Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

Сахалыы сыhыарыы

Юрий НИКОЛАЕВ: “Тойон аллараттан үүммэт, үөһэттэн ананар буолла”

Прокопий ФЕДОРОВ

Уонча сыллааҕыта Саха республикатын делегацията омук сиригэр тахса сылдьан республикатын презентациялаабыт.

Сиртэн хостонор баай хаартыскатын улахан экраҥҥа тыктаран көрдөрө-көрдөрө: “Бу биһиги Сахабыт сирин баайа, саппааһа бачча, сылга баччаны хостуубут, бачча суумаҕа эргитэбит,” – эҥин диэн кэпсээн бөҕө үллэҥнэппиттэр. Омуктар улаханнык сөхпүттэр: “Кырдьык, Саха сирин баайа дуо?” – диэн, онуоха биһиги дьоммут улаханнык суолталаабакка: “Ээх, биһиэнэ!” - диэн кэҕиҥнэспиттэр.

Делегация эргиллэн кэлээтин кытары тута тустаах уоргаттар муннукка ыкпыттар: “Хайдах буолан омуктарга тахсан Россия баайын “Саха сирин баайа” дии сылдьаҕыт?!!” - диэн. Саха сирин баайын, биллэр биричиинэнэн, республика бас билэр кыаҕа суох. Оччотугар биһиги сирбит баайыттан туһанар ханнык суоллаахпытый? Быһаччы хостооһуҥҥа уонна таҥастааһыҥҥа үлэлэһиэхтээхпит.

Промышленноска олохтоох норуот олох кыттыспат диир тутах. Алмааһы, көмүһү буларга саха, эбээн, эбэҥки сирдьиттэрин өҥөтө улахан. “АЛРОСА” АК кэлин да буоллар бу дьону чиэстээн-бочуоттаан ахтан ааспыта. Хомойуох иһин, сорохтор ол кэми баттаспатахтара.

Сэбиэскэй кэмҥэ алмааска, көмүскэ, чоххо олус дэлэйбэтэр да, салалтаҕа сахалар бааллара. Холобур, “АЛРОСАҕа” ини-бии Андрей уонна Петр КИРИЛЛИТТЭР, Густав ЯКОВЛЕВ , Анатолий ПОПОВ, “Якутзолотоҕа” Тарас ДЕСЯТКИН. Оттон ортоку уонна аллараа сүһүөххэ уопуттаах дьоммут суоҕун кэриэтэ этэ. Билигин аллараа сүһүөххэ киирдибит, аны ортоҕо суохпут да кэриэтэ, үөһээ салалтаҕа - производствоҕа быһаччы сыһыаннаах миэстэлэргэ - букатын да суох буоллубут. Ити чааһыгар Ил Дархан Егор БОРИСОВ ахсынньытааҕы пресс-конференциятыгар республикаҕа үлэлиир промышленнай тэрилтэлэргэ үрдүкү менеджмеҥҥэ кадровай боппуруоска үлэлиир сорук турарын бэлиэтээн эппитэ.

Арҕаа, соҕуруу промышленнай оройуоннарбыт уруккуттан даҕаны туспа ойуччу туттан олорбуттара, олороллор даҕаны. ССРС, Россия киин куораттарын кытары быһа салгынынан суоллаах-иистээх буолан, республика бэтэрээ өттүгэр соччо кыһаммат да этилэр. Бэйэбит дьоммут промышленнай производствоҕа тахсыылаахтык үлэлиир да буоллахтарына ол туһунан үһү-бадах курдук эрэ истэрбит. Холобур, Юрий НИКОЛАЕВ “Якутскэнерго” АК биир тутаах тэрилтэтигэр – Бүлүүтээҕи ГЭС каскадын өр кэмҥэ салайан үлэлэппит киһи буолар. Ону таһынан, Мирнэй оройуонугар Айхал бөһүөлэгин баһылыгынан, “АЛРОСА” АК Мирнэйдээҕи ГОКка каадырга уонна социальнай боппуруоска солбуйар дириэктэринэн үлэлээбитэ. Ол гынан баран кинини Бүлүү эҥээр улуустар олохтоохторо, ньурбалар “биһиги уолбут” дииллэрин эрэ хам-түм истэрбит.

Дьиҥинэн, республика салалтата үөһээ менеджмеҥҥэ үлэлээбит каадырдарбыт уопуттарын туһанан, промышленнай тэрилтэлэргэ олохтоохтору үлэҕэ киллэрэргэ суол тобулуохтара этэ.

Производственник производственник курдук Юрий НИКОЛАЕВ улаханнык “пиардамматах” киһи. Промышленность бэйэтэ ураты майгылаах: кураанах куолутааҕар дьиҥ дьыаланы ордорор үгэстээх. Онон кини эмиэ өр ити эйгэҕэ үлэлээбит буолан, кыраһыабайдык “туттан-хаптан” турбатах киһи.

- Помышленноска омуктар үлэлииллэр. Кинилэри кытары, биир өттүнэн, үлэлиир судургу буолар. Оннук-маннык эргитэр-урбатар кэмэлдьини сөбүлээбэттэр, көнөтүнэн, баары-баарынан сыһыаннаһары ордороллор. Кыахтаах, сабырыйар буоллаххына ытыктыыллар, суох буоллаҕына – суох, - диэн Юрий Михайлович сэһэргэһиибитин саҕалыыр.

- Уруккуну-хойуккуну сыһа-соһо сылдьан үөҕэр майгылара суох?

- Суох. Кинилэр биир үчүгэй хаачыстыбалара диэн, биирдэ эрэннилэр да ол санааларын ыһыктыбыттар.

- Ил Түмэн үс мунньаҕар депутатынан талбыттара итини эмиэ туоһулуур буоллаҕа. Юрий Николаевич, бу бэһис ыҥырыылаах мунньахха бастайааннай депутат быһыытынан Дьокуускайга үлэлии кэллиҥ. Бюджеккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт салайааччыта буоллуҥ. Республика 2016 сыллааҕы бюджетигэр сүрүн харчы киллэрэр “АЛРОСА” хампаанньабыт, кризистэн сылтаан, барыһыттан нолуок төлөөбөт буолла диэн этилиннэ. Төһө сууманан бюджеппит итиирий?

- Сыл бүтэһигэр АЛРОСА бэйэтин кэлэр сыллааҕы былааннарын торумнуур мунньахтарыгар, республика бюджетыгар киирэр барыыһыттан нолуога 15 млрд солкуобайынан кыччыыра сабаҕаланар. Биллэн турар, бу - олус элбэх суумма. Ол аата бастакы кыбаартал түмүгүнэн чуолкайдаан баран, бюджеккэ көрүллүбүт ороскуоттарбытын кыччатар туһунан боппуруос Правительство уонна Ил Түмэн көрүүтүгэр киириэҕэ. Манна тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада: социальнай эбэһээтилистибэ оннунан хаалар. Программаҕа киирбэтэх ороскуоттар уонна инвестиционнай ороскуоттар кыччыахтара.

- Республика бэйэтин дохуота – инвестиционнай чааһа аччыыра чуолаан туохха охсуой?

- Бастатан туран, инвестиционнай чаас улахан өлүүтэ тутууга барара, онон тутуу ыытар быйыл ыарахаттардаах буолуоҕа.

- Республика бэйэтэ былаанныыр тутуута?

- Оннук. Оттон федеральнай үбүлээһиннээх тутуу программалара туолуохтаахтар.

- Ил Түмэн депутата төһө да анал уокуруктартан талыллан кэллэр, бүтүн республика интэриэһин көрөр депутат буолуохтааххыт. Ол гынан баран, Айхалтан, Удачнайтан депутатын талыллыбыт киһи быһыытынан, эн, уокуруккун кытары төһө сибээстэһэҕин?

- Саҥа дьыл кэнниттэн олунньуга, кулун тутарга правительство отчуоттара саҕаланыахтара. Депутаттар ол отчуоттарга баран быыбардааччыларын кытары праламент үлэтин-хамнаһын таһынан, бэйэлэрин үлэлэрин отчуоттуохтаахтар. Мин эмиэ уокурукпар баран дьоммун-сэргэбин кытары көрсүөхтээхпин.

Ааспыт сыл бүтэһик сессийэтигэр, Ил Түмэн республикаҕа түөрт саҥа мировой суут уокуругун тэрийэрин туһунан сокуон ылла. Онно судьуйалар бигэргэтилиннилэр. Урут Айхал уонна Удачнай биир уокурукка киирэрэ. Сэрэйэргит курдук, мировой судьуйалар көрөр дьыалаларын арааһа олус элбэх. Удачнай даҕаны, Айхал даҕаны киһи мыыммат улахан бөһүөлэктэрэ. Биир мировой судьуйа холугар олус элбэх дьыала мунньуллан, болдьоҕор ситэ көрүллүбэккэ, дьон кыһалҕатын улаханнык атахтыыр этэ. Билигин эбии уокуруктар тэриллэн, бу икки бөһүөлэк тус-туспа мировой судьуйаланна. Ити биллэ дьон да, судьуйалар да үлэлэрин-хамнастарын чэпчэтиэ турдаҕа.

- Юрий Михайлович, Саха сирин олохтооҕо ханнык производствоны сайыннаран айаҕын ииттинэр кыахтаах дии саныыгыный?

- Мин төһө да промышленник буолларбын, бастатан туран, тыа хаһаайыстыбатын салаатын, чуолаан, оҥорон таһаарыыны сайыннарыы программата утумнаахтык барыахтаах диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Бастакы ааҕыыҕа ылыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын сокуонугар сылгыны иитиигэ улахан болҕомто ууруллара саамай сөптөөх. Сылгы иитиитэ, сүөһү иитиитинээҕэр, материальнай өттүнэн түбүгэ-садьыга быдан. Ол да өттүнэн көрөн, сылгы иитиитин көҕүлээн, манньалаан, баазатын тэрийэр үлэни күүһүрдүөххэ наада. Сылгыны бэйэ туһатыгар эрэ буолбакка, атын регионнарга, тас дойдуга атыыланар табаар курдук көрөн үлэни тэрийэр эмиэ барыстаах буолуоҕа. Уопсайынан, санкциянан сибээстээн, куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, бэйэбит тыабыт хаһаайыстыбатын сайыннарарга улахан тоҕоостоох кэм кэллэ. Ити балаһыанньаны көдьүүстээхтик туһанарга, федеральнай “импортозамещение” программатыгар киирсэн, үбү тыыран аҕалан үлэни тэрийиэхтээхпит. Урукку эккэ-үүккэ, үүнээйигэ, түүлээххэ соҕотуопка үлэтин, систиэмэтин сөргүтүөх тустаахпыт. Быраҕыллыбыт бааһыналары, ходуһалары туһаҕа таһааран, мелиорация үлэтин күүһүрдэн, оҕуруот аһын, туорахтаах култуураны олордууга муниципальнайтан саҕалаан региональнай таһымнаах анал программалар үлэлиэхтээхтэрин туһунан саҥа ылыллыбыт сокуон чуолкайдык ыйар. Бу тыа хаһаайыстыабатын сайыннарарга анаммыт саҥа сокуон механизма оҥоһуллан, түргэнник олоххо киириэн наада.

Биир улахан кыһалҕа – үүннэриллибит оҕуруот аһын харайыыга овещехранилищелары тутуу буолар. Хас биирдии оҕуруот аһа харайыллар усулуобуйатын учуоттаан, саҥа технологиялары туһанан овощехранилищелар тутуллуохтаахтар. Манна аҥардас тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эрэ буолбакка, урбаан министиэристибэтэ эмиэ кыттыгастаах программалар наадалар. Оҕуруот аһын харайар сирдээҕэ буоллар, республика бэйэтин айаҕын төгүрүк сыл ииттинэр кыахтаах. Бааһынайдар үүнүүлэрин кыһынын кыайан харайар сирдэрэ суох буолан, босхону эрэ үрдүнэн күһүн барытын батара эрэ сатыыллар. Биллэн турар, ол, бу салаа сайдарын улаханнык харгыстыыр.

- Тыа хаһаайыстыбатын тэҥэ, ханнык производство биһиэхэ суолталааҕый?

- Олохтоох дьон сирдэрин баайыгар кыттыһар биир сүрүн салааларыттан биирдэстэрэ – таас чочуйар – гранильнай салаа буолар дии саныыбын. Алмаас бизнеһэ – специфическэй бизнес. Туора дьон, омук киирэрэ олус уустугун ааһан, сатаммат да курдук. Аны, аан дойдутааҕы үп кризиһэ бэйэтин оҥоһуутун оҥордо: алмаас бизнеһин эргиирэ лаппа намтаата, тохтоото да диэххэ сөп. Ол гынан баран, алмааһы чочуйар производствоны, бу ыарахан кэмҥэ дьаалытынан ыытан кэбиспэккэ, саха алмааһы чочуйар оскуолатын ситиһиитин харыстаан хаалларыахтаахпыт дии саныыбын. Син биир олох биир сиргэ турбат, хаһан эмэ да буоллар, бэйэтин барыһын көрдөрүөҕэ диэн эрэнэбин. Холобур, ити Владивостокка алмаас биржатын аһар туһунан кэпсэтии дойду таһымыгар кытары барар. Өскөтүн гранильнай производство сорох нолуоктарыгар чэпчэтиилэри оҥордохторуна, таможеннай пошлинаны аччатахтарына, альтернативнай энергетикэни хото киллэрдэххэ - чочуйар производство барыстаах буолан тахсыан сөп. Онон тааһы чочуйар производствобытын харыстаан, үчүгэй кэмнэргэ диэри сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыах этибит.

- Инники кэскилин – перспективатын көрөн бу салааны сүтэримиэхпитин наада диэ?

- Оннук. Биир күнүнэн дьаһаммакка, сарсыҥҥыны эмиэ учуоттуохха наада. Ону таһынан, мас таҥастааһыны систиэмэлээн сайыннарыахха наада дии саныыбын. Наука да этэринэн, ойуур кэмиттэн кэмигэр саҥардыллыахтаах. Тыа баһаара тахсар төрүөтэ үксүн ойуур эргэ маһа мунньуллубутуттан күөдьүйэр. Тыһыынчанан гектар хара тыа таах умайан хаалыаҕынааҕар, кэмигэр туһаҕа таһаарар ордук барыстаах буолуох этэ. Холобур, Уус Майаҕа, Өлүҕхүмэҕэ, Ленскэйгэ баар комбинаттар бородууксуйаларын батарар суолун-ииһин тобулар буоллар, барыска тахсыах этилэр. Уус Майаҕа Охуоскай муора сабыдыала күүстээх, онон сүрдээх толуу мастар үүнэллэр. Былыргы Охуоскай трагы сөргүтүү туһунан кэпсэтии дөрүн-дөрүн күөдьүйэн тахсар. Дьиҥинэн, логистика өттүнэн, муораҕа тахсарга ити суол олус табыгастаах.

- Промышленнай өттүнэн Арктиканы баһылыырга туруннулар. Бу баһылааһыҥҥа олохтоох дьон хайдах кыттыһыан сөбүй?

- Аан дойдуга сэрии төрүөтэ – сир баайын былдьаһыыттан тахсар. Чөл сир баайа хоту сиргэ, хотугу муораларга эрэ хаалла. Биллэн турар, олохтоох дьон уонна киһи-аймах сайдыылаах өттө, бастатан туран, Арктиканы баһылааһын цивилизованнайдык – айылҕаҕа, олохтоох дьоҥҥо содула суох барыан баҕарар. Ол инниттэн, айылҕаҕа орооһуу балысханнык барыан иннинэ, биһиги сокуон ылан эрдэттэн көмүскэл оҥостуохтаахпыт. Сокуону сокуонунан эрэ кыайар үйэ кэлэн турарын өйдүөх тустаахпыт.

Республика салалтата көҕүлээн, Хотугу форум трибунатын көмөтүнэн уонна Арктика кытыллаах аҕыс дойду холбоһуга - Аан дойдутааҕы Арктическэй сүбэ нөҥүө хотугу сир олохтоохторо бэйэбит бырааппытын туруорсар үлэбитин ыыппыппыт хаһыс да сылыгар барда. Бастатан туран, туох хайа иннинэ хоту сиргэ олох олоруу хаачыстыбатын критерийэ ылыллыахтаах. Бу критерийи аан дойду барыта билинэр буолуохтаах, ол иһин Арктическэй сүбэнэн бигэргэттэриэхтээхпит. Оччоҕо эрэ олохпут “хаачыстыбалаах”, эбэтэр “хаачыстыбата суох” диэн бырааппытын туруорсуохпутун сөп.

Арктиканы баһылыырга анаммыт үлэ ис хоһоонунан Саха сиригэр ааспыт сылга хас да улахан тэрээһин ыытылынна: Федерация сүбэтигэр анал хамыыһыйа мунньахтара тэрилиннилэр, ФС председателэ Валентина Матвиенко эмиэ кэлэн ити тэрээһиҥҥэ кыттыбыта суолтатын үрдэттэ. Ити мунньахтарга Саха республиката бэйэтин санаатын эттэ: Арктиканы промышленнайдык баһылыырга олохтоох дьон хайаан да кыттыһыахтаахпыт диэн. Бу айылаах улахан киэҥ нэлэмэн сири иччитэхсиппэккэ, киһи олох олорор үөрүйэҕин хотугу норуоттар үөскэтэн олороллор – ол хайаан да билиниллиэхтээх. Бастатан туран, биһиги сирбит кадастровай учуота, бас билиитэ, ураты харыстанар ытык сирдэрин кыраныыссата, хотугу омуктар түөлбэлээн олорор сирдэрэ чопчуланыахтаахтар. Былырыын Ил Түмэн хотугу норуоттар сирдэрин, ытык сирдэри араҥаччылыырга кэккэ сокуоннары ылынна. Бу хайысхаҕа үлэ быйыл, эһиил эмиэ салҕанан барыахтааҕын туһунан спикер Александр ЖИРКОВ депутаттарга сорук туруорда. Онон хамсааһын тахсан эрэр диэн этэр оруннаах.

- Эн, өтөрдөөҕүтэ, Россия Оборуонатын Министиэристибэтин иһинэн тэриллэр Арктиканы көмүскүүр байыаннай чаас туһунан идиэйэни этэн турардааххын.

- Хотугу байҕал кытыла сэбиэскэй кэмҥэ сүрдээҕин күүскэ мананар, сайдар этэ. Дойду ыһыллар-тоҕуллар кэмигэр хоту сытар бөһүөлэктэрбит быраҕыллан, дьон көһөн барара күргүөмнээх этэ. Билигин ити бөһүөлэктэри сөргүтэргэ, хотугу муора суолун сайыннарарга государство интэриэһэ улаатта. Кыраныысса бөҕөргөөһүнэ – улахан стратегическай суолталаах, дойду куттала суох буоларын мэктиэтэ буоллаҕа. Онон, Арктикаҕа байыаннай чаастары тэнитэргэ Россия интэриэстээх. Мин ити, Арктикаҕа кэлиэхтээх байыаннай чаастар инфраструктураларыгар олохтоох дьону кытыннаран, үлэлээх оҥоруохха сөп дии саныыбын.

- Хайдах?

- Холобур, быһаччы байыаннай идэҕэ. Саха сиригэр икки кадетскай оскуола баар: Дьокуускай Мархатыгар уонна Мииринэй Чернышевскайыгар. Бу манна үөрэммит оҕолору салгыы байыаннай училищеларга сүүмэрдээн, үөрэттэрэн ылыахтаахпыт. Анал (целевой) миэстэлэри тыырдарары таһынан, үөрэнэр-олорор усулуобуйаларын кытары көрөн. Сахалар байыаннай идэҕэ сыстаҕастар. Ол сэрии сылларыгар да элбэх хорсун буойуттар бааллара да туоһулуур. Аны, байыаннайдар үйэлэрин моҥуохтарыгар диэри сулууспалаабаттар, эрдэ астаапкаҕа тахсаллар. Оччотугар, 40-50 саастаах бэлэм үрдүк таһымнаах специалистэрдэри ылыах этибит. Ол дьон ити Арктическай чаас инфраструктуратыгар эрэ буолбакка, атын гражданскай да тэрилтэлэргэ үөрүүнэн үлэҕэ ылыллыах этилэр. Байыаннай каадырдары бэлэмниир үөрэхтэр, гражданскайдардааҕар быдан таһымнаах специалистары бэлэмниирэ уруккуттан биллэр.

- Юрий Михайлович, “Якутскэнергоҕа”, “АЛРОСАҕа” үлэлээтэҕиҥ дии. Эн көрөргөр, тоҕо промышленнай, улахан хампаанньаларга олохтоох дьон үрдүкү менеджмеҥҥэ тоҕо суох буоллулар? Ортоҕо да суохтар быһыылаах.

- Айхаллааҕы ГОКка Анатолий ПЛАТОНОВ баар. Уонна бүттэ.

- Тоҕо итинник балаһыанньа үөскээтэ дии саныыгын?

- Промышленнай производство урут салайааччыны үүннэриигэ туспа систиэмэлээх этэ. Хара үлэттэн, туох баар производство таһымын биллэрэн үүннэрэн таһаараллара. Уопсайынан, сэбиэскэй систиэмэҕэ барытыгар каадыры бэлэмнээһин оннук хайсханан барара. Онтон дойду уларыйарыгар ити систиэмэ ыһыллан хаалбыта. Тойон аллараттан үүммэккэ, үөһэттэн ананар буолбута.

Иккиһинэн, туох да диэбит иһин, промышленность – ыарахан үлэ. Ол иһин киһи бэйэтин дьонуттан өйөбүлгэ олус наадыйар. Холобур, мин, аан бастаан Бүлүү ГЭҺигэр үлэлии кэлэрбэр, оччотооҕу Горкомҥа анал үлэһиттэр ыраахтан сылдьан кэтээн көрөллөрө. Наада тирээтэҕинэ өйөбүл-тирэх буолаллар эбит. Ону тута буолбакка, хойут ол туһунан билбитим. Холобур, биһиги салалтабыт Дьокуускайга кэллэхтэринэ ыҥыран ылан “бу киһи хайдах үлэлии сылдьарый, хайдаҕый” диэн туоһалаһар эбиттэр. Ол кинилэр ыҥыран кэпсэтэллэрэ даҕаны, оччолорго элбэх үтүргэнтэн быыһаабыт буолуохтаах: бу аата кини чороҥ соҕотох буолбатах эбит, өйөбүллээх эбит диэн өйдөбүлү хаалларар буоллаҕа. Итини таһынан, национальнай састаап эмиэ улаханнык суолталанара, хайаан да олохтоох каадыр элэҥ-сэлэҥ баар буолуохтаах диэн суруллубатах ирдэбил баара.

Билигин салалта өттүттэн каадыры үүннэриигэ ситимнээх, утумнаах, хас да уонунан сылы хабар үлэ барыахтаах. Саҥа киһи кэллэҕин аайы каадырыы иитии, бэлэмнээһин уларыйа, быраҕылла туруо суохтаах. Холобур, каадыр боппуруоһугар – региональнай сокуон баар буолуохтаах. Сокуон тутуһуллуохтаах, онон каадыр политикатыгар утумнаах үлэ (ким Ил Дархан буолбутуттан тутулуга суох) баран иһэрин хааччыйыахтаах.

- Ханнык сокуон?

- Сокуоҥҥа “эдэр специалист” диэн өйдөбүлү киллэриэххэ наада диэн туруорсар туруорсуулаахпын.

- Федеральнай сокуоҥҥа “эдэр специалист” диэн термин суох буоллаҕына, хайдах...

- ...Атын регионнарга баар. Холобур, Ульяновскай уобаласка 2012 сыллаахха ити быһаарыы сокуонунан ылыллан турар. Олоххо киирэн, каадыр боппуруоһугар хотуулаахтык туһанан олороллор.

- Ил Түмэн Мииринэйгэ кадровай боппуруоска сыһыаннаах парламентскай истии оҥорбута. Сүрүн дакылааты эн оҥорбутуҥ?

- Александр Николаевич ЖИРКОВ “промышленноска үлэлээбит киһи быһыытынан, производствоны иһиттэн билэҕин, бэйэҥ холобургар ырытыыта оҥор” диэн сорудахтаабыта. Онон сүрүн дакылааты бэйэм уопуппар тирэнэн оҥорбутум. Бастатан туран, үрдүттэн Мииринэйгэ каадыр боппуруоһугар аналлаах истии барбыта олус оруннаах. Улахан “АЛРОСА”, кини салааларын бэрэстэбиитэллэрэ уонна республикаҕа үлэлиир бары сүрүн промышленнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн истэн, кэпсэтиигэ кытыннылар. Кырдьык, олохтоох каадыры туһаныыга үлэ барыахтаах диэн сөбүлэстилэр.

Кадровай боппуруоска дойду үрдүнэн ситимнээх үлэ барбатынан сибээстээн, хас биирдии регион хайдах бэйэтэ тобулбутунан үлэлиир. Онон региональнай сокуоммутугар “эдэр специалист” диэн өйдөбүлү киллэрэн, каадыр политикатыгар онно тирэнэн үлэ барыахтааҕын туһунан резолюцияҕа этилиннэ.

Эппитим курдук, регион бэйэтэ “эдэр специалист” туһунан быһаарыыны сокуонунан ылыныан сөп. Ол иһин, Мииринэйгэ тэриллибит парламенсткай истии ити сокуону ыларга бэлэмнэнии түһүмэҕинэн барда. Быйылгыттан сокуону барылын бэлэмнээн Ил Т;мэҥҥэ киллэриэхпит. Олохтоох каадыры үүннэриигэ, бэлэмнээһиҥҥэ промышленноска сыһыаннаах эйгэҕэ эрэ буолбакка экономика бары салаатыгар “Эдэр специалист туһунан” сокуону ылыы улахан тирэх буолуоҕа. Сокуон ылылыннаҕына ол сокуону үлэлэтэргэ үп көрүллэр. Оттон ханнык баҕарар үлэ тахсыыта – үбүлээһинтэн улахан тутулуктааҕын киһи барыта өйдүүр.

Тохсунньу ый эргэтигэр, икки бөлөҕүнэн хайдыһан норуот депутаттара Аллараа Бэстээххэ уонна Сунтаарга, Мииринэйдээҕи парламентскай истиигэ ылыллыбыт түмүк санааны дьүүллэһэн мунньах тэрийиэхтээхпит. Онно Киин улуус, Бүлүү сүнньүн улуустарын муниципальнай тэриллиилэрэ, орто, үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ, промышленнай тэрилтэлэр кыттыһан, каадыр боппуруоһугар анаан мунньахтыахпыт. Онтон, аны сайын, Мииринэйдээҕи парламентскай истиигэ ылыллыбыт түмүк санаа хайдах, төһө туолан иһэрин туһунан Правительство отчуота буолуоҕа. Каадыр боппуруоһа – норуот тыыннаах хаалар сүрүн боппуруоһа. Онон бу проблемаҕа сүэбитин холбоон, биир кэлимсэ стратегическэй суолталаах быһаарыы ылынарбыт хайаан да наада.

- Юрий Михайлович, сэһэргэһииҥ иһин махтал.

Источник: www.aartyk.ru

ПЕРЕЙТИ К ОРИГИНАЛУ МАТЕРИАЛА:

Юрий НИКОЛАЕВ: “Тойон аллараттан үүммэт, үөһэттэн ананар буолла”

2016-01-11 20:36:47

Всего просмотров: 1473

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-12-22 07:23:13 - Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

2024-12-19 07:42:34 - Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

2024-12-16 12:06:44 - Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

2024-12-16 12:05:21 - Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

2024-12-04 05:07:46 - Айсен Николаев потребовал усилить взаимодействие с бизнесом для улучшения инвестклимата в Якутии

2024-12-03 14:43:13 - Айсен Николаев поручил разработать новые меры для ускорения очереди на получение земельных участков многодетными

2024-11-30 05:42:49 - Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем хомуса

2024-11-26 14:42:25 - Глава Якутии Айсен Николаев встретился с руководителем Комитета семей воинов Отечества Юлией Белеховой

2024-11-22 09:40:49 - Айсен Николаев выступил в поддержку обращения Президента РФ

2024-11-03 10:57:38 - Якутян приглашают на показ фильма о Первом Президенте Якутии Михаиле Николаеве

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании