Сахалыы сыhыарыы
Бүлүү «Истигэнэ суох» саарына Игорь Григорьев хаайыыттан тахсарын ким утарсар?
V Якутии.ру
Бу дьыл ыам ыйын 31 күнүнэр Дьокуускай к. суут Бүлүү улууһун мунньаҕын урукку депутатын Игорь Григорьевы хаайыыттан болдьоҕун иннигэр таһаарары аккаастаабыта. Онно төрүөтүнэн Мархатааҕы колония-поселение, хаайыылаах дьиэ кэргэнин этиитинэн, олоҕо суох ходатайствота буолла. От ыйын 24 күнүгэр «V Якутии.ру» интернет-хаһыакка кэргэнэ Елизавета Григорьева маннык кэпсээтэ:
-- Дьокуускай куорат суутун быһаарыытын биһиги сыыһанан ааҕабыт. Мин кэргэним колония-поселение олорон дьиссипилиинэни, бэрээдэги кэспэтэҕэ, кэспэт, ханнык даҕаны киһи быраабын кэһэр дьайыыны оҥорботоҕо, оҥорбот.
Кини 2021 с. балаҕан ыйыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи суут уурааҕынан РФ УК 159 ыст. 4 чааһынан (улахан кээмэйдээх мошенничество) 5 сылга уопсай режимнээх хаайыыга ууруллубута. Кинини тутуу тэрилтэтин салайа олорон авариялыыр туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү программатынан 10 мөл. солкуобай сууммалаах аванса ылан баран, дьиэни туппакка харчыны сиэтэ диэн буруйдаабыттара.
Дьиҥ иһигэр кини урукку тэрилтэлэрин хаалларбыт бииргэ үлэлээбит дьонугар улуус дьаһалтата араас мэһэйдэри үөскэтэн, үбүлээһини бытаардан үлэлиир кыаҕы биэрбэтэҕэ, оттон кинилэргэ сүбэ биэрэн көмөлөһө сылдьыбыт Игоры сымыйанан баайсан хаайыыга утаарбыттара.
Игорь урут Бүлүү куоратын баһылыгар быыбарга туруоруна сылдьыбыта. Кэлин улуус мунньаҕын депутатынан талыллан, Бюджетнэй хамыыhыйа салайааччытын быһыытынан бюджет үбэ көдьүүстээхтик туһанылларын туһугар күүскэ үлэлээбитэ, улуус баһылыга, оччотооҕуга «Сиэрдээх Россия» чилиэнэ, кэлин единоросс буолбут Сергей Винокуров сорох, туhата суох, уураахтарын, быhаарыыларын сорунуулаахтык утарбыта.
Ол утарыта киирсиини Винокуров бэйэ-бэйэни абааһы көрсүүгэ, иирсээҥҥэ кубулуппута, ол элбэх сыл устата бара турар. Тутааччы быһыытынан Игорь тендердэри, күүстээх мэһэйдэһии баарын үрдүнэн, чиэһинэйдик киирсэн ылара, онон улуус дьаһалтатын кытта үчүгэй сыһыаннаах, «бэйэ дьонун» суолларын быһа хаампыт буолуон сөп диэн санаа киирэр.
Мин санаабар, Игорь дьыалата экономическай эйгэ эрэ мөккүөрэ буолбакка, политическай хабааннаах. Суукка буруйун билиммэтэҕэ. 2000 сыллар саҕаланыахтарыттан тутуунан дьарыктанан, 10-тан тахса дьиэни, араас объектары үчүгэй хаачыстыбалаахтык бириэмэтигэр туттарбыта.
Мин кэргэним – чиэһинэй, бэрээдэктээх киһи. Кини бюджет үбүн бэйэтигэр туһанар кирдээх санаата суоҕа, дойдутун дьоно киһилии тутуулаах дьиэҕэ олороллорун туһугар туруулаһара. Политика булкуспатаҕа уонна дуоһунастаах дьоннор өһөөн туран иэстэһиилэрэ буолбатаҕа буоллар, Игорь салгыы төрөөбүт Бүлүүтүгэр үлэлии сылдьыа этэ.
Кэргэн уонна аҕа быһыытынан үс оҕотун иитэн атахтарыгар туруоруо этэ. Кырдьаҕас тереппуттэрин көрүөх-истиэх тустаах этэ.
