Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В республике
Глава Якутии: в бюджете впервые за четыре года полностью предусмотрели расходы на зарплаты и ЖКХ

Транспорт
Глава Якутии сообщил о новых правилах доставки грузов в арктические районы

ЖКХ, энергетика
На поддержку коммунального комплекса Якутии направят до 5,3 миллиарда рублей

В парламенте
ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 26.11.2026 - 11.00-13.00 (материал обновлялся)
[0]

Промышленность
Коммуникации без границ: африканский проект Нордголд удостоен гран-при конкурса ИНТЕРКОММ 2026

Транспорт
Дан старт строительству международного транспортного коридора «Мохэ – Найба – Магадан»: На участке Сковородино – Рейново уложены первые звенья железнодорожного пути
[0]

В России
Владимир Путин поручил утвердить программу строительства центра обработки данных в Якутии и программу привлечения ученых и инженеров на Дальний Восток

В парламенте
Ил Тумэн принял государственный бюджет Якутии на 2027 год и плановый период 2028 и 2029 годов

Поздравления
«Дыхание нашей земли»: Айсен Николаев поздравил якутян с Днём Олонхо

Законодательство
Госдума приняла закон о бюджете на 2027-2029 годы

Законы, вступающие в силу в декабре

В парламенте
ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 25.11.2026 - c 10.00
[0]

Здравоохранение
Якутия получит пять передвижных педиатрических комплексов

Законодательство
Сардана Гурьева: «Обновление Конституции отвечает современным правовым реалиям»

Здравоохранение
100 операций за две недели провели мобильные хирурги в Ленской ЦРБ

В столице
Духовно-нравственным ценностям и патриотизму посвятили заседание круглого стола «Кустук»

В парламенте
Ил Тумэн 25–26 ноября рассмотрит бюджет Якутии и более 40 вопросов

Инвестпрограмма-2027: деньги направят на завершение начатых строек

ЖКХ, энергетика
Крупная авария на водоводе: Анатолий Кырджагасов дал большой комментарий

Здравоохранение
Карантин объявили в школах Якутска

Транспорт
Нужно ли менять масло в современном "автомате"? Эксперт все объяснил

Экономика
Что нужно знать о цифровом рубле

В столице
В Якутске обсудят реализацию мастер-планов 25 городов Дальнего Востока

ЖКХ, энергетика
Жителям Якутска сделают перерасчет за холодное водоснабжение в период 22–23 ноября

Образование, наука
В Якутии на развитие образования направят 232 млрд рублей за три года

Транспорт
Проект международного транспортного перехода «Джалинда– Мохэ» обсудили на встрече руководителей Якутии и Амурской области
[0]

В России
Новый выпуск передачи «Вместе с Айсеном Николаевым» выйдет на «Россия 24»

Здравоохранение
Более 4,6 млрд рублей выделят на лекарственное обеспечение в Якутии в 2027 году

Политика
Главные заявления Путина по итогам саммита с Трампом и Си Цзиньпином

Образование, наука
Научное наследие и преемственность: в АГУИККИ увековечили имя Ульяны Винокуровой

Сельское хозяйство и АПК
Финансирование сельского хозяйства Якутии ко второму чтению увеличили на 6,179 млрд рублей

Образование, наука
В Якутске откроют учебный центр ведущих российских ИТ-компаний

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖДЯ» принял участие в рабочей встрече Главы Республики Саха (Якутия) и генерального директора ОАО «РЖД»
[0]

АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком [0]

Промышленность
Алданские школьники проходят пиратский квест за здоровые зубы
[0]

Транспорт
Объем переработки грузов через станцию Нижний Бестях вырос на 6% за 10 месяцев 2026 года
[0]

В парламенте
64 депутатские поправки к социальному блоку бюджета‑2027

В столице
В Якутске полным ходом идет подготовка к фестивалю «Зима начинается с Якутии»

В парламенте
2 декабря в Ил Тумэне состоятся публичные слушания по проекту поправок в Конституцию Якутии
[0]

Транспорт
АО «АК «ЖДЯ»: За 10 месяцев текущего года перевезено свыше 420 тысяч пассажиров

 

