ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ
Улуус сайдыытыгар тирэх буолуо
Мин санаам бигэ – өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдыахтаах. Сырьену хостооһун эрэ буолуо суохтаах, оҥорон таһаарыы эмиэ баар буолуохтаах. Саха сиринээҕи оттук-энергетика хампаанньатынааҕы (ЯТЭК) метанол собуота – бу хайысхаҕа биир дьоһуннаах хардыы. Тоҕо?
Бастакытынан, бу үрдүк технологиялаах оҥорон таһаарыы, буолаары буолан, букатын саҥа хайысха – химическэй бырамыысыланнас. Элбэх киһи үлэнэн хабыллыаҕа.
Оҥорон таһаарыы ханнык баҕарар атын көрүҥнэригэр курдук, бу собуокка олохтоох дьон үлэлиэхтэрэ. Оннук холобур биһиэхэ суох буолбатах. Улахан энергетика баар буолбутугар биһиэхэ исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэ тас өртүттэн кэлбиттэрэ, ол кэннэ бэйэбит дьоммут үөрэммиттэрэ.
ИСТА тардылларыгар эмиэ оннук этэ. Бастаан бэйэбит каадырдарбыт суохтарынан сибээстээн кэлии дьон үлэлээбиттэрэ. Оттон билигин ИСТА тиһигэр бэйэбит дьоммут – анал идэни баһылаабыт олохтоохтор үлэлииллэр. Метанол собуотун бырайыагын олоххо киллэрэр түгэҥҥэ эмиэ оннук буолуоҕа.
Иккиһинэн, экологияҕа дьайыытын туһунан. Бу оҥорон таһаарыы технологияларын боппуруостарынан быһаарыллар. Биһиги XXI үйэҕэ, ол эбэтэр төрдүс технологическай укулаат кэмигэр олоробут. Онон, күн-бүгүн оҥорон таһаарыы дьоҥҥо уонна тулалыыр эйгэҕэ куттала суох ньымаларын туһаныахтаахпыт.
Мин санаабар, маннык собуоту Саха сиригэр бырайыактыыр буоллахтарына, биллэн турар, экологияҕа дьайыытын бары өртүнэн чинчийэн көрүөхтэрэ. Ону ааһан, маннык собуоттарга буортулаах дьайыылары муҥутуурдук кыччатарга аналлаах ньымалар оҥоһуллуохтара. Саахал тахсар түбэлтэтигэр тутатына дьаһал ылар анал этэрээттэр баар буолуохтара. Балар ирдэбилгэ эппиэттээбэт быһыы-майгы тахсыбатын туһугар үлэлиэхтээхтэр.
Үсүһүнэн, Саха сиригэр метанол собуота тутулуннаҕына, өрөспүүбүлүкэ гаас бырамыысыланнаһыгар оннун бигэтик булуо.
Метанол, мин санаабар, гаас хостооһунугар туһаныллара буолуо. Гааһы хостуурга уонна турба устун хачайдыырга үөскүүр гидрат пробкалары суох оҥорорго аналлаах. Ол эбэтэр, метанол өрөспүүбүлүкэ тас ырыынакка атыылыыр сыаналаах бородууксуйатынан буолуон сөп. Онон, бу бырайыак олоххо киирэр түгэнигэр, Саха сиригэр химия бырамыысыланнаһа тэриллибитин курдук саныахха сөп.
Мин Мэҥэ Хаҥаласка туора киһи буолбатахпын, онон бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын. Собуот улуус сайдарыгар уонна муниципальнай бүддьүөт хаҥыырыгар тирэҕинэн уонна улуус үгүс социальнай соруктарын олоххо киллэрэргэ улахан оруоллаах буолуо диэн бигэ эрэллээхпин. Бу – үлэ миэстэтэ, бу – нолуоктар. Мэҥэ Хаҥалас үгүс социальнай кыһалҕаларын быһаарарга кыах үөскүөҕэ. Онон мин оҥорон таһаарыы саҥа көрүҥүн өйүүбүн. Ол гынан баран, нэһилиэнньэҕэ даҕаны, тулалыыр эйгэҕэ даҕаны куттала суох буолуохтаах.
Анатолий Скрыбыкин, “Саха сиринээҕи тимир суол”
АУо дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ
Источник: газета "Эркээйи" - 15 ноября 2017.
ДРУГИЕ МАТЕРИАЛЫ СПЕЦРАЗДЕЛА:
ЗАВОД ЯТЭК: ЗА И ПРОТИВ 2017-11-16 07:00:18 Всего просмотров: 849 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2024-02-08 17:08:15 - САХА НОРУОТА ДУХУОБУНАС ӨТТҮНЭН САЙДАРЫГАР БАРЫ КЫАХ БААР. Саха Сирэ ойууннааһыҥҥа Аан дойду киининэн буолуон сөп - Лэгэн Лэгэнтэй 2023-12-28 11:10:11 - Александр Жирков: Аграрнай оскуолалар тыа ыччатын аныгы технология эйгэтигэр уһуйуу, сайдыы кииннэрэ буолуохтара 2019-02-13 07:53:11 - Төрөөбүт тыл тирэхтээх буолан
2017-11-18 07:04:41 - “Былаас, биисинэс уонна нэһилиэнньэ хардарыта сибээстэрэ баар буолуохтаах” 2017-11-18 07:03:39 - Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар төһүү буолуоҕа 2017-11-16 07:02:26 - Уустук эрээри, олус суолталаах быһаарыныы буолуоҕа 2017-11-16 07:00:18 - Улуус сайдыытыгар тирэх буолуо 2016-01-11 20:36:47 - Юрий НИКОЛАЕВ: “Тойон аллараттан үүммэт, үөһэттэн ананар буолла”
2013-12-12 05:14:45 - Конституция -- дойдубут модун күүстээх, бигэ туруктаах буолуутун мэктиэтэ 2012-12-13 19:27:02 - Ахсынньы 12 күнэ - дойду Төрүт сокуонун күнэ. Норуот депутатын бириигэбэрэ тахсыбыта 1 сыл буолла |