Сахалыы сыhыарыы
Ордугу булаары олоҕу алдьатыы. Борис Попов сыала-соруга тугуй?
Былыргылыы эттэххэ, кулун тутар 4-с күнүгэр Саха сирин үрдүнэн 9 улууска – кулуба, 11 нэһилиэккэ – кинээс, 3 улууска уонна 3 нэһилиэккэ чаччыыналар талыллыахтаахтар.
Ньурба улууһун олохтоохторо кулун тутарга улуустарын баһылыгын талыахтаахтар. Санатар эбит буоллахха, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын быыбара биир түһүмэхтээх буолар. Куолас тэҥнэһэр түгэнигэр, ким эрдэ быыбарга кыттарга кандидат быһыытынан регистрацияламмыт - ол кыайар.
***
Ньурба улууһун баһылыгар үс кандидат регистрацияланан быыбарга кытта сылдьар. Үс киһиттэн икки киһи: Сергей Евсеев уонна Борис Попов икки ардыгар улахан киирсии бара турар. Быыбарга кыттар кандидаттар ала-чуо биир сыаллаах-соруктаах киирсэллэр. Ким эрэ дьиҥнээхтик баһылыгынан үлэлиэм-хамсыам диэн, ким эрэ кимнээх эрэ тус интэриэстэринэн салайтарынар.
Борис Попов диэн кимий, туох сыаллаах-соруктаах Новосибирскай курдук чиэски куораттан тиийдэ?
Быыбарга кыттар кандидаттар бары декларация туттарыахтаахтар. Төһөнү-хаччаны ааспыт сылга "өлөрбүттэрин" отчуоттуохтаахтар. Попов декларация туттарбатах. Биллэн турар, пенсиялаах да киһи быыбарга кыттар бырааптаах эрээри, Попов агитациятыгар "онно үлэлиибин, манна үлэлиибин, маннык бырайыактаахпын, итинник этиилээхпин, бачча сууманы булан-талан өрөспүүбүлүкэҕэ аҕаллым" дэнэр. Бу дохуота суох, ньир-бааччы пенсияҕа олорор киһи тыла-өһө буолбатах. Оннук "булар-талар" киһи декларация түһэриэхтээҕэ эбитэ буолуо, сокуон быһыытынан.
Кандидат Борис Попов билигин үлэлии сылдьар сирин «уустаан-ураннаан» кэпсиир: "Коммерческайа суох экономика инновациятын фондатыгар үлэлиибин", - диэн. "Коммерческайа суох" буоллаҕына, чэ, баҕар хамнастамматын даҕаны. Ити биирэ. Онтон иккиһэ, ол үлэлиир фондатын "улахан кыахтаах" диэн кэпсиир-ипсиир. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр олоро дьон оннук кыахтаах фонданы билиэхпит этэ буолуо. «Экономика», «инновация» диэн тыл кэннигэр, сэрэйдэххэ, өрүү "экономическай наука докторабын" диэн киэн туттар Федот Тумусовка сыһыаннаах фонда буолуохтаах. Үлэтэ суох киһини Тумусов быыбарга кытыннараары бэйэтэ тэрийбит фондатыгар «үлэҕэ ыллаҕа». Буоллун, чэ, биир баартыйалааҕын тоҕо үлэлэтиэ суоҕай…
Оттон ол фонда регистрацияламмыт аадырыһыгар (Дьокуускай куорат, Хабаров уулуссатын 11 дьиэтэ, 36-с квартира) Попов кэпсиирин курдук, «улахан кыахтаах, экономикаҕа сүдү кылааты киллэрбит фонда» тоҕо эрэ үлэлээбэт, үлэлии сылдьыбыт омооно да көстүбэт. Үрэх баһыгар тиийэн ким баҕарар түөһүн тиҥиргэтиэн сөп, ким баҕарар тугу баҕарар ыаһахтыан да курдук. Итэҕэйиэхтэрэ. Хабаров уулусса 11 нүөмэрдээх дьиэтин ТСЖ-тын бэрэссэдээтэлэ этэринэн, бу аадырыска хаһан да ханнык да фонда үлэлээбэтэх. Квартира квартира курдук. Арай, урут хаһан эрэ «Наше время» хаһыаты Тумусов үбүлүүрүн саҕана, редакцияны олохсута сылдьыбыт. Ону туоһулаан, почта дьааһыгар «Наше времяны» суукка ыҥырар бэбиэскэ хата кэлэ сытар. «Билигин 36-с квартира хаһаайыттара атын сиргэ олороллор, телефоннарын да билбэппин. Билигин манна Валентина диэн дьахтар куортамнаһан олорор. Бу квартираҕа кытай быраастарын аҕалан үлэлэтэр. Үгэһирбит медицинэ киинэ оҥордо. Валя билигин Кытайга барбыта. Быраастары аҕала. 36-с квартира аана сабыллыбыта, ыннараа кэтэх өттүнэн ааннаан, үһүс подъеһынан сылдьаллар», - диэн бэрэссэдээтэл дьахтар кэпсиир.
Онон, Попов үлэлиир сирэ «ньиргийбэт» буолан таҕыста, саатар фонда баарын туһунан кыракый лоскуй кумааҕы оҕото да ыйамматах.
Борис Попов урукку кэмнэргэ Ньурбаҕа үлэлээбитэ-хамсаабыта биллибэт. Мииринэй улууһун дьаһалтатыгар "ситиһиилээхтик үлэлээбит" кэмнээҕин анкетатыгар ахтар. "Ситииһиилээх" киһи тоҕо салгыы үлэлии сылдьыбатаҕа муодарҕатар. Аны, эһэтэ Бордоҥтон төрүттээх Улуу Боппуок этэ диэн этиттэрэллэр. Хаһыс эрэ өбүгэ суотугар кэлэн күөн туттуу, олуона. Саха бары Эллэйтэн төрүттээхпит диибит, оччоҕо Эллэй ыспыт ыһыаҕын өҥөтүн мин бэйэм суоппар ылынарым тэҥэ буолбатах дуо?
