Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

Сельское хозяйство и АПК
ЗОЛОТАЯ ОСЕНЬ-2024
[0]

В парламенте
БЭС ЫЙЫТТАН САХА СИРИГЭР БЭЙДИЭ СЫЛДЬАР ЫТТАРГА, КИНИЛЭРГЭ ЫЙ УСТАТА КИМ ДА НААДЫЙБАТА5ЫНА, УТУТАР НЬЫМА ТУҺАНЫЛЛАР
[0]

Комитеты Ил Тумэна поддержали проект республиканского бюджета на 2025–2027 годы

Сельское хозяйство и АПК
Разработки якутских ученых отмечены на Российской агропромышленной выставке «Золотая осень»

Уважаемые труженики села, работники агропромышленного комплекса района, ветераны отрасли!

Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн

Поздравление Главы Якутии с Днем работников сельского хозяйства и перерабатывающей промышленности

ПОЗДРАВЛЕНИЕ ВЛАДИМИРА ПУТИНА С ДНЕМ РАБОТНИКА СЕЛЬСКОГО ХОЗЯЙСТВА И ПЕРЕРАБАТЫВАЮЩЕЙ ПРОМЫШЛЕННОСТИ [0]

В республике
В Якутии задержан глава поселка, где погиб ребенок

В НЕРЮНГРИНСКОМ РАЙОНЕ - ДЕНЬ ТРАУРА [0]

В парламенте
С ИЮНЯ В ЯКУТИИ МОЖНО ПРОВОДИТЬ ЭВТАНАЗИЮ БЕЗДОМНЫХ СОБАК. Это разрешает республиканский закон
[0]

Здравоохранение
Презентована новая книга врача-кардиолога Саввы Тимофеевича Попова

В столице
Глава города Якутска призывает к бдительности: предупреждение о мошенниках

Сельское хозяйство и АПК
Деловые встречи по вопросам дальнейшего сотрудничества в области развития сельского хозяйства и АПК Якутии состоялись в рамках выставки "Золотая осень" в Москве

В парламенте
Состояние и перспективы отношений бизнеса и коренных малочисленных народов России обсудили на семинаре в Москве

Алексей Еремеев провел личный прием граждан

Сельское хозяйство и АПК
В первый день выставки «Золотая осень» сельхозпроизводители Якутии завоевали 5 медалей

В ДВФО
Юрий Трутнев прибыл в Якутию

В улусах
В Якутии в селе Хатылы произведен торжественный запуск газа

В парламенте
Александр Кошуков: "Собаки не должны быть хозяевами городов!"
[0]

Алексей Еремеев внес предложение включить субсидирование внутрирегиональных авиаперевозок в проект федерального финансового документа

Здравоохранение
Новости ЦРБ: работа кабинета медико-социальной помощи беременным в Мегино-Кангаласском районе

В парламенте
В парламенте республики обсудили вопросы социально-экономического развития города Якутска

Здравоохранение
Зубной техник Денис Кряжев награжден медалью Луки Крымского

В парламенте
Афанасий Владимиров провел заседание постоянного комитета по государственному строительству и законодательству

Состоялось заседание комитета по строительству, ЖКХ и энергетике

В столице
Подготовка к празднованию 80-й годовщины Победы в Якутске

К 80-летию Великой Победы обновят мемориальный комплекс «Вечный огонь»

Сельское хозяйство и АПК
В первый день работы агропромышленной выставки "Золотая осень" делегация Якутии завоевала 5 медалей

Якутские бренды представили свою продукцию на агропромышленной выставке "Золотая осень"

В Москве состоялся круглый стол с экспертным сообществом «Устойчивое технологическое развитие агропромышленного комплекса Республики Саха (Якутия)», проведённый в рамках XXVI Российской агропромышленн

Образование, наука
Глава Якутии обсудил развитие научного сотрудничества с руководством Арктического и антарктического научно-исследовательского института

В столице
Реконструкция площади Ленина в Якутске почти завершена

Законодательство
Россиян защитят от телефонного спама. Как отразится на качестве и стоимости связи идея Минцифры о маркировке массовых звонков

Сельское хозяйство и АПК
В Москве определили лучшего зоотехника-селекционера страны

