ВЫБОРЫ
ОБЩЕСТВЕННОСТЬ МЕГИНО-КАНГАЛАССКОГО УЛУСА ОСУДИЛА ВМЕШАТЕЛЬСТВО ДЕПУТАТА ИЛ ТУМЭН НАХОДКИНА В ПРЕДВЫБОРНУЮ СИТУАЦИЮ И ОТРИЦАТЕЛЬНО ОЦЕНИЛА ЕГО РАБОТУ
Елена ТИХОНОВА
Как и ожидалось, выборы нового главы района в Мегино-Кангаласском улусе будут сложными. Как стало известно интернет-газете "V Якутии.ру", на прошлой неделе в адрес руководства Госсобрания направлено обращение, в котором общественность района осудила вмешательство депутата Ил Тумэн от улуса Андрея Находкина в предвыборную ситуацию и дала в целом отрицательную оценку его депутатской деятельности.
Напомним, Андрей Находкин - народный депутат Якутии от Мегино-Кангаласского одномандатного избирательного округа №24, председатель постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) по селу и аграрной политике.
Публикуем обращение без изменений и сокращений:
"Саха Республикатын "Ил Түмэн" Государственнай мунньах бэрэссэдээтэлигэр Еремеев А.И.
Убаастабыллаах Алексей Ильич!
Мэҥэ Хаҥалас улууһа Сахабыт сирин биир бөдөҥ тыа хаһаайыстыбатын, араас омук эйэлээхтик олорор улууһа буолар. Улуус олохтоохторо Республика салалтата ыытар улэтин сунньун өйүүрбүтүн биллэрэн бары ыытыллар тэрээьиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. Быйыл күһүн улууспутугар 19 нэһилиэк баһылыгар, 28 нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганыгар депутаттары уонна улууспут баһылыгын талар быыбардара ыытыллыахтара.
Бүгүҥҥү күҥҥэ “Биир Ньыгыл Россия” политическай партия быыбардар иннилэринэ кандидаттары быһаарар барыллаан куоластааһын тэрээһинэ саҕаланна.
Быйылгы оройуон баһылыгын 2021 сыллаҕы үлэтин отчуоттуур мунньахтарыгар баһылыкпыт Н.П. Старостин, аныгыс быыбарга кандидатуратын туруорумматын, саҕаламмыт үлэ салҕанан барыахтааҕын, түмсүү уонна сомоҕо сүрүн күүс буоларын, туһунан эппитин нэһилиэнньэ долгуйа ылыммыта. Улуус дьоно – сэргэтэ “Ил–Түмэн” депутаттарыгар кэнники сылларга олус табыллан, бииргэ үлэлииргэ ылынан, кинилэр тула түмсэн кэллибит.
Ол курдук, саха омук киэн туттар уолаттара Филипп Охлопков, Георгий Артемьев, Владимир Кычкин, Александр Романов курдук чулуу дьоммут улуус дьоно түмсүүлээх буолалларыгар, кинилэр интириэстэрин туруорсарга, көмүскэһэргэ билиилэрин, үлэлэрин – хамнастарын анаан кэлбиттэрэ. Ааспыт 2018 сыллаах депутаттары талар быыбарга биир мандааттаах уокуруктан А.М. Находкины оройуон баһылыга, улуус дьоно бары өйөөммүт, киниэхэ куоласпытын биэрэн депутат оҥорон турабыт.
Аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимнэргэ депутаппыт, Тихонов Д.И. кандидатуратын быһаччы өйүүрүн, кини этиитигэр холбоһон быыбардааччылары ыҥырарын, көрөн – истэн улуус уонна республика араас муннугар олорор биир дойдулаахтарбыт соһуйбуттарын, өйдөммөт балаһыанньа үөскээбитин суруйаллар, этинэллэр.
Бу быһыыны биһиги, улууһу хайытыы, норуот интириэһин буолбакка бэйэ иннин көрүнүү курдук сыаналыыбыт уонна бу этиигэ элбэх киһи кыттыһыаҕа, диэн саныыбыт. Сахабыт сирин Государственнай мунньаҕар тыа сирин уонна аграрнай политикатын бастайааннай кэмитиэтин салайааччыта, тыа сирин олохтоохторун ортолоругар хайдыһыыны таһааран, онтон ас-таҥас кэтэһэрэ олох сыыһа быһыы!
Убаастабыллаах Алексей Ильич, итинтэн сиэттэрэн, улууспутун араас кэмҥэ салайбыт убайдарбыт, эдьиийдэрбит, киэн туттар дьоммут “түмсүүлээх буолун!”- диэн этиилэрин мэктиэлээн хаалларбыттарын умнуо суохтаахпыт уонна өрө тутуохтаахпыт! Дойду билиҥҥи балаһыанньатын учуоттаан норуот түмсүөхтээх кэмигэр, дьон санаатын буккуйан дьону уодьуганныыр дьон салалта өттүттэн суох буолуохтаахтар.
Бу созывка депутат Находкин А.М. үлэтиттэн астыммаппытын аһаҕастык биллэрэбит уонна сөптөөх дьаһаллар ылыллыахтара диэн, бигэ эрэнэбит.
Улуус дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Е.Н.Иванова,
Улуус ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.М.Максимова,
Улуус инбэлииттэрин уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Т.Н.Пермякова,
Улуустаа5ы ДьУоКХ Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын салайааччыта И.Э.Яковлев,
«Сахатранснефтегаз» Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын салайааччыта А.Н.Федорова,
“Чүүйэ” МУТ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта С.А.Кириллин,
“Хорообут” ХЭТ салайааччы В.А.Колосов". 2022-05-30 08:24:58 Всего просмотров: 2274 Поделиться:
Комментарии
Всего
[0]
Ссылки по ключевым словам:
2024-12-20 08:50:39 - Как работает «Умный транспорт»? 2024-12-20 03:20:48 - Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия» 2024-12-19 07:45:40 - В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста 2024-12-18 06:25:08 - Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске 2024-12-17 07:09:04 - Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой 2024-12-17 07:04:58 - Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!" 2024-12-16 12:01:17 - 21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность» 2024-12-16 06:13:13 - Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления 2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? 2024-12-15 06:14:41 - Народные депутаты Якутии приняли участие в мероприятиях, посвященных 200-летию Нюрбинского района |