ДЕЛО ЯГСХА
Уйбааммытын өйүүбүн
Василий РАХЛЕЕВ
Уйбаан Уйбаанабыс Слепцов Таатта улууһун Уолбатыттан төрүттээх үйэлэрин тухары үлэни өрө туппут Мойохоос аҕа ууһуттан төрүттээх. Мойохоос аҕа ууһа үлэттэн олох дьолун булбут туруу үлэһит дьонунан нэһилиэги ааһан улууска киэҥник биллэр дьоннордоох ытык уус буолар.
Уйбаан аҕата кырдьаҕас Уйбаан Уйбаанабыс үйэтин тухары механигынан, тракторынан, отделение бригадирынан кэлин АЗС операторынан үтүө суобастаахтык үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ийэлэрэ Зинаида Ивановна эдэр сааһыгар Уолбатаагы детсадка баспытааталынан үлэлээн ааспыта. Кырдьаҕастар төһө да Уус Алдаҥҥа олохсуйаллар, билиҥҥэ диэри дойдуларын кытта сибээстэрин быспаттар, куруук кэлэ, билсэ тураллар.
Иван Слепцов оҕо сылдьан Таатта Уолбатыгар, ол аата аҕатын дойдутугар сайынын кэлэр этэ. Ол кэмтэн биһиги доҕордоһуубут саҕаламмыта. 7-кэ үөрэнэ сылдьан сайыҥҥы лааҕырга бииргэ түбэһэн сылдьыбыппыт. Оҕо-оҕо курдук үөрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан оҕо сааспыт биир кэрэ умнуллубат сайына ааспыта.
Саамай чугастык билсиим диэн баһылыктыыр сылларбар буолбута. Ол кэмҥэ кини Тыа Хаһаайыстыбатын миниистиринэн ананан үлэтин саҕалаабыта. Бииргэ үлэлээһиммит түмүгэр нэһилиэкпитигэр баар улахан күөлбүт уутун хаһаанар сыаллаах киэҥ далааһыннаах үлэни ыыттарбыппыт.
Министерство көмөтүнэн күөлү проектааһынын, үлэҕэ киирии үбүн тыырдарбыппыт. Ити түмүгэр нэһилиэк дьоно иһэр ууга кыһалҕаны көрсүбэппит. Тыа дьоно буолан ынах сүөһү ииттэр сыаллаах тыа хаһаайыстыбатын министерствотын иһинэн үлэлиир "Коренное улучшение лугов" программаҕа киирэн оттуур ходуһаларбытын оҥотторбуппут.
Итини таһынан 220 төбө ынах-сүөһү киирэн турарыгар аналлаах улахан животноводческай комплекс олоххо киирбитэ. Күн бүгүн сылаас, сырдык комплекс үлэлии турара олохтоохтору үөрдэр. Инньэ гынан, Уйбаан киинэ түспүт төрөөбүт нэһилиэгэр биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыта, онон биһиги, уолбалар, улахан махталлаахпыт.
Улууспутугар үүтү соҕотуопкалыыр улахан маслоцех туттаран үлэҕэ киллэрбитэ. Бу цех кылгас кэм иһигэр олус хаачыстыбалаахтык тутуллан билигин улууспут киинигэр таһаарыылаахтык үлэлии турар. Эрдэ Нерюнгри көтөрү иитэр фабрикатыгар салалтаҕа үлэлээбит сылларыгар көтөр фабриката биллэрдик кыаҕырбыта, республика биир улахан биллэр тэрилтэтэ буолбута.
Тус бэйэм санаабар, бу сахабыт сиригэр тыа хаһаайыстыбатын специалистарын бэлэмниир академияны салалтаҕа ылан баран, билигин федеральнай таһымнаах улахан тэрилтэ оҥорбута да Уйбаан олус үлэһитин, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр диэри эҥкилэ суох тиэрдэрин туоһулуур.
Салайар үлэҕэ, улахан таһымҥа сылдьар киһини сойуолаһыы, бэрди былдьаһыы курдук түктэри быһыы биһиги олохпутугар, хомойуох иһин, элбэх. Олус таһаарыылаахтык үлэлиэх дьону итинник гынан харгыстыыллара хомолтолоох. Төһөлөөх сайдыан-үүнүөн, республика сайдыытыгар үлэлиэн сөп буолуой?
Уйбаанныын кэпсэттэххэ үгүс идеялаах, наһаа элбэҕи билэрэ-көрөрө, барыны-бары аттара саныыра, үгүһү ырытара киһини кэрэхсэтэр. Киһи быһыытынан, эппит тылыгар турара, дьону кытта кэпсэтэрэ эйэҕэһэ, төрүт үгэстэри тутуһара көстөр.
Кэнникинэн санаан көрдөххө, сойуолаһыы 30-с сыллардааҕы репрессияны санатар буолан киирэн барда. Бу хамсааһын киэҥ далааһыннанан барыа диэн киһи дьиксинэр. Бэйэлэрин кэмнэригэр айа-тута үлэ үөһүгэр сылдьыбыт хаарыан үтүө дьоммутун чулууттан чулууларбытын репрессия хааннаах миэлиҥсэтигэр эриттэрэн баран хас сыл буксуйан олорбуппутуй? Билигин баһылыктары сойуолаһыы, аны салалтаҕа сылдьар чаҕылхай дьоммутун самнара сатааһын эмиэ репрессия ыар тыынын санаталлар...
Түмүкпэр тус бэйэм санаабынан Уйбаан диэки буоларбын биллэрэбин. Нэһилиэгим дьоно даҕаны Уйбааны өйүүллэрэ диэн бүк эрэнэбин. Үгүс идеялаах, кэскиллээх санаалаах үүнэн-сайдан тахсыбыт биир тарбахха баттанар салайааччыбытын кырдьыга күөрэйиэ, ырааһа дакаастаныа диэн эрэнэбин. Уол оҕо ат уорҕатыгар өссө да олоруо, өрө охсон ылыа диэн бигэ эрэллээхпит!
2010-2020 сс Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Василий Петрович РАХЛЕЕВ. Ахсынньы ый, Уолба нэһилиэгэ. 2020-12-08 17:20:54 Всего просмотров: 842 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2020-12-08 17:20:54 - Уйбааммытын өйүүбүн |