|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная ЖКХ, энергетика В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице ЖКХ, энергетика |
Сахалыы сыhыарыы АЛРОСА сайдар саҕаҕа, социальнай хааччыйыы Станислав АЛЕКСЕЕВ, Мииинэй (Тэрилтэ идэлээхтэрин сойууһун уонна салалтатын мунньаҕыттан) ***
Ааспыт нэдиэлэҕэ «АЛРОСА» хампаанньа управлениетыгар алмаас үлэһиттэрин «Профалмаас» диэн регионнааҕы идэлээх сойуустарын сүбэ мунньаҕа буолла. Манна алмаас тэрилтэтин салалтата, идэлээх сойуустар эппиэттээх үлэһиттэрэ кытыннылар. Хампаанньа инники кэскилэ, сабыылаах уопсастыбаттан аахсыйалаахтар аhаҕас уопсастыбаларыгар көһүүгэ 32 тыhыынча үлэһиттээх, өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэтигэр социальнай хабааннаах бэлиитикэ хайдах-туох буолуой? Үлэһит уонна тэрилтэ икки ардыгар түһэрсиллэр Кэлэктиибинэй дуогабарга уларыйыы баар дуо? Үлэһиккэ эрэ буолбакка, Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар тыын суолталаах боппуруос мунньахха көрүлүннэ.
Сүрүн дакылааты «АЛРОСА» вице-бэрэсидьиэнэ, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах дьокутаата Валентина Потрубейко, «Профалмаас» бэрэссэдээтэлэ Ришат Юзмухаметов, хампаанньа профсойууhун араас салаатын салайааччылара оҥордулар. В.Потрубейко тыын суолталаах бырамыысыланнас тэрилтэтигэр үп-харчы, экэниэмикэ туруга хайдаҕын сиһилии билиһиннэрдэ.
«АЛРОСА» алмааhа — көҥүл атыыга
Түгэни туhанан, бу боппуруоска бэйэм көрүүбүн суруйабын. Хампаанньа ааспыт сылга үгүс моhолу көрсүбүтүн урут бэлиэтээн турабыт.
«Күhэллииттэн тохтобул» а.э., «боростуой» диэн бөрүкүтэ суох тыл «АЛРОСА» тэрилтэлэригэр уостан түспэт буолбута. Тыhыынчанан киhи үлэтэ түөрэҥнээн ылбыта.
Оттон 2010 сылга балаһыанньа аматыйда, үчүгэй өттүгэр хамсаата. Хампаанньа быйылгы көрдөрүүлэрэ куhаҕана суох. Маныаха алмааска наадыйыы намтаан баран, 2010 сылтан үрдээбитэ, Аан дойдутааҕы алмааһынан, бирилийээнинэн дьарыктанар салаа биллэ сэргэхсийбитэ төһүү буолла. Биллэрин курдук, 2009 сыллаахха, сайын, алмааhы батарыы кыhалҕалаах буолбутугар судаарыстыба «АЛРОСА»ны өйүүр бэлиитикэни тутуспута. РФ Гохрана «АЛРОСА»ттан 800 мөл. дуолларга тиийэ сыаналаах алмааhы атыылаhар усулуобуйата олохтоммута. 2009 сыл устата хампаанньа алмааhын Гохраҥҥа ботуччу батарбыта. Ол эрээри Гохраҥҥа атыы туруга алмаас ырыынакка сыаната 2010 сылга 5 бырыhыан улааппытын учуоттуур буоллахха, барыhа суох этэ.
Москубаҕа буолбут мунньахха хампаанньа Кэтиир сүбэтин кыттыылаахтара да эппиттэринэн, балаhыанньа тубуста. Ол эрээри «лаппа тубуста» диир билигин да эрдэ. Сүрүнэ, үп ытарчатыгар оҕустарыы куттала билигин суоhаабат. Маннык түмүгү оҥорорго туох төрүөт баарый? Бастатан туран, «АЛРОСА» АХ РФ Гохраныгар, урут этиллибитин курдук, 800 мөл. дуоллар суумаҕа алмаас атыылыахтааҕа тохтотулунна. Бу саамай сөп. Алмааһы быдан барыстаах сыанаҕа Аан дойду ырыынагар батарар кыах тосхойдо. Сөбүлэҥ быhыытынан, маннык көҥүл атыыны сокуон да, судаарыстыба да хааччахтаабат. Алмаас хампаанньатын дэлэй атыытыттан баһаам нолуок киирэн, судаарыстыба хааһыната хаҥыыр. Иккиhинэн, үүммүт сылга, «АЛРОСА» 124 мөл. дуоллардаах бирилийээни батарда. Маннык көрдөрүүгэ үп ытарчата «өрөгөйдүүр» кэмигэр санамммат да этилэр. Үсүһүнэн, алмаас хостооhунун былаана бары ХБК-ларга 100 % туолла. 2010 сыл 9 ыйыгар 1 млрд 723,9 мөл. дуоллар суумалаах күн чаҕыла таас хостонно (өссө ити «АЛРОСА-Ньурба» киэнин аахпакка туран).
