Промышленность
Нерюнгрига сылдьан
Соторутааҕыта биһиги «Туймаада» Агрохолдинг акционернай уопсастыба генеральнай директора Ефремов П.С, кылаабынай инженер Чайковскай Д.С., кылаабынай теплотехник Иванов А.И. буолан Нерюнгри көтөрү иитэр фабрикататыгар бара сылдьыбыппыт.
Суоппар Тит Константинов тыргыллан олорор асфальт суолунан биир кэм сыыйылыннаран олорор. Алдаҥҥа тиийиибитигэр күн киэһэрэн хараҥаран барбыта. Бу мантан Алдантан Нерюнгрига диэри үс сүүстэн тахса килэмиэтир. Бу суол түһүүлээх, тахсыылаах үрдүк сир буолан манна хаһан баҕарар дьыл эрдэлиир. Ону бигэргэтэрдии массыына уотугар көрдөххө хаар кыыдамнаан түһэ аҕай турар. Хайыы-үйэ күһүн обургу толору кэлэн сотору кэминэн кыһын кэлэрин сэрэтэн биллэрэн эрдэҕэ. Биһиги сөп соҕустук айаннаан Нерюнгрига тиийэн хонук сирбитин булуубутугар сир бүүс бүтүннүү тунал маҥан хаарынан бүрүллэн сытара. Биһиги сыаллаах-соруктаах кэлбит дьон сарсыарда эрдэ туран аһаан-сиэн 9 чааска тэрилтэ хонтуоратыгар айаннаатыбыт. Фабрика син тэйиччи куорат таһыгар турар. Онон куораты таарыйбакка суоппар Тит Константинов бэйэтэ эрэ билэр суолларынан (специалистар фабрикаҕа куруутун сылдьаллар) фабрика хонтуоратыгар тириэртэ. Биһигини фабрика консультант-технолога Шербина Е.П. кэтэһэн турар эбит. Өр өтөр буолбата дириэктэр Хомподоев В.В. сахаҕа үрдүк уҥуохтаах эдэр киһи кэлэн бүгүҥҥү күннээҕи үлэбитин сүбэлэһэн баран биир биир бэйэбит сорукпутунан тута үлэлии тарҕастыбыт.
Мин Евгений Петровичтыын бройлер кууруссалары көрөр сирдэригэр бардыбыт. Евгений Петрович уопсай үлэ-хамнас туһунан кэпсии-кэпсии бастаан инкубаторнай сыахха үлэ оргуйа турар сиригэр аҕалла. Бу сыахха түөрт-биэс киһи ким сымыыттары талар, ким ол сымыыттары дьааһыктарга хаалыы-хаалыы анал ыскааптарга угуталыыр. Онтон салгыы атын кэҥэс хараҥа хосторго илдьэллэр эбит. Хос диэххэ дуу, тус туһунан тимир ааннаахулахан ыскааптар.Онно били анал иһиттэргэ угуллубут сымыыттар хас эмэ эрээтинэн хааламмыттар. Хас биирдии аан үрдүгэр анал температурнай эрэсиимнэри туруорар компьютердар уоттара кыламнаһаллар. Онтон салгыы сымыыттан тахсыбыт чоппускалары улаатыннарар сыахха бардыбыт. Балайда хааман баран 90 м уһуннаах 30-40 м кэтиттээх хас да кэчигирэспит дьиэлэр турар сирдэригэр тиийдибит. Манна дьэ бройлер кууруссаларбытын сымыыттан саҥа тахсыбыт чоппуускатыттан саҕалаан улаатан эккэ барыахтарыгар диэри 40 сууккаҕа тиийэ тус туһунан туруораллар эбит.
Манна биһигини тэрилтэ зооинженера Моцман Н.В. көрүстэ. Кини кэпсииринэн сыахха барыта 72 тыһыынчаҕа тиийэ чоппуускатыттан саҕалаан улахан кууруссаҕа тиийэ тутан олороллор. Сыах иһэ биир кэм чуп-чуубугурас. Аһылыктара компьютер суоттаабытынан тарҕана турар, уулара хас биирдии килиэккэ аайы анал оҥоһуулаах кыра турбанан кэлэ турар. Ити курдук олбу-солбу чоппуускалары аҕала тураллар, улааппыт бройлердар эт сыаҕар ыытыллаллар. Фабрикаҕа барыта 131955 бройлер куурусса турар.