Сахалыы сыhыарыы

Цеолит—тыыннаах таас

Арамаан Дьөгүөрэп

Айылҕа дьиктилэрэ биһиэхэ биллэр, биллибэт көстүү арааһа элбэх буоллаҕа. Сунтаарга “Сунтаар цеолит”,--диэн Петр Михайлович Попов салайааччылаах туох да дьикти тэрилтэтэ баар. Бу тэрилтэ Дьокуускайга цеолиты батарар ООО “САХА-Инновации”,--диэн тэрилтэ салайааччыта Степан Михайлович Иванов,--диэн директордаах технопарка резиденэ баар. Бу минералы былыр былыргаттан киһини эмтээһиҥҥэ отоһуттар, ойууттар туттубуттар. Науканан бигэргэммит сүөһүнү, дьиэ кыылларын эмтээһиҥҥэ, оҕуруот аһын үүннэриигэ патеннардаах, сертификаттардаах эбит. Ону билэн докуменнары илэ харахпынан көрөн итэҕэйээри экономикаҕа доктор В.Р.Дарбасовка эрийэ сырыттым. Василий Романович кэпсииринэн цеолиты тыа хаһаайыстыбатыгар дьиэ кыылларыгар, сүөһүгэ, үүнээйини үүннэриигэ, оҕуруот аһыгар тутталлар эбит. Цеолиты наукаҕа тыа хаһаайыстыбатыгар туһанарга үөрэтиигэ дьарыктана сылдьыбытын туһунан бэрт интэриэһинэйдик иҥэн-тоҥон кэпсээтэ. Өссө биһиэхэ цеолиты тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныы ситэтэ суоҕун ыйда. Аҕааччы билэрин курдук быйылгыттан Якутскайдааҕы научнай кииҥҥэ иккис научнай комплекснай экспедиция биэс бүлүү бөлөх улуустарыгар Саха сирин оҥоруулаах күүстэрин сайыннарыыга үлэтин саҕалаата.

Бастакы научнай комплекснай экспедиция оччооҕу М.К.Аммосов салалтатынан уонна кыттыытынан 1925-30 сылларга ыытыллыбыта. Оччолорго научнай кадр республикаҕа аҕыйах буолан ССРС наукатын академиятын улахан учуонайдара быһаччы кыттыбыттара. Ол экспедиция республика промышленноһын сайдыытыгар бастакы сир баайдаах сирдэри сүнньүнэн арҕаа уонна соҕоруу Саха сиринэн барбыта. Оччолорго суол иис мөлтөх, транспорт суох кэмигэр экспедиция сүнньүнэн олус ыарахан усулуобуйа5а ат, оҕус, таба көлөлөөх дьарыктаммыттара.

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын чинчийии бүлүү бөлөх, илин эҥэр улуустары олоччу. Хоту Халыма уонна Индигир өрүстэр сүнньүлэригэр олорор нэһилиэнньэлээх пууннары барытын холбоон хаппыта. Үгэс буолбут дьарыктарбытын ынах сүөһү, сылгы, таба, булт, балыктааһын хаһаайыстыбаларын сайдыытын чинчийбиттэрэ.

Василий Романович этэринэн бүлүү бөлөх биэс улуустарын хабан иккис научнай комплекснай экспедиция тыа хаһаайыстыбатын туругун чинчийиилэрэ саҕаламмыттар. Бу үлэ быйылгыттан саҕалаан үс сыл ыытыллара былааннанар.

Василий Романович салгыы миигин Дьокуускай куораттааҕы И.И.Слепцов ректордаах ЯГСХА-ҕа доцент Н.М.Черноградскаяны кытары кэпсэтэрбэр сүбэлээн, ыйан ыытта.

