит. Гаһы уонна неби хостуур тэрилтэлэрбит балаһыанньалара куһаҕана суох. Ити сиртэн хостонор баайдарбытыттан дохуот ылыахпыт. Урут да эппитим курдук, дойду Азия диэки хайыста. Өлүөнэ муостатын, суоллар тутуулара былааҥҥа киллэрилиннилэр. Онон өрөспүүбүлүкэбит балаһыанньата куһаҕана суох.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ааспыт 2023 сыллааҕы бюджет дохуотун бастаан 272,9 млрд. солк. көрбүт эбит буоллахпытына, үүммүт 2024 сыллааҕы бюджет дохуотун 302 млрд. солк. саҕалаатыбыт.

Дойду хас биирдии олохтооҕо анал байыаннай эпэрээсийэ түргэнник тохтуон баҕарар. Билигин оборона сайдыытыгар элбэх үп-харчы көрүллэрэ өйдөнөр. Социальнай эйгэҕэ барыахтаах ороскуот итиннэ хайыһан турар. Анал байыаннай эпэрээсийэ тохтоотоҕуна, санкцияҕа хабыллыбыт тэрилтэлэртэн эбии дохуот киирэрэ саарбаҕа суох.

— Кистэл буолбатах, өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторун, оннооҕор Ил Түмэн сорох депутаттарын өттүлэриттэн неби хостуур тэрилтэлэргэ биэс сыллаах нолуокка чэпчэтиилэри киллэриини сөбүлээбэт буолуу, утарыы баара. Инникини толкуйдаан оҥоһуллубут чэпчэтиилэртэн, барыһы, дохуоту ылар кэммит кэллэ дуо?

— Оннук, ити нолуокка чэпчэтиилэр бэриллибиттэрин өйдөөбөт киһи элбэх. Неби хостуур тэрилтэлэргэ 9 млрд. солк. тиийэ улахан чэпчэтиилэр оҥоһуллубуттара. Усулуобуйалара кытаанах этэ. Ол курдук, чэпчэтииттэн экономияламмыт үбү-харчыны инвестицияҕа эрэ угуохтааххыт, усулуобуйа толоруллубатаҕына, чэпчэтии тохтотуллар диэн. Нефтяниктар ити кэмчилэммит үптэрин саҥа скважиналарга, о.д.а. үүнүүгэ-сайдыыга уганнар, уон сыл иһигэр ситиэхтээх объеммутун, биэс сыл иһигэр ситэннэр, нолуок элбээн, чэпчэтии тохтотуллан, дохуокка үлэлии олороллор. Бырабыыталыстыба бюджет инвестициятыгар сөпкө үлэлээн, хамсанан, түмүгэ көстөр кэмэ кэллэ.

Тыа сиригэр өйөбүл күүһүрүөхтээх

— Юрий Михайлович, тус бэйэҥ ааспыт 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт үп-харчы төһө көдьүүстээхтик туһанылынна дии саныыгыный?

— Тыа хаһаайыстыбатын салайыытын механизмыгар уларыйыы киириэхтээх диэн кэпсэтии баар. Манна үлэ бара турар. Хомойуох иһин, сүөһүбүт ахсаана, үүтү туттарыы аччаата. Бу кыһалҕа аҥаардас үптэн-харчыттан эрэ тутулуга суох. Күммүт-дьылбыт туругунан кыһынын үүт ыаһына кыччыыр. Бу кэмҥэ бороһуогунан оҥоһуллубут үүт дэлэйиэхтээх. Тус бэйэм урукку өттүгэр итини утарарым, өйдөөбөт этим. Билигин көрүүм уларыйда.

Баар итэҕэстэри учуоттаан, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа миниистир Артем Александров уонна Ил Түмэн тустаах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, тустаах министиэристибэни салайа сылдьыбыт Александр Атласов үлэлэрин саҕалаатылар. Үүммүт 2024 сылга бу хайысхаҕа үтүө өттүгэр хамсааһын тахсыаҕа диэн эрэнэбин. Күммүт-дьылбыт да туран биэрдэ. От бөҕө үүннэ. Миниистир Артем Александров маннык өҥ дьылы туһанан, резервнэй фонда тэриллиэн, оту хаһааныахха наада диэн олус сөптөөхтүк этэн турардаах. Мэлдьи бары өттүнэн табыгастаах сайын турбата чахчы.

— Быйылгы бюджекка тыа хаһаайыстыбатыгар төһө үп-харчы көрүлүннэ? Эн итиннэ тугу этиэҥ этэй?

— Сорохтор тыа хаһаайыстыбатын уонна тыа сирин араара тутан, өйдүүллэр. Мин итиннэ сөпсөспөппүн. Тыа хаһаайыстыбата баар буолан, тыа сирэ баар. Тыа сирэ баар буолан, тыа хаһаайыстыбата баар. Россияҕа «Комплексное развитие сельских территорий» диэн туһалаах бөдөҥ бырагыраама үлэлии турар. Манна тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллыахтаах инфраструктура киллэриллэ сылдьар.

