|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная ЖКХ, энергетика В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице ЖКХ, энергетика |
Сахалыы сыhыарыы БОРОДУУКСУЙАНЫ ОҤОРУУ КУҺАҔАНА СУОХ В сегодняшнем номере газеты "Кыым" вышел материал об итогах работы Агрохолдинга "Туймаада" за 2023 год и планах акционерного общества на 2024 год. В публикации приведены информация и мнение руководителя предприятия Петра ЕФРЕМОВА. Приводим материал из газеты "Кыым" без сокращений и изменений. Бары билэргит курдук “Туймаада Агрохолдинг” акционернай уопсастыба иһинэн алта тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан дьарыктанар “Бөртө сылгы собуота”, “Кладовая Олекмы”, “Новай сопхуос”, “Туймаада Экоферма”, “Победа” курдук сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар, ону тэҥэ Нерюнгритааҕы көтөрү иитэр фабрика баар. Итини таһынан “Новай сопхуоска” көтөрү эмиэ иитэбит. Быйылгы сылга 3708 ынах-сүөһү кыстаан турар. Онтон ыанара 1770. Бу сылга 1489 ньирэй төрөөтө. Билигин даҕаны ынах төрүөҕэ салҕанан бара турар. Биһиги хаһаайыстыбаларбыт сүрүннээн төгүрүк сыл ынаҕы төрөтөр технологияны тутуһаллар. Онон төрүөх ылыыга сыыппара уларыйа турар. Аһылык баар. Быйыл барыта 8482 тн от оттонно. Итини таһынан 8119 тн сиилэс, 2497 тн сенаж бэлэмнэннэ. Онон сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ хаһаайыстыбалар олус үчүгэйдик үлэлээннэр аһылык толору баар. Уопсайынан эттэххэ, ааспыт сыллары тэҥниир буоллахха, быйылгы көрдөрүүлэр биир тэҥинэн тураллар. Ол эрээри сорох көрүҥҥэ, холобур, биир ынахтан үүтү ыаһыҥҥа “Туймаада Экоферма”, “Бөртө сылгы собуота” хаһаайыстыбалар көрдөрүүлэрэ үрдүк. Аҥардас экоферманы ылан көрдөххө, манна хас биирдии ыанар ынахтан ортотунан 3800-тэн тахса киилэ үүт ыаммыт. Бүтүн агрохолдинг үрдүнэн ыллахха, биир ыанар ынахтан үүтү ылыы 3418 киилэҕэ тэҥнэстэ. Онтон уопсайа 5200-тэн тахса туонна үүт ыанна. Биһиги сүрүн сыалбыт сорукпут диэн - сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны улаатыннарыы. Онтон ол аһылык баазатын тэрийдэххэ эрэ кыаллар. Итини ситиһэр инниттэн хаһаайыстыбаларга сири оҥорууну сылын аайы улаатыннаран иһэбит. 2019 сыллаахха хаһаайыстыбаларга бааһыналар иэннэрэ 1897 гектарга тэҥнэһэр этэ. Быйыл бааһыналар иэннэрин 3800 гектарга тиэртибит. Ол аата икки төгүл бааһыналар иэннэрин кэҥэттибит. Билигин итинтэн сиэттэрэн сиилэспитин, сенажпытын бэлэмнээһини биллэрдик улаатыннардыбыт. Ити үлэ өссө да салҕанан барыаҕа. Биллэн турар, барыта дьэҥкэ, үчүгэй диир кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ биир улахан хаһаайыстыбабыт - “Новай сопхуос” - сирдэрэ урукку өттүгэр быраҕыллан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ыарахаттары көрсөллөр. Ол эрээри холдинг иһинэн баар хаһаайыстыбалар, чопчулаан эттэххэ, “Бөртө сылгы собуота” ХЭТ сопхуоска 200 тн от, 300 тн сенаж тиэйэн ыыппыттара улахан көмө буолла. Бу сылларга биһиги хаһаайыстыбаларбыт үлэһиттэрин, специалистары атын регионнарга сырытыннаран, онно хайдах үлэлии олороллорун, үлэни тэрийиилэрин билиһиннэрэн уонна кэмиттэн кэмигэр соҕурууттан идэтийбит специалистары, үөрэхтээхтэри аҕалан семинар ыытарбыт түмүктэрдээх буолан эрэр. Билигин үлэһиттэрбит көрүүлэрэ-истиилэрэ, билиилэрэ хаҥаан сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны улаатыннарыыга күүскэ үлэлииллэр. Аҥардас Бөртө хаһаайыстыбатыгар бааһына иэнэ икки аҥаар төгүл кэҥээтэ. Ол түмүгэр аһылыгын ордорунар кыахтанна. Онон ити өттүгэр көрдөрүүлэр куһаҕана суохтар.
Онтон көтөрү иитэр хаһаайыстыбалар көрдөрүүлэрэ эмиэ куһаҕана суохтар. Холобур, Нерюнгритааҕы көтөрү иитэр фабрикаҕа билиҥҥи туругунан 86000 сымыыттыыр куурусса баар. Онон бу хаһаайыстыба Нерюнгри, Алдан уонна илин эҥэр улуустары сымыытынан хааччыйар. Сымыыт сыаната атын регионнарга үрдээбит буоллаҕына, биһиги сыанабыт уруккутунан турар. Итини таһынан Мииринэйгэ 65000 кууруссалаахпыт. Бу хайысхаҕа өссө тохтуур буоллахха, Нерюнгритааҕы тэрилтэбитигэр бройлер кууруссатын иитэн эккэ диэн 2400 тн оҥордубут. Уопсайынан манна бырабыытылыстыба өйөбүлэ сүрдээх улахан. Үүт боппуруоһугар төннөр буоллахха, биһиги хаһаайыстыбаларбыт сүрүннээн үүт хайысхатыгар үлэлииллэрин быһыытынан үүт оҥоруутун үрдэтиигэ сорук турар. Холобур, Россия инники күөҥҥэ сылдьар хаһаайыстыбалара биирдии ынахтан 8500-тан 11000-ҕа диэри үүтү ыыллар. Биллэн турар, биһиги усулуобуйабытыгар ити кыаллыбат. Ол эрээри 5,5-6 тыһыынчаҕа тиэрдэр кыах баар уонна онно туһаайан үлэбитин ыытабыт. Биһиги 3 сыллааҕыта хара эриэн боруода сүөһүнү аҕалан боруобалаан көрдүбүт. Ынахтар адаптацияны толору баран көрдөрүү куһаҕана суох. Холобур, “Новай сопхуоска” кэлбит сүөһүлэр бастакы сылларыгар 5000 киилэ үүтү биэрэ сылдьыбыттара. Билигин агрохолдинг үрдүнэн бу боруода сүөһүнү тутан олорор хаһаайыстыбаларга - “Новай сопхуоска”, “Туймаада” экофермаҕа - ортотунан 4400 киилэ үүтү ыатылар. Онон бу боруода сүөһүнү өссө да аҕалыахпыт. Онтон үүт бэйэҕэ турар сыанатын туһунан этэр буоллахха, хаһаайыстыбалар үлэлиир усулуобуйалара араас, онон манна уратылаһыылар бааллар. Холобур, Бөртөлөргө үүттэрин бэйэҕэ турар сыаналара 68-70 солкуобай буолан таҕыста. Туймаадалар сыаналара итинтэн арыый үрдүк. Манна өрөспүүбүлүкэбит биэрэр субсидията улахан көмө буолар диэхпин баҕарабын. Аны манна эбэн кэбис үүтү туттарыы сыанатын. Ол курдук экоферма Дьокуускай куораттааҕы уонна Нөмүгүтээҕи отделениелара Дьокуускайга 35 солкуобайга туттараллар. Онно эбэн кэбис 60 солкуобайдаах субсидияны.
Итини таһынан “Новай сопхуос” иһинэн эмиэ “Новай” ХЭТ диэн астыыр тэрилтэ баар. Бу тэрилтэ сопхуостан 40 солкуобайга тута олорор. Онтон кэтэх ыаллартан үүтү тутуу боппуруоһугар тохтоотоххо, манна киһи өйдөөбөтө олус элбэх. Холобур, кэтэх ыалтан соҕотуопсук 10 солкуобайга үүтү тутан арыы охсон, онтукайын 1300-кэ тиийэ сыаналыыра олох сыыһа дии саныыбын. Манна министиэристибэ да, бырабыытылыстыба да оруоллара суох. Аҥардас соҕотуопсук ыытар үлэтин түмүгэ диэхпин баҕарабын.
Бу хайысхаҕа биһиги Өлүөхүмэтээҕи хаһаайыстыбабыт кэтэх ыаллартан 23 солкуобайга үүтү тутар. Онно эбии улуус салалтата 7 солкуобайы эбэр.
Биллэн турар, иннибитигэр былаан, Ил Дархан, бырабыытылыстыба, министиэристибэ туруорар соруктара элбэх. Бу соруктар туолууларыгар судаарыстыба көрөр өйөбүллэрэ улахан тирэх буолуохтара. Түмүкпэр Саха Сирин олохтоохторун барыгытын үүнэн иһэр 2024 сылынан Агрохолдинг үлэһиттэрин ааттарыттан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин уонна кэлэр сыл барыгытыгар дьолу эрэ аҕаллын, тус бэйэҕитигэр доруобуйаны, санаабыт санааҕыт туоллун, бары үтүөнү, дьолу-соргуну! Источник: газета "Кыым" - 28.12.2023. 2023-12-28 09:13:58 Всего просмотров: 221 Комментарии Всего [0] Ссылки по ключевым словам:
2023-12-28 09:13:58 - БОРОДУУКСУЙАНЫ ОҤОРУУ КУҺАҔАНА СУОХ 2023-07-17 15:02:27 - Нэһилиэнньэни сибиэһэй, хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйар |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|