Сахалыы сыhыарыы
ТУРУГУРДУН УЛУУ РОССИЯ, ТУРУГУРДУН САХА ОМУГА! (Владимир Поскачин санаата)
"В Якутии.ру"
Мин ааппыттан ватсапка күүлэйдии сылдьар суругу мин суруйбатаҕым. Ити сурук мин биир ватсап-группабар кэлбитин эмиэ биир саҥа сонун этии эбит диэммин салгыы атын ватсап группаларбар ыытан кэбиспитим.
Ол кэнниттэн хайалара эрэ миигин автор диэн баран салгыы ыытан кэбиспит. Хайалара эбитэ буолла, сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Ол иһин анаан-минээн быыбар сокуонун кэһимээри уоппускаҕа бардым уонна аһаҕастык бу сымыйа диэн биллэрэбин.
Мин хаһан да бэйэбин Аҕа баһылыкпын иҥин диэбэт, даххаһыйбат киһибин. Уонна сымыйалыыры, киитэрэйдиири ис дууһабыттан ылыммаппын, сөбүлээбэппин. Көнө киһибин. Онон хайдах да балаһыанньаҕа киитэрэйдиэххэ диэн тылы туттуом суох этэ. Билигин ити тарҕаммыт сурук туох айылаах ити улуу-дьаалылары өһүргэттэ диэн анализ оҥорон көрөргө сананным.
Бастакы санаам диэн маннык. Мин аатым син ыйааһыннаах эбит дуу дии санаатым. Биир биллэр уонна билэр даамам аатыттан тарҕаммыт сурукка миигин «биир улуус эрэ баһылыга эрэ…» диэбиттэрин да үрдүнэн. Онтон атын итинник сүрдээх эмоциональнай реакция буолуо суох этэ.Санаан да көрдөххө.
Иккиһинэн: нуучча өс хоһоонун курдук «правда глаза колет».
Дьэ айдааннаах сурук ис хоһоонун анализтаан көрүөххэ эрэ: «Биһиги сахалар бары да 100 бырыһыан куоласпытын Путиҥҥа да, Грудиниҥҥа да биэрбиппит иһин, ол кинилэр кыайалларыгар да, хоттороллоругар да туох да оруола суох». Бу этии кырылыйан турар кырдьык. Бырыһыан аҥаарын да кыайбат куоластаахпытын бары билэбит.
«Кыра омук буоларбыт быһыытынан, бу охсуһуулаах үйэҕэ биһиги киитэрэй буолуохтаахпыт. Ол аата, сөбүлээ-сөбүлээмэ, күүстээхтэр диэкки буоларбыт ордук буолуо. Былааска олорор киһини өйүөхтээхпит».
Маннык аһаҕастык «кыра омук буоларбыт быһыытынан» диэбитэ хас саханы өһүргэппитэ биллибэт. Аны туран киитэрэй буолуу диэн эмиэ хайдах эрэ иһиллэр. Өссө төгүл этэбин, мин илэ өйбүнэн хаһан да маннык суругу суруйуом суох этэ. Ол гынан баран, үөһэ тыынан баран уоскуйа түһэн бу киһи туох диэбитий диир эбит буоллахха маннык тахсан кэлэр эбит.
Аан Дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт улуу өбүгэлэрдээх саха омуга өйдөөн-төйдөөн көрдөххө кырдьык ахсааммыт лаппа аҕыйах эбит. Күүстээх санаалаах киһи объективнай чахчыны билиниэхтээх. Санаан көрдөххө баары малтаччы эппит эбит.
Киитэрэй диэн арааһа өйдөөх буолуохтаахпыт диэбит быһыылаах диэтэххэ уонна күүстээхтэр диэки диэбэххэ Улуу Россия ыарахан кэмигэр баар былааспытын өйүөххэ диэбитэ буоллар син барсыах курдук этии.
Уонна үһүс сүрүн этиитэ: «Ыраахтааҕыларын нууччалар бэйэлэрэ эрэ уларытыахтара, кэмэ кэллэ5инэ. Онно биьиги кыттыһаммыт быһаарар оруолу ылыахпыт суоҕа… Онон бу улахан боппуруоһу нууччаларга бэйэлэригэр хаалларыах тустаахпыт…»
Хас биирдии киһи куолаһа суолталаах, хас биирдии киһи санаата оруннаах. Ол гынан баран бэйэбитин, сахалары туораттан көрөр курдук көрдөххө, уһуннук бииргэ олорбуппут да буоллар биһиги син биир атын омук, атын рааса буоларбытын өйдөөн кэллэххэ, бу этии эмиэ оруннаах.
Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ баҕас оруобуна. Тоҕо диэтэххэ төһө да биһиги сэбиэскэй былаас саҕаттан «многонациональный» диэн мантра курдук хатылаа да хатылаа буолларбыт – Россия объективно мононациональнай судаарыстыба. Тоҕо диэтэххэ Россия нэһилиэнньэтин уопсай ахсааныттан 81,5 бырыһыана нууччалар. Бу эмиэ дьиҥ чахчы.
Онон аһара үөхсэр, кырыыр-таҥыйар дьоҥҥо этиэм этэ, наһаа солуута суох буолумаҥ диэн. Ама да улуутумсуйбут иһин. Көҥүл сахаларбыт, көҥүл дьоммут дэнэр дьон наһаа бас баттах барыа суохтаахтар.
Тоҕо диэтэххэ көҥүл киһи – бу эппиэтинэһин өйдөөн туран бэйэтэ быһаарыныы ылынар киһи. (Человек принимающий самостоятельное решение под свою личную ответственность).
Арай кулут өйдөөх киһи, кулут таһымыгар сылдьар киһи эмоциональнай, эппиэтинэһэ суох быһаарыныыны ылынар. Көҥүлү өрө туппут чечен омугун өс хоһоонун курдук: «Гордый – как раб» диэн.
Онтон саха омуга түҥ былыргыттан таҥара сэрэҕи таптыыр диэн өс хоһоонноох. Өбүгэлэрбитин да убаастаан маннык быыһык кэмҥэ аһара бас баттах саҥарбакка олоруохха баар этэ.
Россия улуу дойду. Ол быһыытынан бэйэтин историческай суолунан баран иһэр. Билигин оннук буолуо, сарсын маннык буолуо диэн ким да быһа этэн кэбиспэт дойдута.
Биһиги көҥүл Россия көҥүл гражданнара буоларбыт быһыытынан син биир кини олоҕор кыттыһа олорорбут биллэр, ол гынан баран ити биһигиннээҕэр аҕыйах ахсааннаах Тува уолугар Шойгуга тэҥнэһэр киһини иитэн таһаара иликпитинэ биһиги уопсай Россияҕа сабыдыалбыт суоҕун кэриэтэ буоларын өйдүөх кэриҥнээхпит.
Ол гынан баран Евразийскай хамсааһын нөҥүө, бэйэбит культурабыт нөҥүө, бэйэбит итэҕэлбит нөҥүө син биир Саха Омук өйүн- санаатын, булгуруйбат дьулуһуутун, олоххо тапталын син биир этэ-тыына, биллэрэ-көрдөрө, тиэрдэ сылдьыахтаахпыт!
Түмүкпэр этиэм этэ, бу ватсапка суруйбут киһи этиитин уопсай өйдөбүлүн кытта сөбүлэһэбин диэн. Уонна кини Улуу Өксөкүлээх эппитин билиҥҥи кэм өйдөбүлүнэн эппит эбит диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Россия ыһыллан-тоҕуллан киирэн бардаҕына дьэ бу билиҥҥҥи үүт-тураан олохпутун суохтаан кэлэрбит чуолкай. Онон Ил Дархаммыт Егор Борисов тула түмсэн, бу быыбарга дьиҥнээх тэрээһиннээх, бэйэтин сыалын-соругун чопчу билэр, билиҥҥи кэмҥэ эппиэттэһэр кыахтаах нация буоларга өссө биир чиҥ хардыы оҥоруохха!
Туругурдун Улуу Россия! Туругурдун Саха Омуга!
Владимир ПОСКАЧИН, Yөhээ Бүлүү улууhун баhылыга. Кулун тутар 14 кунэ. 2018-03-14 14:42:24 Всего просмотров: 1215 Поделиться:
Комментарии
Всего
[2]
Ссылки по ключевым словам:
2024-12-20 09:30:22 - Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России 2024-12-07 12:46:55 - В Историческом парке «Россия – моя история» состоялась встреча с ветеранами БАМа.
2024-12-03 22:11:16 - Озеро Лабынкыр в Якутии претендует на звание самого таинственного места в России
2024-11-30 05:40:39 - Эксперты по табунному коневодству из регионов России и стран СНГ собрались в Якутске 2024-11-28 08:32:06 - Почта России и Окружная администрация г. Якутска дарят зимние чудеса! 2024-11-20 09:40:06 - Пенсии всех россиян вырастут с 1 января 2025 года. Какую прибавку они получат? 2024-11-17 15:24:34 - Поздравление от Министерства здравоохранения Российской Федерации с 100-летним юбилеем педиатрической службы Республики Саха (Якутия) 2024-11-14 10:42:28 - На технически сложные устройства будут предустанавливать российский магазин приложений
2024-11-09 18:41:08 - Путин на «Валдае»: что ожидает Россию и мир в ближайшие десять лет
2024-11-09 18:30:00 - Когда отменят роуминг между Россией и Белоруссией
|