2024 сыллааҕы бюджеппытыгар федеральнай киинтэн көрүллүөхтээх үп-харчы лаппа аччатыллан былааннанна. Тоҕо диэтэргит, биһиги иэстээх сылдьабыт. Тустаах бырагыраамаҕа итиннэ уларыйыы киириэн наада. Муниципальнай тэриллиилэр быһа дойду тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта дуогабар түһэрсэн үлэлииллэрэ сыыһа. Итиннэ өрөспүүбүлүкэ өттүттэн хонтуруол эрэйиллэр эрээри, муниципалитеттар федеральнай киини кытта быһаччы үлэлии олорор буоланнар, уустуктардаах. Манна регион хайаан да орооһуохтаах. Инникитин иэспитин-күүспүтүн саптахпытына, тустаах бырагыраама күүскэ үлэлиэ диэн эрэллээхпит.

Ааспыт сыл сэтинньи бүтүүтүгэр Ил Дархан Айсен Николаевы уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевы кытта көрсүһүүгэ тыа сиригэр өйөбүл күүһүрүөхтээх диэн биир санааҕа кэлбиппит. 2024 сыл бюджетыгар тыа хаһаайыстыбатыгар 15 млрд солк. көрдүбүт. Сыл түмүгэр ити суумма эбиллиэҕэ. Ааспыт сылга тустаах сыалга үп-харчы лаппа эбиллибитэ.

Тохсунньу 1 күнүттэн 1 киилэ үүккэ көрүллэр субсидия 65 солк., тэҥнэстэ. Кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга биир ынах төбөтүгэр көрүллэр үп 37 тыһ. солкуобайтан 39 тыһ. солкуобайга тиийдэ.

Мирнэй улууһун Чернышевскайдааҕы балыгы үөскэтэр хаһаайыстыбаҕа 20 мөл. солк. көрдүбүт. Кинилэр Бүлүү өрүһэ ГЭС аннынан тоҥмотунан туһананнар, сыл эргиччи балыгы үөскэтиинэн үлэлии-хамсыы олороллор. Ол курдук, быраҥааттаны, хатыыһы, үрүҥ эттээх балыктары, омулу, чиры, форели кытта иитэллэр. Ааспыт сылтан саҕалаан балыктара кыра-кыралаан атыыга тахсан эрэр. Биһиги тыабыт хаһаайыстыбатыгар бу саҥа хайысханы күүскэ сайыннарыахха наада. Манан чааһынайдар дьарыгырыахтарын сөптөөх. Интэриэһинэй хайысха. Бу хайысхаҕа бириэмэтигэр сөптөөх инвестицияны оҥорон, субсидия көрдөхпүтүнэ, бэйэбит оҥорон таһаарыыбыт элбиэх этэ.

Киин куораппытыгар Дьокуускайга олохтоох эт-ас дэлэйбитэ, харахха быраҕыллар. Маны ким да мэлдьэһэр кыаҕв суох. Билигин куорат олохтоохторо бэйэбит «Саюри» эрэ оҕурсутун сиир буоллубут.

Тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыыга, производствоҕа суверенитеттаах буолуохтаахпыт. Бу кэми туһанан, технологиялары уонна комплектующийдары атыылаһаммыт, тугу барытын хомуйан, оҥорон таһаарыахпытын сөп.

— Юрий Михайлович, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Источник: https://iltumen.ru/news/25001

2024-01-31 17:59:04

Всего просмотров: 100

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-07-04 07:23:59 - Александр Жирков: Саха литературатын үтүө аатын турууласпыта

2024-01-31 17:59:04 - Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ экономикабыт туруга хайдаҕый?

2023-11-13 02:36:58 - Төгүрүк остуолга Былатыан Ойуунускай айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ суолтатын ырыттылар

2023-06-18 16:28:15 - Свалка в Усть-Майском! Обращение в Прокуратуру РС(Я)

2022-12-13 06:40:55 - АЛРОСА поддерживает культуру народов Якутии

2022-12-09 07:22:06 - Движение городского общественного транспорта возобновится по улице Уустаах Избекова

2022-05-22 02:26:41 - Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, тыа сирин туруу үлэһиттэрэ!

2022-03-25 10:18:49 - Госкомцен Якутии передал в прокуратуру материалы по 324 случаям необоснованного повышения цен на продукты

2022-03-21 09:35:43 - Материалы по 139 случаям необоснованного повышения цен на продукты переданы в прокуратуру Якутии

2021-11-25 09:11:58 - Росздравнадзор в Якутии направил материалы в прокуратуру о призывах антипрививочников

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании