Сахалыы сыhыарыы
Феодосия Габышева ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин аатыттан Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Быйыл саха бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы алпаабыт, үөрэх кинигэлэрин ааптардара Семен Андреевич Новгородов 130 сааһын туолар үбүлүөйдээх сыла. 30 сыллааҕыта, 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията саха тыла нуучча тылын кытта тэҥҥэ туттуллар судаарыстыбаннай таһымнаах тыл буоларын бигэргэппитэ.
Холбоhуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрэ бу сылтан саҕалаан 10 кэлэр сылы Төрүт омуктар тылларын сылларынан биллэрдэ. Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин үйэлээх үбүлүөйүнэн, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылынан элбэх омук биир иллээх кэргэн буолан айымньылаахтык үлэлээһинигэр, тылларбытын, култуурабытын салгыы сайыннарыыга элбэх үлэ былааннанар. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев 2022 сылы Ийэҕэ анааһына биһигини барыбытын бу тэрээһиннэри кытта өссө ыкса ситимниир. Оҕоҕо Ийэ тылга тапталы иҥэрии – ыал ытык иэһэ, үтүө үгэһэ буолуохтаах. Хас биирдии дьиэ кэргэнтэн саҕалаан төрөөбүт тылы үөрэтии уhуйааҥҥа, оскуолаҕа, эбии үөрэх тэрилтэтигэр, орто анал, үрдүк үөрэх кыhатыгар салҕаныахтаах. Тохсунньутааҕы мунньахха методическай үлэни сөргүтүү туһунан улахан кэпсэтии буолан ааста. Онон хамсааһын тахсыа диэн эрэнэбит.
Ил Түмэн төрүт тылларбыт былаас уорганнарын үлэтигэр, докумуоҥҥа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ туттуллууларыгар, уус-уран литература, киинэ тахсыыларыгар уо.д.а. атын эйгэлэргэ тарҕаныыларыгар болҕомтотун уурар. Холобур, олунньу 11 күнүгэр “төгүрүк остуолга” нэһилиэнньэлээх пууннар географическай ааттарын бэрээдэктээһин туһунан кэпсэтэбит; балаҕан ыйыгар дылы “Аман өс” күрэҕи биллэрдибит; педагогика, психология уонна төрөөбүт тыллар институттарын арыйар идиэйэбитин уонна да атын тыын суолталаах этиилэрбитин үрдүкү салалтаны кытта сүбэлэһэ сылдьабыт.
Онон бар дьоммутун төрөөбүт дойдубутун салгыы сайыннарар кэскиллээх үлэҕэ биир санаалаах, ситиһиигэ эрэллээх буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ
Феодосия Габышева 2022-02-13 10:38:12 Всего просмотров: 355 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-10-13 06:12:57 - Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн 2023-04-03 06:30:26 - МУДРОЕ РЕШЕНИЕ ФЕОДОСИИ ГАБЫШЕВОЙ 2023-01-24 07:50:27 - Феодосия Габышева приняла участие в круглом столе Государственной Думы ФС РФ по школьному питанию 2023-01-20 11:34:03 - Феодосия Габышева: Закон о кочевом образовании внесен в Государственную Думу 2022-12-26 15:48:19 - Феодосия Габышева приняла участие в открытии выставки «История в документах: к 100-летию образования Якутской АССР» 2022-12-05 06:23:57 - Имя Феодосия Донского присвоено ювелирному алмазу 2022-10-31 09:59:03 - Феодосия Габышева: Сегодня нужны дополнительные меры поддержки кочевых школ 2022-07-28 21:12:42 - ДЕПУТАТ ГАБЫШЕВА - О ПРОБЛЕМАХ ВЕРХОЯНЬЯ 2022-05-25 08:34:54 - Феодосия Габышева провела личный прием граждан 2022-05-17 20:35:00 - Феодосия Габышева приняла участие в круглом столе Госдумы по развитию агроэкологического образования |