Депутат, политик быһыытынан бэйэтин дойдутун уонна Бүлүү эҥэрин дьонун бырааптарын уонна нус-хас олохторун, экология боппуруостарын салгыы туруорса, туһаны аҕала сылдьыахтаах этэ.
Кини салгыы Бүлүү улууһун бюджетэ, алмаастан киирэр үп араас көрүнньүк тэрээһиннэргэ, бырааһынньыктарга буолбакка, дьон кыһалҕатын быһаарарга туһаайылларын ситиһэ сылдьыа этэ. Депутат быһыытынан Игорь кимтэн даҕаны тутулуга, партията суоҕа. Онон дьон туһугар, быыбардааччыларын тустарыгар үлэлиирэ.
Кинини олордоотторун кытта, биһигиттэн Дьокуускай к. соҕотох олорор дьиэбитин тутан ылбыттара. Мин үс оҕобун, ол иһигэр икки сокуоннай саастарын туола иликтэри кытта, кыһын ортото уулуссаҕа быраҕыллыбыппыт. Карталарбын сабан кэбиспиттэрэ, биир тылынан, дьиэтэ-уота, аһыыр харчыта суох хаалбыппыт.
Суут кэнниттэн кэргэним кыайан ааһымматаҕа, билиҥҥэ диэри Марха б. ЛИУ-5 колонияҕа олорор.
Үөһэ эппитим курдук, онно бэрээдэги кэспэт, кими даҕаны кытта иирсибэт-этиспэт, исправительнай тэрилтэ салалтатын ыйыыларын барытын толорор, бииргэ олорор дьонун кытта сыһыана үчүгэй.
Ол үрдүнэн куорат суута болдьоҕун иннинэ босхолууртан аккаастанна. Мин көрдөһүүбүнэн Саха сиригэр киһи быраабын көмүскүүр Уполномоченнай Сардана Гурьева көмөлөспүтүн үрдүнэн, тугу даҕаны ситиспэтибит. Биһиги, чугас дьонноро, төрөппүттэрэ, бэркиһээн, Игоры ханнык даҕаны быһыыга-майгыга хаайыыттан таһаарбат туһунан кистэлэҥ дьаһал баар быһыылаах диэн уорбалыах курдукпут.
Дьокуускай к. суутун быһаарыытын биһиги СӨ Үрдүкү суутугар ааһынар санаалаахпыт. Суут мунньаҕа б.дь. 30 күнүгэр 14 ч. ыытыллыаҕа. Эһиги интернет-хаһыаккыт нөҥүө бэчээт үлэһиттэрин, общественность бэрэстэбиитэллэрин, биһиги биир дойдулаахтарбытын, доҕотторбутун кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Ким баҕалаах, баhаалыста бириэмэ булан кэлэн истиҥ.
Хайдах даҕаны буолбутун иһин, биһиги сокуоҥҥа уонна сиэрдээх быһыыга эрэнэбит.
2024-07-25 06:09:48 Всего просмотров: 212 Поделиться:
Комментарии
Всего
[0]
Ссылки по ключевым словам:
2024-11-20 00:20:14 - Евгений Григорьев проверил работу городских объектов теплоснабжения 2024-10-01 11:03:05 - Глава города Якутска Евгений Григорьев провел еженедельный личный прием граждан 2024-10-01 09:01:35 - Евгений Григорьев поздравил горожан пожилого возраста 2024-09-29 03:42:57 - Антонина Григорьева провела личный прием граждан 2024-09-27 04:18:21 - Поздравление Евгения Григорьева с Днем государственности Республики Саха (Якутия) 2024-09-11 11:01:43 - Евгений Григорьев обсудил ход реализации мастер-плана Якутска с жителями Автодорожного округа 2024-09-08 09:17:20 - Евгений Григорьев поздравляет с 392-летием города Якутска 2024-09-07 13:41:03 - Евгений Григорьев: «Дополнительные образовательные учреждения играют важную роль в творческом и культурном развитии юных жителей» 2024-09-06 10:19:44 - ЕВГЕНИЙ ГРИГОРЬЕВ: «МЫ ДЕЛАЕМ ХОРОШИЕ ПЛАНЫ РЕАЛЬНОСТЬЮ» 2024-09-04 06:24:11 - Евгений Григорьев принял участие в открытии выставки «Женщины СВОих Героев» |