|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная ЖКХ, энергетика В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице ЖКХ, энергетика |
Сахалыы сыhыарыы Дьокуускай куоракка сахалыы оскуола туруга Нина ГЕРАСИМОВА, Матрена ПОПОВА «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтэ уонна киин куоракка сахалыы үөрэтии боппуруостарын туруорсар «Айылгы» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Матрена Попова киин куорат үөрэҕин управлениетын салайааччыта Евдокия Евсикованы кытта кэпсэттилэр.
Кэпсэтии, сүрүннээн, сахалыы үөрэтии туһунан барда.
— Евдокия Ивановна, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, куоракка, сорох саха оҕото оскуолата суох хаалар түгэнэ баар... Ол туһунан төһө эмэ сурулунна, этилиннэ да – уларыйыы суох. Тоҕо итиннигий?
— Биһиги үгүс сыл устата оҕолору сахалыы үөрэтиини анаан кэтээн көрөбүт. Улуустартан маассабай көһүү кэмигэр сахалыы үөрэтиигэ наадыйыы биллэ улаатар. Ону учуоттаан, кэнники сылларга 38 №-дээх Саха-канадскай оскуола аһылынна, манна атын төрүт олохтоох омуктар оҕолоро эмиэ үөрэнэллэр, факультатив быһыытынан төрөөбүт тылларын үөрэтэллэр. Бу оскуола аҕыйах оҕолоох да буоллар, сыалын-соругун толорор. Кэлин Саха гимназията, бастаан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын салаатын быһыытынан сылдьан баран, туспа оскуола буолла. Быйыл кинилэр 2-с №-дээх педколледж урукку дьиэтигэр киирэн, кэҥээн, сахалыы үөрэтэр кылаастары эбии арыйдылар (2 кылааһы).
— Саха гимназияларыгар сылын аайы куонкурус олус үрдүк...
— Биллэн турар, төрөппүттэр оҕолорун үчүгэй дьиэлээх-уоттаах, хаачыстыбалаах билиини биэрэр гимназияларга киллэрэ сатыыллар. Ол эрээри, оҕо эрэ барыта гимназияҕа үөрэммэт, онон боростуой оскуолаларга кылаастары эмиэ арыйа сатыыбыт. Икки эбии кылааһы 7-с №-дээх оскуолаҕа астыбыт. Олус элбэх төрөппүт бүтэһик күҥҥэ эрэ тиийэн кэлэр. Холобур, быйыл биир дьиэ кэргэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр эрэ «сахалыы кылаас наада» диэн тиийэн кэлбитэ. Кэлбит оҕолору барыларын оннуларын буллара сатыыбыт.
— Юрий Вадимович быыбар иннинэ «хас да сахалыы оскуоланы туттарыам» диэбиттээҕэ. Ол тоҕо туолбатый?
— Киин куоракка оскуола тутуллуута олус уустук боппуруос. Бүгүҥҥү туругунан, куоракка 51 оскуола баар. Онтон биэс мас оскуола (18, 25, 34, 35, 4 №-дээхтэр) саҥа дьиэҕэ наадыйар. Итини таһынан, сахалыы оскуола тутуута ирдэнэр. Оҕо дыбарыаһыгар «Айыы кыһата» баар, кинилэргэ туспа дьиэ наада. ДСК оскуолата билигин оҕо саадын кытта бииргэ симиллэн олорор, онно эмиэ саҥа оскуола тутуллара эрэйиллэр. «Новопортовскойдарга» эмиэ оскуола наада. Тимир суол кэлэн эрэр. Куорат нэһилиэнньэтэ эбиллэр буолан өссө элбэх оскуола ирдэнэр. Онтон хайаларыгар бастаан тутуу – уустук боппуруос...
— «Айыы кыһата» оскуолаҕа саҥа дьиэ тутуллуо дуо?
— Бу туспа оскуола буолбатах, куорат саха национальнай гимназиятын иһинэн үлэлиир оскуола. Онон туспа оскуола статуһун ыллахтарына эрэ, ол кыаллара буолуо.
— «Айыы кыһата» оскуолатыгар саҥа дьиэни тутууга харчы көрүллүбэтин биричиинэтэ – оскуола туспа юридическай сирэйэ суох дииллэр. Ол боппуруос быһаарыллыан сөп?
— Оскуола тутуллуутугар ханнык да туспа статус наадата суох. Кэлин, дьиэлэннэҕинэ, оскуолаҕа нүөмэр ананар.
Куоракка бүгүҥҥү туругунан биир да оскуола тутуллубат. Куорат бүддьүөтэ ону кыайар кыаҕа суох, онон өрөспүүбүлүкэни эрэ кэтиибит. Ханнык оскуола бастаан тутулларын бэрэсидьиэн быһаарыа. Куоракка оҕо саадтарын боппуруоһа олус сытыытык турарынан, куорат бүддьүөтүттэн оҕо саадтарын тутуу үбүлэниэ. Ол миигиттэн эрэ тутулуктаах буолбатах.
— Оттон биисинэс социальнай бырайыактарга кыттыспат, оскуолалар тутууларын үбүлээбэт дуо?
— Оскуола тутуутугар биисинэс өттүттэн туох да инвестиция суох. Оттон оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ – чааһынай оҕо саадтарын, уһатыллыбыт күннээх бөлөхтөрү тэрийиигэ эҥин көмөлөһөллөр. Куорат дьаһалтатын көмөтүнэн, 18 чааһынай урбаанньыт 200-түү тыһ. солк. субсидия ылан, оннук бөлөхтөрү тэрийдилэр. Биирдиилээн урбаанньыттартан лиссиэнсийэ эрэйиллибэт. Оттон оҕо саадын тэрилтэ курдук тэрийэр буоллахха, дьэ, наада.
— Бу 18 урбаанньыт ирдэбил төһө бырыһыанын саптылар?
— Олус кыра. Тоҕо диэтэххэ, бөлөхтөргө 10-тан 30-кка эрэ диэри оҕо сылдьар. Төлөбүрүн сыаната ортотунан 8—12 тыһыынчаҕа диэри.
10-нуу тыһ. солк. киһи эрэ барыта уйуммат. Аны, бу оҕо саадтарыгар сахалыы бөлөхтөргө араарыы диэн суоҕун кэриэтэ. Ахсааннара хапсыбат.
— Сороҕор, оҕону сахалыы бөлөххө киллэрэр иһин тэрилтэ салайааччылара усулуобуйа туруораллар – тугу эрэ өрөмүөннүүргэ, оҥорон биэрэргэ... Ити төһө сөптөөҕүй?
— Оҕо саада адьас тиийбэт. Баар кыһалҕа барыта куорат бүддьүөтүнэн быһаарыллыбат. Ханнык эрэ оҕо саадыгар оонньуур наада буолуо, ханна эрэ оонньуур былаһаакка, олбуор, миэбэл... Манна көмөлөһөргө төрөппүттэн этии киирдэҕинэ — сөбүлэһэллэр. Сэбиэдиссэй хаһаайыстыбаннай боппуруоһу быһаарар туһугар итинник хардыыга барар. Манна кинилэр дуогабар түһэрсиэхтэрин эрэ наада, («О пожертвовании», «Об участии в развитии») бу салайааччы кыһалаҥа буолбакка, төрөппүт бэйэтин этиитэ буолуохтаах. Үп оҕо саадын счетугар түһэриллиэхтээх, уу харчынан ууран биэрии көҥүллэммэт. Эбэтэр балаансаҕа киирэр туох эмэ мал-сал ылыллыахтаах.
— Биһиги бэрэсидьиэн аатыгар сурук суруйбуппут. Суругу Үөрэх министиэристибэтигэр ыыппыттар этэ. Хоруйа кэлэ илик.
— Биһиги уопсай сайаапканы Үөрэх уонна экэниэмикэ министиэристибэлэригэр түһэрэбит. Үөһэ этиллибит 8 оскуола бары ол сайаапкаҕа киирэ сылдьаллар. Соторутааҕыта бэрэсидьиэн Е.А. Борисов Үөрэх министиэристибэтин кытта көрсүһүүтүгэр “кэлэр 5 сылга үөрэх тэрилтэлэрин тутуутун барылын оҥоруҥ” диэн сорудах биэрбитэ.
Үөрэх миниистирэ уонна Ю.В. Заболев көрсүһүүлэригэр, саҥа оскуолалары тутуу боппуруоһа эмиэ көтөҕүллүбүтэ. Саха оскуолатын боппуруоһа эмиэ турбута. Онон, саамай сүрүнэ, бу кэлэр биэс сыллаах былаан испииһэгэр киирэр.
Ол испииһэк билиҥҥитэ оҥоһулла илик.
— Оскуолаҕа сахалыы кылаас арыйыытын дириэктэр бэйэтэ быһаарар. Арыйар эбэтэр арыйбат сүрүн төрүөттэрэ ханныгый?
— “Кэбиниэт тиийбэт” диэн арыйбаттар.
— Үксүгэр “төрөппүт бэйэтэ баҕарбат” диэччилэр. Оттон төрөппүттэр сылын аайы биһиэхэ эрэдээксийэҕэ кэлэн үҥсэллэр, илии баттааһынын да хомуйа сатыыллар, ыҥырыылары таһаараллар...
— Сайаапкалары төрөппүттэр, сүрүннээн, Саха гимназиятыгар, куорат Национальнай гимназиятыгар, «Айыы кыһатыгар» биэрэ сатыыллар, атын оскуолаларга сайаапка киирбэтин кэриэтэ. Дириэктэрдэр бэйэлэрэ да инньэ дииллэр.
Биһиэхэ саха тылын биридимиэт курдук үөрэтэр саха кылаастара бааллар. Сорох оскуолаларга (33, 23№-дээх) дьиҥ сахалыы үөрэтэри дуу, биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтэри дуу төрөппүттэр бэйэлэрэ быһаараллара, талаллара. Билигин үөрэх былааннара уларыйан, начаалынай кылаастарга үөрэтии саха тылынан барар буолла.
— Куорат оскуолалара ханнык үөрэнэр былааннары ордук талалларый? Оскуола былаанын бэйэтэ талар дуо?
— Оскуола бэйэтэ талар, биһиги онно орооспоппут. Өрөспүүбүлүкэ эбэтэр РФ тирэх буолар былаанынан үөрэтэллэр. Ону пед-сэбиэккэ, эбэтэр оскуола дьаһалтатыгар быһаараллар. Хастыы да үөрэх былаанынан үлэлиир оскуолалар бааллар. Ону ноҕуруускаттан, уруок ахсааныттан көрөллөр. Икки араас былаанынан үөрэтэллэрэ да баар. Араас.
— Тоҕо оскуола барыта РФ былааныгар көһө сатыырый? Ол саха тылын уонна лиэтэрэтиирэтин үөрэтиигэ охсор.
— Саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан син биир үөрэтиллэр. Бу федеральнай буолбатах, регионнааҕы киллэһик. Араас чаастаах буолар. Баҕар, аҕыйыыра буолуо.
Холобур, РФ тирэх буолар былааныгар физкултуура — икки чаастаах. Билиҥҥитэ 13 оскуола спорт саалата суох. Онон, куортамнаһан үөрэнэллэр. Оттон өрөспүүбүлүкэ тирэх буолар былааныгар физкултуура чааһа элбэх. Спорт саалата тиийбэт буолан, биһиги оччо элбэх чааһы физкултуураҕа аныыр кыахпыт суох. Араас биридимиэт араас чаастаах. Ону хайысхатынан көрөн, оскуола бэйэтэ талан ылар.
— Салайар сэбиэттэр, төрөппүттэр оскуола былаанын таларга кытталлар дуо?
— Салайар сэбиэттэргэ педагогтары, салалтаны сэргэ төрөппүттэр, бэпэчиитэллэр киирэллэр. Онон, кыттыахтарын сөп. Ол эрээри үксүн оскуола салалтата бэйэтэ быһаарар.
— Холобур, 7№-дээх оскуолаҕа биир начаалынайтан сахалыы үөрэммит 4-с кылаас бырагырааматын уларытан кэбиспиттэрэ. “РФ үөрэҕин былааныгар көспүттэр” диэн буолбута. Билигин бу саха оҕолоро саҥа саҥарар оҕо курдук, ойуунан көрөн «бу – мас», «бу – ыт» дэһэ олороллор.
— Үөрэх былаанын, чаас ахсаанын кытта сөбүлэспэт буоллахтарына, төрөппүттэр дириэктэр аатыгар суругунан сайабылыанньа түһэриэхтээхтэр. Кинилэр хоруйдара астыннарбат буоллаҕына, үөрэх управлениетыгар тахсыахтаахтар. Оччоҕуна биһиги туох эмэ дьаһалы ылыахпытын сөп. Онон, биһиэхэ суруйуҥ.
— Биһиги «Үөрэх туһунан» РФ сокуонун барылын кытта билистибит. Сокуон тутула, ис хоһооно олус уларыйбыт. Эһиги бэйэҕит этиилэргитин киллэрдигит дуу?
— «Үөрэх туһунан» РФ сокуона – түмүллүбүт сокуон, манна оскуола иннинээҕи, профүөрэхтээһин, үрдүк үөрэхтээһин – бары киирэ сылдьаллар. Биһиги үлэһиттэрбит Ил Түмэн таһымынан онно үлэлэһэллэр. Бу этиилэри дьүүллэһиигэ педагогтар бөлөхтөрө үлэлиир. Манна уопсастыбаннас эмиэ кыттыһахтаах. Ити барыбыт уопсай интэриэспит.
— Учуутал сылынан сибээстээн, учууталларга анаммыт туох үлэ барда?
— Учуутал сылынан, биһиги куорат дьаһалтатын мээрин «Бастыҥ учуутал», «Бастыҥ салайааччы-учуутал», «Оскуола иннинээҕи үөрэх бастыҥ педагога», «Бастыҥ эбии үөрэхтээһин педагога» диэн бэрт интэриэһинэй граннарын аныахпыт.
Бүддьүөт үлэһиттэрин дьиэлээһин чэпчэтиилээх бырагырааматыгар киирэн, 114 квотаны ыллыбыт. Эһиил бачча учуутал дьиэлэниэ. Учуутал хамнаһа элбэҕэ суох, онон бырабыыталыстыбаттан төлөнөр субсидия улахан көмө.
Куорат дууматын быһаарыытынан, биһиги оҕо саадтарыгар 167,5 эбии штаты ыллыбыт. Манна эбии 38 мөл. солк. көрүлүннэ. Хас биирдии бөлөххө аны иккилии ыстаапка эбии киирэн, оҕо саадыгар сылдьыы бириэмэтэ 11 чааска диэри уһаата. Ол түмүгэ тута биллэн, төрөппүттэртэн биир да үҥсүү киирэ илик. Маны таһынан, биһиги быйыл «отраслевой хамнас» төлөбүрүгэр көстүбүт. Бу ордук оҕо саадтарын үлэһиттэрин хамнастарын улаатыннарарга көмөлөстө. Холобур, тех-үлэһит хамнаһа 30% улаатта, оттон педагогтар хамнастара — 10-20%. Кыра да буоллар, эбиллии...
— 83№-дээх ФС-нан сибээстээн: куорат ханнык оскуолалара статустарын уларытан, саҥа көрүҥҥэ көһүөхтэрэй?
— Ол чопчулана илик. Хааһына тэрилтэтин көрүҥүн тулаайах оҕолор дьиэлэрэ, анал коррекциялыыр оскуолалар ылыахтара. Атын оскуолалар үгүстэрэ бырааптара кэҥээбит бүддьүөт тэрилтэтин быһыытынан сылдьыахтара.
— Үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара билигин көннөрү дириэктэр эрэ буолбакка, менеджер буолаллара ирдэнэр. Дьон онно төһө бэлэмий?
— Биллэн турар, «бары бэлэмнэр» диир кыах суох. Ол эрээри, үөрэнэллэр, сэминээрдэргэ сылдьаллар. Онон 2011 сылга сорох оскуолалар эрэ боруобалаан көрөр бырайыакка киирсиэхтэрэ. 2012 сылга, дьэ бары саҥа көрүҥҥэ көһүөхпүт. Ол эрээри, син биир үксүлэрэ бүддьүөт тэрилтэтин быһыытынан хаалыахтара. Арай, бырааптара кэҥээн биэриэ.
— Эдэр учууталлар үлэлии кэлэллэр дуо? Эр дьон учуутал төһө элбээтэ?
— Эдэр учуутал, уруккуга холоотоххо, элбиир. Быйыл 78 учуутал кэллэ. Эр дьон 9,7% ылар – бу аҕыйах. Ол эрээри, «Эдэр педагогтар» куонкурустарын ыыттахха, үчүгэй түмүгү мэлдьи эр дьон учууталлар көрдөрөллөр. Онтон үөрэбит.
— Пединститукка сахалыы үөрэтэр педагогтары бэлэмниир салаа сабыллыбыта онус сыла. Эһиги ХИФУ-га сайаапка киллэриэххитин сөп дуо, начаалынай кылааска сахалыы үөрэтэр педагогтары бэлэмниир туһунан? Эһиги өттүгүттэн сайаапка киирэ илигинэ, бу салаа аһыллыа суоҕа. Аны уон сылынан, испэсэлиистэр тиийбэт буолуохтара.
— Ону өйдүүбүт. Биир өттүнэн, начаалынай кылаастары арыйарга биһиги бакаансыйалары көрөбүт. Начаалынай кылаастарга биэс сылга бакаансыйа суох.
— Билигин биэнсийэ саастаах дьон үөрэтэ сылдьаллар. Кинилэр биэнсийэҕэ бардахтарына ким кэлиэй? Кэнэҕэскигэ үлэлиэххэ наада.
— Хата, бэрт этиини киллэрдигит. Мониторинг оҥоруохха, начаалынай кылаастарга бакаансыйалары үөрэтиэххэ наада.
— Үөрэх эйгэтигэр бара турар уларыйыылар бары наадалаахтар дии саныыгыт дуо?
— Үөрэх тиһигэр кэнники кэмҥэ олус элбэх уларыйыы киирэ турара дьиксиннэрэр. Дьиҥинэн, үөрэх тиһигэ – «консервативнай» эйгэ. Ити үчүгэй өттүнэн этэбин. Биһиги бу уларыйыыларга оҕустаран урукку ситиһиилэри сүтэриэ суохтаахпыт. Холобур, 90-с сылларга «оскуола сүрүн соруга – үөрэтии» диэн луоһун турбута. Ол сылларга салайбыт биһиги дьоммут социальнай педагогтары, психологтары, ардыгар, күүстэринэн кэриэтэ утарсан туран хаалларбыттара. Оттон үгүс регионнар онтон аккаастаммыттара. Билигин ол охсуулаах буолла. Холобур, КГЭ-ҕэ киириини эмиэ бары саҥарбыттара, оттон биһиги эрдэ киирэн уопутурбуппут, итэҕэһин-быһаҕаһын билбиппит эмиэ үчүгэй.
Билигин дойду салалтата оскуолаҕа, оҕо саадыгар улахан болҕомтону туһаайда. Бэрэсидьиэммит оҕо саадын туһунан этэрэ олус үчүгэй. Билигин ити — саамай улахан кыһалҕа. Олох сайдар, иннин диэки барар, онон манна эмиэ уларыйыы барыахтаах.
— Евдокия Ивановна, кэпсэтииҥ иһин махтал, кэлэн иһэр Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибит, бары үчүгэйи баҕарабыт!
(Кыым.ру - 30.09.10) 2010-09-30 23:23:07 Всего просмотров: 3164 Ссылки по ключевым словам:
2024-07-04 07:23:59 - Александр Жирков: Саха литературатын үтүө аатын турууласпыта 2024-01-31 17:59:04 - Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ экономикабыт туруга хайдаҕый? 2023-12-28 11:10:11 - Александр Жирков: Аграрнай оскуолалар тыа ыччатын аныгы технология эйгэтигэр уһуйуу, сайдыы кииннэрэ буолуохтара 2023-06-27 09:00:13 - Александр Жирков: Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ оскуола суолтатын атын ханнык да тэрилтэ, тэрээһин кыайан солбуйуо суоҕа 2023-06-18 16:28:15 - Свалка в Усть-Майском! Обращение в Прокуратуру РС(Я) 2022-12-13 06:40:55 - АЛРОСА поддерживает культуру народов Якутии 2022-11-22 06:20:18 - Аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолалар дьылҕаларын Ил Түмэн бэйэтин көрүүтүгэр ылла 2022-05-22 02:26:41 - Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, тыа сирин туруу үлэһиттэрэ! 2022-03-25 10:18:49 - Госкомцен Якутии передал в прокуратуру материалы по 324 случаям необоснованного повышения цен на продукты 2022-03-21 09:35:43 - Материалы по 139 случаям необоснованного повышения цен на продукты переданы в прокуратуру Якутии |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|