Сахалыы сыhыарыы
"ЭБЭЭ"-ДЬОКУТААТ НОРУОККА УОННА САНА БЫЛААСКА НААДА ДУО?
"В Якутии.ру"
Биэнсийэбитигэр тиийэрбит-тиийбэппит биллибэт буолла. Хамнаспытыттан ый аайы ыытан ханна эрэ мунньан дуомнаммыт харчыбыт "умайыах" туруктаах. Оттон ыйга кырата 400 тыhыынча кэриэтэ хамнастаах Госдума5а дьокутааппыт Галина Данчикова биhиги интириэспитин, сокуоннай бырааппытын ити боппуруоска хайдах кемускуур?
Улэтэ кестубэт. Былаас баартыйатын салалтата дьаhайбытынан, талыллыбыт регионугар бу ааспыт нэдиэлэ5э улэлии кэлэн баран, Данчикова кун аайы биэнсийэ уларыйыытын боппуруоhугар дьону-сэргэни кытта керсен, норуот санаатын билэн-уерэтэн, Госдума5а тумэн тиксэриэхтээх этэ.
Онто - ньоол. Дьахтарбыт ыраахтан кэлэн хата ыhыахтаан, оhуокайга бетен-харан эрэ барда. Кинитэ да суох ааhар баартыйа быыбардыыр мунньа5ар баарын биллэрэн кытынна. Быытыкайкаан Ма5ан беhуелэгин олохтоохторун эрэ кытта керустэ. Тугун наадатыгар Ма5анна ойон тиийбитэ биллибэт. Бары да онно тиийиэхпит...
Биэнсийэ тула Общественнай палата тэрийбит "тегурук остуолугар" арай кытынна. Онно кураанах кумаа5ыта да суох тиийэн, таах ууну-хаары кутта. Санарбыт эрэ, кыттыбыт эрэ киhи диэбиччэ олорон тахсыбыта иhиллэр...
Онон беречуескэтин онотторор, сирэйин кырааскалатар чаастарыттан а5ыйах бириэмэни биэнсийэ боппуруоhугар анаан барда. Туохха наадалаах дьокутаат эбитэ буолла? Аныгыскы Госдума быыбарыгар иккиhин талбатах киhи кинини.
Билигин да то5о кинини уларыппаттар? 64 саастаах "эбээ"-дьокутаат Госдума5а улэлээн дуомнанара билинни бириэмэ ирдэбиллэригэр эппиэттэhэрэ саарбахтардаах. Сана бириэмэ, сана былаас, сана дьокутаат буолуохтаах... 2018-07-01 12:39:52 Всего просмотров: 889 Поделиться:
Комментарии
Всего
[0]
Ссылки по ключевым словам:
2018-07-01 12:39:52 - "ЭБЭЭ"-ДЬОКУТААТ НОРУОККА УОННА САНА БЫЛААСКА НААДА ДУО? 2017-11-18 07:04:41 - “Былаас, биисинэс уонна нэһилиэнньэ хардарыта сибээстэрэ баар буолуохтаах” 2012-06-18 21:06:47 - КИИН БЫЛААС БА5АТЫН УТАРАР КЫАЛЛЫА ДУО? Ил Түмэн дьокутаата Александр Морозкин "АЛРОСА" атыытын туһунан санаата
|