Сахалыы сыhыарыы
Омуктар Саха сирин улуустарыгар кимэн киирэн иһэллэр
Соторутааҕыта эрэдээксийэ почтатыгар соһуччу соҕус киирдэ. Онно омук дьоно Саха сирин улуустарыгар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр омук дьоно кэлэн үлэлээн эрэллэрин туһунан кэпсэнэр.
Тыа хаһаайыстыбата, былыр-былыргыттан олохтоох омук төрүт дьарыгынан биллэр. Промышленноска, улахан оҥорон таһаарар производстволарга саха «төрүкүттэн сыстыбат» буоллаҕына, биһиги (оннук байылыаттык да буолбатар) тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан, син айахпытын ииттэн кэлбиппит. Сүөһү, сылгы көрөр төрүт идэбитин көрөн туран омуктарга былдьаттахпытына, дьэ хайдах буолабыт?
Ааҕааччылар болҕойуҥ дуу:
«Дьокуусайтан Бүлүүгэ кэлиигэ, Бүлүү куоратыгар 50 км тиийбэккэ эрэ, аартык хаҥа тахсыытыгар Бүлүү Бөтүҥэ турар. Бөтүҥ аартыктан 12 км тэйиччи. Оттон улахан суолтан 1,5 км арыттаах сиргэ -- Мөндөөлө диэн бастакы алаас хаҥас өттүнэн туораан таҕыстахха сүөһү сайылыга баар. Манна «өрөспүүбүлүкэ бастыҥ менеджэрэ» диэн ааттанар – Альберт Давыдов сүөһүтүн фермата баар.
Бу ферманы, Давыдов, быйылгыттал киргизтэргэ ууран биэрдэ, олохтоох дьону ууратан туран! Ийэлэрбит-аҕаларбыт муспут баайдарын бас билэн соҕотоҕун айбардаан омук бас билиитигэр сирбитин-уоппутун, сүөһүбүтүн-аспытын биэрии хайдах сыаналара буолла? Мин маны – эстии суола дии саныыбын.
Истэр тухары сиргэ-дойдуга ууна сылдьан үлэлиир, сымыйа сыыппаранан саптынар салайааччылар бааллар. Хаһааҥҥа диэри бу көстүү үүннэнэр-тэһииннэнэр?!
Мин, төрүт олохтоох ыччатым, үлэтэ суох буор иһээччи буолбуттарыгар – кэлии тойоттору уонна кэлии дьону буруйдуубун. Тимир суол үлэҕэ киирдэҕинэ өссө элбэх омук кэлиэ. Ол аайы маннык ууна сылдьар салайааччылар сирэйэ-хараҕа суох сирбитин-уоппутун туран биэрэн истэхтэринэ хайыыбыт?
«Кыым» хаһыат эрэдээктэрэ Уйбаан Уйбаанабыс Хабырыллаайап киргиизтэрин көрсө кэлэ да сылдьыа эбит. Тыа сирин дьоно-сэргэтэ тугунан тыынан олорорун көрөөрү…»
И.К., Бүлүү улууһа.
(Кыым.ру - 20.06.11) 2011-06-20 16:38:56 Всего просмотров: 1932 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-11-30 06:46:18 - Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа 2024-10-16 07:34:18 - Кыстыкка киирии кэминэн бара турар 2012-08-31 10:17:33 - Афанасий МАКСИМОВ оскуола программатыгар ИТЭҔЭЛИ үөрэтии киирбитигэр тус санаата 2011-07-25 13:12:58 - Бүлүү улуустарыгар үс президент быыһыгар А.Уаров «кыбылынна» 2011-06-20 16:38:56 - Омуктар Саха сирин улуустарыгар кимэн киирэн иһэллэр 2011-02-13 05:14:19 - Павел Астахов кэлэн көс оскуола биирдэ интернеккэ киирэ сырытта |