Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ

МЕТАНОЛ СОБУОТУН ТУЛА САНААЛАР - ЭРКЭЭЙИ

Саха сиринээҕи оттук-энэргиэтикэ хампаанньата (ЯТЭК) биһиги улууспут сиригэр-уотугар метанолу оҥорор собуоту тутарга холоммут бырайыагын тула кэлин кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит, улууспут олохтоохторун ортолоругар араас санаа-оноо үөскээтэ, социальнай ситимнэр нөҥүө мөккүөрдэр, этиилэр, билгэлээhиннэр таҕыстылар.

Биһиэхэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторугар, маннык улахан далааһыннаах бырайыагы бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар олоххо киллэрэр өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн сайдыытыгар төһүү буоларын сэргэ, сүҥкэн улахан эппиэтинэһи туруорар.

Ол гынан баран, бырайыак айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ, дьон доруобуйатыгар суоһуур кутталын өйдөөн туран, өскөтүн олоххо киллэриллэр түбэлтэтигэр экологияны араҥаччылыыр туох баар нуормалар тутуһуллуохтаахтарын булгуччу ирдиэхтээхпит уонна ону барытын кытаанах хонтуруолга тутары ситиһиэхтээхпит.

Бырайыак тула туох санаалар баалларый? Бу туһунан улууспут олохтоохторо “Эркээйиттэн” ааҕан билсиэххитин уонна бэйэҕит санааҕытын хаһыат нөҥүө үллэстиэххитин сөп.

***

Айылҕа харыстабылын ирдэбилэ инники күөҥҥэ сылдьыахтаах

Уопсастыбаҕа Саха сиригэр гааһы дириҥник таҥастааһын тула көхтөөх кэпсэтии бара турар. Бу собуот хайдах-туох үлэлиэхтээҕий? Бырайыак хайдах олоххо киириэхтээҕий? Туох куттал баарый? Бу уонна атын боппуруостарга айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев хоруйдуур.

‒ Бастатан туран, метанолу оҥорон таһаарыыга ханнык эттиктэри туттарбытын, ол төһө кутталлааҕын чопчу билиэхтээхпит. Айылҕа гааһа — углеводород уматыктартан саамай ыраастара.

Айылҕа гааһын уматыыга уу уонна углекислай гаас эрэ үөскүүллэр. Оттон атын ньиэп бородуукталара уонна таас чох умайалларыгар күл уонна чоҕой үөскүүр. Гаас умайыытыгар тахсар углекислай гаас “парниковай” дьайыыта атын уматыктартан кыра, онон “от күөҕэ уматык” диэн аатырар. Онон гаас энэргиэтикэҕэ уонна бырамыысыланнаска күүскэ туттуллар. Иккиһинэн, гаас бэйэбитигэр баар, Орто Бүлүүгэ уонна Мастаахха хостонор. Онно ыраастанар, куурдуллар уонна магистраль турбалар устун хачайданар. Бу үлэ 50 сыл устата салҕанар.

‒ Метанолу оҥорон таһаарыыга буортулаах эттиктэр ууга уонна салгыҥҥа булкуллуохтарын сөп дуо?

— Оҥорон таһаарыы устуоруйатын уонна Томскай уобаластааҕы собуот уопутун көрөр буоллахха, маннык эбийиэктэр балачча бүтэйдик үлэлииллэр, метанолу оҥорууга туттуллубут уу таска тахсара бэлиэтэммэт.

Гаас уонна аргыстаһа сылдьар убаҕас эттиктэр бүтүннүү метанолга кубулуйаллар, оттон метанол тиэйэргэ-таһарга анал оҥоһуулаах систиэмэҕэ хомуллар. Метанол оҥоһуутугар тахсар гаас циркуляция быһыытынан синтез эргииригэр төннөр, онон атмосфераҕа быраҕыллыбат.

Сорох буортулаах гаас көрүҥнэрэ анал оһоххо киирэн умайаллар. Оттон кытаанах тобох бу үлэҕэ тахсыбат, онон кытаанах тобоҕу харайыыга сир-уот наадата суох.

‒ Метанолу оҥорууга туох ирдэбиллэр баалларый?

— Манна түөрт түһүмэҕи тутуһуохха наада: бастакы түһүмэх — үлэ-хамнас барыахтаах сирин анал докумуоннарга (ТЭО) уонна инженернэй чинчийиилэргэ олоҕуран талыллыахтаах.

Бырамыысыланнай былаһаакка муниципальнай тэриллии генеральнай былааныгар сөп түбэһиэхтээх, ол аата санитарнай көмүскэнэр зоналар учуоттаныах тустаахтар.

Ону кытта ууну харыстыыр зоналар учуоттаныахтаахтар. Онон Өлүөнэ кытылыгар, дьон олорор сириттэн чугас эбэтэр тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сиргэ ыллын даҕаны, тутан киирэн барар кыаҕыҥ суох.

Маннык эбийиэктэр аналлаах бырамыысыланнай зоналарга, ол зоналар генеральнай былааҥҥа көрүллүбүт эрэ буоллахтарына тутуллаллар.

Иккис түһүмэх — бырайыактааһын уонна технологияны талыы. Бырайыактааччы бу хайысхаҕа уопуттаах буолуохтааҕын таһынан, бырайыагы олохтоох усулуобуйаны, Саха сирин киин өртүгэр сабардыыр ирбэт тоҥ эрэсиимнэрин, онтон да атын уратылары учуоттаан оҥоруохтаах.

Оҥоһуллубут бырайыак муниципальнай тэриллии таһымынан уопсастыбаннас дьүүллэһиитигэр таһаарыллар. Ол дьүүллэһии түмүгүнэн боротокуол суруллар. Бу боротокуол бырайыагы судаарыстыбаннай экспертизаҕа итиэннэ судаарыстыбаннай экологическай экспертизаҕа киллэрэргэ биир сүрүн докумуонунан буолуохтаах.

— Судаарыстыбаннай экспертиза сөбүлэҥин биэрдэҕинэ салгыы туох үлэ барарый? Ити түмүгэ хайдах тахсарый?

— Судаарыстыбаннай экспертиза, судаарыстыбаннай экология экспертизата анал федеральнай сокуоннарынан сүрүннэнэллэр. Экспертэр бырайыакка сөбүлэҥи биэрэн туран, сүҥкэн улахан эппиэтинэһи ылыналлар.

Бу кэнниттэн эбийиэги тутуу түһүмэҕэ саҕаланар. Онно туспа көҥүл ылыахтаахтар, көҥүлэ суох биир да эбийиэк тутуллар кыаҕа суох. Тутуу кэмигэр ааптар кэтээн көрүүтэ, судаарыстыба тутууларга кэтээн көрүүтэ бараллар.

Технологиялары уонна технология оборудованиеларын тиэрдээччилэр таҥыы, тутуу, туруортааһын хаамыытын тиһигин быспакка кэтээн көрөллөр уонна эбийиэги тутууга туох баар эппиэтинэһи барытын сүгэллэр — тутуу ыстандаартарын, нуормаларын уо.д.а.

Бүтэһик түһүмэх — эбийиэги үлэҕэ киллэрии. Метанол собуота хайдах да хонтуруола суох хаалбат — собуот баһаарынай, санитарнай, бырамыысыланнас уонна экология өртүлэринэн куттала суох буоларын анал сулууспалар тиһигин быспакка кэтээн көрөллөр, хонтуруоллууллар.

Онон үөһэ этиллибит ирдэбиллэр тутуһуллубатах эбийиэктэрэ аныгы бырайыактааһын уонна судаарыстыбаннай систиэмэ уопуттара этэринэн, хайдах да тутуллар уонна үлэлиир кыахтара суох.Итини таһынан метанолу тиэйэргэ уонна харайарга кытаанах быраабылалар бааллар, олор булгуччу тутуһуллуохтаахтар.

— Дьон-сэргэ “экологическай миитиннэргэ” тахсар. Эн санааҕар уопсастыбанньыктары кытта биир тылы булуохха сөп дуо?

— Бастатан туран, сонуну иһитиннэрэр-биллэрэр тиһиктэр нөҥүө туох былаан баарын, хайдах-туох технологиялар туттуллуохтарын туһунан кырдьыктаах информацияны тиэрдиэххэ наада.

Уопсастыбаннай истиилэргэ туох баар өрүттэр бары кыттыахтаахтар. Ол иһигэр уопсастыбанньыктар долгутар боппуруостарыгар сиһилии хоруйу ылыахтаахтар. Туох баар боппуруостар, туруорсуулар, этиилэр уонна баҕа санаалар боротокуолга тиһиллиэхтээхтэр.

Бэрээдэк быһыытынан, бырайыактыыр докумуоннар Уопсастыбаннай истиилэр буолуохтара биир ый иннинэ киэҥ иһитиннэриигэ-биллэриигэ тахсыахтаахтар.

Уопсастыбаннай истиилэр тустарынан биллэриилэр, үгэс курдук, олохтоох уонна өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тахсаллар, онно бырайыактыыр докумуоннары кытта ханна билсиэххэ сөбүн ыйыллыахтаах.

СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

***

Дьоһуннаах дьүүллэһии уонна куттала суох сайдыы иһин

Экономист быһыытынан бэйэм санаабын үллэстэбин. Биһиги мэлдьи “сырьевой придаток” буолабыт диэн үҥсэргиибит. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ таҥастааһын тоҕо суоҕуй? Биһиэхэ ол тыа хаһаайыстыбатыгар онон-манан эрэ баар, бырамыысыланнаска суоҕун тэҥэ.

Сэбиэскэй кэмҥэ Өймөкөөн сиригэр хостоммут сурьма рудатын Магаданынан уонна Владивостогунан эргитэн Киргизияҕа илдьэн байыталлар этэ. ССРС эстибитин кэннэ Новосибирскайга илдьэр буолбуттара.

Тоҕо оннук этэй? Оҥорон таһаарар күүстэр энэргиэтикэ, табыгастаах суол-иис, үлэһит илии баар сиригэр кииннэнэллэрэ. Хоту дойдуну улаханнык ноҕуруускалаабакка, сир баайын эрэ хостууллара.

Манна биир өртүнэн экэниэмикэ ырычаахтара (нэһилиэнньэ аҕыйаҕа, суол-иис суоҕа), иккис өртүнэн, экология боппуруостара (хотугу айылҕа уйана, ирбэт тоҥ кыһалҕалара) кырата суох оруолу оонньууллара.

Саха сирин олохтооҕун быһыытынан эттэхпинэ, алмаас бырамыысыланнаһыгар шахтаттан хостооһун букатын саҥа тэриллэр ньыма эрээри, хайы үйэҕэ эрэбилэ суоҕа көһүннэ. Урут шахтаттан таас чоҕу эрэ хостууллара. Сангаар шахтата сабыллан турар, Дьабарыкы хайатынааҕы шахта сабыллан эрэр. Туох да сүрдээх дириҥ алмаас карьердарын Мииринэйгэ, таас чох карьерын Нерюнгригэ хаһабыт.

Килэмиэтиринэн дириҥнээх скважиналартан ньиэби, гааһы 50 сыл устата хачайдаатыбыт. Оччотугар, сир анныгар ирбэт тоҥҥо көҥдөйдөр үөскээбэттэр дуо?

Бу туһунан ирбэт тоҥу үөрэтээччилэр туох дииллэрий? “Мир” рудникка тахсыбыт саахал туһунан тугу этэллэрий? Килэмиэтиринэн дириҥнээх скважиналар ирбэт тоҥҥо уонна айылҕаҕа хайдах дьайалларый?

Биллэн турар, метанол собуота саҥа үлэ миэстэтин, эбии нолуок төлөбүрдэрин таһаарыаҕа. Ол үчүгэй курдук. Ол эрэн биһиги бэйэбит дьоммутун сир баайын хостуур бырамыысыланнаска олохтоохтук киллэрэрбит сөп буолуо этэ.

Оччотугар собуота да суох олоруо этибит. Манна диэн эттэххэ, Уһук Илиҥҥэ итинник собуот тутуллар буоллаҕына, биһиэхэ тутуллара наада дуо? Итинник боппуруос үөскүүр. Оннооҕор сир баайын хостооһун айылҕаҕа улахан дьайыылаах, онтон таҥастааһын туһунан этэ да барыллыбат.

Экономист быһыытынан, мин собуоту утарыам суоҕа этэ. Ол гынан баран, күн-бүгүн бары нолуоктан киирэр үп-харчы федеральнай сокуоннарынан былааннанар, барыта кииннэнэр – НДФЛ-тан уонна баайга-дуолга нолуоктан ураты.

Итинтэн маннык ыйытыы үөскүүр ‒ саҥа тэрилтэттэн ханнык нолуок, нолуок төһө өлүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа хаалыаҕай? Олохтоох нэһилиэнньэ кыттыгаһа дуона суох буолуо диэн сэрэхэдийэбин. Син биир алмаас бырамыысыланнаһыгар курдук буолуоҕа.

Манна диэн эттэххэ, “Мир” рудник саахала бырайыагы тутуспатахтан тахсыбыт дииллэр. Метанол собуотугар оннук суох буолуо диэн ким мэктиэлиэй?!

Хайдаҕын да иһин, учуонайдар, дьиҥнээх профессионаллар ыйааһыннаах этиилэрэ суох сатаммаппыт буолуо. Онон сэтинньи саҥатыгар “Дойду ситимэ” анал идэлээхтэри, экологтары, учуонайдары, уопсастыбанньыктары түмэн, ЯТЭК бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран, аһаҕас дьүүллэһиини тэрийэр былааннаах.

В.П.Ларинов аатынан “Дойду ситимэ” Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх дьон түмсүүтэ буоларын быһыытынан, бу боппуруостан туора турбат, төрөөбүт-үөскээбит улууспут сиригэр-уотугар метанол собуотун тутууга сыһыаннаах бары боппуруостары киэҥник уонна дириҥ хорутуулаахтык дьүүллэһэргэ аһаҕас трибуна буоларга бэлэм. Биһиги аһаҕас дьүүллэһии уонна куттала суох сайдыы барарын иһин турунабыт.

Владимир Птицын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сайдыытыгар үлэлиир В.П.Ларионов аатынан «Дойду ситимэ” түмсүү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаҺаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

***

Оҥорон таһаарыы сайдыахтаах

Өскөтүн биһиги Сахабыт сиригэр, Илин эҥэргэ гааһы туһаныахпытын баҕарар буоллахпытына, гааһы таҥастааһын хайаан да наада. Бу хаһан эрэ кэлиэхтээх этэ. Биһиги “хаачыстыбата суох, сэрэхтээх буолуо” диэн дьаарханар үгэстээхпит. Ньиэмэстэр кэлэн тугу эрэ туталлара буоллар, арааһа, итинник сэрэниэ суох этибит. Оннук буолбат дуо?

Биһиги саарбахтыыр санаабытын киэр илгиэхтээхпит, бэйэбитигэр итэҕэйиэхтээхпит, бэйэбит кыахпытыгар, үлэбит хаачыстыбатыгар, күрэстэһэр кыахпытыгар. Оччоҕо эрэ ырыынак эйгэтигэр кыттыахпыт.

Мин кэтээн көрүүбүнэн, биһиги Сахабыт сирэ ‒ Россия биир саамай күүстээх социальнай эрэгийиэннэриттэн биирдэстэрэ. Ол эрэн ырыынак сыһыаннаһыыларын сайдыыта дуона суох.

Тус санаабар, ырыынак сокуона судаарыстыбаннай бүддьүөккэ уонна муниципальнай тэриллиилэр хааһыналарыгар дохуот киллэрэр, үбү-харчыны эргитэр бырамыысыланнас эбийиэктэрэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар тутуллалларын ирдиир.Оҥорон таһаарыы хайаан да сайдыахтаах дии саныыбын.

Хомойорум ‒ бу бөдөҥ бырамыысыланнас бырайыагын көҕүлээччинэн Саха сирин тэрилтэтэ буолбатаҕа.

Юрий Куприянов, РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, биир дойдулааххыт.

***

Источник: "Эркээйи" хаhыат - алтынньы 27 кунэ, 2017 сыл. "В Якутии.ру" интернет-хаһыаттан матырыйааллар туһанылыннылар.

ДРУГИЕ МАТЕРИАЛЫ СПЕЦРУБРИКИ:

ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ

2017-10-28 21:42:34

Всего просмотров: 1062

Поделиться:

Комментарии Всего [1]


Ссылки по ключевым словам:

2024-05-29 04:03:14 - Бааһынай хаһаайыстыбалар биир идэлээхтэригэр санааларын уураллар

2023-09-07 11:00:38 - НӨМҮГҮЛЭР ҮРДҮК ҮҮНҮҮНҮ ЫЛАР САНААЛААХТАР

2022-06-18 18:15:24 - МИХАИЛ НИКОЛАЕВ. ЫСЫАХ ЭРКЭЭНИ-2022. 18.06.2022

2022-04-29 09:48:25 - В первом квартале 2022 года автовладельцы метановых машин сэкономили почти 13 млрд рублей

2020-11-22 10:40:54 - В Якутии снимут с продажи антисептик, в результате употребления которого умерли семеро. В антисептике содержалось 69% метанола - ТАСС

2017-12-02 07:21:13 - ПРОИЗВОДСТВО МЕТАНОЛА ЭКОЛОГИЧЕСКИ БЕЗВРЕДНО - АКАДЕМИК ПАРМОН

2017-11-14 03:10:40 - "ЯКУТСКИЕ ЭМИРАТЫ", МЕТАНОЛ И ПОЛИТИЧЕСКОЕ "ХАРАКИРИ" ДВУХ СПИКЕРОВ...

2017-11-13 13:44:02 - КАК МИР ПОДСЕЛ НА МЕТАНОЛ?

2017-11-02 04:30:05 - МИНИСТР ПРОМЫШЛЕННОСТИ - О ТОМ, ПОЧЕМУ МЕТАНОЛОВЫЙ ЗАВОД НЕ МОЖЕТ БЫТЬ ПОСТРОЕН В АЛДАНЕ

2017-10-30 12:56:44 - КОММЕНТАРИЙ ГЛАВЫ МЕГИНО-КАНГАЛАССКОГО РАЙОНА ПО ПРОЕКТУ МЕТАНОЛОВОГО ЗАВОДА

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании