Сахалыы сыhыарыы
Ленин болуоссатыгар тахсыбыт миитин
Туйаара НУТЧИНА
Бүгүн, ыам ыйын 11 күнүгэр, күнүс 11 чаастан саҕалаан Ленин болуоссатыгар эдэр дьон, үксүлэрэ устудьуон аймах мустан, миитин тэрийдилэр. Дьыала төрдө-төбөтө, тохсунньу 3 күнүгэр саха кыыһын күүһүлээн баран тоҥуу хаарга анньыбыт Армения гражданинын буруйуттан сылтаан таҕыста.
Соторутааҕыта «Кыым.ру» Сонун Агенствотыгар биллиилээх суруналыыс Николай Максимов интервью биэрбитэ бэчээттэммитэ. Онно кини «саха историятыгар уоннуу сыл буола-буола провокация тэриллэр, ол айдааҥҥа буруйдаахтары ороон таһаара-таһаара бүтүн норуоту омугумсуйууга буруйдаан кирдиэхтэтэллэр» диэн эппитэ. Ол хартыына, бүгүн хатылана сыста. Хата, биир да эдэр киһини туппатылар, хаайбатылар. Кэлин атын буолуон сөп.
Дьыала-куолу сиэллэнэ-кутуруктана илигинэ, дьиҥинэн, ситэриилээх былаас, үрдүкү салалта дьону уоскутуохтаахтар этэ. Эрдэ-сылла президент дуу, вице-президент дуу СМИ нөҥүө атаҕастаммыт кыыс видеота тахсаатын кытары хардарыахтаахтара. Оччотугар көмүскэллээх курдук сананан ыччат даҕаны, орто саастаах да дьон уолуктарынан тыыналлара, араас провокацияҕа киирэн биэрэллэрэ уҕарыахтаах этэ. Кэмниэ-кэнэҕэс буруй барыта моттойоҕо диэбиттии, саха ыччата омугумсуйууга буруйдаан, эмиэ 1986 сыл хатыланыан сөп. Бу саас Москва Манежнай болуоссатыгар тахсыбыт быһылааны да санааҥ. Хайдах курдук далааһыннанан барбытай? Бэл, соҕурууттан биир итэҕэллээхтэрин көмүскэһэ бүтүн автобустаах бөтөстөр айаннаан иһэллэр диэн буолбута. Уокка арыы кутар кэриэтэ, дойду премьерэ өлбүт уол уҥуоҕар сибэкки ууран кыынньаан эмиэ биэрбитэ. Ол аата омугунан арахсан кыргыһарбыт кимиэхэ эрэ олус барыстаах буоллаҕа.
Билигин Кавказ омуктарын урукку казактары тэҥэ байыаннай баттыыр күүс тэҥэ туттуохтарын баҕараллар диэн этэн эрэллэр. Кавказка үлэ суох диэн ааттаан дойду үрдүнэн барыларын тарҕаталаан эрэр курдуктар. Ону сэргэ Киргизия кэлиҥҥи мучумааныттан сылтаан, бу омуктар Арассыыйанан бүтүннүү тарҕанан эрэллэр. Москваҕа, урут, туох баар кирдээх-хохтоох үлэлэри Кавказ омуктара, таджиктар, узбектар толорор эбит буоллахтарына, билигин бары хара үлэҕэ киргиз бөҕөтө кырыы-кырыытынан анньыһа сылдьар. Көрөргө дьулаан. Дьүһүҥҥүнэн майгыннаһаргыттан киһи улаханнык кыбыстар.
Егор Борисов айдааннаах дьыаланы тус хонтуруолугар ылла диэн этилиннэ. Оннук да буолуохтаах. Москваҕа скинхедтэр аатырбыт дуобатчыппытын өлөрбүттэригэр өрөспүүбүлүкэ президенэ В.Штыров улахан хорсун дьыаланы оҥорон биир дойдулаахпытын кытаанахтык ирдэспитэ. Ол түмүгэр омугумсуйбут бэдиктэр хаайыыга барбыттара. Вячеслав Анатольевич киһи да, политик да быһыытынан сиэрдээҕин көрдөрбүтэ.
Гастарбайтер наһаа элбээбит. Харахха быраҕыллар. Биллэн турар, дьиэлээх киһи көҥөс буолара өйдөнөр. Ыалдьыт ыалдьыт курдук тутта-хапта сылдьыахтаах. Олохтоох норуоту ытыктыахтаах, абыычайын, сиэрин-туомун убаастыахтаах, былааһы билиниэхтээх. Биир өттүнэн бэйэбит эмиэ кэлии дьоҥҥо убаастатар төрүөт биэриэхтээхпит. Кыра да дуоһунаска олорор салайааччылар атыыланыа суохтаахтар. Харчынан саба быраҕан тэпсэн барбаттарыгар бэйэбит дьоммут үөрэтиэхтээхтэр этэ.
Биир быычыкаай холобуру аҕалыам. Автобус толору киһи. «Гастарбайтер» диэн ааттыыр киһибит инники олбоххо олорор. Кини таһыгар эдэр уолаттар-кыргыттар олороллор. Кырдьаҕас киһи киирэр. Ким да туран биэрбэт. «Гастарбайтер» тула-мала көрөр уонна «бэйэбит ыччаппыт бэйэбит кырдьаҕаспытыгар» туран биэрбэтэҕин улаханнык муодарҕаабыт көрүҥнээх. Кини туран биэрдэ. Кэтиирэ-үөрэтэрэ өтө сэрэйиллэр. Миэстэ тахсыбытыгар эмиэ олордо. Эмиэ кырдьаҕас киирдэ. Бу сырыыга туран биэрбэтэ. Ол аата кинилэр майгылара маннык диэн бэйэтигэр быһаарыы ыллаҕа…
Урут да, аны да анал сулууспаларга провокация отделлара үлэлииллэрин туһунан кэпсииллэр. Бу отдел үлэһиттэрэ интернет-форумнарга, дьон быыһыгар да сылдьан араас провокациялары – сураҕы-садьыгы тарҕаталлар, тыл-өс ыыталлар. Дьону туохха эмэ куһаҕаҥҥа үктэтэн, киксиһиннэрэн биэрэллэр. Онон эдэр дьон барахсаттар угаайыга киирэн биэрбэтэллэр ханнык дии саныыгын.
Бүгүҥҥү миитини туораттан көрдөххө, эрдэттэн ким эрэ былааннаабыт сценарийынан барар курдук буолла. Чочумча буола-буола дьон быыһыттан «хара омуктары кырбаталыырга» ыҥыра-ыҥыра төттөрү түһэн хаалаллар. Ким эрэ киитэрэй былааныгар ыччат марионетка курдук туттулунна. Билигин киин сиргэ араас тыл-өс барыа. Сахалар бэйэлэрин салайынар кыахтара суоҕа «ырылыччы көстүө», бэйэлэрин киһитэ олорбутугар «омугумсуйбуппутун» туоһулатыахтара. Биир өттүнэн бүгүҥҥү миитин салалтабытын уган биэрэр. Өрөспүүбүлүкэ быһыытынан бэйэбитин бэйэбит дьаһанар кыахпытын салгыҥҥа ыйыыр. Дьэ, оччоҕо бэйэбит испититтэн баһылыктар ананар ситимнэрэ быстар.
Өрөбөлүүссүйэ бастакы сылларыттан Саха сирэ автономияны туруорсубута. Ону «саха омугумсук омук, дьоппуоннарга сыстыахтара» диэн ааттаан өр утарбыттара. Ол саамай «омугумсуйар» төрүөппүтүнэн саха бастакы үөрэхтээхтэрэ кыттыгастаах бастаанньалары «ыйан» биэрэллэрэ. Арассыыйаҕа, билигин национальнай субъектары – губернияҕа кубулутар идиэйэ атах балай сылдьар. Президеммитин – баһылыкка көһөрдүлэр. Кэмниэ-кэнэҕэс сирбитин-уоппутун «бөдөҥсүтэн», аата-суола суох ханнык эрэ Хотугулуу-илин региоҥҥа кубулутуохтара.
Бүгүҥҥү быһылаан, атын регионнарга сулууспалыы, үөрэнэ сылдьар ыччаттарбытыгар эмиэ охсуллуон сөп. «Дьокуускайга чобуорхайбыккытын таһаарыахпыт» диэн анараа дьон эмиэ сутуруктарын күөрэтэн барыахтарын сөп.
Саха тулуурдаах омук. Ылбычча сүүрэн тахса-тахса луоһуннарынан тамнаммат үгэстээх. Ол иһин да баччаттан-оччоҕо диэри тыыннаах ордон кэллэхпит. Бүгүҥҥү миитиҥҥэ эдэр дьон кыттыбыта өйдөнөр. Ыччат хаһан баҕарар буорахтаах буочука. Кыым сахтыҥ да эстэр. Ол эрээри билигин атын үйэ. Киирсэр ньыма сутуруктаһыыттан тахсыахтаах. Аныгы – билии, үөрэх, суут-сокуон ньыматынан киирсиэхтээхпит. Кэнники тугунан диэлийэн тахсыаҕын, туохтан сылтаан маннык провокациялар тахсалларын ыйдаҥардарбыт наада этэ.
(Кыым.ру - 11.05.11) 2011-05-12 01:36:07 Всего просмотров: 2460 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2013-10-05 15:31:53 - Ил Түмэҥҥэ ЦЕНЗУРАНЫ олохтуур дьаһал ким уоһуттан тахсыбыта 2012-12-13 19:27:02 - Ахсынньы 12 күнэ - дойду Төрүт сокуонун күнэ. Норуот депутатын бириигэбэрэ тахсыбыта 1 сыл буолла 2011-05-22 09:59:19 - Ыам ыйын 11 күнүнээҕи миитин - профессор Казарян «өҥөтө» (экстремизмҥэ буруйданан тутуллубут уол босхолонуохтаах!) 2011-05-12 01:40:27 - Д.Глушко миитин кэмигэр санаата 2011-05-12 01:36:07 - Ленин болуоссатыгар тахсыбыт миитин |