--Наталья Матвеевна цеолит туһунан араас дьикти хаһан да үөйбэтэх-ахтыбатах кэпсээннэрбин иһиттим. Эн учуонай киһи иитэр үөрэтэр үлэҥ таһынан наукаҕа үлэҕинэн солоҥ суоҕун эмиэ өйдуубун эрээри бэйэм эмиэ туһанан, сөҕөн эйиигин аралдьытарга күһэлинним. Атаҕым ыалдьан хаамарбар хас эмэ ый улаханнык эрэйдэнэр буолан испитим. Ону уолум ити цеолит тааһынан эмтээн соһутта. Баара суоҕа ууга ити тааһы уган баран 5-10 мүнүүтэ онно атахпын уган баран олоробун. Үһүс күммэр атаҕым ыарыыта ааһан эбиитин илиим атаҕым босхо баран хамсанарбар эрэйдэммэт буолан олох абыранным. Ол иһин сөбүлээн билигин да тутта сылдьабын. Миэхэ билсиһэрбэр анаан туох эмэ материал биэрэр, цеолит туһунан баһаалыста кэпсиир кыахтааххын дуо? Цеолит таас тыа хаһаайыстыбатыгар үүнээйигэ оҕуруот аһыгар сүөһүгэ туттуллар олус туһалаах минерал,-- диэн оҕолорум даҕаны, улахан учуонайдар да кэпсээтилэр.

Н.М.Ч. – Даа Василий Романович Дарбасов мин улаханнык ытыктыыр учуонайым. Табаарыһым тиийдэҕинэ баһаалыста кэпсэтээр, диэн эн тускар көрдөспүтэ. Айылҕа бэйэтэ айбыт оҕолорун араҥаччылаан итинник араас дьиктилэри айар. Цеолиты киһи 200 сыл анараа өттүттэн билэр. Билигин аан дойду үрдүнэн биир мөлүйүөн тонна цеолит хостонор. СНГ судаарыстыбаларыгар Россияны киллэрэн туран 100 000 тонна цеолит сылга хостонор. Наукаҕа цеолит киһи доруобуйатыгар дьайар туругун ситэ үөрэтэ иликпит. Ити медик учуонайдар дьарыктанар өлүүлэрэ. Биһиги тыа хаһаайыстыбатын учуонайдара син балачча үлэлэстибит. Үлэлэһэ да сылдьабыт. Дьиҥэр сүөһүгэ туһалаах буолла да киһиэхэ эмиэ туһалаах буолуон сөп. Оттон тыа хаһаайыстыбатыгар туһатын балачча үөрэтэн анал патеннары, сертификаттары ылан олоробут. Саха сиригэр цеолиты үөрэтиигэ эн биир дойдулааҕыҥ Уус Алдан киһитэ Ким Егорович Колодезников олус күүскэ дьарыктана сылдьыбыта. “Цеолиты Якутии”,--диэн 1989 сыллааха научнай программа оҥорбута уонна Сунтаарга “Сунтаар цеолит”,-- диэн тэрилтэни тэрийсибитэ. Ол билигин да үлэлии турар. Ол программанан Саха сиригэр наука бары араас салааларга учуонайдара экономистарыгар тиийэ хабан сүрдээх киэҥник дьарыктаммыта. Кэлин ол үбүлээһинэ тохтоон тохтотуллан хаалбыта. Цеолит минералы ученай К.Е.Колодезников Сунтаарга Кэмпэндээйи бөһүөлэктэн 22 килимиэтирдээх сиргэ хочо уҥа эҥэриттэн Курун Үрэх сыырын быарыттан булбута.

