Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В столице
Евгений Григорьев проверил ход работ по устранению последствий аварийных ситуаций

ЖКХ, энергетика
Все жилые дома в селе Бестях Жиганского района подключили к электроотоплению

Культура
Сборы якутского кинематографа достигли исторического максимума в 2024 году

Здравоохранение
В Якутске прошла торжественная выписка рожденных в Новый год малышей

Более 35 тысяч человек обследовали мобильные доктора Якутии в 2024 году

В столице
Евгений Григорьев провел общегородскую планерку по вопросам жизнеобеспечения города Якутска

В республике
Более 14 тысячам семей выделен целевой капитал «Дети столетия» в 2024 году в Якутии

Здравоохранение
В Якутии родилась первая в 2025 году двойня

ВЫБОРЫ
ПОЙДЕТ ЛИ НА ТРЕТИЙ СРОК АНАТОЛИЙ ГРИГОРЬЕВ? Если да, то легкая победа главы Сунтарского улуса может повториться
[0]

Здравоохранение
Еще свыше 160 земских докторов и фельдшеров трудоустроили в селах Якутии в 2024 году

ВЫБОРЫ
В НАСТУПИВШЕМ ГОДУ В ЯКУТИИ ПРОЙДУТ МАССОВЫЕ МУНИЦИПАЛЬНЫЕ ВЫБОРЫ. В трех улусах изберут глав
[0]

В столице
БРИГАДЫ АО "ТЕПЛОЭНЕРГИЯ" УСТРАНЯЮТ АВАРИЮ В АВТОДОРОЖНОМ ОКРУГЕ
[0]

Происшествия
ИЗ-ЗА ПОЖАРА СЕЛО БЕСТЯХ ЖИГАНСКОГО УЛУСА ОСТАЛОСЬ БЕЗ КОТЕЛЬНОЙ: ОБЪЕКТ СГОРЕЛ ПОЛНОСТЬЮ, ВОССТАНОВЛЕНИЮ НЕ ПОДЛЕЖИТ. В район экстренно выехала рабочая группа из Якутска
[0]

Здравоохранение
Более 100 объектов здравоохранения ввели в Якутии в рамках президентского нацпроекта

Образование, наука
В Якутии по федеральной программе провели капитальный ремонт 95 школ

Здравоохранение
В НОВОГОДНЮЮ НОЧЬ В ЯКУТИИ ПОЯВИЛИСЬ НА СВЕТ ТРИ МАЛЫША. "Рекорд" был 1 января 2022 года - тогда в Новый год в республике родились 9 детей
[0]

В России
Путин в новогоднем обращении: все будет хорошо

В столице
Оперативные службы Якутска работают в режиме повышенной готовности
[0]

Экология
Более миллиарда рублей дополнительно направлено пострадавшим от паводка в Якутии

Здравоохранение
Поздравление с Новым годом министра здравоохранения Якутии Лены Афанасьевой

В ДВФО
Поздравление Заместителя Председателя Правительства Российской Федерации – полномочного представителя Президента Российской Федерации в Дальневосточном федеральном округе Юрия Петровича Трутнева с Нов

Сельское хозяйство и АПК
Поздравление с Новым годом министра сельского хозяйства Якутии Артема Александрова

В столице
О движении автобуса №100 в Якутске в новогоднюю ночь
[0]

В столице
Поздравление главы города Якутска Евгения Григорьева с Новым 2025 годом

В парламенте
Поздравление Алексея Еремеева с Новым годом и Рождеством

В республике
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Новым 2025 годом

Транспорт
От имени Виктора Лебедева и «Саханефтегазсбыта» вручены подарки маленьким пациентам
[0]

Поздравление Василия Шимохина с наступающим Новым годом [0]

В парламенте
Виктор Губарев: В городе Докучаевске посланцы Якутии восстанавливают 65 различных объектов

В республике
Более 14 тысячам семей выделен целевой капитал «Дети столетия» в 2024 году в Якутии

В столице
С 28 декабря по 8 января все оперативные службы Якутска работают в режиме повышенной готовности
[0]

В улусах
В селе Сунтар Якутии ввели новый Культурно-спортивный комплекс

В парламенте
В 2025 году народные депутаты Якутии проведут личный приём граждан
[0]

В столице
В новогоднюю ночь в Якутске будет работать автобусный маршрут № 100н
[0]

В Якутске открыли дополнительное здание к средней школе № 19

Здравоохранение
До 2026 года в Нерюнгринской ЦРБ обновят 14 объектов здравоохранения

В Якутске состоялась торжественная выписка двух тройняшек

В парламенте
Александр Атласов провёл семинар по вопросу реализации закона о наделении органов МСУ отдельными госполномочиями

Здравоохранение
Новые технологии в борьбе с инсультом

В республике
27 декабря - День спасателя Российской Федерации
[0]

 

Сахалыы сыhыарыы

Ил Түмэн депутаттара Мэҥэ Хаҥалас улууһун күнүгэр

Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ, «Эркээйи» хаһыат корреспондена, Мэҥэ Хаҥалас улууһа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттара Юрий Баишев уонна Александр Романов СӨ Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьеваны уонна РФ Биэнсийэҕэ пуондатын эрэгийиэннээҕи салаатын управляющайа Георгий Степановы кытта Мэҥэ Хаҥалас улууһун күнүн бэлиэтээһиҥҥэ олунньу 10 күнүгэр кыттыыны ыллылар.

Оройуон төрүттэммитэ 87 сылын саҥа сылга киирэн баран бэлиэтээһин уратытынан өрөспүүбүлүкэбит биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, Россия үтүөлээх экономиһа, РФ Пенсионнай пуондатын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, экономическай наука хандьыдаата, Россия судаарыстыбаннай сулууспатын докторана, аан дойдутааҕы «Бирмингем Факела» кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Мэҥэ Хаҥалас оройуонуттан Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) II-III ыҥырыылаах састаабын дьокутаатынан, РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерацияҕа Сэбиэтин чилиэнинэн үлэлээбит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Роберт Андреевич Бурнашов аатын-суолун кытта даҕааһыннаран ыытыллыбыта буолла.

Ол чэрчитинэн, дойдутугар ‒ Тараҕай нэһилиэгэр тиийэн кини аатын сүгэр оскуолаҕа Р.А.Бурнашов мөссүөнннээх өйдөбүнньүк дуоскаҕа сибэкки дьөрбөтүн улуус баһылыга Николай Старостин уурда. Оҕолорго туһаайан саха биир бөдөҥ салайааччытын туһунан кылгас кэс тыл эттэ. Итини сэргэ, бу күн үгэс буолбутунан 1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ биир уһулуччулаах салайааччыта Семен Захарович Борисов пааматынньыгар уонна улууһу кытта биир төрөөбүт күннээх, сахаттан бастакы Россия академига, хас да академиялар академиктара, Владимир Петрович Ларионов мусуой-дьиэтигэр сылдьаннар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин ытыктаан-санаан аастылар, сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Академик аатын сүгэр Майа орто оскуолатыгар В.П.Ларионов бүүһүгэр сибэкки ууруллан, оҕолорго өрөгөйдөөх линиэйкэ тэрилиннэ.

Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр өрөгөйдөөх мунньах ыҥырыллан, сааланы толору дьон муһунна.

Роберт Бурнашов олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр киинэ көрдөрүллэн дьон болҕомтотун тарта. Р.А.Бурнашов убайа, үлэ бэтэрээнэ, улуус Бочуоттаах гражданина Ананий Бурнашев хаачыстыбалаах, дириҥ ис хоһоонноох киинэ иһин режиссер Василий Дмитриевич Ходуловка махтанна. Саалаҕа мустубут дьоҥҥо-сэргэҕэ Роберт Андреевич бииргэ төрөөбүттэрэ ‒ Роза, Пелагея, Августина, Альбина үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлэн олороллорун иһитиннэрдилэр. Роберт Бурнашов уобараһын тилиннэрэр таҥастаах, дьүһүннээх артыыс тахсан Өксөкүлээх Өлөксөй омуктары кытта алтыһыы туһунан кэриэс-хомуруос тылларын аахта.

Роберт Бурнашов үөлээннээҕэ, СӨ Үпкэ уонна экономикаҕа институтун дириэктэрэ Александр Кугаевскай доҕорун, кэллиэгэтин киһи быһыытынан характеристикалаан тыл эттэ. Кини өркөн өйүн биир туоһутунан Дьокуускайтан Москваҕа көтөн иһэн өрөспүүбүлүкэ сайдыытын кэнсиэпсийэтин уурар «Якутия на рубеже веков» кинигэни суруйан хаалларбытын аҕалла. Саха норуота төһө да кэм ирдэбилинэн уларыйан истэр бэйэтин омук быһыытынан төрүт уратыларын тутан хаалар кыахтааҕын эттэ.

Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин улуус устуоруйатын, билиҥҥи олоҕун туһунан өрө күүрүүлээх дакылаатын оҥордо. Саха АССР Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиумун уонна Норуодунай Комиссардар Сэбиэттэрин 1930 с. олунньу 10 күнүнээҕи холбоһуктаах мунньахтарын боротокуолугар олоҕуран, «Мэҥэ Хаҥалас оройуона» тэриллиэҕиттэн улуус олоҕо хайдах сайдыбытын, оройуон сайдарыгар кылааттарын киллэрбит дьон ааттарын аҕынна. Устуоруйа чахчыларынан быйыл 115 сыллааҕа дакаастанар Майа сэлиэнньэтин сайдыыта улуус сайдыытын кытта быстыспат сибээстээҕин бэлиэтээн туран, Майаҕа култуура уонна устуоруйа киинин быһыытынан ураты статуһу ситиһии соруга турарын эттэ. Быйылгы үбүлүөйдээх түгэннэри санатта: улууска сопхуостар тэриллибиттэрэ 50, Улуу Өктөөп 100, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Г.С.Самсонов төрөөбүтэ 95 сыллара уо.д.а.

Баһылык Николай Старостин сайдыыга туһуламмыт үлэни-хамнаһы сырдатан туран, улуус дьонугар-сэргэтигэр салалтаны өйүүллэрин-өйдүүллэрин иһин истиҥ махталын тиэртэ уонна салгыы үлэлэһэргэ былаан элбэх диэтэ.

Быйыл, биллэрин курдук, хаһааҥҥытааҕар да элбэх ‒ 21 киһи «Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина» ааты сүктэ. Кинилэр бу күн бары чиэстэнэн дастабырыанньаларын туттулар. Кинилэри сэргэ, 6 киһи «Мэҥэ аат» кинигэтигэр киллэрилинилэр. Успуорт бэтэрээнэ, тириэньэр Николай Егоровка «СӨ физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллэн, туһааннаах бэлиэни туттардылар. Бэтэринээр управлениетын начаалынньыга Акулина Дьячковская өр сыллаах үлэтин иһин СӨ Бырабыыталыстыбатын кыһыл көмүс чаһылаах Грамотатын тутар чиэстэннэ.

Салгыы сыанаҕа Ил Түмэн дьокутаата Александр Романов ыҥырыллан, бар дьонун бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ. «Төрөөбүт улууһум бар дьонун тапталлаах улууспут төрүттэммитэ 87 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, ‒ диэтэ Александр Афанасьевич. ‒ Улуус салалтата өрөспүүбүлүкэбит салалтатын кытта өйдөһөн-өйөһөн ыкса үлэлэһэрэ, сайдыы саҕахтарын тэҥҥэ арыйсара биһигини, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх дьокутааттары, үөрдэр, үлэбитигэр кынаттыыр. Улууспут саҥаттан саҥа ситиһиилэр кирбиилэригэр дьулурҕатык үктэнэн иһэр. Элбэх тутуу барар, бырамыысаланнас сайдыахтаах. Гаас ситимэ кэҥиир. Суол-иис лаппа тупсар. Ити, барыта, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ көмөтө суох биир тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус холугар кыаллыбат дьыала буолара өйдөнөр. Онон, биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, парламмеммытыгар бииргэ үлэлэһэ сылдьар кэллиэгэлэрбитигэр махталбыт улахан. Улууһум дьонугар-сэргэтигэр дьолу-соргуну, таһаарыылаах өрө күүрүүлээх үлэни-хамнаһы баҕарабыт!»

Дьокутаат Ил Түмэн кыһыл көмүс чаһылаах Бочуотунай грамотатын «Армонд» ХЭУо дириэктэрэ Ян Новиковка, Махтал суругун нэһилиэктэр дьокутааттарыгар ‒ Иннокентий Олесовка (Араҥас) уонна Геннадий Скрябиҥҥа (Ходоро) туттартаата. Ян Аркадьевич улууһун туһугар ороскуокка да киирэн туран, бэйэтэ улахан суумалаах иэс ылан саҥа, аптымаатынан үлэлиир «Терморобот» оһохтору төрөөбүт улууһугар тарҕата сылдьарын Александр Романов дьон иннигэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Табаҕа оскуолатын оҕолоро, киэҥник биллэр ансаамбыллар ‒ «Төлөн», «Айыына», мелодистар «Дьүрүлгэн» түмсүүлэрэ, Табаҕа уонна Майа хуордара, Сардаана Осипова кыттаннар дьоҥҥо иэйии киэһэтин бэлэхтээтилэр.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ

2017-02-14 22:12:16

Всего просмотров: 1190

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-08-18 00:25:05 - В Нюрбе состоялось официальное открытие II Республиканского молодежного фестиваля «Түмэр түгэн»

2023-12-02 04:58:05 - Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах Мэҥэҕэ тэрээһин

2023-01-21 14:02:47 - Алексей Еремеев Нам улууһун 2022 сыллааҕы түмүгүн таһаарыытыгар кытынна

2022-11-22 06:20:18 - Аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолалар дьылҕаларын Ил Түмэн бэйэтин көрүүтүгэр ылла

2022-02-12 16:26:50 - «Бу Дьокуускай» биэриигэ: Саха сирин ойуурун түмэлигэр (11.02.22)

2019-03-27 01:55:57 - Владимир Поскачин: “Сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ!”

2019-01-12 06:11:28 - «У НАС ПОЯВИЛАСЬ ПОЛИЦИЯ НРАВОВ?». Рейды общественников «Үс түмсүү» по клубам вызвали неоднозначную реакцию

2018-06-29 03:13:46 - Бэс ыйын 30 күнүгэр ЯГСХА ипподромугар ат сүүрдүүтүгэр ыҥырабыт

2018-05-05 00:34:51 - Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр ЖИРКОВ ааспыт быһылааҥҥа сыһыанын эттэ

2017-05-22 18:40:25 - Бүгүн Ил Түмэн народнай депутатын Александр Романовы тиһэх суолугар атаардылар

Собственные материалы (последние 20)

2025-01-02 07:15:07 - ПОЙДЕТ ЛИ НА ТРЕТИЙ СРОК АНАТОЛИЙ ГРИГОРЬЕВ? Если да, то легкая победа главы Сунтарского улуса может повториться[0]

2025-01-02 05:19:16 - В НАСТУПИВШЕМ ГОДУ В ЯКУТИИ ПРОЙДУТ МАССОВЫЕ МУНИЦИПАЛЬНЫЕ ВЫБОРЫ. В трех улусах изберут глав [0]

2025-01-02 02:59:31 - БРИГАДЫ АО "ТЕПЛОЭНЕРГИЯ" УСТРАНЯЮТ АВАРИЮ В АВТОДОРОЖНОМ ОКРУГЕ [0]

2025-01-01 11:16:08 - ИЗ-ЗА ПОЖАРА СЕЛО БЕСТЯХ ЖИГАНСКОГО УЛУСА ОСТАЛОСЬ БЕЗ КОТЕЛЬНОЙ: ОБЪЕКТ СГОРЕЛ ПОЛНОСТЬЮ, ВОССТАНОВЛЕНИЮ НЕ ПОДЛЕЖИТ. В район экстренно выехала рабочая группа из Якутска [0]

2025-01-01 04:51:22 - В НОВОГОДНЮЮ НОЧЬ В ЯКУТИИ ПОЯВИЛИСЬ НА СВЕТ ТРИ МАЛЫША. "Рекорд" был 1 января 2022 года - тогда в Новый год в республике родились 9 детей[0]

2024-12-31 13:49:15 - Оперативные службы Якутска работают в режиме повышенной готовности[0]

2024-12-31 07:29:48 - О движении автобуса №100 в Якутске в новогоднюю ночь [0]

2024-12-31 04:19:00 - От имени Виктора Лебедева и «Саханефтегазсбыта» вручены подарки маленьким пациентам[0]

2024-12-30 14:24:14 - Поздравление Василия Шимохина с наступающим Новым годом [0]

2024-12-29 15:33:33 - С 28 декабря по 8 января все оперативные службы Якутска работают в режиме повышенной готовности[0]

2024-12-29 09:51:19 - В 2025 году народные депутаты Якутии проведут личный приём граждан[0]

2024-12-29 09:49:56 - В новогоднюю ночь в Якутске будет работать автобусный маршрут № 100н[0]

2024-12-27 06:23:55 - 27 декабря - День спасателя Российской Федерации[0]

2024-12-25 08:18:00 - В Москве состоялся Совет директоров АО «АК «ЖДЯ»[0]

2024-12-24 01:21:22 - Внимание: номера «горячих линий» медицинских организаций[0]

2024-12-23 14:40:26 - Режим работы медицинских организаций в новогодние выходные дни - с 29 декабря 2024 года по 8 января 2025 года[0]

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]


Разделы

В ДВФО

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Происшествия

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании