ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ
“Былаас, биисинэс уонна нэһилиэнньэ хардарыта сибээстэрэ баар буолуохтаах”
В «Якутии.ру” интернет-хаһыат тутулуга суох экспертэн ‒ экономическай наука дуоктара, Россия норуотун хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай академиятын (РАНХиГС) профессора, Россия хотугу өртүн социальнай сайдыытыгар киинин ситэриилээх дириэктэрэ Вера Сморчковаттан Саха сиригэр метанол собуотун тутуутун туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстө.
‒ Вера Ивановна, урут хоту сир баайын туһаҕа таһаарыыны дьоннор айхаллыыр эрэ буолааччылар, оттон билигин айылҕаҕа ханнык баҕарар орооһууну сорунуулаахтык утараллар. Тоҕо дии саныыгыный?
‒ Тоҕо диэтэххэ, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар диэри экология диэн өйдөбүл суоҕун кэриэтэ этэ, онон аахсыбаттар этэ. Оттон билигин маннык эбийиэктэри тутууга экология экспертизата хайаан да оҥоһуллуохтаах. Оттон ол сиргэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар олорор буоллахтарына, өссө этнология экспертизатын ааһыаххын наада. Этническэй нэһилиэнньэ балаһыанньатыгар, социальнай-экономическай уонна култуурунай сайдыытыгар техногеннай дьайыы хайдах сабыдыаллыан сөбүн наука өттүнэн чинчийии 1999 сылтан сокуонунан ирдэнэр.
‒ Эн тус бэйэҥ хотугу сир баайын туһаҕа таһаарыыны сөптөөх диигин дуу эбэтэр сэрэхэдийэр санаа баар дуу?
‒ Сири-уоту туһаҕа таһаарыы экономика сайдыытын кытта ыкса сибээстээх, ол биһиги социальнай эйгэбит төрдө буолар. Экономика суох буоллаҕына, социальнай инфраструктураны тутууга, араас тэрээһиннэргэ, өйөбүллэргэ үп-харчы эмиэ суох буолуо. Онон бырайыак салалтата нэһилиэнньэни, тэрилтэлэри кытта хайаан да көрсүһүөхтээх, уопсастыбаннай истиилэри ыытыахтаах, собуоттан туох туһа тахсыахтааҕын дьоҥҥо сиһилии быһааран биэриэхтээх. Буолаары буолан чопчутук быһааран биэриэхтээх: туох тутуллуохтааҕын, туох үчүгэйдээҕин-куһаҕаннааҕын, хайдах быһыы-майгы буолуохтааҕын, олохтоох нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтэ төһө тахсыахтааҕын, бу тэрилтэҕэ ыччаты үлэҕэ уһуйуу уонна үөрэтии хайдах буолуохтааҕын. Былаас, урбаан уонна нэһилиэнньэ икки ардыларыгар хардарыта сибээс баар буолуохтаах. Төһө кыалларынан ыксатык уонна аһаҕастык дьүүллэһиэххэ наада, оччоҕо нэһилиэнньэ өртүттэн итэҕэл баар буолуо, атааннаһыы тахсыа суоҕа. Соһуччу түгэннэр суох буолалларын наадатыгар барыта бырайыак саҕаланыан иннигэр дьүүллэһиллиэхтээх.
‒ Уопсастыбаннас утарылаһыытыттан ханнык эмэ бырайыагы тохтоппут түгэнэрэ баарын билэҕин дуо?
‒ 2010 сыллаахха Эвенкияҕа гидроэлектростанция тутуллуутун утары уопсастыбаннас утары турбутун өйдүүбүн. Бэл диэтэр, Москваҕа РФ уопсастыбаннай палаататыгар истиилэр буолбуттара. Бу тутуу экология өртүнэн ураты харыстанар сири-уоту ууга тимирдиэхтээх этэ. Ону дьоннор тохтоппуттара. Уопсастыбаннас, кырдьык, тохтотор кыахтаах. Онон гражданскай уопсастыба аһаҕас атааннаһыытыгар тиэрдибэт сыалтан дьоҥҥо барытын аһаҕастык уонна чиэһинэйдик быһааран биэриэххэ наада. Бырайыагы аһаҕастык дьүүллэстэххэ эрэ, нэһилиэнньэ итэҕэлин ылыахха сөп. Инбиэстэрдэр бэйэлэрин олохтоохтор оннуларыгар туруоран көрөн толкуйдуохтаахтар: бу собуоттан биһиги тугу туһанабыт? Тобох-ибэх быраҕыллыыта, салгын уонна өрүс киртийиитэ эбэтэр биһиги оҕолорбут үөрэнэн, туһалаах идэни ылан үрдүк хамнастаах, үчүгэй социальнай пакеттаах тэрилтэҕэ үлэлиэхтэрэ дуо? Гааһы таҥастыыр саҥа собуоттар – бу үрдүк технологиялаах, инновацияларга олоҕурбут оҥорон таһаарыы. Онон «гааһы таҥастыыр» диэн тылтан бүтэйдии саллыбакка, бары өттүнэн көрүөххэ наада.
‒ Урут собуоттары тутуу айылҕаҕа билиҥҥитээҕэр улахан хоромньуну таһаараллара буолуо диэн этиэххэ сөп дуо?
‒ Биллэн турар, манна саарбахтааһын суох. Билигин технологиялар уларыйдылар, бырамыысыланнас эбийиэктэригэр экология кытаанах ирдэбиллэрэ уонна сыыппара экономиката баар буоллулар. Онон собуоттан саба быраҕан саллыбакка, бырайыак ис хоһоонугар болҕомтону ууруохха наада.
Источник: газета "Эркээйи" от 17 ноября 2017 года.
ДРУГИЕ МАТЕРИАЛЫ СПЕЦРАЗДЕЛА:
ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ 2017-11-18 07:04:41 Всего просмотров: 788 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2023-07-17 15:02:27 - Нэһилиэнньэни сибиэһэй, хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйар 2017-11-18 07:04:41 - “Былаас, биисинэс уонна нэһилиэнньэ хардарыта сибээстэрэ баар буолуохтаах” |