Сахалыы сыhыарыы
Киһи олоҕун 1 тыһыынчаҕа сыаналыыр тойоттор
Майя ДМИТРИЕВА, Aartyk.Ru
От ыйын 18 күнүгэр Ытык Күөлгэ (Таатта улууһа) киэһэ 17.20 чаас саҕана, дьон көрөн турдаҕына Toyota Land Cruiser массыына харах тэстэринэн туора суолтан көтүтэн тахсан, бэлэсэпиэтинэн баран иһэр саастаах дьахтары түҥнэри көттө.
“Дьахтар Кулаковскай уулуссанан баран истэҕинэ Мординов уулуссаттан массыына көтүтэн таҕыста”, - диэн туоһулар кэпсииллэр. Массыына саайбытыттан дьахтар сордоох эһиллэ-эһиллэ ыраахха баран түһээхтээбит.
Буруйдаах – Ислам Исидорович СЕЙДАЛОВ, Таатта улууһугар “Якутскэнерго” АК РЭС начальнига, хата “Суһал көмөнү” ыҥырыах оннугар, ГИБДД сотруднигар субуоннаабыт. Билэр киһитэ буолан уруттаан киниэхэ субуоннаан эрдэҕэ.
Эдэр баҕайы ПОТАПОВ диэн формалаах уол кэлэн “бэлэсэпиэттээх киһи суолунан буолбакка тротуарынан айанныахтааҕын” нэһиилэ сытар пенсионеркаҕа “өйдөппүт”, эмсэҕэлээччи эчэппиккэ туох да “претензията суоҕун” туһунан (суобаһа буолан!) илии баттаппыт. Бэйэтэ да ээл-дээл сытар дьахтары икки толуу эр киһи ханна гыныай?!
Эмсэҕэлээччи Елизавета МАТАННАНОВА пенсионерка, ыал ийэтэ, эбээтэ билигин Таатта улуустааҕы киин балыыһатыгар хирургия отделениятыгар суорҕан-тэллэх киһитэ буолан эмкэ-томко, системаҕа сытар. Иһэ-үөһэ, бүөрэ, быара доргуйбут, мэйиитэ эмиэ доргуйбут, хараҕын олоҕо хамсаабыт. Ити өссө көрбүт эрэ специалистар диагностара.
- Билигин ньиэрбэ бырааһа кэлэн көрүөхтээх, - диэн төлөппүөн анараа өттүгэр нэһиилэ саҥаран Елизавета Петровна кэпсэттэ. – Хараҕым ууланар, төбөм, иһим-үөһүм ыарыыта бэрт, - диэхтиир.
- Елизавета Петровна, оттон эйигин түҥнэри көппүт СЕЙДАЛОВ, сатахха, эмкэ-томко харчынан көмөлөһөр санаата суох дуо?
- Ээ, хантан... ГАИ уола сөбүлэҥинэн быһаарсыаххытын сөп диэбитигэр... СЕЙДАЛОВ 1 тыһыынча биэриэхпин сөп диэбитэ... “Ыстарааппар 5 тыһыынча төлүөм, ол кэннэ миэхэ син биир туох да буолбат”... – диэбитэ...
- ?!!!
***
Киһи олоҕун 1 тыһыынчаҕа сыаналыыр бу хайа бэйэлээх, сахалыы сиэри киэр илгэр хантан кэлбит Ислам тойооскунуй?! Аатыттан-суолуттан сылыктаан туора омук киһитэ диэбиппит, Уус Алдантан төрүттээх диэтилэр. “Единая Россия” партия аатыттан улуус мунньаҕын депутатыгар эмиэ тура сылдьыбыттаах”. Ол иһин бу киһи аата өйгө хатаммыт эбит.
“Хаһан эрэ Уус Тааттаҕа токтаах боруобат хараллыбакка сытарыттан уокка оҕустаран сүөһү бөҕөтө өлбүтэ. Онно дьон РЭСтэри, чуолаан СЕЙДАЛОВЫ “үлэҕэ дьалаҕай сыһыанын” үҥсэн суукка биэрэ сатаабыттара, айдаан тардыбыттара да киһилэрэ “Якутскэнерго” тойонун, ити билигин Госдумаҕа дураһыйар ТАРАСОВ аллар атаһа буолан, ууттан кураанах куоппута. Ааттаах сүүрүҥүй, ньылбырхай киһи”, - диэн дьон бэркиһээн кэпсиир киһитэ эбит.
Дьэ, маннык үлэһиттэрдээх, киһи олоҕун баардылаабат – 1 тыһыынчаҕа (!!!) сыаналыыр өйдөөх-санаалаах, буруйу да оҥордохторуна бэйэ-бэйэлэрин быысаһан ылар тойоттор өссө сахалар ааттарыттан депутакка дьулуһаллара хаалбыт эбит! Тугуй, ол биир тыһыынчаны тамныы-тамныы биһигини тэбистэрэ сылдьыахтаахтар дуо?! Бу “гаишник” уол даҕаны сүрдээх эбит. Хараны көрөн туран үрүҥ дэттэрэр, атыттарга эккэлээн бэйэ дьонун туох иһин сэнэттэрдэ?! Эмиэ тойоттор сирэйдэрин кэтиир эдэр киһи карьерата үөһэ тахсара буолуо диэн көрбүттээҕэр сэрэйиэххэ сөп.
Табаарыстарын, аллар атастарын салайааччы оҥоро-оҥоро үрдүк кириэһилэҕэ дьулуһар торулуур тойон ТАРАСОВ пенсионерканы тэбистэрэ-тэбистэрэ 1000 сыҥалыыр атаһыгар туох миэрэни ыларын кэтээн көрүөхпүт. Бука, буоларын курдук сарайбыт тарбахтарын быыһынан көрүөҕэ.
Тыа сирин боростуой киһитэ сүөһүтүн-аһын сүтэрэрин буолуохтааҕар, бэйэтин олоҕун даҕаны маннык тойоттортон көмүскээбэт буолбута кыһыылаах. Былаас баартыйатын аатыттан араас быыбарга турар кандидаттар итинник тыа сирин кыаммат дьонун атаҕастыыллара сиэргэ баппат быһыы. Ол кэннэ ким билиҥҥи былааһы, тойоттору итэҕэйиэй...
2016-07-20 15:23:41 Всего просмотров: 1134 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2021-12-13 08:11:45 - КЭРИЭСТЭБИЛ. Дьон өйдүүрүн тухары – киһи тыыннаах 2020-05-27 08:18:46 - Иван КУЛЬБЕРТИНОВ аҕатыгар анаммыт памятник эскиһин сөбүлээбэтэх
2018-03-09 08:54:47 - Саха киһитин санаатын сааһылыыр кэмэ кэллэ 2016-07-20 15:23:41 - Киһи олоҕун 1 тыһыынчаҕа сыаналыыр тойоттор
2013-07-01 12:52:49 - Аанньаахха биир мандаттаах уокурукка икки киһи Ил Түмэн быыбарыгар кыттар баҕатын биллэрдэ
2013-07-01 12:49:49 - Ньурбаҕа биир мандаттаах Ил Түмэн быыбарыгар түөрт киһи регистрацияланна
2013-04-30 17:09:42 - Тиэрэ топпут тойоттор... 2012-03-02 02:07:37 - Ордугу булаары олоҕу алдьатыы. Борис Попов сыала-соруга тугуй? 2012-01-02 15:47:45 - Олоҕу сиэрдээхтик олоруохха диэн кураанах этии дуо? |