Мин Сунтаар Кэриэстээҕэр Егоров Владимир Семеновичка ”Кэриэстээх” хаһаайыстыбаҕа Красная степная Алтаайтан кэлбит сүүс ынахха уонна маннааҕы сэминтээллэргэ цеолит сүөһүгэ дьайыытыгар уоппут ыыппытым. Онно цеолитынан эбии аһылыктарыгар уотурбаҕа куттан буккуйан аһаппыппыт. Алтаайтан кэлбит ынахтар билигин бары бааллар этэҥҥэ тураллар. Дьиҥэр ыраах сиртэн тиэллэн кэлбит сүөһү олох быстан иэдэйэн кэлэр. Ол түмүгэр итинник ыраахтан айаннаан кэлбит ынахтар кыһыны туорууругар 40 быһыаҥҥа тиийэ охтооччу. Оттон бу Алтаайтан кэлбит ынахтар олоччу бааллар. Маннааҕы сэминтээлгэ дьайарынааҕар Алтаай Красная степная ынахтарыгар цеолит дьайыыта быдан улахан этэ. Үүттэригэр даҕаны сэминтээллэҕэр быдан элбэҕи биэрбиттэрэ. Сэминтээллэр да быдан эбиллибиттэрэ. Эйиэхэ интернет почтаҕар сүөһүгэ, сибиинньэҕэ, оҕуруот аһыгар, үүнээйигэ хайдах туттуллар дозатын ыытыам. Ону туһанаар. Оттон ол Кэриэстээх хаһаайыстыбаҕа үлэм туһунан оччуоппун “Сунтаарцеолит”,-- тэрилтэҕэ биэрбитим. Сөөп, сөп, сөп ону истибитим. “Сунтаар цеолит”,--тэрилтэ производствоҕа начальнига Петр Романович Егоров миэхэ итини кэпсээбитэ. Эйиэхэ литературанан учуонай быһыытынан сүбэлээн көмөлөстө, диэн улаханнык махтанар этэ. Кини оҕурсуу уонна помидор үүннэрэр бэйэтин чааһынай теплицатыгар цеолиты туттубут этэ. Урукку сайыннарга бэйэлэрэ сайыҥҥы сезоҥҥа эрэ сиир оҕурсууларын уонна помидордарын теплицатыгар уоҕурдууну кытары буккуйан баран оҕурсууга үүнэр буорун үрдүгэр чараас гына тэлгэппит. Помидоругар ол цеолиттаах уоҕурдуутун буоругар буккуйбут. Ол түмүгэр кэргэнин ийэтин, балтылаах быраатын дьиэ кэргэттэрин сайыны быһа оҕуруот аһынан хааччыйан баран бэйэлэрэ кыһын сиирдэрин тууһаан хаһааммыттар. Онон кинилэргэ өлгөмнук ас биэрэн эмиэ улаханнык соһуппут этэ. Ити цеолит булкааһыннаах уоҕурдуу үүнээйини 6-7 сыл таһымыттан түһэрбэккэ үрдүк үүнүүнү биэрэ сытар үһү. Аны сытыйаары гыммыт хортуоскаларын дьааһык түгэҕэр цеолит кутан баран ол үрдүгэр хортуоскаларын куппуттар. Ол хортуоскаларын билигин да сии олороллор. Аны Сунтаарга биир Владимир Николаевич Еремеев, диэн бааһынай оттууругар отун кэбиһэригэр туттар тууһугар цеолиты булкуйар эбит. Ону биһирээн аны быйыл хортуоскатыгар туһанан эмиэ барыыстаах таҕыста. Ол иһин кини ото сытыйбат хаачыстыбатын сүтэрбэт ол иһин ынахтара ыалдьыбаттар доруобайдар саас төрөөт да үүттэрин ыаппытынан бараллар, ньирэйдэрэ өлбөт. Онон буоллаҕына кырдьык тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, бааһынайдар үүнээйигэ, оҕуруот аһыгар цеолиты дэлэччи тутталлара наадатын чахчы өйдөөбүппүт.

Н.М.Ч. – Билигин мин Сунтаар Кэриэстээҕэр Сатабылга сибиинньэ ферматыгар уоппут ыытыахтаахпын. Цеолиты туһаммыт ынах үүтү биэрэрэ үрдүүр. Этэ элбиир. Онон бу кириисис кэмигэр тыа хаһаайыстыбатыгар үүнээйигэ, оҕуруот аһыгар, дьиэ сүөһүтүгэр бэйэ олохтоох элбэх иҥэмтэлээх, сибиэһэй бородууксуйатын ылар инниттэн улахан болҕомтону ууран цеолиты киэҥник туһаныахха наада.

Аны: “Сунтаар цеолит”,-- тэрилтэ үлэни-хамнаһы дьаһайыыга директора. П.Р.Егоровтыын кэпсэтиибиттэн быһа тардан киллэриим. Кини миэхэ анал литератураларга суруллубуту көрдөрө-көрдөрө эппитэ.