+++
Борис Николаевыһы биир үтүө күн «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйата Новосибирскайтан сулбу таһааран ылан быыбарга кытыннаран эрэрэ чуолкай. Ол туһунан "Киин куорат" хаһыакка баартыйа олохтоох салайааччыта Федот Тумусов интервьютугар этэн турар: "Дьиҥнээхтик кыайар кыахтаах дьоннору бу быыбарга кытыннаран эрэбит... Ньурбаҕа - Попову" - диир.
Дойду киин куораттарыгар бырачыастыыр майгы үөскээбитин истэбит-билэбит. Общество уу-нуурал олоҕун түөрэҥнэтэр тугунан диэлийэн тахсыаҕа биллибэт. Борис Попов Ньурбаҕа баһылыгынан талыллан улууһу өрө тарда кэлбит киһи дииртэн киһи туттунар. Саха улууһугар долгуйууну, хайдыһыыны, бырачыастыыр майгыны олохсута кэлбит курдук көстөр. Сорох дьон "утарар эрэ туһуттан" Поповка куолас биэрэр санаалаахтара дьиксиннэрэр. Киһи хаһан баҕарар баарыттан элбэҕи баҕарар майгылаах. "Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт" диэн улуу классик этиитин умнарбыт сатаммата буолуо ээ. Быыбар политиктарга эрэ оонньуу, боростуой норуокка - олохпут укулаата.
Кэнэн дьон бэйэ, билэр киһитэ тахсыаҕынааҕар атын эрэ киһи диэн кимиэхэ баҕарар куоластыахтарын сөп. Ол ону таайан, Федот Тумусов быыбарга баартыйатын аатыттан Поповы туруордаҕа. Попов салгыы Ил Түмэн быыбарыгар кыттар баҕалаах диэн билэр дьон кэпсииллэр.
***
Федот Тумусов урут-уруккуттан Саха сирин президенэ буолар ыра санаалаах. "Генерал буоларын баҕарбат саллаат куһаҕан саллаат" дииллэринии, баҕардын, ким да боппот. Ол гынан баран киһиэхэ, политикка, буолаары буолан Аҕа баһылык дуоһунаһыгар талаһар киһиэхэ чиэс, суобас диэн майгы ханан эбит да буоллар сыстыахтаах ини. Попов курдук сүүрүҥүй кэпсээннээх киһинэн куолас хомуйуу, Ил Түмэн быыбарыгар бэлэмнэнии, дьон санаатын хайытыы - сүөргү.
Тумусов интервьютугар этэр: "Думаҕа киирбит "Губернатордар быыбардарын туһунан" сокуон барылыгар: " РФ президенинэн анаммыт субъектар баһылыктара болдьохторун толору олорбуттарын эрэ кэннэ быыбар ананар" диэн этиллэр. Мин ону утарабын. Барылга уларытыы киирэрин курдук туруорсуом. Субъект парламеныгар былаас баартыйата баһыйар улахан аҥаарын эрэ ыллаҕына, кинилэр президеннэрэ болдьоҕун толору олоруохтаах. Ил Түмэн быыбара 2013 сылга буолар. Онно "единэйдэр" 50-тан тахса бырыһыаны син биир ылбаттар", - диир.
Онон Тумусов түргэнник өрөспүүбүлүкэ президенин быыбарыгар кыттаары Ил Түмэҥҥэ элбэх "сиэрдээҕи" киллэрэр соруктаах. Попов Тумусов политическай оонньуутугар пешка эрэ оруолугар сылдьар буолан тахсар. Дьиҥнээхтик Ньурба улууһун сайыннараары быыбарга кыттар киһи буолбатах эбит ээ.
(Аартык.ру - 27.02.12). 2012-03-02 02:07:37 Всего просмотров: 2253 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-06-12 05:38:36 - Депутаты Гордумы утвердили корректировку бюджета города Якутска на 2024-2026 годы 2023-09-24 06:38:07 - ИНТРИГА В ГОРДУМЕ. Аммосов - против Никандровича 2023-09-09 13:16:35 - Альберт Семенов вручил Евгению Григорьеву Благодарность Председателя Гордумы Якутска 2023-09-08 05:31:02 - В Якутии началось голосование на выборах главы республики, депутатов Ил Тумэн и Якутской гордумы, глав и депутатов МСУ 2023-09-03 14:44:54 - 20 ЛЕТ МАЛО: НАДО ЧЕТВЕРТЬ ВЕКА! Депутат Бежанян идет в Гордуму на 5-й срок 2023-08-18 09:28:29 - В Якутии прошел «День Оленекского тугунка» 2023-04-06 09:23:47 - Участники праймериз ЕР в Гордуму Якутска. Галерея "V Якутии.ру" на 6 апреля 2022-01-12 06:19:41 - Андрей Находкин выступил на депутатских слушаниях в Якутской Гордуме по вопросу ответственного обращения с животными 2021-09-08 03:59:34 - НА СЕССИИ ГОРДУМЫ ИЛ ДАРХАН ПОДПИШЕТ УКАЗ О РАЗВИТИИ ЯКУТСКА 2021-06-04 06:00:45 - ПОСТОЯННОЙ КОМИССИЕЙ ГОРДУМЫ РАССМОТРЕН ОТЧЕТ СТОЛИЧНОЙ ПОЛИЦИИ |