Сыл бастакы аҥаарыгар 2 млрд 025 мөл. дуоллардаах алмаас атыыланна. Бу кэм устата былааннаммыт ыраас барыс 3 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Караатынан да көрдөрүү куhаҕана суох.
Yлэ, атыы-тутуу маннык тэтиминэн бардаҕына, аҕыйах сылынан ыраас барыс 8-10 млрд солк. тиийэр чинчилээх.
Төрдүһүнэн, «АЛРОСА» АХ Кэлим батарар тэрилтэтэ алмааhы батарыыга саҥа суоллары тэлэр. Ол аата, Аан дойдутааҕы күндү таастары атыылыыр улахан ырыынак сыыйа көнөн, алмааска наадыйыы сөргүтүллэр чинчилэннэ. Билигин, атын сытыы боппуруос күөдьүйдэ. Ол – ырыынакка тахсар алмаас кэмчитийиитэ. Сырье «АЛРОСА»ҕа эрэ буолбакка, атын алмаасчыттарга эмиэ ыараата. Сир аннынааҕы үс руднигы туттара сылдьар. Олортон тута үрдүк дохуоту эрэйэр кыаллыбат. Бастаан тилэри туттарыахха наада. Быһата, аны алмаас сырьета дэписииттийиэх курдук буолла. Ону билбэттэрэ кэлси дуо, күндү таастан балысхан барыhы ылааччы «тииҥ мэйиилэр»?!
Аан дойдуга алмааhы батарыы
Билиҥҥитэ алмааhы Индияҕа, Кытайга уонна Израильга барыстаахтык батарыахха сөп. Бу дойдулар диамантердара Голландия Анвтерпеннааҕы алмааhы атыылаhар уонна батарар киинин кытта түсүһэргэ санаммытара манна төһүү буолар. Антверпен алмаас-бирилийээн баайдаах киинин былыр-былыргыттан дьэбириэй ааттаахтара баhылаан, тутан олороллор.
Билигин сорох Аан дойдуга алмааска интэриэс намтаата диэх курдук тыллаhар. Бу — олоҕо суох дойҕох. Өссө 1948 сыллаахха, «Де Бирс» уонна АХШ-тааҕы дьэбириэй мультимиллионердара «Бриллианты – это вечно» диэн абылыыр доҕуhуоллаах доктринаны тарҕаппыттара. Ол пиара олус табыллан, дэлэй харчылаах дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн, олохсуйбута ыраатта.
Алмаас – баай-дуол, киhи аймахха муҥутуур сыаннас, харчы эквивалена, былаас туоhута. Алмааhы ким-хайа иннинэ Эмиэрикэ кууhунан «апчырыйан» барбыта. Бу «сытыйа» байбыт дойду экэниэмикэтэ таhыччы көммүтүн, Сир шарын үрдүнэн лаппа баайын, ураты кыахтааҕын көрдөрөн, алмаас баайынан көөчүктүүр, атын норуоттар сүрдэрин баттыыр бэлиитикэни ыыппыта.
Билигин да, алмааска ким-хайа иннинэ интэриэстээх дойдулар – АХШ уонна Япония. Дьоппуоннар Аан дойду алмаас 25 бырыhыанын күн бүгүнүгэр диэри атыылаhа олордулар. Кэлин экэниэмикэтэ биллэ көммүт Кытай алмааһы сэҥээрэр буолла. Дойду кыаҕырбытын көрдөрөр төрүөт наада. Ол түгэн тосхойуох курдук. КНР алмааhы эргитэр-урбатар салаатын эргиирэ – 2 млрд дуоллары куоһарда. Шанхайдааҕы алмаас биржата лаппа кыаҕырда. Кытай салгыы маннык бардаҕына, аҕыйах сылынан бу сыыппара икки төгүл үрдүө диэн сабаҕалыыллар. Аны, алмаас тула синдикаттар, биржалар, күндү тааһы бэрэлиир, атыылыыр-мэнэйдиир биисинэс аhыы олорорун умнумаҥ. Алмаас уонна бирилийээн биисинэһин Аан дойду үрдүнэн дьаhайар, маныаха улахан бэлиитикэни оҥорор АХШ, Израиль уонна Арҕаа Европа сис баайдара уонна маклердара алмаас сыаната түhэригэр интэриэстэрэ суох. Онон алмаас дьарыктаах тэрилтэлэр сыаналара сылтан сыл ахсын үрдүүр чинчилээх.