-- Цеолиты саха сирин олохтоохторо былыр былыргаттан элбэх ыарыыга туһалааҕын билбиттэр. Цеолит киһиэхэ туһатын туһунан дьон норуот кэпсээнигэр эрэ буолакка хаһыаттарга, кинигэҕэ суруллан хаалбыт элбэх материал баар эбит. Дьон норуодунай ньыманан цеолит куһуогунан ити эн эппитиҥ курдук ыалдьар сирин эмтэнэрэ. Бу туһунан Григорий Евгениевич Федоров “Сунтарцеолит”,-- тэрилтэ 25 сылыгар анаан Кыым хаһыакка 2014 сыл суруйан турар. Холобура сарын иэччэҕин ыарыытыгар цеолиты тутуннахха үс күн иһигэр туһалаан киһи илиитин өрө көтөҕөр буолбутун туһунан суруйар. Үс күн кэннитэн бу киһи биэс массыына маһы саһааҥҥа анаан хайыппыт. Атаҕа ыалдьан утуйбат буолбут киһи эмтэнэн суукка иһигэр үтүөрбүтүн туһунан ахтыллар. Биир киһи 1969 сыллаахха республиканскай онкологическай диспанцерга киирэн куртаҕын эппэрээссийэлэппит. Бороһуоктаммыт цеолиты кини аптекаҕа атыыланар бороһуок дозатынан түөрт күн сарсыарда уонна киэһэ испит. Ол кэнниттэн куртаҕа ыалдьыбат буолан тугу баҕарар уруккутун курдук аһыыр буолбут. Онтон 14 сыл буолан баран онкодиспанцерга кэлбитигэр врачтар “Былыр үйэҕэ өлбүтэ буолуо”,-- диэбит киһилэрэ тиийэн кэлбитигэр олус улаханнык соһуйбуттар. Аны биир төрдүс стадияҕа сылдьар рак ыарыынан ыалдьыбыт киһини ”Өлөр”,-- диэн дьиэтигэр таһаарбыттар. Кини балыыһаттан тахсан баран бэйэтин доҕорун көмөтүнэн цеолит порошогун испит. Учуонайдар киниэхэ сибиинньэ организма киһиэхэ майгынныыр,-- диэн сибиинньэ дозатын биэрбиттэр. Бу киһи цеолит көмөтүнэн тыыннаах хаалбыт. Икки ый буолан баран балыыһатыгар медицинскэй справка ыла кэлбитигэр врачтар “Өлбүтэ ырааттаҕа”,-- диэбит киһилэрэ доруобай хаама сылдьарын көрөн соһуйан, куттанан бэйэлэрэ чуут өлө сыспыттарын туһунан суруллар. Бу киһи итинтэн үтүөрэн Саха сиригэр өссө аҕыс сыл олорон баран дойдутугар Белгородка барбыт. Церрос печени буолбут киһи чайнай лошка аҥаардыытынан иһэн үтүөрбүтүн туһунан сурук учуонай кинигэтигэр эмиэ баар. Итинник түгэн үгүс. Онон цеолиты биһиги доруобуйабыт харыстабылын учуонайдара киһиэхэ туһатын чинчийэн үөрэтэллэрэ уонна киэҥник туһаналлара наада.

Цеолит радиацияны курдат аһарбат. Мирнэйгэ АЛРОСА хампаанньа цеолиты цемени кытары буккуйан баран үлэлээн бүппүт сирдэрин хайаҕаһын бүөлээһиҥҥэ тутталлар. Оччотугар цемент растворун маарката үрдүүр уонна бэлэм айылҕа материалын туһанан экономически харчытыгар 40 бырыһыан сүүйүүлээх хаалаллар эбит.

Ытыктабыллаах Наталья Матвеевна тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үчүгэй чуолкай өйдөнүмтүө кэпсээниҥ иһин иһин махтал. Эйиэхэ наукаҕа айымньылаах үлэҕэр, олоххор кэлэр кэнчээри ыччаттаргар ситиһии эрэ сэтиилээх, кыайыы-хотуу эрэ көтөллөөх буолуҥ,-- диэн бастыҥ баҕа санаабын күндү ааҕааччы доҕорбунаан этэрбин көҥүллээ.

