|
| |
Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru |
Главная ЖКХ, энергетика В республике В столице Транспорт В республике Транспорт В столице Транспорт В парламенте В республике В России В столице Транспорт В республике Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины В России В столице Транспорт В республике В столице В парламенте Здравоохранение В столице Сельское хозяйство и АПК В столице В республике Политика Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В столице Здравоохранение Здравоохранение В парламенте Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии В столице В парламенте Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления В столице ЖКХ, энергетика |
Сахалыы сыhыарыы Киин куоратын сүтэрбит омук хотторор Иван НИКОЛАЕВ, саха Бастакы президенин көмөлөһөөччүтэ, журналист Күүрээннээх долгуннар өссө да охсо туруохтара.
1980-с сыллар бүтүүлэриттэн ыла саха омук хаста да улахан дьалхаан долгуннарга оҕустаран ылла. Дойдубут тутула уларыйыыта биhиэхэ, атын ыаллыы да, ыраах да сирдэргэ тэҥнээтэххэ, быдан сымнаҕастык, чачатар охсуута суох ааспыта, онно республиканы салайбыт Михаил Николаев уонна кини тула түмсүбүт чулуу дьоммут оруоллара улахан – дьулуhууларын түмүгэр, республика аалын долгун үрдүгэр тутаммыт, 90-с сыллар саха омукка суверенитет эпохата, национальнай сайдыы чаҕылхай кэрдиис кэмэ буолбута.
Сотору-сотору халыйан кэлэр быыбардарга - омук төhө сомоҕолоhор кыахтааҕын көрдөрөр тутаах событиеларга - улаханнык хайдыспакка, биир сыал-сорук тула түмсэн ыларбытын көрдөрөр этибит.
Оттон кэлин, ханнык баҕарар омукка да, дойдуга да буоларын курдук, салайар элита хайдыhыыта үөскээбитэ, ону мин тус бэйэм да көрбүтүм, билбитим: 90-с сыллар саҥаларыгар биир өйдөөх-санаалаах, ыралаах, тыллаах-өстөөх, доҕордуу да дьон киҥир-хаҥыр саҥарсар, киэр хайыhар, сороҕор ордугурҕаhар буолан барбыттара. Киhи айылгыта оннук, улахан өрө күүрүүлээх киирсиигэ сарын-сарыннарынан өйөhөн кыргыhан баран, кэлин уостуу, күөн былдьаhыы саҕаланар. Оннооҕор улуу Чыҥыс хаан дьоно да бытарыhан хаалбыттарын умнумуох.
Элита хайдыhар түгэнигэр норуот эмиэ хайытыллар.
Ол түмүгэр, Михаил Николаев үhүс болдьоххо кыайан ааспатаҕа, Вячеслав Штыров былааска кэлбитэ.
Ыаллыы Бурятияҕа хас да уонунан сыл устатыгар бурят киhи республиканы салайбатах буолан, буряттар национальнай сайдыылара наhаа харгыстанна, омук быhыытынан эстэн да эрэллэр - урут кинилэр сахалардааҕар быдан элбэх ахсааннаах этилэр, билигин сахалар кинилэри кэбэҕэстик куоhардылар. Итинтэн көстөрүнэн, былаас иhин киирсэрин тохтоппут, санаата өhүллүбүт омук симэлийэр суолга барар.
Киин куораты эмиэ туран биэрбиппит – онтон сылтаан, саха дьоно куоракка дьиэ туттунарыгар да, бизнес тэринэригэр да сир-учаастак кыайан ылбат буолбута.
2010 сыллаахха Егор Борисов президенинэн ананыыта саха омукка үөрүүлээх түгэн буолбута. Сахаларга атын омук киhитин аныыр улахан политическай алҕас буолуон сөбүн үөhээ толору өйдөөбүттэрэ, дойдуга өссө биир тыҥаабыт регион баар буолуон баҕарбатахтара, онно Штыров улахан политическай алҕастары оҥорон сахалары тэйиппитэ эмиэ оруолламмыта.
Россия билигин эмиэ күүстээх долгуҥҥа оҕустаран эрэр - үс улахан бырачыастыыр миитиннэргэ сүүhүнэн тыhыынча киhи күргүөмүнэн таҕыста. Итини «туора топпут москвичтар кэбилэнэллэр» диир сыыhа. Дойду урдунэн өй-санаа улахан уларыйыыта буола турар - ол да иhин нууччалар түмсэн олорор түөлбэлэригэр «Ньыгыл Россия» 30-тан эрэ тахса бырыhыаны хомуйда. Ол оннугар булкаас омуктаах эбэтэр олох да нуучча аҕыйах сирдэрэ – холобур, Кавказ эҥин «Ньыгыл Россия5а» 90-ҥа тиийэ бырыhыаны биэртэлээтилэр.
Итинтэн көстөрунэн, нууччалар өйдөрө-санаалара уларыйан эрэр - оттон Россияҕа чуо нууччалар государствоны сүрүннүүр, тутан олорор омук буолаллар.
Ити долгуҥҥа дойдуну түөрэҥнэппэт туhугар, Владимир Путин тус бэйэтин баччааҥҥа диэри тутуhан кэлбит политикатын уларытарга куhэлиннэ - экономикаҕа, демократической сайдыыга, национальнай боппуруоска улахан ыстатыйалары бэчээттэттэ, ону олоххо киллэриэм диэн тылын биэрдэ,
Итинэн нууччалар турунуулара уостан хаалара буолуо дии саныыр алҕас. Ити улахан миитиннэр - сүүнэ уларыйыылар буолаары туралларын бастакы сибикитэ. Путины өйүүр миитиннэргэ өссө элбэх киhи тахсар диэн сорохтор уоскутуналлара олоҕо суох. Биллэрин курдук, урут ыраахтааҕыны өйүүр миитиннэргэ монархистар сүүhүнэн тыhыынча киhини таhаарар этилэр. Оттон ол ыраахтааҕылара аҕыйах сылынан киэр эhиллэн хаалбыта – История хаамыытын утары барар - туhа суох.
Онон уларыйыылар син-биир буолуохтара, оттон харгыстаhыы баар буоллаҕына – былааhы көмүөл курдук тоҕо солоон кэбиhиэхтэрэ, онноооҕор күүскэ хам баттанан олорбут арабтар дойдуларыгар дьон өрө туран кэлбитин умнумуох.
Долгуннар өссө да охсо туруохтаpa - ону бигэтик өйдүөх тустаахпыт.
Сурун сорукпут билигин тугуй?
Соторутааҕыта буолан ааспыт быыбарга саха омук уруккуттан киэн туттар, элбэҕи эрэйэр, эрэнэр дьоно – Михаил Николаев, Иван Шамаев, Мандар уус о.д.а. республика салалтатын өйүөххэ диэн саамай сөпкө туруорсубуттара.
Ону ситэри өйдөөбөккө сылдьар дьон баар – Шамаевтааҕы буруйдаан эттилэр-тыыннылар аҕай.
Оттон дьиҥинэн, ол быыбар кэнниттэн аҕыйах хоноот, сүүнэ миитиннэр ньиргийэннэр, Россия дьалкыйдьыйан ылбыта - ити Бастакы президеммит уонна Шамаевтаах тутуспут курстара сөптөөҕүн толорутук туоhулаатылар: дьалхаан кэмҥэ тулхадыйыа суохтаахпыт.
Ааспыт быыбарга дьон-сэргэ баhыйар үксэ ити сөптөөх санаанан салайтарбыта туох да мэлдьэҕэ суох – республика салалтатын өйүүллэрин халбаҥнаабакка биллэрбиттэрэ.
Бу да быыбарга итинник санаанан салайтарыах тустаахпыт - сахалар наада буолла да, сомоҕолоhор кыахтаахтарын билиэх тустаахтар. Ити буолар - саамай улахан суолталаах политическай куоhур диэн.