В парламенте
Виталий Басыгысов встретился с бойцами отряда «Боотур»

Образование, наука
В Якутии выкупят новые здания для школ столицы республики

ЖКХ, энергетика
В Якутии продолжают принимать заявки от участников СВО на освобождение от начисления пеней при оплате ЖКУ

Транспорт
Единый морской оператор северного завоза расширит область работы на Якутию

ЖКХ, энергетика
Еще свыше 1,3 тысяч домов подключились к газу в рамках программы социальной газификации в Якутии

 

В парламенте

Александр Жирков: Ийэ дойдуга таптал төрүт түөлбэттэн саҕаланар

@Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Уус-Алдан улууһун үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар этиититтэн.

Ытыктабыллаах үөрэх үлэһиттэрэ, Атырдьах ыйынааҕы учууталлар сүбэ мунньахтарын кыттыылаахтара! Эһигини саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар учууталлар Атырдьах ыйынааҕы мунньахтара буола турар. Онно РФ үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов этиитин иһитиннэрдилэр.

Бэлиэтээн истибит буолуохтааххыт, миниистир этиитэ аҥаардас үөрэтии эрэ туһунан буолбакка, иитии туһунан буолла. Оҕону оскуолаҕа үөрэтэр эрэ буолбакка, иитэр үлэ эмиэ улахан суолталаах диэн өйдөөһүҥҥэ дойдубут салалтата иккиһин төннөн эрэр.

Сэбиэскэй Сойуус үөрэх туһунан тиһэх сокуона 1974 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол сокуоҥҥа оскуолаҕа үөрэтии уонна иитии тэҥ суолталаахтара ыйылла сылдьар этэ. Сойуус ыһыллыбытын кэннэ, 1992 сыллаахха Россия Федерацията үөрэх туһунан саҥа сокуон ылыммыта. Саҥа сокуонунан иитэр үлэ оскуола кыһалҕата буолбатах диэн этии олоҕурбута. Иитии диэн тылы ылҕаан кэбиспиттэрэ. Үөрэтии, иитии судаарыстыбаннай бырагырааманан барар диэн буолбута, оннук анал бырагыраама ылыныллыбыта. Онтон ол бырагыраамаҕа иитии туһунан этии киллэриллибэтэҕэ. Эбиитин, 1992 сыллааҕы сокуонунан төрөппүттэн көҥүлэ суох уонна оҕо бэйэтэ баҕарбат буоллаҕына кинини үлэ ханнык да көрүҥэр сыһыарыы көҥүллэммэт диэн буолбута. Онон 1992 сыллааҕы Россия Федерациятын сокуона оскуоланы иитэр үлэттэн тэйиппитэ.

Биһиги Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин туһунан этэр буоллахха, мин өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна чуолаан үөрэх министиэристибэтин итиннэ көмүскэһиэхпин баҕарабын. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ааспыт 30-ча сыл иһигэр бэйэтин сокуонун эмиэ икки төгүл уларыппыта. Ол икки сокуоҥҥа иккиэннэригэр, ол иһигэр 2014 сыллааҕы сокуоҥҥа эмиэ үөрэтии уонна иитэр үлэ тэҥҥэ туруоруллан, үөрэтии уонна иитии үлэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сүрүн суолталаахтар диэн биллэриллибитэ. Евгения Исаевна Михайлова миниистирдээн олордоҕуна. Өйдүүр буолуохтааххыт, үгүстэр. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕону үлэттэн тэйитии атын сирдэргэ курдук наһаа кэрээнэ суох барбатаҕа. Итиннэ биир төһүү күүһүнэн агро-оскуолалары тэрийии буолбута. Агро-оскуолалар оҕону үлэҕэ сыһыаран үлэлээбиттэрэ. Россияҕа даҕаны итиннэ күүскэ кыайан бопсубатахтара, инньэ гынан оҕону үлэҕэ иитиигэ агропрофилированнай оскуолалар суолталара улахан буолбута. Күн бүгүнүгэр диэри кинилэр ити хайысханан үлэлээн кэллилэр.

Иитэр үлэ элбэх хайысхалаах. Ону барытын эридьиэстиир кыаллыбат. Сүрүн сүнньэ оҕону иитии үлэтигэр Дойду салалтата хаттаан балайда күүскэ дьаһанан, турунан эрэр. Барыта билигин эриэ-дэхси буолбатах. Тустаах бырагыраамалар ситэ оҥоһулла иликтэр. Эһиэхэ календарнай былааннары эҥин тириэртилэр. Олор бэйэ-бэйэлэрин кытта билиҥҥитэ кыайан ситимнэнэ иликтэр, ФГОС ирдэбилэ уларыйа илик, билигин даҕаны туора көрө сылдьар. Эһиэхэ кэлбит календарнай былааннар ис хоһоонноро эмиэ атыттар. Эһиги ити барыта сөпсөһөрүн күүтэ барбакка, үөһэттэн туох диэн этэллэрин кэтэспэккэ үлэни бэйэҕит иилээн-саҕалаан баран иһиҥ. Өрөспүүбүлүкэҕэ иитэр үлэ ис хоһоонугар национальнай компонент диэн киллэриллибитэ, региональнай компонент. Субъект, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин иитэр-үөрэтэр үгэстэрин хото туһаныахтаах диэн. Ол ону бу саҥа бырагыраамаларга, саҥа былааннарга хото киллэрэр туһугар үлэлэһиэхтээхпит.Үнүр өрөспүүбүлүкэтээҕи августовскай мунньахха итинник соругу эппитим. Үөрэх министиэристибэтэ детсадтан саҕалаан оскуоланы бүтэриэр диэри оҕону иитиигэ бэйэтэ туспа бырагыраамалаах буолуохтаах. Ону ирдэһиэхпит. Бүгүн манна улуус үөрэҕин тэрилтэлэрин салайааччылара кэлэн олороҕут. Онон итини эһиги бэйэҕитигэр сорук быһыытынан ылынан үлэлээн-хамсаан киирэн барыах тустааххыт. Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн төһө кыалларынан итиннэ өйөбүл баар буолуоҕа.

Иитэр үлэ хайысхата элбэх. Ол иһигэр учууталларга, оскуола үлэһиттэригэр сыһыан, тэрилтэ, улуус иһигэр быһыы-майгы хайдаҕа эмиэ суолталаах. Биһиги ити өттүгэр дьиэги киллэрбэт курдук, оскуола, үөрэх эйгэтэ үөһээ салалта өттүттэн, өрөспүүбүлүкэ буоллун, улуус буоллун, көмүскэллээх, харысхаллаах уонна өйөбүллээх гына дьаһаныах тустаахпыт. Улуус салалтатыгар анаан туһаайан этэбин, улууска каадырдары иитиигэ, каадырдары туруортааһыҥҥа ураты болҕомтолоох буолуохтаахпыт диэн. Биһиэхэ оннук элбэх киһи үрдүнэн сыһыаннаһар быһыыта буолбатах. Аҥаардас оскуолалары эрэ ыллахха, бу сылы кыайбат кэм иһигэр 15 оскуола салайааччыта уларыйда. Уларыйыылар төрүөттэрэ атын-атын. Ол гынан баран бу – балайда элбэх ахсаан. Ол иһигэр улуус киинигэр үс улахан оскуола салалтата үһүөн. Улуус салалтата, үөрэх салалтата каадырдарга болҕомтолоох, харыстабыллаах буолуохтааххыт. Уурайа сатыыр, бара сатыыр баар буоллаҕына тохтото сатааҥ. Эһиги ордук былаастаах, ордук кыахтаах дьоҥҥут, онон кинилэрдээҕэр муударай, мындыр уонна ордук киэҥ буолуох тустааххыт. Ити биһиги улууска эрэ буолбатах, атын улуустарга эмиэ буолуталыыр. Дьоҥҥо болҕомтолоох буолуҥ диэн анаан этэбин.

Былырыын баччаларга Василий Ивановичтыын сүбэлэһэн баран, Суотту оскуолатын базатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар тэрийбиппит, оҕону үлэнэн иитии тематыгар. Оччолорго Россия сокуонугар үлэ туһунан уларытыы киирбитэ ый эрэ буолбут кэмэ этэ. Мин өйдүүрбүнэн от ыйын 23 күнүгэр үлэнэн иитии сокуон быһыытынан киирбитэ. Бүгүн Суотту оскуолатын үгүс өрүттээх үлэтин туһунан үчүгэйдик кэпсэннэ.

Бүгүн атырдьах ыйынааҕы мунньах манна Кэптэнигэ, Лөгөй лицей-интернатын базатыгар буола турар. Бу оскуола улууска эрэ буолбатах, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үрдүк рейтиннээх оскуолалар ахсааннарыгар киирэн, ситиһиилээхтик үлэлиир. Дэгиттэр үлэлээх оскуола, бэйэтэ үгэстэрдээх. 80-с, 90-с сыллартан бу оскуола үлэтин кэтиибин. Ол тухары бииртэн биир үтүөкэн учууталлар, салайааччылар, дириэктэрдэр, завучтар манна үлэлээбиттэрэ. Олор утумнара билиҥҥээҥҥэ диэри үтүө түмүктэри биэрэ турар.

Бүгүн техническэй, технологическай үөрэхтээһин туһунан балайда кэпсэтии буолла. Итиннэ биһиги улуус оччоттон баччаҕа диэри наһаа күүскэ өнүйбэппит. Гуманитарнай хайысханы ордук күүскэ тутабыт. IT - технологияҕа, онтон да атын хайысхаларга үлэни саҕалаабыт оскуолаларга көмөлөһүөххэ, өйүөххэ. Манна өссө түөрт сыллааҕыта 9 кылаас базатыттан оҕону үөрэххэ ылар, уонтан тахса техническэй идэлэргэ оҕолору бэлэмниир, Светлэйгэ, Айхалга бэйэтэ филиаллардаах Мирнэйдээҕи региональнай колледжка Мүрү гимназиятын уонна Мүрү 1 нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрдэрин командировкалата сылдьыбытым. Улууһу кытта сүбэлэһэн баран. Мирнэй колледжын салалтата улуустан уоннуу оҕоҕо тиийэ үөрэххэ куонкуруһа суох ыларга сөбүлэҥин биэрбитэ. Ол гынан баран, биир да оҕо бу икки оскуолаттан кыайан барбатылар. Атын оскуолалар итиннэ эһиги эмиэ кыттыһар кыахтааххыт. Мирнэйдэр, Нерюнгрилэр билигин да күүтэллэр. Ону мүччү тутумуохха баар этэ. Кинилэр “АЛРОСАны”, “Якутуголы”, “Колмары” кытта, Татарстан нефть-газ тэрилтэлэрин кытта тиийэ бииргэ үлэлэһэллэр. Анал кылаастары арыйаллар, оскуолаларга. Билигин Бауманнар Саха сиригэр күүскэ киирэн, аччыгый кээмэйдээх космическай аппараттары оҥорууга тиийэ үлэлэһэн эрэллэр. Итинник хайысхаларга ылсыһыах тустаахпыт. Оскуола дириэктэрдэрэ, эдэр, креативнай салайааччылар элбэххит. Улуус салалтатын кытта бииргэ үлэлэһиҥ. Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн төһө кыалларынан өйүөхпүт.

Аны, тыл туһунан этиэхпин баҕарабын. Бүгүҥҥү мунньах эҕэрдэтэ, монтаһа, саҕаланыыта барыта нууччалыы барда. Оҕолор сүрдээх үчүгэйдик, хомоҕойдук саҥараллар, үчүгэй бэлэмнээхтэр. Итинник хомоҕойдук, хотоойутук сахалыы да саҥарбыттара буоллар, ким да улаханнык сүөргүлүө суоҕа этэ. Ити өрүү турар ирдэбил.

Суотту детсадын сэбиэдиссэйэ биир сүрүн кыһалҕаны таба эттэ. Детсад уонна оскуола билигин даҕаны ыкса ситимэ суох үлэлииллэр. Детсадка иитии уонна ФГОС ирдэбилэ сөп түбэспэттэр. Ону дириэктэрдэр бэйэлэрэ детсад сэбиэдиссэйин кытта биир тылы булан бииргэ үлэлээбэтэхтэринэ оҕолор оскуолаҕа киирэн баран мунан, ыһыллан хаалаллар, улахан охсууну ылаллар. Итини биһиги кыайан туората иликпит. Итиннэ, дьон эрэ буолларгыт, төһө кыалларынан муударайдык эһиги үлэлэһиэх тустааххыт.

Бүгүн Мүрү 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын үлэҕэ салайааччыта иитэр үлэҕэ сыһыаннаах уруоктары, предметтэри үтүрүйүү туһунан сөпкө эттэ. Өйдөөн истибит буолуохтааххыт. Өйүүбүн ити этиини.

Тыа сиригэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ, Россия үрдүнэн, ордук чуолаан тыа сиригэр дьон, оҕо ахсаана аҕыйыы турар. Ити улахан кыһалҕа тыа сирин үбүлээһинигэр, тыа сиригэр дьон олохсуйуутугар охсуулаах. 1990 сыллаахха Саха сиригэр саҥа төрүөҕүттэн 7 сааһыгар диэри саастаах 193 тыһ. оҕолоох этибит. Онтон бу ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн 120 эрэ тыһ. кэриҥэ оҕо баар. 70 тыһыынча кэриҥэ оҕо бу отуттан тахса сыл иһигэр көҕүрээтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн. Тыа сиригэр эмиэ итинник. Ити сыллар устата манна 30-тан тахса тыһыынча оҕонон аҕыйаатыбыт. Оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолорго эмиэ оннук. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1990 сыллаахха 205 тыһ. оҕо үөрэххэ киирбитэ. Онтон бу 2023-2024 үөрэх дьылыгар 153 тыһыынча оҕо үөрэххэ киирдэ. Оскуолабыт ахсаанын буоллаҕына биһиги 90-с сыллардаахха элбэппиппит. Өйдүүргүт буолуо. Быйыл күһүн Уус-Алдан орто оскуолаларын 1974 сыллаах выпусктара бүтүн оройуон үрдүнэн көрсүһүү тэрийдилэр. 1973 сылга диэри биһиэхэ 8 орто оскуола баар этэ. Билигин 23 орто оскуолалаахпыт. Ол эбэтэр, оскуолабыт ахсаана 2,5 төгүл эбилиннэ, оҕобут ахсаана эмиэ оччонон көҕүрээтэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50-тан аҕыйах оҕолоох 130-тан тахса орто оскуола баар.

Бүгүн Василий Иванович учууталлары миэстэтигэр хаалларыыга үлэлэһэ сатыыбыт, саҥа специалистарга анаан дьиэ тутабыт, саҥа киирэр элбэх квартиралаах дьиэлэргэ дьиэ ыла сатыыбыт диэн эттэ. Ити сөптөөх үлэ. Тыаҕа, тыа сиригэр, тыа оскуолаларыгар идэлээх үлэһит тиийбэтин толуйар сыллата ыараан иһэр. Төһөтүн да иһин, Россия тыа сиринэн эрэ кыахтаах буолар дьылҕалаах. Сибилигин даҕаны Россия үрдүнэн 155 тыһ. нэһилиэнньэлээх пуун баар эбит буоллаҕына, онтон 153 тыһ. тыа сиригэр баар. Россия оскуолаларын 60 бырыһыана, онтон биһиэхэҕэ 70 бырыһыана тыа сирин оскуолалара. Тыа сирин, тыа эйгэтин көмүскээһин бүтүн Россия Федерациятын үрдүнэн судаарыстыбаннай политика буолуохтаах. Итиннэ биһиги төһө кыалларынан бииргэ түмсэн үлэлиэхтээхпит.

2024 с. атырдьах ыйын 29 к.

Источник: https://iltumen.ru/news/25783

2024-09-14 01:32:46

Всего просмотров: 34

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-10-10 19:34:10 - Александр Кошуков: "Собаки не должны быть хозяевами городов!"

2024-10-01 08:54:56 - Глава Якутии Айсен Николаев встретился с Президентом Республики Беларусь Александром Лукашенко

2024-09-14 01:32:46 - Александр Жирков: Ийэ дойдуга таптал төрүт түөлбэттэн саҕаланар

2024-09-12 00:56:53 - Александр Жирков: Тимири уһаарыы, тимири уһаныы бу тыйыс сиргэ саханы саха оҥорбута

2024-09-10 07:38:14 - Александр Сусоев о депутатской деятельности

2024-08-24 06:09:02 - Выступление Александра Жиркова на пленарном заседании Августовского совещания работников образования Республики Саха (Якутия) «Воспитание личности в едином образовательном пространстве»

2024-08-23 07:20:14 - АРТЕМ АЛЕКСАНДРОВ ПРИНЯЛ УЧАСТИЕ В ПРЕДУБОРОЧНОМ СОВЕЩАНИИ РЕГИОНОВ ДФО В УЛАН-УДЭ

2024-08-23 04:16:33 - Так есть вакцина от оспы обезьян или нет? Академик Александр Гинцбург, спасавший человечество от ковида, дает в "РГ" точный ответ

2024-08-02 03:14:30 - Александр Подголов поздравил сотрудников с 85-летием Службы специальной связи России

2024-06-28 18:43:23 - Александр Атласов: Кумысопроизводство как национальный бренд требует государственного подхода

Собственные материалы (последние 20)

2024-10-13 15:16:10 - ЗОЛОТАЯ ОСЕНЬ-2024[0]

2024-10-13 09:50:14 - БЭС ЫЙЫТТАН САХА СИРИГЭР БЭЙДИЭ СЫЛДЬАР ЫТТАРГА, КИНИЛЭРГЭ ЫЙ УСТАТА КИМ ДА НААДЫЙБАТА5ЫНА, УТУТАР НЬЫМА ТУҺАНЫЛЛАР [0]

2024-10-13 00:25:28 - ПОЗДРАВЛЕНИЕ ВЛАДИМИРА ПУТИНА С ДНЕМ РАБОТНИКА СЕЛЬСКОГО ХОЗЯЙСТВА И ПЕРЕРАБАТЫВАЮЩЕЙ ПРОМЫШЛЕННОСТИ[0]

2024-10-12 07:22:35 - В НЕРЮНГРИНСКОМ РАЙОНЕ - ДЕНЬ ТРАУРА[0]

2024-10-11 10:35:52 - С ИЮНЯ В ЯКУТИИ МОЖНО ПРОВОДИТЬ ЭВТАНАЗИЮ БЕЗДОМНЫХ СОБАК. Это разрешает республиканский закон[0]

2024-10-10 19:34:10 - Александр Кошуков: "Собаки не должны быть хозяевами городов!"[0]

2024-09-29 03:43:29 - На Хандыгской нефтебазе АО «Саханефтегазсбыт» прошли учения по безопасности [0]

2024-09-27 08:31:41 - ГАЗИФИКАЦИЯ ОЛЕКМЫ ИДЕТ ПО ПЛАНУ. Газ придет в район досрочно - уже в следующем году[0]

2024-09-27 07:49:21 - Тяня: 1 выпускница и 3 первоклассника[0]

2024-09-25 08:05:59 - Комментарий главы Тянского наслега Алексея Николаева[0]

2024-09-25 08:05:04 - Об экологическом надзоре в Олекме и Иенгре[0]

2024-09-24 13:19:02 - О реализации нацпроектов в Олекме[0]

2024-09-24 13:17:53 - Харбин - об итогах выборов в Олекминский райсовет[0]

2024-09-24 13:16:47 - Николай Харбин - о здравоохранении района[0]

2024-09-24 13:15:46 - О мерах по повышению надежности энергоснабжения Олекминского района[0]

2024-09-22 12:34:52 - Газ в Олекму придет уже в следующем году - Николай Харбин[0]

2024-09-22 11:54:43 - ГАЗИФИКАЦИЯ ОЛЕКМЫ ИДЕТ ПОЛНЫМ ХОДОМ[0]

2024-09-22 10:52:26 - Комментарий Алены Колмыгиной, депутата Олекминского райсовета[0]

2024-09-22 06:01:27 - Комментарий Тамары Николаевой, депутата Олекминского райсовета[0]

2024-09-22 05:55:50 - Николай Харбин - о газификации и других вопросах развития Олекминского района[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В России

В столице

В улусах

В улусах

Возвращаясь к напечатанному

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Объявления

Поздравления

Политика

Промышленность

Сахалыы сыhыарыы

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании