Сахалыы сыhыарыы
Сомоҕолоһууну бастаан бэйэттэн саҕалыахха
Татьяна ДАВЫДОВА, "В Якутии.ру" интернет-хаhыат анал корреспондена
Бу иннинэ суруйбут ыстатыйабытыгар салгыы саха норуотун эрэлин көбүппүт «Сомоҕо күүс» түмсүү туһунан кэпсэлбитин салгыахпыт.
Түмсүү салайар бырабылыанньатыгар 27 киһи киирбит. Бары араас үлэҕэ-хамнаска үлэлии сылдьыбыт дьон буолан олоҕу араас өттүттэн бары анааран көрөр кыахтаахтара үөрдэр.
Салайааччы Иванов Дмитрий Дмитриевич. Ону таһынан дьиҥ сахалыы ааты ылбыт дьоннор үгүстэр: Сулустаана Мыраан Байанайдаах кыыьа, Бигэ Өрөкүй Бааһынай уола, Күн Күөгэйэ, Күн Чээбийэ, Тоһу Тускун.
Маны таһынан дьин ааттарын кистээбэт Николай Седалищев, Эрнст Березкин, Ольга Саргыдаева, Иван Степанов, Василий Павлов, о д.а.
Быһатын эттэххэ, саха чулуу дьоно. Саҕалааһын чахчы күүскэ барбыта. Миитиннэр тэриллэннэр, санаалар этиллэннэр, тэриллии мунньаҕа буолан, улуустарынан дьону түмсүүгэ ыҥыран.
Ол гынан баран ол хамсааһыннар туох да улахан ситиһиини аҕалбатахтара хомолтолоох: сир түҥэтигин сокуона үлэҕэ киирдэ, экологиябыт тупсубута кестубэт, Арассыыйа Президенын талыыга дьоҥҥо-сэргэҕэ сүбэ-ама ыытыллыбата, мунньах тэриллибэтэ.
Бу маннык бытаарыы аҥардас түмсүү регистрацияны ааспытын кэннэ тахсыбыта соһутар. Дьэ сокуоннай түмсүү буолан, тирэҕирэн баран күүскэ үлэлиир оннугар дьоммут букатын да сүттүлэр.
Ол президеҥҥа кандидаттар элбэхтэриттэн буолбатаҕа өйдөнөр. Талыы өттүнэн хас биирдии киһи бэйэтэ толкуйдааҕа, быһаарыныылааҕа биллэр.
Арай норуокка тахсан дьоҥҥо-сэргэҕэ сүбэлээн-амалаан, бу кандидат программата норуокка ордук чугас диэн ыйан-кэрдэн биэриэхтэрин сөбө. Ол суох. Бу дьоммут арааһа түмсүүнү салайар бартыбыалларын сатаан үллэстибэккэ улахан мунньахтарын уһаттылар диэҕи баҕарыллар.
Хайдыһыы буолбута олус хомолтолоох. Бырабылыанньа 27 киһитин биир сомоҕо түмпэккэ сылдьан хайдах бүтүн саха норуотун сомоҕолуур санааҕа киирбиттэрэ буолла ?
Кэмэ-кэрдиитэ кэлэн, дьиҥ норуот иһиттэн тахсыбыт түмсүү норуотугар чахчы улахан көмөнү оҥоруохтааҕа сэрэйиллэрэ. Билигин кэлэн итинник уоһа-тииһэ сыппаабыт түмсүүнү норуот итэҕэйиэ дуо? Сомоҕо күүс түмсүү дьиҥ иһинэн норуот тыына, санаата, күүһэ буолуохтааҕа. Ол суох.
ПО ТЕМЕ:
Саха киһитин санаатын сааһылыыр кэмэ кэллэ
2018-03-12 07:02:31 Всего просмотров: 862 Поделиться:
Комментарии
Всего
[1]
Ссылки по ключевым словам:
2019-08-14 15:04:20 - Болҕойуҥ! Куйаар ситимин нөҥүө «Далбар Хотун»
өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы күрэс!
2018-03-12 07:02:31 - Сомоҕолоһууну бастаан бэйэттэн саҕалыахха 2016-09-19 23:03:51 - Триумф бастардов. В Лос-Анджелесе состоялась 68-я церемония «Эмми» 2013-10-05 04:45:31 - Бастакы редактор - бастакы таптал кэриэтэ умнуллубат 2013-05-30 17:13:03 - «Сомоҕолоһуулар» Ил Дарханы кытта көрүстүлэр |