Мин уруккутан мэлдьи этэр үгэстээхпин: наhаа түмсүүлээх омук өнүйбэт, сайдыбат, дьалхаан кэмҥэ кэхтэр диэн. Омук барыта биир санаа халыыбыгар хаайтарар, биир баhылык тылын истэ, бас бэринэ үөрэннэҕинэ - сайдар да, история халбас харатыгар ордор да кыаҕа суох. Биир күдьүс, биир баhылыкка бас бэриммит омук сэриигэ хоттордо да, бүтүннүү эстэн, сүтэн хаалара. Оннук сүүhүнэн холобурдар аан дойду историятыгар толорулар.
Онон, кыhарҕан тирээтэҕинэ сомоҕолоһон ыла-ыла, хайдах дьаhанан олорор, салайынар, туохха талаhар туhунан тус-туспатык саныыр, толкуйдуур, дьулуhар, туруорсар омук эрэ сайдар, охтубат, эстибэт, кэхтибэт.
Ол аата, бу тирээн кэлбит быыбарга бары бииргэ туруннахпытына - бука бары биир толкуйга киирэбит, биир баhылыкка бас бэринэбит диэн буолбатах. Омукпут, республикабыт туhугар, тус-туспа санааларбытын бэйэбитигэр хаалларан туран, сомоҕолоhобут диэн буолар.
Бары өйдүүрбүт курдук, сомоҕолоhуу диэн - бэйэ тус санаатын, интэриэhин чорбото сатаабакка, омук интэриэhин үрдүктүк тутуу.
Быыбар кэмигэр биhиги сыалбыт-сорукпут биир чопчу буолуохтаах - сахалар туруннахтарына, сүдү күүс буолаллар эбит диэн киин былааhы да итэҕэтиэх, бэйэбит да итэҕэйиэх тустаахпыт.
Киин куорат иhин киирсиhии.
Киин куоратын сүтэрбит омук хотторор - ити Историяҕа үгүстүк көстөр. Ыраата барбакка, Каддафи киин куоратын Триполины сүтэриэр диэри бэриммэккэ күүскэ киирсибитин санатыахха сөп.
Онон Дьокуускайбытын булгуччу ылыахпытын наада, буолаары буолан, улахан дьалхааннаах кэм кэлэн истэҕинэ.
Киин куораты салайарга икки саха, түөрт нуучча турунна диэн уоскутунар сатаммат.
Нууччалар туох да иэрэҥэ-саараҥа cyox биир эрэ чахчы кыайыан сөптөөх бэйэлэрин кандидаттарыгар - Владимир Федоровка – күргүөмүнэн куоластыахтара. 2001-2002 сыллларга эмиэ араас шипковтарга эҥин куоластарын хайыта сатаабакка, 90-95 %-ҥа тиийэ бары биир киhиэхэ – Штыровка куоластаабыттарын умнар сатаммат.
Оттон сахалар хайдыhыах курдукпут - Айсен Николаевтыын тэҥҥэ туруммут Анатолий Кырдьаҕааhапка куоласпытын кимиэхэ биэриэхпитин иэрэҥ-саараҥ сананныбыт. Ол түмүгэр киин куораты эмиэ сүтэриэхпитин сөп.
Оччоҕо кэлин буолуохтаах республика баhылыгын быыбарыгар хотторон кэбиhиэхпит. Киин куораты урут Михальчук тутан олорон, күүскэ ыган, куолаhы ааҕыыга олус орооhон, 2001-2002 сыллардааҕы быыбарга хотторон кэбиспит ыар уруокпутун өссө төгүл санатабын, «Куораты булгу саха эрэ салайыахтаах үhү дуо, омуга ханнык да буоллун, омугумсуйууга охтор сатаммат» диэн төрдүттэн сыыhа өй-санаа эмиэ баар. «Федоров – төрүт олохтоох нуучча, дьаамсыктар удьуордара үhү» дэhээччилэр эмиэ көстөллөр.
Киин куораты ыларга туруорсуу - омугумсуйуу буолбатах, омукпут сайдарын туhугар саамай сөпкө турунуубут буолар. Ону өйдөөбөт буолуу - историческай буруй. Ыаллыы бурят омук алҕаhын көрүҥ эрэ. Омугумсуйууга буруйданымаары, нуучча Леонид Потаповы баhылык оҥостуммуттара. Биллэн турар, буряттар куоластарын хайытыы да буолбута. Таҥнаран биэрээччилэр да көстүбүттэрэ - ол бэйэлэрин таҥнарыахсытынан отой ааҕыммат, омукпут туhугар умса-төннө түhэбит дэммит дьон кэлин кэрэгэй дьылҕаламмыттара - кырыыстара тиийэн буолуо. Былаастарын былдьаппыт буряттар да, атын алтай эҥин омуктара да, миэхэ олус элбэхтик суланааччылар - сайдыылара кэхтибитин, эстэр-сүтэр суолга үктэммиттэриттэн.
Акаары киһи алҕастарга үөрэммэт, өйдөөх киһи алҕастарыттан уруок оҥостор, оттон мындыр киhи атыттар алҕастарыгар үөрэнэр. Ол сиэринэн, биhиги атын ыаллыы омуктар дириҥ алҕастарын өйдүөх тустаахпыт.
Киин куораты салайыан сөптөөх саха кандидаттарыттан саамай бэлэмнээхтэрэ - туох да мунааҕа суох Айсен Николаев буолар.
Тоҕо?
Киин куорат сүрүн проблемата коммунальнай эйгэ буолбатах. Ити Тиксии эҥин курдук бөhүөлэктэргэ эрэ сүрүн кыhалҕа.
Киин куораппыт - аан бастакынан, улахан территория, манна саха омук үс гыммыт биирэ түмүллүбүт, ол иhигэр саамай сытыы-хотуу, кыахтаах сахалар түөрт гыммыт үстэрэ мунньуллубут территорията. Онон киин куораты канализация таhымынан эрэ саныыр - олох табыллыбат.
Киин куораппыт туhунан букатын саҥалыы толкуйдуурбут наада. Уруккулуу - элбэх киhи мустан олорор куоратын эрэ курдук көрөр бу аныгы ХХI үйэҕэ кэрэгэй.
Киин куорат саха омук сайдар, ахсаана элбиир, төрүт тылын, культуратын умнубакка чэчириир кыhата буоларын ситиhэрбит наада. Сахалар эрэ буолбакка, биhигини кытары доҕордоhон кэлбит олохтоох нууччалар, хотугу омуктар эмиэ тэҥҥэ сайдыhар кыhалара буолуохтаах, онно биhиги, сахалар, холобур буолуохтаахпыт.
Ол аата, итинник сыалы сатаан олоххо киллэриэн сөптөөх дьону сүүмэрдээн булар, аттаран туруорар, үлэлэрин сүрүннүүр, кытаанахтык ирдиир салайааччы наада.
Айсен Николаев оннук үлэҕэ улахан уопуттаах. Ол да иhин, Егор Борисов кэнниттэн иккис кандидат буолбута, Дмитрий Медведев уонна Владимир Путин кинилиин анаан-минээн көрсүбүттэрэ, астына кэпсэппиттэрэ. Кэпсэтэн баран, Медведев мээнэҕэ «Николаев-младший» диэбэтэх буолуохтаах, ити Бастакы президеммит Михаил Николаевка ханыылыы тутан, биhирээн эттэҕэ дии, Ол аата Айсен Николаев улахан кэскиллээҕин, кыахтааҕын дойду үрдүкү салалтата билиммит.
Киин куораты хаһаайыстыбанньык эрэ салайыахтаах диэни ылынар сыыһа. Хаһаайыстыбанньык Спартак Борисов туох үөтэлээҕи ситистэ? Хаһаайыстыбанньык Илья Михальчук тоҕо куоппутун санатар наада дуо? Хаһаайыстыбанньык Юрий Заболев тугу онордо?
Оттон хаһаайыстыбанньык буолбатах эрээри, дьону сатаан аттаран туруорар, үлэлэрин сүрүннүүр, кытаанахтык ирдиир Владимир Павлов 36 сааһыгар горком бастакы сэкиэринэн ананан баран, хайдах курдук Дьокуускайы чаҕылхайдык салайан олорбутун, аныгылыы көрүҥнээх таас куорат буоларын ситиспитин туһунан номох элбэх. Кырдьаҕас көлүөнэ «Павлов эпохатын» умнубат, ахта саныыр, холобур оностор.
Хаһаайыстыбанньык өйө-санаата, салайар ньымата чыҥха атын. Кини куораты улахан тутар трест (Спартак Борисов), типография (Илья Михальчук), үүт собуотун (Юрий Заболев) эрэ курдук көрөр. Олорго дьиэ тэрилин атыылыыры эрэ сатыыр дуу, сантехниктары эрэ дьаһайа үөрэммит дуу дьон эбилиннэҕинэ - киин куораппыт олох да эстэр буоллаҕа дии.
Оттон Дьокуускай национальнай сайдыы территорията буолуохтаах. Павловы олус бэркэ билэр, кини туһунан номохтору истэн аҕай кэлбит Егор Борисов ол да иһин киин куораты сатаан салайыа диэн, бу Айсен Николаевы туруорбутун бар дьон өйүөн наада.
Айсен Николаев сотору буолаат республика президенин быыбарыгар киирсиэ диир эмиэ сыыһа.
Медведев Госдумаҕа киллэрбит федеральнай сокуонун бырайыагар этиллэринэн, регион баһылыгын болдьоҕо бүттэҕинэ эрэ быыбар буолар. Оттон Борисов болдьоҕо 2015 сылга бүтэр. Салайан олорор президент быыбары кыайара өйдөнөр. Ырааҕы саныыр Айсен Николаев онно кыттыһан киирэн биэрбэтэ эмиэ өйдөнөр. Ол аата, Николаев 2020 сылга диэри киин куораты салайан, национальнай сайдыы территорията оҥорон, улахан авторитеттанан баран дьэ биирдэ үрдүкү таһымҥа тургутуһуон сөп – ол саҕана кини 48 эрэ саастанар. Аҕыс сыл салайан олорон, элбэҕи ситиһиэн сөп – Владимир Павлов сэттэ эрэ сыл Дьокуускайы салайан, киин куорат сайдыытын уонунан сыллардаах хайысхатын олохтообута.
Бу билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ сахалар түөрэхпит тулхадыйбатын ситиһиэхтээхпит. (Кыым.ру - 25.02.12). http://www.kyym.ru/index.php/olox/politika/5932-2012-02-25-08-36-18 2012-02-28 14:54:05 Всего просмотров: 2377 Ссылки по ключевым словам:
2022-12-09 09:44:27 - Киин куораты бэйэ чэгиэн аһынан хааччыйар урбаанньыт-бааһынай
2020-04-14 16:12:19 - ОФИЦИАЛЬНОЕ СООБЩЕНИЕ ПО ПОВОДУ СТАТЬИ В ГАЗЕТЕ «КИИН КУОРАТ» 2014-09-30 10:37:34 - Муниципальным газетам «Эхо столицы» и «Киин куорат» - 15 лет! 2013-04-29 17:12:50 - Куорат Думатын депутатыгар кандидаты таларга Айаал БУРЦЕВ кыайтарда 2012-12-15 09:49:38 - Дьокуускай куорат хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыны күүтэр 2012-02-28 14:54:05 - Киин куоратын сүтэрбит омук хотторор 2011-12-29 22:43:08 - Анатолий Кырджагасов: «Дьокуускай куорат дьаһалтата аҥардастыы политиканан үлүһүйбүтэ туохха тиэрдибитин көрдүбүт» 2011-12-07 23:23:41 - Куорат мээрин кириэһилэтин тула дуораһыйар сүпсүлгэн |
Собственные материалы (последние 20) 2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов [0]2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье» [0]2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК» [0]2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах? [0]2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ [0]2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов [0]2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900 [0]2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова [0]2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов [0]2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне [0]2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1 [0]2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане [0]2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона? [0]2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12 [0]2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА" [0]2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского [0]2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии [0]Разделы Об издании
|