Сахалыы сыhыарыы
Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Владимир Ларионов аатынан киэн тутталлар
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа орто оскуолата сахалартан бастакы академик Владимир Ларионов аатын сүгэр. Владимир Петрович — бу үөрэх кыһатын бастыҥ выпускнига, 1956 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. 2004 сыллаахха оскуолаҕа кини аатын иҥэрбиттэрэ. Бу күннэргэ Майа оскуолатыгар Владимир Ларионов төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах декада үрдүк таһымнаахтык ааста.
Декада түмүгүн таһаарар тэрээһиҥҥэ олунньу 12 күнүгэр Майа орто оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Владимир Петрович олоҕун аргыһа, Россия Федерациятын үтүөлээх бырааһа Люция Ларионова, кыыһа, кардиолог-быраас, медицинскэй наука кандидата Майя Ощепкова оскуола үөрэнээччилэрин, учууталлары кытары көрүстүлэр. Көрсүһүүгэ Владимир Петрович Ларионовы кытта бииргэ үөскээбит, үөрэммит, алтыспыт доҕотторо, чугас дьоно, үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Ыалдьыттар оскуолаҕа кэлээт, Владимир Петрович сырдык аатыгар сүгүрүйэн, кини пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Оскуола директора Светлана Игнатьева декада барыытын билиһиннэрдэ. Быйылгы Ларионовскай ааҕыыларга улуус оскуолаларын алын кылаастарыттан 200 оҕо кэлэн кыттыбыт. 5-11 кылаастарга улуус оскуолаларыттан, чугастааҕы улуустартан, Горнайтан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн 337 үөрэнээччи, 120 учуутал үлэлэрин билиһиннэрбиттэр. Самара педагогтарын кытта видеоконференцияҕа уопут атастаспыттар. Ларионовскай ааҕыыларга кэлиҥҥи түөрт сылга ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолор үлэлэринэн кинигэ оҥорбуттар. Уолаттарга «Аман өс» куонкурус ыытыллыбыт. Биир сэргэх тэрээһининэн Ларионовскай баал буолбут. Политехническэй хайысхалаах оскуолалар үөрэнээччилэрин үлэлэринэн техническэй быыстапка туруорбуттар. Үбүлүөйү көрсө оскуола коллектива Владимир Ларионов туһунан «Үтүө үтүөнү үксэтэр» кинигэни таһаарбыттар. Манна оскуола эдэр талааннарын сүдү киһиэхэ анаабыт хоһоонноро, айар үлэлэрэ киирбиттэр.
Бэлиэ тэрээһиҥҥэ спикер Александр Жирков бэйэтин этиитин оҕолорго туһаайда.Ол курдук, Владимир Ларионов аатынан оскуолаҕа үөрэнэллэрэ кинилэргэ улахан эппиэтинэстээҕин сэргэ олоххо табыллыы буоларын эттэ.
«Киһи олоҕун оҥкулун оҥостуута оҕо саастаан саҕаланар. Сахалартан бастакы Россия академигын аатынан оскуолаҕа үөрэнэргит эһиэхэ олоххут тухары киэн туттууну үөскэтиэҕэ, мэлдьи тирэх буола туруоҕа. Бу маннык дьол киһи аайы тиксибэт. Сотору оскуоланы бүтэрэн, үөрэнэ, үлэлии барыаххыт. Онуоха эһиэхэ инникигитигэр батыһардааххыт, холобур туттардааххыт», — диэн бэлиэтээтэ.
Александр Николаевич Владимир Петровиһы бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылааҕын, уһулуччулаах учуонайын, улахан салайааччытын, кини дьоҕурун, талаанын эрэ буолбакка, киһи быһыытынан майгытын сөҕөрүн эттэ.
«Владимир Петрович доҕотторугар, чугас дьонугар олус болҕомтолооҕо. Мэлдьи хас биирдии киһиэхэ открытка, анабыл суруктары суруйара, иһирэх тыллары аныыра, болҕомто уурара. Онон эһиги эмиэ оҕо эрдэххититтэн болҕомтолоох, дьоҥҥутугар чугас буоларга, санааҕытын бэйэҕитигэр туппакка, иитиэхтии сылдьыбакка, аһаҕастык тиэрдэ үөрэниҥ диэн сүбэлиибин. Үтүө саналаах киһи тирэхтээх буолар, сыһыаны бөҕөргөтөр. Бу биһиги ортобутугар Тимофей Назаров кэлэн олорор. Владимир Ларионов бииргэ үөрэммит доҕоро, биирдэстэрэ кыһыл көмүһүнэн, биирдэстэрэ үрүҥ көмүһүнэн оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Владимир Петрович олоҕун тиһэх күнүгэр диэри бииргэ сылдьыбыттара. Онон оскуолатааҕы, эдэр сааскыт доҕотторугар өрүү үтүө сыһыаннаах, чугас буолуҥ, доҕордоһуутугун мэлдьи харыстыыр буолаарыҥ», — диэн алгыс тылын эттэ.
Владимир Петрович олоҕун аргыһа, кэргэнэ, РФ үтүөлээх бырааһа Люция Ларионова дьиэ кэргэнин, аймахтарын ааттарыттан бу үбүлүөйдээх тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык барбыттарыгар оскуола коллектива тэрийсибитигэр, көхтөөхтүк кыттыбытыгар махтанна.
«Владимир Петрович оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан бу тымныы тыйыс сиргэ дьоммут олоҕо ыарахан, ону биһиги хайдах тупсарабыт диэн бэйэтэ улахан киһи курдук оччоттон саныыра, долгуйара. Промышленность, научнай-техническэй үөрэхтээһин сайдыахтаах, техникэҕэ үлэлиир сахалар тахсыахтаахтар диэн сыал-сорук туруоруммута. Ол санаатыттан туораабакка, олоҕун тухары Сахатын сирэ сайдарын туһугар үлэлээбитэ, техническэй хамсааһыны аҕалбыта. Онон, оҕолор, билиҥҥиттэн туох туһаны аҕалыахтаахпытый диэн саныыр, толкуйдуур буолуҥ, Сахабыт сирин, Россия патриоттара буола үүнүҥ», — диэн баҕа санаатын эттэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун депуттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин Майа орто оскуолатыгар декада үрдүк таһымнаахтык ааспытын, оҕолордуун, учууталлыын бары кыттыстыпытын, инникитин туох үлэ барыахтааҕын тула кэпсэтии тахсыбытын бэлиэтээтэ. Владимир Ларионов холобуругар үлэ-хамнас тэрээһиннээхтик барарын, оскуола ситиһиитэ сылтан сыл үксээн иһэринэн оскуола коллективыгар махтанна.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетын начальнига Ирина Черкашина сахалар киэн туттар чулуу киһибит В.П. Ларионов төрөөбүт дойдутун, түөлбэтин олус сөбүлүүр, харыстыыр патриот киһи буоларын оҕолор үчүгэйдик билэллэрин, кини аатын үрдүктүк тутарга коллектив кыһалларын эттэ. Майа орто оскуолата оҕону дэгиттэр сайыннарыыга болҕомтотун уурарын, бастакы Президеммит М.Е.Николаев «Музыка для всех” бырайыагын пилотнай оскуолата буоларын, Россияҕа оҕо хамсааһынын пилотнай площадкатын быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлиирин аҕынна. Олунньу 10 күнүгэр Хабаровскайга ыытыллыбыт «Юный дипломат» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска 67 хамаандаттан финалга Майа оскуолатын 9 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ төрдүс миэстэҕэ тахсыбыттарын иһитиннэрдэ.
Бу көрсүһүүгэ саха народнай артыыһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун ытык киһитэ Аркадий Алексеев оҕо сааһын иһирэхтик аҕынна.Аркадий Михайлович соторутааҕыта 80 сааһын туолбутун, Владимир Петровичтыын иккиэн Лоомтукаттан төрүттээхтэрин, бииргэ кэмҥэ улааппыттарын, Майа орто оскуолатын бииргэ үөрэнэн бүтэрбиттэрин кэпсээтэ. «Владимир Петрович оччоттон үөрэх-билии өттүгэр таһыччы кыахтаах, уһулуччу буолара биллэрэ. Биэс сыанаттан атыны хаһан даҕаны ылбатаҕа. Кини оскуолаҕа спорт көрүҥнэриттэн велосипедтыырын ордороро, оройуон чемпиона этэ. Оччотооҕу оҕолор биһиги бары да спорду өрө тутарбыт, хайыһарга өрөспүүбүлүкэҕэ киирэн чемпионнуурбут. Онон, оҕолор, үөрэҕи кытта спорду дьүөрэлээн, эт-хаан өттүнэн тэҥинэн сайдыҥ, Владимир Петрович курдук чаҕылхай, кыахтаах буоларга дьулуһуҥ», — диэн сүбэ-соргу тылларын анаата.
Ити курдук, Владимир Петрович Ларионов оскуолатааҕы сыллара, олорбут баай ис хоһоонноох олоҕо кэлэр көлүөнэ ыччакка мэлдьи холобур буолан угуйа туруоҕа.
ЯСИА 2018-02-13 16:55:05 Всего просмотров: 827 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-12-18 06:26:29 - Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным 2024-12-10 09:12:19 - Владимир Прокопьев: Переход на единую систему публичной власти будет проходить поэтапно 2024-11-30 06:46:18 - Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа 2024-11-30 05:41:22 - Афанасий Владимиров: Цель НПК - передать молодым наследие хангаласских родов через время и пространство 2024-11-01 10:09:38 - Афанасий Владимиров встретился с участниками II Николаевского форума в Якутии 2024-10-17 11:46:04 - В Якутии состоялся открытый разговор с депутатом ГосДумы Владимиром Бурматовым 2024-10-13 00:25:28 - ПОЗДРАВЛЕНИЕ ВЛАДИМИРА ПУТИНА С ДНЕМ РАБОТНИКА СЕЛЬСКОГО ХОЗЯЙСТВА И ПЕРЕРАБАТЫВАЮЩЕЙ ПРОМЫШЛЕННОСТИ 2024-10-10 09:37:27 - Афанасий Владимиров провел заседание постоянного комитета по государственному строительству и законодательству 2024-09-27 07:47:49 - В Якутске почтили память Владимира Ларионова 2024-08-29 18:15:16 - Афанасий Владимиров принял участие в Августовском совещании работников системы образования Хангаласского улуса |