ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ
Уустук эрээри, олус суолталаах быһаарыныы буолуоҕа
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Мэҥэ Хаҥаласка метанол собуотун тутуу бырайыагын тула дьүүллэһии бара турар. Олус наадалаах дьүүллэһии — бары өртүнэн ыйааһыннаан эрэ баран быһаарыныы ылыныахтаахпыт.
Бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ тулалыыр эйгэни бары киртитэллэр, ол эбэтэр дьон доруобуйатыгар охсуулаахтар — сорохтор улаханнык, сорохтор ама соҕустук. Ол биллэр быһыы буоларынан, бары судаарыстыбалар ол буортулааһыны төһө кыалларынан кыччата сатыыллар. Ол туһугар туһааннаах сокуоннары ылыналлар, кэтээн көрөр сулууспалары тэрийэллэр итиэннэ экология нуормаларын кэһиини кытаанахтык накаастыыллар.
Сайдыылаах дойдуларга дьон-сэргэ доруобуйатын харыстааһын, салгын, уу, почва киртийбэтин хонтуруоллааһын саҥа сайда сатыыр дойдулардааҕар быдан үрдүк таһымҥа турар. Оттон биһиги химия собуоттарыгар тахсар алдьархайдар тустарынан истэ-билэ сылдьабыт, онон туох куттал суоһуурун сабаҕалыыр кыахтаахпыт. Оннук быһыы-майгы үөскүүрүттэн сэрэхэдийэр дьоннору мин өйдүүбүн уонна бу сөптөөх быһыы-майгы дии саныыбын. Ол курдук, 80-с сыллар бүтүүлэригэр, 90-с сыллар саҥаларыгар күүстээх уопсастыба хамсааһына үөскээбитэ, АЛРОСА хампаанньаттан айылҕаҕа таһаарбыт хоромньутун иһин толуйар төлөбүрдэри ситиспиттэрэ. Маны наука өртүнэн академиктар Д.Д. Саввинов, В.Г. Кривошапкин, В.П. Алексеев, Н.Г. Соломонов, П.Г. Петров хааччыйбыттара, ону кытта И.С. Бурцев, А.И. Чомчоев, Н.Д. Архипов, В.И. Тимофеев уо.д.а. өҥөлөрө улахан.
Өрөспүүбүлүкэ эриэ-дэхситик сайдарыгар, билиҥҥи этэҥҥэ туругар бу дьон гражданскай көхтөөх быһыылара-майгылара улахан оруолу оонньообута. Үөрүүлээҕэ диэн, кинилэри эдэр көлүөнэ дьон солбуйаллар (“Сир” уопсастыба хамсааһына о.д.а.). Быһаарыныы ылыныахпыт иннинэ өрөспүүбүлүкэ балаһыанньатын, ол аата дьон-сэргэ хайдах олорорун, собуот тутуллар түгэнигэр тугу ситиһэр кыахтанарбытын ‒ бары өттүттэн сыаналаан көрүөхтээхпит.
Күн-бүгүн биһиги олус уустук кэмҥэ, ырыынак сыһыаннаһыыларыгар көһүү быыһык кэмигэр олоробут.Сэбиэскэй сойуус эстибитигэр олус соһуччутук хаһан да үөйбэтэх-ахтыбатах быһыыбытыгар түбэспиппит. Дьон-сэргэ үйэлэрин тухары үөрэммит олохторо-дьаһахтара тосту уларыйбыта, үйэлэрин тухары мунньуммут уурунууларын сүтэрбиттэрэ, хара баһаам киһи үлэтэ суох хаалбыта, айаҕын да ииттинэр кыаҕа суох буолбута.
Үгүспүт ырыынак усулуобуйатыгар үөрүйэҕэ суоҕа, күрэстэһии, урбааны тэрийии, кирэдьиити ылыы, кэмигэр төннөрүү уо.д.а. экэниэмикэ эридьиэстэрин билбэтэ. Оннук быһыы-майгы уйулҕа өттүнэн улахан тыҥааһыны үөскэтэр, оттон ол соматическай патология үөскээһинигэр тиэрдэр. Ол курдук, 90-с сылларга туох да хара баһаам ыарыы, өлүү-сүтүү өрө турбута. Дойду нэһилиэнньэтэ сылга 1‒1.5 мөлүйүөн киһинэн аҕыйыыр этэ. Россия аан дойду үрдүнэн наркотикка ылларыы, арыгылааһын, өлөрсүү уонна бэйэҕэ тиийинии курдук омсолоох көстүүлэргэ инники күөҥҥэ тахсыбыта. Бу норуокка, бүтүн көлүөнэлэргэ сүрдээх улахан алдьархай буолар. Онтон саҥа тахсан оннубутун булан эрэбит диэххэ сөп.
Биллэн турар, Уһук Хотугу дойдуга омсолоох көстүүлэр содуллара өссө дириҥник дьайар. Уһук Илин нэһилиэнньэтэ биллэ-көстө аччыы турар. Депрессия, ол түмүгэр бэйэҕэ тиийинии – маннык быһыы-майгы социальнай-экономическай олох таһыма чахчы мөлтөөбүтүн көрдөрөр. Россия бу көрдөбүлүнэн аан дойдуга инники иһэр буоллаҕына, Россияҕа Сибиир уонна Уһук Илин күөнтүүллэр.
