|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная В парламенте ЖКХ, энергетика В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице |
Сахалыы сыhыарыы Аркадий Алексеевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданинын үрдүк аата иҥэриллэрин туhугар дьон-сэргэ ба5а санаата (аhа5ас сурук) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Николаев Айсен Сергеевичкэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Солодов Владимир Викторовичка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Гоголев Петр Васильевичка Үгүс ахсааннаах омук-омуктар сүбэбитин-соргубутун холбоон, үйэлэргэ или-эйэни өрө тутан сайдыы саргылаах суолунан айа-тута олорор Сахабыт сирин салайааччыларыгар, эһиэхэ туһаайан, төрүт олохтоох сахалар уутуйан олорор киин, Илин эҥээр, Бүлүү умнаһын, Кэбээйи, Арктика, хотугу, соҕуруу улуустар олохтоохторо барыбыт баҕабытын, түмүллүбүт санаабытын тириэрдэргэ быһаарынныбыт. Сотору кэминэн төрөөбүт Сахабыт сирэ Автономнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан төрүттэммитэ 100 сылын өрөгөйдөөхтүк бэлиэтиэхпит. Баара-суоҕа үйэ анараа өртүгэр халыҥ маар, бүтэй алаас иччилэрэ, хараҥа сахалар үөрэххэ, билиигэ, сырдык олоххо сорунуулаахтык тардыстан түҥ былыргы силистээх-мутуктаах, үгэстээх-дьарыктаах, дириҥ култууралаах духуобунай баайдаах аан дойду биир сайдыылаах омугунан сыаналанар, билиниллэр буолбуппут мээнэҕэ буолбатах. XX үйэни уҥуордаан, муҥутуур сайдыылаах XXI үйэҕэ Арассыыйа судаарыстыбатын хотугулуу-илиҥҥи өртүгэр социальнай-экономическай сайдыы инники күөнүгэр эрэллээх тирэҕинэн буолар олохпут түөрэҕин түһэрбит, олугун охсубут П.А.Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр курдук, о.д.а. улуу дьоммут сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит. Үйэлэр алтыһыыларыгар, судаарыстыба, олох тутула уларыйар аҥаат-муҥаат кэмнэргэ муударай салалтатынан дьонун-норуотун араҥаччылаабыт бастакы бэрэсидьиэммитигэр Михаил Ефимович Николаевка махталбыт улахан. Итинэн биһиги уопсастыба инники сайдыытыгар хайа да салааҕа: салалтаҕа, үлэҕэ-хамнаска, култуура, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, физкултуура, спорт да салааларыгар олоххо актыыбынай позициялаах, угуйааччы, көҕүлээччи лиидэр киһи оруола быһаарар, дьыаланы хамсатар суолталааҕын бэлиэтиибит. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр туруктаах, чөл олох сиэрин тутуһуу кэскиллээх бэлиитикэтэ нэһилиэнньэ киэҥ өйөбүлүн, биһирэбилин ылан, ситиһиилээхтик олохтоноруттан астынабыт. Чэгиэн-чэбдик эт-хаан, чиргэл турук – чөл, ыраас өй-санаа, айар-тутар үлэ, сырдык олох. Бу өйдөбүл бары ытыктыыр, бочуоттуур, киэн туттар киһибит, саха саарына, уҕараабат эрчимнээх, мэлдьи эдэр дууһалаах Аркадий Михайлович Алексеев аатын кытта быстыбат ситимнээх. Кини 80 сыл тигинэччи олорон кэлбит айымньылаах улахан олоҕо киһи кыаҕа, күүһэ, сатабыла-дьоҕура муҥура суоҕун тыыннаах холобурунан буолар. XX үйэ чулуу спортсмена: «Саха Өрөспүүбүлүкэтин чулуу чэпчэки атлета»; «Спорт бары көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ 100 чулуу спортсменнара»; «Спорду 100 бастыҥ тэрийээччилэр» испииһэктэригэр киирбит үрдүкү номинациялар хаһаайыннара, ССРС физкултууратын уонна спордун туйгуна, «Саха АССР-га физкултуура уонна спорт сайдыыларыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэ хаһаайына, спорт араас көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ 29 төгүллээх, чэпчэки атлетика биэс көрүҥэр тэҥинэн күрэхтэһиигэ Уһук Илин 2 төгүллээх, тыа сирин ыччатын Сибиир уонна Уһук Илин зонатааҕы спартакиадаларын 7 төгүллээх чөмпүйүөнэ, 1961 сыллаахха биэс көрүҥҥэ күрэхтэһиигэ Москва куорат чөмпүйүөнэ, копьену быраҕыыга (62 м 80см), биэс көрүҥҥэ тэҥинэн күрэхтэһиигэ (2856 очко) олохтообут рекордара үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ куоһарылла илик номоххо киирбит спортсмен Аркадий Алексеев ааспыт үйэ 50-с сылларыттан саҕалаан, Саха сиригэр физкултуура уонна спорт сайдыытыгар түөрэҥнээбэт түөрэҕи түһэрбит улуу спортсменынан буолар. Кини чаҕылхай кыайыылара уонунан көлүөнэ саха ыччата физкултууранан, спордунан умсугуйан туран дьарыктанарыгар, эт-хаан өртүнэн сайдыылаах буоларыгар, саха спортсменнара араас үрдүк таһымнарга тахсалларыгар, Олимп чыпчаалын дабайалларыгар тиийэ албан аат суолун-ииһин тэлбиттэрэ, угуйар, көҕүлүүр сулуһунан буолбуттара. Муударай тренер, дириҥ билиилээх исписэлиис спортсмен ис кыаҕын наука этэр ньымаларынан сатабыллаахтык дьүөрэлээн эрчийэрин түмүгэ сөҕүмэр көрдөрүүлэри биэрбитэ: оҕолор да, улахан дьоннор да ортолоругар үгүс чөмпүйүөннэри иитэлээн таһаарбыта. Оҕо спортивнай оскуолатын үөрэнээччитэ Евгений Прима 100 м сүүрүүгэ 10,8 сөкүүндэни көрдөрөн өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтообута, Уһук Илин зонатын чөмпүйүөнүнэн буолбута. Маннык көрдөрүү күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри ситиһиллэ илик. Сахалыы ыстаныыларга эрчиллээччилэрэ -- өрөспүүбүлүкэ хастыы да төгүллээх чөмпүйүөннэрэ, рекордсменнара Николай Санников, Иван Горохов спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга уһулуччулаах уһуйааччылар, лиидэрдэр буола уһаарыллан тахсыбыттара. Тэрийээччи, салайааччы быһыытынан үүнэр көлүөнэ спортсменнары бэлэмнээһиҥҥэ, Саха сиригэр физкултуура, маассабай спорт эйгэтэ куораттарга, тыа сиригэр сайдыытыгар, материальнай- тэхиньиичэскэй баазата бөҕөргөөһүнүгэр, кыаҕырыытыгар, спорду тэрийэр, салайар талааннаах каадырдары иитэн таһаарыыга дьайымтыалаах кылаатын киллэрбитэ мэлдьэҕэ суох. Үгүс эрчийбит спортсменнарын чаҕылхай кыайыылара өрөспүүбүлүкэ спордун устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллар ситиһиилэринэн буолаллар. Кини салайбыт сылларыгар Саха сирин «Урожай» уопсастыбата Арассыыйаҕа биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэнэн биллэрэ. Самодеятельнай композитор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуодунай артыыс Аркадий Алексеев сөҕүмэр талаана, кини олоххо тардыһыылаах, айылҕаттан айдарыылаах айымньылара норуот өйүн-санаатын баайа, духуобунай култуурата буолаллар. Кини саар -тэгил уҥуоҕа, чэгиэн-чэбдик быһыыта-таһаата, сырдык санаата, аһаҕас дууһата, олоххо көхтөөх сыһыана, чаҕылхай талаана, дьулуура, тулуура XX үйэ эргиччи сайдыылаах, үрдүк култууралаах, сатабыллаах сахатын түмүллүбүт уобараһа, сырдык мөссүөнэ диэн сыаналыыбыт. Саха литературатын сис дьоно, норуот поэттара Семен Данилов, Петр Тобуроков, Иван Гоголев, о.д.а үгүс поэттар хоһоонноругар айбыт сүүсчэкэ ырыалара Ийэ дойдуга таптал патриотическай тыыныгар, күргүөмнээх үлэҕэ, үөрэххэ дьулуһуу ухханыгар, чиэс, суобас, эппиэтинэс өйдөбүллэригэр, ыраас таптал, олоххо тардыһыы абылаҥар хас биирдиибитин уһуйбуттара. Олоххо миэстэбитин буларбытыгар, инники дьулуһарбытыгар бигэ тирэх буолбуттара. Дэлэҕэ өссө 9-с кылаас үөрэнээччитэ сылдьан айбыт “Тойбохойун” Сахабыт сирин олохтоохторо бары сүрэхпитинэн-быарбытынан ылынан, төрөөбүт дойдубутугар тапталбытын хоһуйан уостан түһэрбэккэ күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри астына-дуоһуйа ыллыахпыт дуо. Айар кэлэктииби түмээччи, көҕүлээччи быһыытынан кыаҕа, араас өрүттээх талаана, айар дьоҕура өссө 60-с сыллартан Сахабыт сирин, саха эстраднай ырыатын дойду үрдүнэн аатырдыбыта-сураҕырдыбыта. Семен Данилов тылларыгар “Саха үҥкүүтэ” ырыата XX үйэ бастыҥ ырыатынан сыаналаммыта. Саха хомсомуолун обкуомун “Айан” вокальнай квартета Бүтүн Сойуустааҕы куонкурустар, бэстибээллэр биэс төгүллээх лауреатынан буолар чиэскэ тиксибитэ. Олох муудараһын иҥэриммит педагог, настаабынньык быһыытынан саха муусукаалынай култууратыгар саҥаттан саҥа көлүөнэ чаҕылхай талааннары үөрэтэн-иитэн, уһуйан таһаарбыт айымньылаах үлэтэ Аркадий Михайлович дьонугар-норуотугар, төрөөбүт дойдутугар оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө, суоруллубат-сотуллубат суола-ииһэ буолар. Кини айар мастарыскыайын абылаҥнаах үөрэҕин бастакы көлүөнэ идэтийбит артыыстар: СӨ үтүөлээх артыыстара Раиса Захарова, Аскалон Павлов, Александр Бурнашев, норуодунай артыыстар Екатерина, Алексей Захаровтар ааспыттара. СӨ үтүөлээх артыыската Сахаайа, Герман Степанов, Илья Николаев курдук иккис көлүөнэ артыыстар кынат үүннэриммиттэрэ. Мэтр Аркадий Алексеев билигин Эстрада тыйаатырын иһинэн айар мастарыскыай-студияҕа эстрада үһүс көлүөнэ артыыстарын үөрэтэр-дьарыктыыр. Кинилэр ортолоругар “Россия устудьуоннарын сааһа” (2006), “Искусство уонна үөрэхтээһин” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар кыайыылаахтара, Россия бэрэсидьиэнин Гранын (2007) хаһаайына Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй, Ольга Спиридонова-Ника, Надежда Захарова, Владислав Петров, Милена Борисова курдук эстраднай ырыаны толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылаахтара -- саха эстрадатын кэскиллэрэ үүнэллэр-сайдаллар, маастарыстыбаларын чочуйаллар-кылаанныыллар, сулус буолан чаҕылыйа кыыһарга бэлэмнэнэллэр. Аркадий Михайлович Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс быһыытынан Саха сирин олохтоохторо сэргээбит, үрдүктүк сыаналаабыт “Төрөөбүт дойдум устун” телебырайыак ааптарынан буолар. Аҥардас Ньидьили, Сиинэ, Буотама, Амма, Хаатылыма, Лабыҥкыр, Турбаахы, Түҥ, Мууна, Чуона, Ньэлгэҕэ, Соболоох, Халыма, Дьааҥы, Уус Маайа, Лаптевтар муоралара курдук ураты харыстанар ытык -мааны сирдэр ааттара Ийэ айылҕабытын, тулалыыр эйгэни харыстааһын, омук быһыытынан төрүт үгэстэрбит, дьарыкпыт, сиэрбит-туоммут, култуурабыт боппуруостарын сырдатар бырайыак киэҥ далааһыннааҕын, бөлүһүөктүү дириҥ ис хоһооннооҕун көрдөрөр. Редактор-режиссер быһыытынан устубут 17 видео-киинэтэ “Саха” НКИХ көмүс пуондатыгар хараллыбыта. А.М.Алексеев – 2003 сыллаахха Ханты-Мансийскайга айылҕа харыстабылын боппуруостарынан уһуллубут киинэлэр VII норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын лауреата. Улахан, дьоллоох олоҕун 81-с хаарын дараҕар сарыннарыгар уулларбыт, эдэр дууһалаах, уҕараабат эрчимнээх саха саарына, төрөөбүт дойдум, дьонум-норуотум тустара диэн айар-тутар үлэ үөһүгэр сылдьар ытык-мааны киһибит, Дьокуускай куорат, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Тойбохой, I Тыыллыма нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданиннара Аркадий Михайлович Алексеев уонунан көлүөнэ саха ыччатын төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу патриоттуу тыыныгар иитиигэ, норуот духуобунай култууратын барҕардыыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырааттыы норуоттарын икки ардыларыгар или, эйэни, доҕордуу сыһыаны түстээһиҥҥэ, өрөспүүбүлүкэбит саргылаах сарсыҥҥытыгар таһаарыылаах үлэни, чөл олоҕу көҕүлээһиҥҥэ киллэрбит, киллэрэр тус кылаата үрдүктүк сыаналаныахтаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина үрдүк аат иҥэриллиэхтээх диэн норуот санаатын, волятын этэрэ өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтатынан өйөнүллэригэр, судаарыстыбаннай таһымҥа бигэргэтиллэригэр эрэнэбит, итэҕэйэбит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьонун-норуотун аатыттан Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Дьокуускай куорат олохтоохторун бэрэстэбиитэллэрэ.
(Аhа5ас сурук бэчээккэ "Саха Сирэ" хаhыакка тахсыбыта).
2018-12-24 10:51:28 Всего просмотров: 935 Комментарии Всего [1] Ссылки по ключевым словам:
2024-11-30 06:46:18 - Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа 2024-09-10 07:33:32 - С 12 сентября в Якутске временно ограничат движение по ул. Петра Алексеева 2024-05-29 04:03:14 - Бааһынай хаһаайыстыбалар биир идэлээхтэригэр санааларын уураллар 2023-11-02 07:12:58 - Асида Алексеева: Курсы реабилитации прошли 166 участников СВО и 125 членов их семей 2023-10-12 10:55:48 - Асида Алексеева: в Якутии расширяют формы реабилитации для участников СВО и их родных 2023-09-07 11:00:38 - НӨМҮГҮЛЭР ҮРДҮК ҮҮНҮҮНҮ ЫЛАР САНААЛААХТАР
2023-08-04 18:14:22 - Встреча с участниками экспедиции «Муома хайалара – ыра санаам чыпчааллара – 2023» 2023-03-13 08:37:39 - Алексей Еремеев: Основные принципы патриотизма всегда были отличительной чертой российского гражданина 2023-01-11 12:22:09 - Алексеев Артур Николаевич награжден знаком «За заслуги перед АО «АК «ЖДЯ» 2023-01-10 13:49:54 - КОЛЛЕКТИВ "ЖЕЛЕЗНЫХ ДОРОГ ЯКУТИИ" ПОЗДРАВЛЯЕТ АРТУРА АЛЕКСЕЕВА |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|