Чуолаан, «АЛРОСА»ҕа туhаайан эттэххэ, билигин кини инвестиция бэлиитикэтин хайдах ыытарыттан элбэх тутулуктаах. Инвестицияны муҥутуур киэҥ далааhыннаахтык киллэрэн, барыһы ылар сорук күүскэ турар. Биир эрэдээктээх боппуруос баар. «АЛРОСА» сорох актыыбыттан босхолонуон, олору табыгастаахтык атыылыан наада диэбиттэрэ ыраатта. Маны сэргэ атын үлэ хайысхата баар — урукку курдук, сыаналаах кумааҕыны кытта үлэҕэ киирсии.
Оччотугар хампаанньа кирэдьииккэ иэhин (3 млрд. дуоллар) аччатар кыахтаныаҕа диэн сылыктыыллар.
«АЛРОСА» аhыллыытын кэмигэр социальнай бэлиитикэ
Бу хайысхаҕа ыйытыы элбэх. Хампаанньа аhыллар түгэнигэр Мииринэй, Удачнай, Айхал, атын нэhилиэнньэлээх пууннар инники дьылҕалара хайдах буолуой? Хампаанньа социальнай мэктиэлээhинигэр туох уларыйыы киириэй? Аахсыйаны кыайа ылбыт бас билээччи хайдах дьаһаныай? Куораттарбыт, оройуон уруккулуу нус-хас хааччыллыахтара дуо диэх курдук ыйытыы, саарбахтааhын да суох буолбата. Маныаха «АЛРОСА» салалтата муоҕа-чуоҕа суох социальнай мэктиэлээhин оннунан хааларын, 2011 сылга хампаанньа тэрилтэлэригэр үлэ тохтуо суоҕа диэн эрэннэрдэ. Ол оннугар мөлтөх көрдөрүүлээхтэргэ сарбыйыы буолуо диэтилэр.
Мииринэйгэ тутуллар «АЛРОСА» дьиэлэрэ ыччакка, хампаанньа эдэр үлэhиттэригэр эрэ ананыахтара. Холобур, маҥнай Мииринэйгэ 9 этээстээх, 70-ча кыбартыыралаах дьиэ тутуллара барылга баар. Бу дьиэлэр 1-2 хостоох эрээри иэннэрэ киэҥ-куоҥ, аныгылыы бырайыактаах буолуохтара. Уратыта — маннык дьиэ ипотека быhыытынан түҥэтиллэр. Үлэһити кытта тустаах сөбүлэҥ түһэрсиллэр, ол чэрчитинэн төлөбүрэ кини хамнаһыттан тутуллар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 25 тыһ. эбит буоллаҕына, «АЛРОСА»-ҕа биллэ үрдүк — 40-ча тыh. Манна хампаанньаҕа өр үлэлээбит уонна баай уопуттаах үлэһит уонна саҥа үлэһит хамнаһын араастаһыыта улахан. Чуолаан, сүрүн производство уонна хааччыйыы эйгэтин хамнаһа үчүгэй. Холобур, Мииринэйдээҕи ХБК, АТМ, МГРЭ, БГРЭ, УКС, «Алмазавтоматика», УМТС үлэhиттэрэ ыйга ортотунан 40-45 тыh. аахсар буоллахтарына, Мииринэйдээҕи шахтаны тутар трест үрдүкү разрядтаах проходчига эбэтэр шахтера 70-80 тыh. ылар. Хамнас араас. Уустук кэм саҕана 13-с хамнас эбэтэр бонус бэриллэрэ саарбах этэ. Ол эрээри хампаанньа сыллааҕы дохуотуттан көрөн, сыл түмүгүнэн бонус биэрэргэ быhаарыммыта. Бонуһу түҥэтии — бүддьүөт тэрилтэлэригэр, бэл, атын бырамыысыланнай да хабааннаах тэрилтэлэргэ тарҕамматах көстүү. Оттон бу «АЛРОСА»ҕа уруккуттан баар. Кэлэр сылга инфляция хаамыытын баттаһа хамнас үрдүүрэ этилиннэ. Быйыл сайын, «АЛРОСА» бэрэсидьиэнэ Федор Андреев СМИ-гэ эппитинэн, бырабылыанньа быhаарыныытынан, оробуочайдар хамнастара — 10, хампаанньа офис-менеджменигэр – 8 % үрдүөхтээх. Алмаас тэрилтэтэ бородууксуйатын төһө барыстаахтык батарар, дохуотун үрдэтэр да, оччонон үлэһиттэрин хааччыйары тупсарар дьүккүөрдээх.
Кэлэктиибинэй дуогабар суолтата улахан: үлэнэн хааччыйааччы уонна үлэhит сыhыаннарын чопчулуур-сааhылыыр тутаах докумуон. Үлэһит бырааба, туох чэпчэтиилээҕэ ырылыччы суруллар. «АЛРОСА» үлэhитэ атын тэрилтэлэргэ тэҥнээтэххэ, быдан көмүскэллээх. «АЛРОСА» «Профалмаастаах» буолан, үп ытарчатын кэмигэр үлэһит интэриэһэ, бырааба күөмчүлэммэтэ. Кэлэктииптэри кытта «Профалмаас» (бэрэссэдээтэл Р. Юзмухаметов, солбуйааччыта Б. Егоров) ХБКлар идэлээх сойуустарын лиидэрдэрэ утумнаахтык үлэлээтилэр. Тохтобул кэмигэр туох төлөнүөхтээҕэ барыта болдьоҕор төлөннө. Үлэлэрэ тохтообуттар быстах үлэнэн хааччыллыбыттар. Дуогабар онон туолбут.
Түмүк оннугар
«АЛРОСА» хампаанньа социальнай хабааннаах, бүддьүөтү, үбү-харчыны таҥыыга суолталаах тэрилтэ буоларын быhыытынан, тэрилтэ иһинээҕи да балаһыанньа бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ сабыдыаллыыр. Бүгүн «АЛРОСА» бэйэтэ сүрүн производствотынан эрэ муҥурдаммат. ОДЬКХ-лаах, көмө хаhаайыстыбалаах, энергетика эбийиэктэрин тутуутун ыытар тэрилтэлээх, тутуу-таҥыы, алмааhы суортааhын, тырааныспар, авиация салаалардаах, тэлэбиидэнньэлээх, араадьыйалаах, хаhыаттардаах, култуурунай-спортивнай комплекстаах, эмтиир-сынньатар хас да куруортаах, санаторийдардаах уонна профилакторийдардаах. Маннык тэрилтэ Саха сиригэр соҕотох. Уhук Илиҥҥэ да суох. Өтөрүнэн баар да буолара саарбах. Онон хампаанньаны хайдах баарынан оннунан хаалларар, салгыы сайыннарар сорук судаарыстыба, Саха бырабыыталыстыбатын иннигэр турар. «АЛРОСА» алмаастаах кыраай киинин, оройуону тутан, суолу-ииһи, куораты сылааhынан, итии-тымныы уунан хааччыйан олорор. Хампаанньа ытарчаҕа хаптарда да, биир бастакынан Мииринэй оройуона, дьэ «хапсыйар» дииллэрэ оруннаах. Атын тэрилтэлэргэ эрэҥкэдийэр кыах суох. Онон «АЛРОСА» аhылыннаҕына да оройуоҥҥа, Саха сиригэр үтүөнэн, бары өттүнэн табыгастаахтык эрэ сабыдыаллыырыгар баҕарабыт. (Кыым.ру - 08.11.10) 2010-11-08 20:08:47 Всего просмотров: 1718 Ссылки по ключевым словам:
2024-12-16 12:01:17 - 21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность» 2024-12-12 08:51:15 - Погружение в креатив: как при поддержке АЛРОСА школьники развивают творческие способности 2024-12-02 12:14:49 - АЛРОСА помогла жителям Алданского района создать комфортные и экологичные зоны отдыха 2024-11-14 10:25:18 - Министерство инноваций и АЛРОСА подписали меморандум в области развития IT-индустрии в Якутии 2024-11-01 08:34:35 - Социальными координаторами фонда «Защитники Отечества» планируют охватить все районы Якутии 2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ
2024-10-23 14:09:40 - Якутия досрочно выполнила годовой план по социальной газификации 2024-10-18 20:31:37 - Профориентация АЛРОСА: возможности трудоустройства для якутских студентов 2024-10-10 09:42:59 - Новости ЦРБ: работа кабинета медико-социальной помощи беременным в Мегино-Кангаласском районе 2024-10-10 09:41:29 - В парламенте республики обсудили вопросы социально-экономического развития города Якутска |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|