Учуонайдар кэпсээнэрин истэн баран билигин ыытылла турар Саха сирин иккис научнай комплекснай экспедициятыгар цеолит минералы үөрэтиигэ өссө улахан ситиһиилэри баҕарарбын. Билигин оччотооҕу бастакы экспедиция кэмэ буолбатах, биһиги наука араас эйгэтигэр учуонайдарбыт, доктордар, академиктар элбээн, араас техника сайдан турар кэмигэр улахан киэн үлэ ыытыллыан сөп. Россияҕа 14 сиргэ цеолит месторожденията баар. Оттон Саха сиригэр Сунтаар улууһугар эрэ баара биллэр. Бу миэстэ биһиги олохпутугар суолтата улаханынан Саха сирин страгетическай суолталаах миэстэтигэр киирэн оһуобайдык харыстаныан наада. Онон Сунтаар улууһа инникитин тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, киһи үйэтэ уһууругар ыарахан ыарыылартан быыһаныыга улахан суолталаах миэстэнэн буолар. Инникитин Саха сирин олохтоохторугар цеолит-тыыннаах таас тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы үлэтигэр араас ыарахан ыарыыттан дьон олоҕун быыһааһыҥҥа суолтата өссө улаатан туһалыы турарыгар баҕарабын.

2017-03-02 09:07:16

Всего просмотров: 1194

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2017-03-02 09:07:16 - Цеолит—тыыннаах таас

Собственные материалы (последние 20)

2026-11-26 05:01:19 - ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 26.11.2026 - 11.00-13.00 (материал обновлялся)[0]

2026-11-25 11:40:11 - Дан старт строительству международного транспортного коридора «Мохэ – Найба – Магадан»: На участке Сковородино – Рейново уложены первые звенья железнодорожного пути [0]

2026-11-25 04:18:53 - ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XXI ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 25.11.2026 - c 10.00 [0]

2026-11-22 07:26:01 - Проект международного транспортного перехода «Джалинда– Мохэ» обсудили на встрече руководителей Якутии и Амурской области [0]

2026-11-21 10:48:05 - Генеральный директор АО «АК «ЖДЯ» принял участие в рабочей встрече Главы Республики Саха (Якутия) и генерального директора ОАО «РЖД»[0]

2026-11-21 10:37:31 - АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком[0]

2026-11-21 10:00:35 - Алданские школьники проходят пиратский квест за здоровые зубы[0]

2026-11-21 09:47:27 - Объем переработки грузов через станцию Нижний Бестях вырос на 6% за 10 месяцев 2026 года [0]

2026-11-20 03:41:46 - 2 декабря в Ил Тумэне состоятся публичные слушания по проекту поправок в Конституцию Якутии[0]

2026-11-17 06:24:11 - Энергетики сообщают о срочных неотложных работах энергетиков 17 ноября в городе Якутске[0]

2026-11-17 06:00:03 - Стартует голосование за лучшую видеовизитку участников республиканского конкурса молодых специалистов здравоохранения «Открой для себя новое здравоохранение»![0]

2026-11-17 05:48:43 - Нордголд вышел в лидеры рейтинга работодателей РБК[0]

2026-11-12 07:56:06 - «Новогодняя фантазия»: на привокзальной площади Нижнего Бестяха создадут ледовые шедевры в честь 50‑летия прихода железной дороги в Якутию[0]

2026-11-10 10:32:58 - ИЕНГРА: ОБЩИНА «ОЛДОЁ» БЬЕТ ТРЕВОГУ. Бывший депутат Селин намерен «упаковать» угольный актив, чтобы продать китайцам? [0]

2026-11-10 09:47:46 - КАК НА КРУГЛОМ СТОЛЕ В ИЛ ТУМЭНЕ ОБСУДИЛИ ДОПОЛНИТЕЛЬНОЕ ФИНАНСИРОВАНИЕ НВК "САХА" (репортаж интернет-газеты "V Якутии.ру" от 10.11.2026 - 14.00-15.45)[0]

2026-11-05 04:59:07 - КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ [0]

2026-11-04 05:22:51 - ИСТОРИК - О ДНЕ НАРОДНОГО ЕДИНСТВА[0]

2026-11-03 12:07:51 - НАШЛИСЬ ЛИ АЛМАЗЫ В ЦЕНТРАЛЬНОЙ ЯКУТИИ? [0]

2026-11-03 04:38:39 - Как будут работать медучреждения в праздничный день 04.11.2026 [0]

2026-10-31 10:26:55 - График выездов мобильных медицинских бригад на ноябрь 2026 года [0]


Разделы

В парламенте

В промышленных районах

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

От редакции

Поздравления

Политика

Происшествия

Промышленность

Сахалыы сыhыарыы

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании