Сахалыы сыhыарыы
Владимир Поскачин: “Сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ!”
Сергей ПАВЛОВ
- Владимир Семенович, бу күннэргэ Дьокуускайга, кэлии омуктар куһаҕан быһыыны оҥорон, улахан аймалҕан тахса сырытта. Онон сибээстээн ватсаапка да, дьон кэпсэтиитигэр араас санаалар этилиннилэр.
Бэйэҥ да истэ-билэ сылдьарыҥ буолуо, Үөһээ Бүлүүгэ сыһыаннаан Павел Павловиһы кытта эйигин сибээстээн араас сурахтар-садьыктар тарҕаннылар. Онно эйигин бу Н.Н. Тарскай кэриэһигэр тустуу чөмпүйэнээтигэр кэлэ сылдьаргар көрсөн, ити туһунан тус бэйэҕиттэн чопчу санааҕын билиэхпин уонна кырдьыктаах этиини дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиэхпин баҕарабын. Баһаалыста.
- Сөп. Бастатан туран, саха хоһууннарыгар, эр бэртэригэр уонна кэрэ аҥаардарбытыгар туһаайан этиэхпин баҕарабын, миитиҥ тэриллибитэ саамай сөп диэн. Онтон сылтаан аҕыйах санаабын кылгастык этиим.
Күдээринэ "толерантнай буолуохтаахпыт” дииллэрин мин сөбүлээбэппин. Холобур, биһиги атын омуктарга толерантнай, бэрт бөҕө буолабыт, оттон бэйэбит дьоммутугар кырыкпытын киллэрэбит. Биһиги маҥнай бэйэбитигэр толерантнай буолуохха. Бэйэбитин көмүскэһэргэ, аһынарга үөрэниэххэ.
"Эмпатия", эбэтэр нууччалыы эттэххэ “сочувствие” диэн өйдөбүл баар. Итинник өйдөбүллэринэн бэйэбит күннээҕи олохпутун оҥостуохтаахпыт дии саныыбын.
Ол кэнниттэн атын омуктартан төһө баҕарар ирдиэхпитин сөп уонна бэйэлэрэ да убаастаан, саллан киирэн барыахтара.
Киһиргээһин курдук санаамаҥ, ол гынан баран Үөһээ Бүлүүгэ буолбут Манчаары оонньууларыгар биһиги "хаамаайы" арыгыһыттарбытын барыларын кытта кэпсэтии ыытан, сөбүлэҥнэрин ылан барыларын кэриэтэ балыыһаҕа киллэрэн сууйан-тараан, эмтээн-томтоон, салайааччылар бэйэбит харчы бырахсан саҥа ис-тас таҥас, атах таҥаһа, наскы ылан биэрэн биир кыһалҕабытын быһаарбыппыт.
Мин билэрбинэн "мөлтүү" сылдьар дьоммутугар итинник "толерантнайдык" сыһыаннаһыы бу бастакы көстүүтэ.
Билигин уулуссаҕа буруйу оҥоруу Үөһээ Бүлүүгэ лаппа аччаан турар. Кэлии омуктар да уопсай бэрээдэк баарын билинэллэр.
Онтон Павел Пинигины мин көлүөнэм дьоно бары национальнай герой курдук көрө оҕо эрдэхпититтэн улааттахпыт дии.
Ватсаапка мин туспунан кэнники элбэхтик ырытан суруйаллар.
Ону-маны барытын айа-айа сымыйанан суруйаллар. Убаастабыллаах киһибитин, олимпийскай чөмпүйүөн Павел Павлович Пинигины кытта киирсээри гыммыттар диэн барыта сымыйа. Эһиги онно олох итэҕэйимэҥ!
Провокация элбэх. Мин итинниги отой утарабын. Байбал Пинигины кытта билсэрбинэн, доҕордоһорбунан киэн туттабын. Кинини өссө сэбиэскэй былаас саҕана Үөһээ Бүлүү улууһун, оччотооҕуга оройуонун, бочуоттаах олохтооҕо оҥорбуттара. Кини кэргэнэ, эмиэ олимпийскай чөмпүйүөн Мария Джумабаевна чэпчэки атлетикаҕа хас даҕаны Үөһээ Бүлүү ыччатын эрчийэр.
Наһаа үлэһиттэр, бэйэлэрин кыахтарынан албан ааты, норуот тапталын ылбыт дьон буоллахтара дии. Саха дьоно барыта Байбал курдук хараактырдааҕа эбитэ буоллар, омук быһыытынан чаҕылхай буолуохпут этэ. Кини хараактырын убаастаан, хайдах тустубутун өйдөөн, эдэр ыччакка ону кэпсээн...
Били Германияҕа Зегери кытта хайдах киирсибитин, тииһин көтүттэрэ-көтүттэрэ, киирэн кыайбытын кэпсиэххэ, оччоҕо өйдүөхтэрэ этэ. Эбэтэр, хайдах олимпийскай чөмпүйүөн буолбутун, американец Кизери хайдах кыайбытын...
Итинник түгэннэри киэҥник сырдаттахха, ыччаттар өйдүөхтэрэ дии саныыбын. Бэйэбит дьоммутун дьоруой оҥостуохтаахпыт, кинилэргэ сүгүрүйүөхтээхпит. Байбал курдук дьону өрө тутан, холобур оҥостон оҕолору үөрэттэхпитинэ – кыайыы-хотуу кэлиэ этэ дии саныыбын. Хайдах даҕаны бэйэбит дьоруойбутун ылыммакка сырыттахпытына, иккис дьоруойу таһаарбаппыт.
Биһиги киэн туттар дьоммут элбэх буоллахтара. Бастакы олимпийскай чөмпүйүөммүт Роман Михайлович Дмитриев буоллун,Александр Николаевич Иванов, Василий Николаевич Гоголев, Петр Петрович Юмшанов,бырааттыы Герман, Александр Степанович Контоевтар, Леонид Николаевич Спиридонов, Виктор Николаевич Лебедев ити курдук ааҕан көрдөххө, успуорка элбэх буоллаҕа дии.
Биһиги Сардаана Трофимовабыт, табылыннаҕына Олимпиадаҕа кыттыан сөп. Култуураҕа эмиэ киэн туттар дьоммут буолунай буоллаҕа. Билиҥҥи информационнай эйгэ кэҥээбитигэр, түргэтээбитигэр аан дойду харса суох кыччыыр. Сибээстэһэргэ ким ханна олороро оруола суох буолла.
Атаҕастааһыны биллэҕинэ дьон барыта айманар, туруорсар. Холобур, бэйэ дьиэтигэр кэлии омуктары аһаҕастык видеоҕа уста-уста интернекка таһаара-таһаара кырбаатахха, ону ким даҕаны сөп диэ суоҕа.
Төттөрүтүн туох куһаҕан, акаары, дьиикэй омуктарый диэн абааһы көрүөхтэрэ. Онон өйдүөххэ наада, ордук ыччаттар. Буолбут миитиҥҥэ Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев кэлэн күүстээх тылы эттэ. Өрөспүүбүлүкэ былааһа норуотун өйүүрүн аһаҕастык биллэрдэ.
Бу улахан. Маны сөпкө өйдөөн салгыы провокацияҕа киирэн биириэ суохтаахпыт.
Бэйэтин омугун туһунан толкуйдуур, бэйэтин оҕолорун, ыччаттарын туһугар ыалдьар киһи ырааҕы көрөн, ырааҕы былааннаан олоҕун оҥостуохтаах, аан дойдуну атыйахтаах уулуу дьалкытар улуу өбүгэлэрбит курдук.
Ис тэрээһин уонна бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан баар буолла да омуктары биһиги хайдах баҕарар салайар, дьаһайар да, дьайар да кыахтаахпыт.
Онон өссө төгүл этэбин, бастаан бэйэ-бэйэбитигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахха, аһынсыахса, көмүскэһиэххэ!
Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ. 24.03.2019 “Триумф” 2019-03-27 01:55:57 Всего просмотров: 1081 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-12-18 06:26:29 - Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным 2024-12-10 09:12:19 - Владимир Прокопьев: Переход на единую систему публичной власти будет проходить поэтапно 2024-11-30 06:46:18 - Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа 2024-11-30 05:41:22 - Афанасий Владимиров: Цель НПК - передать молодым наследие хангаласских родов через время и пространство 2024-11-01 10:09:38 - Афанасий Владимиров встретился с участниками II Николаевского форума в Якутии 2024-10-17 11:46:04 - В Якутии состоялся открытый разговор с депутатом ГосДумы Владимиром Бурматовым 2024-10-13 00:25:28 - ПОЗДРАВЛЕНИЕ ВЛАДИМИРА ПУТИНА С ДНЕМ РАБОТНИКА СЕЛЬСКОГО ХОЗЯЙСТВА И ПЕРЕРАБАТЫВАЮЩЕЙ ПРОМЫШЛЕННОСТИ 2024-10-10 09:37:27 - Афанасий Владимиров провел заседание постоянного комитета по государственному строительству и законодательству 2024-09-27 07:47:49 - В Якутске почтили память Владимира Ларионова 2024-08-29 18:15:16 - Афанасий Владимиров принял участие в Августовском совещании работников системы образования Хангаласского улуса |