Эт сыаҕа эмиэ туһунан анаан оҥоһуллубут дьиэҕэ турар. Үлэһиттэр сынньанар, таҥастарын уларыттар хосторо барыта баар. Смена бүтэрэ чугаһаан тута куурусса этин суулуур, дьааһыктарга хаалаан атыылыыр сирдэргэ ыытарга бэлэмниир саалаларыгар тиийдибит. Дьэ манна эбит. Тыас-уус. Дьон биир кэм үллэҥнэс. Биир муннукка ыраастаммыт кууруссалар анал тохтоло суох эргийэ турар тиһиккэ ыйанан кэлэн хаймыыламмыт уһун остуолга түһэллэр. Ол аттыгар турар үлэһит куурусса этин тута атын тиһиккэ иилэн иһэр. Салгыы бу кууруссалар араас оборудование иһинэн айаннаан эти астыыр дьон остуолларыгар тиийэн биир биир сүөкэнэ тураллар. Дьэ маны үлэһиттэр бэйэлэрин соруктарынан сорох анаан оҥоһуллубут фирменнэй мөһөөчүктэргэ угар, сорох дьааһыктарга хаалыыр. Ким эрэ ис буотарагын сууйар, наардыыр. Сити курдук үлэ быыстала суох биир кэм тигинээн олорор. Сыах начальнига Лесникова Т.Л. кэпсииринэн сменаҕа 7-тэн 9 тн тиийэ эт оҥоһуллар. Сменаҕа 26-30 киһи үлэлиир. Ол курдук күнтэн-күн үлэлээн фабрика быйылгы сылга 2748 тн эти оҥоруохтаах. Дириэктэр Хомподоев В.В. этэринэн бу ыйдааҕы туругунан былаан 76-77 % туолан иһэр эбит.
Сымыыттыыр кууруссалар ахсааннара сылын аайы уларыйа тураллар. Быһа эттэххэ производство биир кэм турбат буоллаҕа дии. Бу сыллааҕы туругунан фабрикаҕа 111341 сымыыттыыр куурусса баар эбит… Онтон сымыыты ылар буоллахха былаан быһыытынан 33 мөл 813 тыһ. устуука сымыыт ылыллыахтаах. Ити былаан 82 % туолан иһэр. Ил Дархан, бырабыытылыстыба өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүдү соруктары туруораллар. Бу соруктар олоххо киириилэригэр биһиги бары түмсүүлээхтик үлэлиирбит таһынан тэрилтэлэр, хаһаайыстыбалар саҥа оборудованиеларынан, технологиянан, техниканан сэбилэниэхтэрин наада. Ол да иһин Агрохолдинг салалтата хас биирдии хаһаайыстыбатыгар саҥа техниканан, оборудованиенан хааччыналларыгар болҕомтотун күүскэ уурар. Онон сиэттэрэн Нерюнгри көтөрү иитэр фабрикатыгар инникитин улахан үлэ күүтэр. Ол курдук убойнай, бройлернай, инкубационнай сыахтары реконструкциялааһын уонна модернизациялааһын, тутуулары ититии, саҥа оборудование уонна анал техника ылыы, саҥа хочуолунай тутуута уонна да атын соруктары толоруу былаана турар. Онон фабрика үлэһиттэрэ бу соруктары толорууга бигэ эрэллээхтик үлэлии олороллор.
Прокопий ХАБАРОВ, «Туймаада» Агрохолдинг
Источник: Aartyk.ru 2024-09-26 05:38:34 Всего просмотров: 57 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-10-29 11:04:44 - В Нерюнгринском районе ввели режим повышенной готовности из-за бродячих собак 2024-10-19 10:35:39 - ВЫСТУПЛЕНИЕ ЗАМГЛАВЫ НЕРЮНГРИНСКОГО РАЙОНА
АННЫ ЛЫСЕНКО В ОБЩЕСТВЕННОЙ ПАЛАТЕ ЯКУТИИ 2024-10-13 09:50:14 - БЭС ЫЙЫТТАН САХА СИРИГЭР БЭЙДИЭ СЫЛДЬАР ЫТТАРГА, КИНИЛЭРГЭ ЫЙ УСТАТА КИМ ДА НААДЫЙБАТА5ЫНА, УТУТАР НЬЫМА ТУҺАНЫЛЛАР
2024-10-12 07:22:35 - В НЕРЮНГРИНСКОМ РАЙОНЕ - ДЕНЬ ТРАУРА 2024-10-02 03:26:14 - В Нерюнгринском районе акцией «Онкодесант» охвачено более 70 человек 2024-09-26 05:38:34 - Нерюнгрига сылдьан 2024-09-14 05:41:53 - Газификацию Нерюнгринской ГРЭС планируют завершить к 2028 году 2024-08-24 06:05:47 - Реконструкцию блока «Б» лечебного корпуса Нерюнгринской ЦРБ завершат в октябре этого года 2024-07-28 05:55:10 - В Нерюнгринской ЦРБ открывается новое отделение челюстно-лицевой хирургии 2024-07-11 02:37:33 - Нерюнгринская птицефабрика поддержала городской фестиваль «Летний позитив» среди детей |