Саха сиригэр бэйэҕэ тиийинии эмиэ элбээтэр элбээн испитэ. Балаһыанньа 2007 сылга улахан алдьархай таһымыгар чугаһаабыта, ол олус эрэйинэн, үгүс күүс-уох ууруллубутун түмүгэр эрэ көнө быһыытыйбыта. Олус элбэх бэйэҕэ тиийинии (100 тыһыынча киһиэхэ 200 бэйэҕэ тиийинии) тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга, ордук Арктика улуустарыгар тахсара. Санаан көрүҥ, аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ 100 тыһыынча киһиэхэ 20 бэйэҕэ тиийиниини үрдүгүнэн ааҕар. Өссө биир мөкү көстүүнэн арыгынан үлүһүйүү буолар. Манна эмиэ балаһыанньабыт мөлтөх.
Мин бу дааннайдары анаан-минээн көрдөрөбүн. Дьон-сэргэ, чуолаан, тыа дьоно хайдах курдук быстар мөлтөх балаһыанньалаахтарын көрдөрөөрү. Бастайааннай туруктаах дохуота суох дьон инникигэ, оҕолорун кэскиллэригэр эрэллэрин сүтэрэллэр, ыһыктынан кэбиһэллэр. Бу саамай тулуурдаах, саамай үлэһит хотугу дойду дьоно! Быһыы-майгы уларыйбатаҕына, бэрт сотору кэминэн төрүөх төннөр куттала баар.
Биһиэхэ үлэ миэстэлэрэ, экономика сайдыыта, ыччаттарбыт, оҕолорбут, сиэннэрбит кэскиллэрэ тыын суолталаахтар. Ол бырамыысыланнас таһымыгар оҥорон таһаарар собуоттара, фабрикалара, тырааныспар ситимэ суох хайдах да кыаллыбат суол. Онон мин метанол собуота Саха сиригэр тутуллуохтаах дии саныыбын. Туох баар айылҕаны харыстыыр нуормалары тутуһан, бары өттүттэн хонтуруолланан! Өссө биир түгэн — собуокка Саха сирин олохтоох дьоно үлэлиэхтээхтэр. Ону анал сөбүлэһиилэринэн уонна өрөспүүбүлүкэ сокуоннарынан бигэргэтэр наада.
Хаһан эрэ биһиги курдук быһыыга киирэ сылдьыбыт Сингапур холобурун аҕалыахха сөп. Аатырбыт Ли Куан Ю дойдуга транснациональнай хампаанньалары ыҥырбыта уонна усулуобуйа туруорбута: тэрилтэлэргэ хайаан да Сингапур олохтоохторун үлэлэтэр туһунан.
Михаил Томскай, медицинскэй наука доктора, «Саха сиринээҕи медицина кэлим кыһалҕаларын чинчийэр научнай киин” судаарыстыбаннай тэрилтэ салайааччыта
Источник: газета "Эркээйи" - 15 ноября 2017.
ДИНАМИКА СОКРАЩЕНИЯ НАСЕЛЕНИЯ ДАЛЬНЕГО ВОСТОКА
| 1989 г. | 2014 г. | Убыло | % |
Хабаровский край | 1,824,506 | 1,338,500 | 486,006 | 26,6 |
Приморский край | 2,258,391 | 1,833,308 | 425,083 | 18,8 |
Магаданская область | 542,868 | 148,071 | 394,797 | 72,7 |
Амурская область | 1,057,781 | 809,873 | 248,693 | 23,5 |
Сахалинская область | 709,629 | 488,391 | 221,238 | 31,2 |
Камчатская область | 466,096 | 317,269 | 148,827 | 31,9 |
Республика Саха (Якутия) | 1,081,408 | 958,528 | 122,880 | 11,4 |
Чукотский АО | 157,528 | 50,540 | 106,988 | 67,9 |
Еврейская АО | 215,937 | 168,368 | 47,569 | 22,0 |
ПРИЛОЖЕНИЯ (для увеличения - нажать):
ДРУГИЕ МАТЕРИАЛЫ СПЕЦРАЗДЕЛА:
ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ 2017-11-16 07:02:26 Всего просмотров: 1094 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-01-31 17:59:04 - Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ экономикабыт туруга хайдаҕый? 2022-12-09 07:22:06 - Движение городского общественного транспорта возобновится по улице Уустаах Избекова 2022-03-11 11:46:48 - СУНТААР УЛУУҺУН БАҺЫЛЫГА АНАТОЛИЙ ГРИГОРЬЕВ БИЛИҤҤИ ТЫЫН СУОЛТАЛААХ БОППУРУОСТАРГА САНААТА 2017-11-18 07:03:39 - Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар төһүү буолуоҕа 2017-11-16 07:02:26 - Уустук эрээри, олус суолталаах быһаарыныы буолуоҕа 2016-02-19 06:59:33 - Хомуньуустар “сордоох сухалара” 2012-08-16 20:12:52 - Дьон үчүгэйгэ талаһар эрээри... 2012-07-17 23:25:52 - Роман ПРИХОДЬКО: "ДСКаны утарбаппын эрээри..." 2011-07-25 13:12:58 - Бүлүү улуустарыгар үс президент быыһыгар А.Уаров «кыбылынна» 2011-06-20 16:38:56 - Омуктар Саха сирин улуустарыгар кимэн киирэн иһэллэр |