Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

ЖКХ, энергетика
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Днем энергетика

В республике
«ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию?
[0]

В столице
«СоюзАвто»: Новая маршрутная схема была принята с учетом мнений горожан и водителей

Транспорт
Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов
[0]

В республике
Анатолий Семенов: Якутия активно поддерживает инициативы Президента России

Транспорт
Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В столице
Как работает «Умный транспорт»?

Транспорт
Семен Винокуров: на Прямой линии Президента страны прозвучал большой пласт вопросов по экономике и СВО

В парламенте
Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

В республике
Глава Якутии назвал открытым и честным диалог Президента с жителями на Прямой линии

В России
В Минтрансе после "Прямой линии" начали искать варианты скидки на авиабилеты для семей с детьми

В столице
Глава города Якутска Евгений Григорьев оценил итоги работы АО «Теплоэнергия»

Транспорт
В 2025 году на русле реки начнутся работы по строительству Ленского моста

В республике
В Якутии построят еще 13 новых школ в 2025 году

Айсен Николаев объявил в Якутии Год защитника Родины

В России
Журналисты из Якутии подведут итоги года с Владимиром Путиным

В столице
Итоги четвертого дня работы «горячей линии» по автобусным маршрутам в Якутске

Транспорт
Железнодорожный корабль «Счастье»
[0]

В республике
В Нерюнгри создаются условия для предпринимателей

В столице
Евгений Григорьев: «1 января не будет повышения стоимости проезда в автобусах»

В парламенте
Народные депутаты Якутии приняли участие в торжественном собрании, посвященном 100-летию видного государственного и политического деятеля Евдокии Гороховой

Здравоохранение
Новости ЦРБ: медицинская помощь стала доступнее жителям Верхоянского района

В столице
Сергей Черноградский: "В нашей работе благодарность пассажиров очень важна!"

Сельское хозяйство и АПК
В Минсельхозе обсудили растениеводство и мелиорацию сельхозземель в Таттинском и Чурапчинском улусах

В столице
Информация о ходе переселения граждан из 17 квартала Якутска

В республике
Айсен Николаев 19 декабря огласит Послание Государственному Собранию (Ил Тумэн)

Политика
Айсен Николаев дал установки руководству Правительства и Администрации

Здравоохранение
В Якутии медицинская помощь оказана 2,5 тысячам участникам СВО

Промышленность
21 000 якутян приняла на работу АЛРОСА в рамках программы «Местные кадры – в промышленность»

Здравоохранение
В выездах мобильных докторов Якутии будут участвовать специалисты федеральных центров

В столице
Сломанная вандалами дверь подсобного помещения теплой остановки в Гагаринском отремонтирована

Здравоохранение
Якутские фтизиатры представили опыт нейросетевой модели диагностики туберкулеза на международном конгрессе "Фтизиатрия сегодня и завтра: комплексный подход и инновационные решения"

Здравоохранение
Делегация Эвено-Бытантайского района посетила Минздрав Якутии

В парламенте
Алёна Атласова: Закон исключает возможность приобретения на маткапитал ветхого жилья

Состоялась встреча делегации Эвено-Бытантайского национального улуса с руководством парламента Якутии

В столице
В Якутске проверили маршрут №5 в час пик

В парламенте
Антонина Григорьева встретилась с воспитанниками Центра профориентации «INTEGRA»

Депутаты представительных органов Якутии обсудят вопросы местного самоуправления

В столице
В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»
[0]

ЖКХ, энергетика
ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?
[0]

 

Сахалыы сыhыарыы

Дьокуускай гербэтин сыаната төһөнүй?

Аартык.ру

Оптуорунньук киэһээ "Саха" НКИК канаалыгар дьон-сэргэ улаханнык сэҥээрэр-сэргиир биэриитэ - "Харах далыгар" уһун уоппуска кэнниттэн уочараттаах үлэтин саҕалаата. Бу дьылга бастакы телевизионнай биэрии ис хоһооно - Дьокуускай куорат гербэтин туһунан буолла.

"Аартык.ру" редактора Туйаара НУТЧИНА, биэриигэ кыттыбыт киһи быһыытынан, киин куорат дьаралыгын туһунан күөх экраҥҥа "баппатах"  сэһэргэһии түгэх-биэтэс өрүтүн  ааҕааччыларга билиһиннэрэргэ холонор.

ХОТОЙ уонна КИИС. Биһиги тоҕо ХОТОЙ буолбаппытый?

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай куорат Думатын депутаттара 48-с уочараттаах мунньахтарыгар киин куорат саҥа гербэтин бигэргиппиттэрэ. Депутаттар бигэргиппиттэрэ биир дьыала, аны гербэбитин РФ президенин иһинэн баар Үрдүкү геральдическэй сүбэ реестрга киллэрдэҕинэ эрэ сокуоннай күүһүн ылыахтаах.

Билигин гербэ ааптара - Максим ЧЕРНИКОВ, Россия геральдикатын художниктарын союзтарын чилиэнэ, аны, куораппыт былааҕын, бэчээтин уруһуйдаан Думаҕа киллэриэхтээх.

Саҥа гербэ - Дьокуускай былыргы, аан бастакы гербэтин үтүгүннэрэн оҥоһулунна. Урут хотой кииһи тыҥыраҕар кытаахтаан иһэр эбит буоллаҕына, билигин көтөхтө. "Саха баҕатын" ханнаран гербэ тулааһыныгар икки атыыр икки сэргэҕэ дьорҕооттоһон турда, аллараа Күөх Хонууну бэлиэтиир - чээлэй күөх от тэлгэннэ, аннынан Өлүөнэбит "уһунна".

Дьокуускай бастакы гербэтэ 1790 сыл алтынньы 26 күнүгэр ыраахтааҕынан бигэргэтиллибитэ, Россия судаарыстыбатыгар 28 саамай былыргы гербэлээх куораттар ахсааннарыгар киирсэрбитинэн, дьиҥинэн, киһи киэн туттуон сөбө этэ.

Нуучча сиригэр судаарыстыбаннас мэҥэ бэлиэтин - гербэни Россияны европеизациялаабыт Петр I ыраахтааҕы киллэрбитэ. Онон бастакы гербэлэр ааптардарынан ньиэмэс геральдистара буолбуттара. Дьокуускай гербэтин эмиэ ньиэмэс киһитэ оҥорбута диэн история кэрэһэлиир. Ол иһин да буолаахтыа, киин куораппыт гербэтигэр баар хотойу Германия Үһүс рейхын хотойугар майгыннатар дьон бааллар. 

Быһаас Дьокуускай куорат Думатыгар киин куорат гербэтин дьүүллэһэр хас да мунньах буолбута. Депутаттар гербэни көрдө көрөөт кииһи - саха, хотойу - нуучча диэн "өйдүү охсубуттара".

Дьиҥинэн, саха мифологиятыгар хотой - Тойон, Өксөкү кыыл диэн ааттанан киирэ сылдьар. Бэл, Хотой Айыылаахпыт, хотой тотемнаах уустардаахпыт, улуустардаахпыт. Ол да буоллар, икки төбөлөөх Өксөкү содулуттан, хотой буолла да - нуучча судаарыстыбата, империята диэн  өйдөбүл киирэн хааллаҕа, хайдах да биһиги хотойго холонон көрбөппүт.

Депутаттар  "дьаһаах кэмэ ааспыта" диэн туруорсан, киис барахсаҥҥа "тыын киллэрэргэ" уонна "Россия биһигини кытаахтаабатын, көтөхтүн" диэн уураахтаабыттарын түмүгэр,  хотойбут  атаҕын "бүлгүрүтэн" тиэрэ эргиттибит, кииспит "тиллэн" кыһыл тыла чобуоххайан барда. Ол аата геральдика быраабылатынан, биһиги куоластанныбыт, тэҥҥэ аахсар кыахтанныбыт.

Аны, кииспит, киискэ да майгыннаабат курдук. Көп түүтэ "үргэнэн", туох баар эппит-иҥиирбит барыта "таҕыста". Манна эмиэ геральдикабыт сокуона өтөрү-батары көстүбүт - ол аата биһиги былчыҥнаах, кыахтаах - күүстээх буолбуппут.

Онон былыргы гербэбитин "сайыннардыбыт" диэн буолла. "Сайыннарыллыбыт" гербэбит бастааҥҥы көрүҥүттэн уларыйда. Оччотугар Дьокуускайбыт гербэтэ 1790 сылга оҥоһуллубута диир билигин бырааптаахпыт дуо? Сааспытынан өҥ туттар буоллахпытына, былыргы гербэни тоҕо уларыта-тэлэритэ сатаатыбыт, оннунан хаалларбакка? Саха сирэ сырье биэрэр оруолуттан, ол, билигин таҕыста дуо? Былыр түүлээҕи, билигин сир баайын син биир БИЭРЭ олорбоппут дуо? 

"Сэбиэскэй" гербэбитин тоҕо сирдилэр?

1967 сыл балаҕан ыйын 17-гэр, Дьокуускай куорат саҥа гербэтэ оҥоһуллубута. Ааптар Дмитрий САВВИНОВ түөрт муннук куйаҕы түөрт аҥыы үллэрэн баран тымныыбытын кэрэһэлиир - хаары, баайбытын - алмааһы, түүлээхпитин - тииҥи, сайдыыны бэлиэтээн теодолиты туруорбута. Ортоку, норуокка Дыгын башнята диэн ааттанар, Дьокуускай остуруогун башнятын уруһуйдаабыта.

САВВИНОВ гербэтэ, Сэбиэскэй кэмҥэ  оҥоһуллубут гербэлэр тэҥэ, "геральдика сокуонугар эппиэттээбэт" диэн туора хаһыйылынна. 45 сыл историялаах гербэбит сүтэн эрэриттэн хараастар дьон эмиэ бааллар. Поэтесса Ольга КОРЯКИНА - УМСУУРА олортон биирдэстэрэ. "Былыргыны былыт саппыта, тоҕо наар былыргыны хасыһан тахсабытый? Былыргы гербэни төнүннэрии - төннүү буолар, сайдан иһиэхтээхпит", - диэн биэриигэ эттэ.

"Былыргы гербэни сөргүтүү - холуонньа өйдөбүлүн төнүннэрии" диир дьон санаатын  ким истэрий?

 

Гербэни уларытыы - политиканы кытары сибээстээх?

Россияҕа "россияннары" үөскэтэ сатыыр идеология күн бэҕэһээ үөдүйбэтэҕэ да буоллар, чуолаан, "былаас бэртикээлин" ааптара былааска төннөрүн кытары, дойду геральдикатын "бэрээдэктээһин", "сөп түбэһиннэрии" үлэтэ күүһүрдэ. Барыбытын биир тарааҕынан тарыыр былааска да, хааһынаҕа да барыстаах. Кыра-хара омук - империя идеологиятыгар хаһан да "сөп түбэспэтэҕэ". Кинилэр бытархай бырааптарыгар, чэпчэки чэпчэтиилэригэр улуу империя далааһыннаах сыала-соруга былыр да, аны да мэһэйдэтэр этэ.

Тарбахтан тутан баран хонноххо киирии кэриэтэ, куорат гербэтиттэн сылтаан республика гербэтигэр, былааҕар - национальнай символикабытыгар ураҕастаныы саҕаланыа суоҕа дуо?  Национальнай уратыбыт сүттэҕинэ - национальнай территориябыт арыыланан ордуо дуо?..

  Россия - Европа дуу, Азия дуу?

Россия  Петр I ыраахтааҕы саҕаттан Европаҕа чарапчыланан сайда сатыыр. XVIII үйэттэн ХХI үйэҕэ диэри дойдубут былааһа европалар суолларын батарга кыһаллар даҕаны, тоҕо эрэ олохпут-дьаһахпыт, өйбүт-санаабыт таһымынан кинилэри кыайан сиппэппит. Улуу  нуучча поэта Александр БЛОК: "Да, Скифы — мы! Да, азиаты — мы", - диэтэр даҕаны, Россия Азия да дойдуларыгар майгыннаабат. Ол аата кини сайдар суола туспа-ураты буолуохтааҕын кыайан билинэ, торумнуу илик буолан тахсарыгар тиийэр. Наар кэлтэйдии кими эрэ үтүктэ сылдьарыттан мунан-тэнэн, сордоох-муҥнаах олоххо олордоҕо дии саныыгын. Киһи, омук бэйэтин уратытын билинэ илигинэ сайдар кыаҕа суох. Судаарыстыба син эмиэ ол кэриэтэ уратытын билиннэҕинэ эрэ ситиһиигэ тиийиэҕэ.  

Гербэлэнии эмиэ  үтүктүү буолар.  "Геральдика" диэн тыл латыын тылыгар "глашатай" диэн  суолталаах. Орто үйэҕэ рыцардар куйахтарыгар кимнэрин-туохтарын бэлиэтиир уруһуй түһэрэллэрэ. Онтон сиэттэрэн гербэлэр үөскээбиттэрэ диэн этэллэр. Нууччаларга рыцардар суохтар этилэр да,  сайдыылаах Европа дойдуларын үтүктэн гербэни - судаарыстыбаннас бэлиэтин быһыытынан ылыммыттара.

Холобур, Япония сокуонунан бигэргэтиллибит гербэтэ суох. Тоҕо диэтэххэ, дьоппуон норуотун историятыгар рыцардар диэннэр суохтар этэ, онон тоҕо атын норуот историятын кинилэр бэйэлэригэр сурунуохтарай? Ити даҕаны дьоппуоннар бэйэлэрин норуот быһыытынан уратыларын үрдүктүк тута сылдьалларын туоһулуур буоллаҕа.

Дьокуускай гербэтэ - сахалыы тыыннаах буолуохтаах диибит...

Икки атахтаах былыр-былыргыттан кимин-тугун бэлиэтиир үгэстээх. Тириитигэр татуировкаланар, уруһуйданар, таҥаһыгар-сабыгар оһуор-мандар анньар, быһыытын-таһаатын анаан быһар, тигэр, араас симэх-киэргэл кэтэр. 

380 сыл анараа өттүгэр Дьокуускайы нуучча хаһаактара тутталлар даҕаны, билигин киин куоракка саха нэһилиэнньэтин ахсаана лаппа баһыйда. Онон даҕаны, гербэбитигэр сахалыы тыыны туруорустахпыт.  Ол гынан баран, саҥа гербэ оҥоһуллар хамыыһыйатын салайар киин куорат сүрүн архитектора Николай АЛЕКСЕЕВ  этэринэн, Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар киирэрин быһыытынан, дойдуга олохтоммут геральдика сокуонуттан тахсыа суохтаах. Бэйэбит баҕабытынан буоллар, төһө баҕарар кымыстаах чороону, сылгыбытын, сэргэбитин, хомуспутун, алааспытын кэчигирэтиэ эбиппит. Ол гынан баран онтубутун РФ Үрдүкү геральдическай сүбэтэ  "чээ" диэн билинэрэ сир саарбах.  Арай, туспа судаарыстыбалаах эбиппит буоллар,  "сахалыы геральдика сокуонун" хайа талбыт айыах этибит.  

Гербэ ааптарын гонорара төһөнүй?

"Мафия!" - диэн УМСУУРА, тоҕо чуолаан Максим ЧЕРНИКОВ гербэ оҥорор муниципальнай сакааска тиксибитин муодарҕаабыттарыгар сүүскэ биэрэрдии хоруйдуур. Кырдьыга, саха куоратын гербэтин тоҕо атын регион олохтооҕо уруһуйдаата? Олохтоох киһи быдан сахалыы сылгылары, сэргэни оҥоруох этэ буоллаҕа. ЧЕРНИКОВ оҥорбут гербэтин тулааһыныгар баар атыырдар саха сылгытыгар букатын маарыҥнаабаттар, сэргэбит даҕаны киһи хараҕын аалар. 

Архитектор АЛЕКСЕЕВ Москваҕа иккитэ төхтүрүйэн  гербэ эскиһин илдьэ сылдьыбытын этэр.  "Иккитэ аккаастаан төнүннэрбиттэрэ уонна ЧЕРНИКОВЫ үлэлэтэргэ сүбэлээбиттэрэ" диир. 

Олохтоох геральдист-худуоһунньуктар "быраабыланы тутуһан хайдах да уруһуйдаабыппыт иһин, биһиги уруһуйбутун син биир ылыныа суохтара этэ" дииллэр. Оччотугар гербэлэри оҥорор эмиэ бэйэтэ туспа бизнес буолан, "бэйэ дьонугар" сакаас тэбэн биэрэр салааҕа кубулуйдаҕа дуу?

Куорат депутаттара этэллэринэн, ЧЕРНИКОВ гонорара 250 000 солкуобай. Бу суумаҕа онно кини гербэни, былааҕы, бэчээти оҥоруохтаах. 

 Муниципальнай сакаас сыанатын сууматын ырыта барыллыбат. Арай, куорат бюджетыгар, итини таһынан, туох баар докумуону, бэчээти, былааҕы саҥардар, уларытар үлэ ботуччу сууманы эрэйиэҕин эрэ сэрэйэбит.

Гербэ тулааһыныгар уларыйыы киириэн сөп

Гербэ иһинээҕи куйах ойуута депутаттарынан бигэргэтилиннэ. Онтон тулааһына өссө да, дьүүллэнэ сылдьар. Онон куорат олохтоохторо икки атыыры уонна сэргэлэри "сахатытарга" санааҕытын этиэххитин сөп. 

Тулааһын ойуута - хаһан баҕарар уларыйыан син, "геральдика сокуона" ону көҥүллүүр диэн буолла. 

 

***

http://aartyk.ru/sakha/item/1799-dokuuskay-gerbetin-syanata-tөһөnүy?

 

2012-10-10 07:22:52

Всего просмотров: 2352

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2024-12-20 06:17:56 - Климент Иванов Ил Дархан Анал этиитин сыанабыла

2022-02-12 16:26:50 - «Бу Дьокуускай» биэриигэ: Саха сирин ойуурун түмэлигэр (11.02.22)

2016-07-20 15:23:41 - Киһи олоҕун 1 тыһыынчаҕа сыаналыыр тойоттор

2014-02-14 07:05:58 - Алексей Еремеев: Дьокуускай тулатынааҕы бөһүөлэктэр кыһалҕалара – бүтүн республика көрсөр кыһалҕалара

2012-12-15 09:49:38 - Дьокуускай куорат хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыны күүтэр

2012-10-10 07:22:52 - Дьокуускай гербэтин сыаната төһөнүй?

2012-07-15 03:39:31 - Дьокуускай аэропордун генеральнай дириэктэрэ Андрей ИЛЛАРИОНОВ балаһыанньаны хонтуруоллуур

2011-12-29 22:43:08 - Анатолий Кырджагасов: «Дьокуускай куорат дьаһалтата аҥардастыы политиканан үлүһүйбүтэ туохха тиэрдибитин көрдүбүт»

2010-09-30 23:23:07 - Дьокуускай куоракка сахалыы оскуола туруга

Собственные материалы (последние 20)

2024-12-21 09:58:22 - «ГАЗПРОМ – ДЕТЯМ!» - БЕЗ БАССЕЙНОВ. Новый спорткомплекс, построенный на озере, близок к аварийному состоянию? [0]

2024-12-20 11:38:37 - Делегация Акционерной компании «Железные дороги Якутии» провела в Китае встречи по вопросам перевозки грузов[0]

2024-12-18 06:09:08 - Железнодорожный корабль «Счастье»[0]

2024-12-16 05:42:29 - В городской маршрут №5 добавлены автобусы МУП «ЯПАК»[0]

2024-12-15 14:27:30 - ПОЧЕМУ НЕ РАБОТАЕТ КОС В БЕРДИГЕСТЯХЕ. Какова ситуация с этими коммунальными объектами в других муниципалитетах?[0]

2024-12-14 14:54:16 - ЭДУАРД САДОВНИКОВ – ОБ ОБНОВЛЕНИИ МАРШРУТНОЙ СЕТИ АВТОБУСОВ[0]

2024-12-14 03:12:52 - ВСЕ НОВОСТИ ПО АВТОБУСАМ - В ТЕЛЕГРАМ-КАНАЛЕ ГОРОДСКОЙ ТРАНСПОРТНОЙ СЛУЖБЫ. Также в Якутске открыта "Горячая линия" по работе автобусных маршрутов[0]

2024-12-13 16:44:12 - ВНИМАНИЕ: "ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ" ПО РАБОТЕ АВТОБУСОВ - 300-900[0]

2024-12-13 14:42:09 - Пациенты офтальмологической больницы рады возвращению автобусного маршрута № 2 на улицу Свердлова[0]

2024-12-13 07:46:49 - Медики обсудили задачи новых национальных проектов[0]

2024-12-13 07:35:21 - Евгений Григорьев провел заседание городского оргкомитета к 80-летию Победы в Великой Отечественной войне[0]

2024-12-08 13:18:23 - НЕВЕЛИКОЛЕПНЫЙ «ЗОЛОТОЙ ВЕК». Часть-1[0]

2024-11-29 19:49:56 - В рамках архитектурной премии «Эйгэ» заместитель генерального директора АО «АК «ЖДЯ» выступил с инициативой создания жилого квартала в городе Алдане[0]

2024-11-29 19:41:01 - На станции Нижний Бестях стартовал конкурс ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» [0]

2024-11-26 18:53:17 - «ИЗБИРАТЬ НЕЛЬЗЯ НАЗНАЧАТЬ!», или Кто заинтересован в кресле мэра Якутска и половине триллиона?[0]

2024-11-17 13:43:17 - ВНИМАНИЕ: С 18 НОЯБРЯ НАЧИНАЕТ РАБОТУ НОВЫЙ АВТОБУСНЫЙ МАРШРУТ № 12[0]

2024-10-30 19:12:31 - МИНТРАНС ЯКУТИИ И НОРДГОЛД РАССМОТРЕЛИ ПЕРСПЕКТИВЫ НОВОГО АВИАСООБЩЕНИЯ "ЯКУТСК-ОЛЕКМИНСК-ЧАРА"[0]

2024-10-30 10:55:43 - В 2024 ГОДУ ВСЕ ПРОИЗВОДСТВЕННЫЕ ПОКАЗАТЕЛИ И СОЦИАЛЬНЫЕ ОБЯЗАТЕЛЬСТВА АЛРОСА ВЫПОЛНИТ В ПОЛНОМ ОБЪЕМЕ [0]

2024-10-29 15:41:53 - В Якутске с 30 октября будет открыто движение городских маршрутов по ул. Чернышевского[0]

2024-10-29 15:39:54 - Внедрение Медицинской информационной системы в Якутии[0]


Разделы

В ДВФО

В мире

В парламенте

В республике

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

Поздравления

Политика

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании