Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В парламенте
На заседании Совета представительных органов МО предложено разработать поправки в закон о муниципальных пенсиях за выслугу лет

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

 

Сахалыы сыhыарыы

Ыам ыйын 11 күнүнээҕи миитин - профессор Казарян «өҥөтө» (экстремизмҥэ буруйданан тутуллубут уол босхолонуохтаах!)

Туйаара НУТЧИНА

Ыам ыйын 11 күнүгэр тахсыбыт миитин, уопсастыба, дьон-сэргэ өйүттэн ааһан-араҕан биэрбэт. Билигин даҕаны эдэр ыччаты күөртүүр тыл-өс тиһигин быспакка интэриниэтинэн, «этэрбэс араадьыайтынан» тарҕана турар. Саха норуотун омугумсуйууга буруйдуу сатааһын кимиэхэ барыстааҕый? Армяннары уонна сахалары утарыта туруорартан ким ас таһаарынарый?

Бу туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын кылаабнай эрэдээктэрэ, уопсастыбанньык Валерий Луковцев:

- Саха историятын кырдьыктаахтык көрдөрүүгэ, Уларыта тутуу саҕаттан, элбэх учуонайдар, суруналыыстар үлэлээн кэллилэр. Историческай наука доктора Егор Алексеев, Бастакы президент Михаил Николаев («Возвращенные имена»), суруналыыстар Дмитрий Кустуров («Репрессия ыар тына»), Иван Николаев, Иван Ушницкай («Центральное дело»), «Саха» араадьыйатын суруналыыһа Николай Максимов биэриилэрэ, онтон даҕаны атын дьон үлэлэрэ тахсыбыттара, тахса да тураллар.

Ити үлэлэри аахтахха, Саха сирэ, Сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан ыла – 1918 сылтан – Сойуус атын, улахан омуктарын куттуур аналлаах политическай «оонньуулар» полигоннара буолбут эбит. Репрессия долгуна, барытын кэриэтэ, наар Саха сириттэн саҕаланар.

Тоҕо? Бастатан туран, бэйэтин кырдьыгын кыайан көмүскэммэт, сомоҕото суох кыра омук буоларбыт итиннэ төһүү буолар. Ахсааммыт аҕыйах, сирбит-уоппут киэҥ. Толкуйдуур таһыммыт алааспыт, бэйэбит ыырбыт иһинэн эргийэр. Чуолаан, биһиэхэ, бэйэ-бэйэни уган биэрии, аһара «бүөбэйдэнэн» иитиэхтэммитэ. Иккис өттүнэн, түмэр итэҕэлбит, сомоҕолуур лидербит суоҕа уонна уҥуор-маҥаар тарҕанан олорон бэйэ-бэйэни өйөспөппүт, өйдөспөппүт дьайар буолуохтаах. Үсүһүнэн, ханнык баҕарар холуонньа «араартаа уонна дьаһайталаа» диэн бириинсиби тутуһар. Ити бириинсип Лөгөй, Мымах саҕаттан туттуллан кэлбитэ.

Сэбиэскэй былаас 70-тан тахса сылын быһа, бэйэ-бэйэни үҥсүһүү, донуостаһыы аһара «силигилии сайдыбыта». Олохторун былаһын тухары чэҥкир үҥсүүнэн үлүһүйэн эрэ олорбут «баартыйа бэтэрээннэрэ» бааллара. Элбэхтэр ахсааннарыттан Альберт Паулины, Георгий Окороковы да ааттыахха сөп. Испииһэк киэҥ, ону барытын ааттаатахха өһүргэс тахсыа.

…Биир учуонай, пенсияҕа тахсан баран, 60-70-80 сылларга үҥсүбүт, донуостаабыт «рукопистарын» бүтүн хомуурунньук оҥорон ырыынакка атыылаабыт сурахтааҕа. Г.Башарины, Софрон, Семен Даниловтары, Даланы, о.д.а. чулуу дьоммутун, «1928 сыллаахха тахсыбыт сахалары омугумсуйууга буруйдуур баартыйа уурааҕын көтүттэрэ сатыыллар» диэн, сирэйэ-хараҕа суох кэнэйдээбит донуостарын «олорбут олоҕум үтүө түмүктэрэ» диэн өҥ туттаахтаабыта буолаахтаатаҕа…

Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар -- «Олунньутааҕы саагабар», «Оросин саагабара» диэн чекалар сымыйанан толкуйдаабыт саагабардарын аһаллар. Егор Алексеев «Кыһыл бартыһааннар саагабардара» диэн Ойуунускайдааҕы утары тэриллибит хампаанньа туһунан эмиэ суруйан турар. В.Никифоров – Күлүмнүүрү, провокатор Сергеев диэн киһи телеграмма ыыппытыттан сылтаан, туох да дакаастабыла суох туталлар. Ол кэнниттэн Хаҥаласка «ксенофонтовщина» диэн ааттаан, дэлби дарбатан, киһи бөҕөтүн кыдыйаллар.

Ити провокация кэнниттэн, оччотооҕу Саха сирин салалтата туоруур. Кинилэр оннуларыгар карьеристар кэлэллэр, ол карьеристары аҕыйах сылынан атын карьеристар түҥнэрэллэр. Итинник долгун 1986 сыллаахха диэри кэлэ турбута.

Уйбаан Доосо «Сахаада» хаһыакка «Арахсыбат абааһылар буулаатылар» диэн ыстатыйа таһаарбыта. Онно, Новосибирскайга Саха сиригэр омугумсуйууну күөртүүр бүтүн идеологическай киин баарын ыйбыта. Бу Киин 70-80 сс, чуолаан, 90 сс. күүскэ үлэлээбиттэр. Доосо – Познамскай, Демидовтар диэн учуонайдар ааттарын сэргэ, Гоголев, Новгородов диэн саха учуонайдарын аатын ааттаталыыр. Бу Киин үлэтин түмүгэр, саха интеллигенциятын ортотугар хом санаһыы үөскээбитэ. Георгий Башарины утары ынырыктаахай хампаанньа ыытыллыбыта. Авксентий Мординов, Софрон уонна Семен Даниловтар, Василий Иванов – Мааны Баһылай утары, онтон да атын биллэр-көстөр айар, научнай эйгэ бэрэстэбиитэллэрин кэриэтээн, аньыыга-хараҕа буруйдаан улаханнык кирсибитин кэрбээбиттэрэ. Авксентий Егорович Мординов «хаарыан кэмнэрим кырдьыгы таһаара сатыырбар бараннылар» диэн хомойоохтуура. Төһөлөөх донуоска, төһөлөөх быһаарыы суруйбута буолуой?!

Саха дьоно сахалары сиэһиигэ тоҕо кыттыһалларай?

Сорохтор баартыйа, былаас ирдиир, онон сөптөөх дьыаланы оҥоробут диэн ис сүрэхтэриттэн итэҕэйэллэрэ. Оттон, үксүлэрэ: ким эрэ дуоһунас, ким эрэ квартира, ким эрэ оҕолорун үчүгэй үөрэххэ киллэрээри, хамнаска сырытыннараары – сирдээҕи кыһалҕаларын туһугар атыыланаллара. Онно былаас өттүттэн бүтүн «хайгыыр, махтанар» систиэмэ баара.

Иван Федосеев - Доосо 1985 сыллаахха Москубаттан икки КГБ генерала кэлэ сылдьыбыттарын суруйар. Кинини ыҥыран доппуруостууллар. Онно аһара барбыт, киэбирбит генераллар – Мунтян уонна Чукрин «1928 сыллаах уурааҕы хаттаан таһааттара сатыыбыт» диэн чабыланаллар. Кинилэр кэлэн барбыттарын кэннэ, 1986 сыллааҕы айдаан тахсар. Манна эрэпэтииссийэлээн баран Алма-Атаҕа таһаараллар. Онно хаан тохтуулаах, букатын улахан алдьархайы таһаараллар. Биһиги дьоммут харыларыттан тута сылдьыбыт, тута бэчээккэ таһааран испит буолан, провокатордар «илиилэрин-атахтарын» син баайа түстэхтэрэ.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Виталий Басыгысов, 11-тээҕи айдааҥҥа тэрийээччилэр өрөспүүбүлүкэ таһыгар олороллорун туһунан этэр. Бүтүн биригээдэ олорон салайда диэн тустаах уоргаттар этэллэр. ИДьМ полковнига Олег Лебедь «улахаҥҥа, туохха эрэ бэлэмнэннилэр» диэн дьаахханна. Сөпкө сылыктыыр.

Өтөрдөөҕүтэ «Московский комсомолец» хаһыакка урукку КГБ үлэһитэ «Биһиги өссө да төннүөхпүт!» диэн сааммыт ыстатыйата бэчээттэммитэ. Онно хардаран Иван Николаев «Реваншисты» ыстатыйаны суруйбута. Кэлиҥҥи сылларга былааска, былаас эргимтэтигэр, бизнескэ -- спецсулууспалар дьонноро кэллилэр. Урукку чекист «с холодным сердцем, с ясным умом» эбит буоллаҕына, билиҥҥи чекистэр (чунуобунньуктар) коррупционнай халыйыылаах тус интэриэстэрин өрө тутар ырыынак чекистэрэ буоллулар.

Ол күүстэр кэмиттэн кэмигэр провокация оҥороллор.

Чуолаан, бу 11 күннээҕи айдаан төрдө-төбөтө хантан тахсарый?

Ытыктабыллаах, наар ытыс үрдүгэр сылдьыбыт профессор Казарян, биир үтүө күн Манчаарыны уодьуганнаан, сахалар историяларын күлүү-элэк гынан, биһигини кыйахаан туран кэлбитэ. (Экстремизмы утары үлэлиир кэмитиэт бу киһини кытары хайаан да кэпсэтиэхтээх: тоҕо, ким сакааһынан, үлэҕинэн, туох санааттан, туох сыаллаах саха норуотун кыйахаабытын билиннэриэхтэрин наада). Чуолаан, бу профессор «өҥөтүнэн» армяннарга хомойуу, бэркиһээһин санаата үөскээбитэ. Кини хом санаа буорун «нүөлсүтээтин» кытары, сценарийынан курдук, бу тохсунньутааҕы буруй оҥоһулунна. Ол иннинэ кэлии дьон соруйан да, алҕаска да буруйу оҥороллор этэ. Ол гынан баран, бу курдук улахан айдаан тахсыбата. Эмиэ ити айдаан саҕана, анаабыт курдук, Хаандыгаҕа эмиэ олохтоох дьону (нууччалары, сахалары) кытары армяннар айдаарыстылар. Ити икки айдаан сибээстэрэ суох диэн ким мэктиэлиэй?

Армяннар Саха сиригэр, уопсайынан даҕаны дойдуга, урут-уруккуттан тутууга үлэлииллэр. Тутуу – улахан харчы эргийэр сирэ. Баҕар, үтүмэн үптэн армяннары туоратар сыаллаах провокация тахсыбыт эмиэ буолуон сөп.

Үсүһүнэн, армяннар диаспорала аан дойдуга биллэр, кыахтаах, баай диаспора. Кинилэр илиилэринэн сахалары боччуттарар сыаллаах провокация тэриллибит эмиэ буолуон сөп. Аны туран, армяннар – православнай итэҕэллээх омуктар. Оччотугар сахалар православнай омуктары утарбыт, исламнары ордорбут буолан тахсаллар. «Бүгүн православнай армяны утаралар, сарсын православнай нууччаны»… Инньэ диэхтэрин сөп.

Армян норуота бэйэтэ эрэйдээх-буруйдаах, геноциды ааспыт ыарахан дьылҕалаах норуот. Онон биир киһи иэдээнин даҕаны, норуот алдьархайын даҕаны өйдүүр омук. Армяннар общиналарын бэрэссэдээтэлэ Хорес Саакян, уопсастыбаҕа биллэр үтүөлээх-өҥөлөөх киһи. Кини, аан бастакынан, киһи быраабын араҥаччылыыр уопсастыбаннай хамсааһыны төрүттэспит киһи буолар. Армяннар биир чулуу бэрэстэбиитэллэрэ – Грант Григорян саха музыкальнай искусствота сайдыытыгар оҥорбут өҥөтө сүдү! Армяннар общиналарын курдук аһымал ааксыйаларга кыттыһар, бүтүн сквери тутан биэрэр община Саха сиригэр баар дуо? Хомойуох иһин, көстүбэт.

«АЛРОСА» аһылларын саҕана киин бэчээккэ «Экстремизм в Якутии», «Якутские сепаратисты» дии-дии бүтүн норуоту кэнэйдээн бөҕө буолбуттара. Тоҕо эрэ Хотугу Кавказка, дьиҥнээхтик ынырык быһылааннар тахсар сирдэригэр, «боевиктан» ураты тылы туттубаттар ээ! Арай, биһигини, көмүскэнэр кыаҕа суох аҕыйах ахсааннаах, сымнаҕас майгылаах норуоту талбыттарынан «тэбэллэр-охсоллор». Кимнээх эрэ итинтэн политическай дивиденд аахсаллар. Онно «боевик», манна «сепаратист»… диэн уопсастыбаны кутталга тутартан ас таһаарыналлар. Уопсастыбаны куттаан-куттаан баран «наши» - «не наши» араартыыллар.

Байыаннайдарга маннык «кутталлаах балаһыанньа» харчы тэбэн биэрэр: «Элбэх харчыта көрүҥ, боломуочуйабытын, тутарбытын-хабарбытын улаатыннарыҥ, кэҥэтиҥ -- кутталы суох оҥоруохпут».

Арассыыйаны үрэйэр, сомоҕотун ыһар кимиэхэ эрэ олус наада. Политическай «оонньуулара» оҕус буолан, дьиҥнээхтик ыһыллан хаалыахпытын сөп.

Билигин политтехнологтар араас өрөбөлүүссүйэлэри «көрөн-истэн» (кыттыһан) уопуттара кэҥээтэ. Кыаҕырдылар, хаанымсах буоллулар. Онон, тугу барытын көмүс манньыакка холуур, судургу баҕайытык ылынар сатаммат. Биһиги нуучча норуотун иннигэр туох да буруйбут суох. Буруйбут буолуохтааҕар өҥөбүт элбэх. Борис Ельцин өссө 1995 сыллаахха «Саха сиригэр национализм суох!» диэн кытаанахтык эппитэ. Экстремизмҥэ буруйданан тутуллубут уол ыытыллыахтаах. Иһэн баран ким баҕарар, тугу баҕарар «пал» гыннарыан сөп. Провокатордарга ити төрүөт саатар эрэ – кинилэргэ Саха сиригэр экстремизм көстүүтэ баар диэн фиксируйдуохтарын эрэ наада.

(Кыым.ру - 21.05.11)

2011-05-22 09:59:19

Всего просмотров: 2638

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-11-14 10:34:35 - Эксперты назвали пять самых высокооплачиваемых профессий

2024-11-08 12:19:06 - Алексей Еремеев поздравил сотрудников МВД с профессиональным праздником

2024-06-04 05:59:06 - «Саханефтегазсбыт» определил лучших работников в пяти рабочих профессиях

2024-04-25 09:17:21 - В Якутии проводят работу по повышению профессионального уровня специалистов скорой медицинской помощи

2024-03-07 12:36:45 - Женщины-труженицы – профессионалы своего дела

2024-03-07 11:03:27 - Инженер электрослужбы аэропорта "Якутск" Раиса Ракитская: через профессиональную реализацию - к гармонии в жизни

2024-03-07 10:51:54 - ПРОФЕССИЯ КОЧЕГАРА НЕ МОЖЕТ БЫТЬ НЕЖЕНСКОЙ

2024-02-09 13:41:06 - Якутское авиационное училище - основной поставщик профессиональных кадров аэропорта «Якутск»

2024-01-11 12:32:16 - Георгий Балакшин обсудил с мэром Якутска перспективы профессионального бокса

2023-12-01 09:02:05 - ПРОФЕССИЯ: АВИАТЕХНИК

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании