Образование и наука
Төрөөбүт тыл тирэхтээх буолан
Ытыктабыллаах, дьонум-сэргэм! «Биһиги ийэ тылбыт – дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх кэрэ-дьикти тыл!»- диэн Күннүк Уурастыырап бэргэн тылларыгар бүгүн эҕэрдэбин эҥэрдэһиннэрэбин.
Биһиги төрөөбүт тылбыт дирин историялаах, олус баай, атын омук тылларыгар холоотоххо олус кэрэтик иһиллэр тыл. Тылбыт сүппэтин, симэлийбэтин туһугар, кэлэр кэнчээри ыччаппытын, сахалыы тыыннаан, үтүө сиэргэ-майгыга уһуйан сылдьыахтаахпыт.
Биһиги тылбытын уһуннук кэтээн көрбүт дьон сахалыы дьоһуннук толкуйдуур киһи киһитэ үтүө майгылаах, сиэрдээх киһи буола улаатар. Мин саныахпар, төрөөбүт тылынан көҥүллүк саҥара үөрэммит оҕо атын омук тылын түргэнник ылынар, инникигэ эрэлэ быдан күүстээх, сайдыытыгар тирэхтээх буолар.
Төрөөбүт тылы билбэт оҕолор күннээҕинэн толкуйдаах, уһуну – киэҥи ырыта барбат, быстах майгылаах буолар курдуктар. Кыра түгэннэргэ да оҕо, ыччат тылын байытан, тылбыт сүмэтин иҥэрэн, киһилии киһини иитэргэ кыһаллыаҕын. Төрөөбүт тыл үөрэх-иитии тыла буолар аналлаах. Холобур, оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылынан иитиллэр эйгэтин кэҥэтэн, билигин суруйар диктаннарбытын сэргэ хайаан да өйтөн суруйуулары киэҥник туттуоҕун. Маннык түгэҥҥэ оҕо этиэхтээх санаатын сааһылана, тыл баайын эгэлгэтин туһана, толкуйдуур дьоҕурун сайыннара үөрэнэрин ситиһиэхпит.
Өбүгэбит үтүө удьуорун төһө табатык утумнуурбутуттан олохпут тухары тобулар толкуйбутугар, иэйиибитигэр, духуобунаспытыгар, дириҥ уонна киэҥ иэннээх силистээх, киһи илиитэ кыайан таарыйбат өһүөлээх буолуохпут.
Тыа хаһаайыстыбатын Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай академиятын ректора, норуот дьокутаата Иван Иванович Слецов
2019-02-13 07:53:11 Всего просмотров: 523 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-02-08 17:08:15 - САХА НОРУОТА ДУХУОБУНАС ӨТТҮНЭН САЙДАРЫГАР БАРЫ КЫАХ БААР. Саха Сирэ ойууннааһыҥҥа Аан дойду киининэн буолуон сөп - Лэгэн Лэгэнтэй 2023-12-28 11:10:11 - Александр Жирков: Аграрнай оскуолалар тыа ыччатын аныгы технология эйгэтигэр уһуйуу, сайдыы кииннэрэ буолуохтара 2023-06-27 09:00:13 - Александр Жирков: Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ оскуола суолтатын атын ханнык да тэрилтэ, тэрээһин кыайан солбуйуо суоҕа 2023-01-16 04:17:46 - Александр Жирков: «Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтэ тэриллиэхтээх» 2019-02-13 07:53:11 - Төрөөбүт тыл тирэхтээх буолан
2017-11-18 07:04:41 - “Былаас, биисинэс уонна нэһилиэнньэ хардарыта сибээстэрэ баар буолуохтаах” 2017-11-18 07:03:39 - Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар төһүү буолуоҕа 2017-11-16 07:02:26 - Уустук эрээри, олус суолталаах быһаарыныы буолуоҕа 2017-11-16 07:00:18 - Улуус сайдыытыгар тирэх буолуо 2016-01-11 20:36:47 - Юрий НИКОЛАЕВ: “Тойон аллараттан үүммэт, үөһэттэн ананар буолла”
|